News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2022 » Ахсынньы » 27 » Б А Т С А А П (Саҥа дьыллааҕы памфлет)
Б А Т С А А П (Саҥа дьыллааҕы памфлет) | 17:01 |
Б А Т С А А П
(Саҥа дьыллааҕы памфлет)
Эмээхсиним бу сылга эрэй да бөҕөтүн көрөөхтөөтө... Муҥар, биир үксүн, бу БАТСААП диэннэрэ күөрэйэн иэдэттэ. Эмээхсин тугу барытын көрө, араас хобу-сиби ааҕа, итэҕэйэ олорор. Ити суоҕа буоллар утуйар кэмҥэ утуйан, аһыыр кэмҥэ аһаан, уруккубутунуу хоп курдук олоруох этибит буоллаҕа. Син да буолуо этэ буоллаҕа, ону баара оҕолоро, сиэннэрэ ону-маны суруйаннар, хаартыскатыгар тиийэ ыытаннар сүгүн олордубаттар. Оҕолор кэллэхтэринэ итини этэ, мөҕүттэ сатыыбын да туһа суох – сайдыыттан хаалыа суохтаах үһүбүт. Эмээхсиҥҥэ бэйэтигэр этэн да диэн, саҥарбыттааҕар саҥарбатах оҥорор. Симмэр түһэн миэхэ эмиэ БАТСААПКЫТЫН холбооҥ диэбиттээхпин, мин да олохтон хаалыа суохтаахпын диэн. Атыыр аккаас, урут хаһан эрэ
биэрбит, кыра гынан баран улахан сыыппаралаах телефоннарын илдьэ сылдьабын, эйиэхэ бу да сөп диэбиттэрэ.
Эмээхсин ити БАТСААБЫН көмөтүнэн Украинаҕа сэрии буоларын, онно оҕолор баран өлөллөрүн, илиитэ-атаҕа суох хаалалларын эрдэттэн, өссө 2014 сылтан сылыктаабыта. Биир сиэммитин уонна аччыгый кыыһын кэргэнин –
кыра күтүөппүтүн күрэппитэ ыраатта. Ити эрэ кэнниттэн арыый уоскуйан, киһилии аһыыр-сиир, утуйар буолан абыранна. Билиҥҥи балаһыанньаны мин да өйдүүр курдукпун, киниэхэ кыттыһаары, көх-нэм буолуохпун баҕарбыппын чугаһаппатаҕа. Ханна эмэ тахсан кэпсээн оҥосто сылдьыа диэтэҕэ. Сөп ээ, чокуускабын, күннээҕи аһылыкпын ыла маҕаһыыҥҥа таҕыстахпына үөлээннээхтэрбиттэн кими эмэ хайаан да көрсөн тугу эмэ куолулуур буоллахпыт. Үксүгэр, биллэн турар, Украинаҕа сэрии айдаана.
Итиннэ оҕонньоттор да араас санаалаах буолаллар эбит, ону эмээхсиҥҥэ
кэлэн кэпсии, санаа үллэстэ сатыыбын.
Бүгүн эмиэ үүппүн, килиэппин, чокуускабын ыла сылдьан тугу
билбиппин кэпсиибин.
- Эмээхсиэн, дьон иирбит. Билэр оҕонньорум бэйэм да сэриилэһэ
барарга бэлэммин, националистары тоҕо аныаха диэри дьууктаабаттар уонна
аармыйалаах аатырабыт диир.
- Итирик буолуо, аанньа киһи оннук тыллаһыа дуо.
– Суох, холуочук да буолбатах этэ.
- Оччоҕо төбөтүгэр оҕустарбыт сордоох сырыттаҕа.
Ити кэнниттэн эмээхсин балачча уһуннук БАТСААБЫН сонунун уонна
кими кытта тугу кэпсэппитин аҕынна. Кэлиҥҥи кэмҥэ патриотизм уонна
патриот туһунан кэпсэтии БАТСААБЫ толорбут үһү. Урут ити тоҕо суоҕай
диир. Оҕолорбут патриот буоланнар Украинаҕа сэриилэһэ сылдьаллар үһү,
итиннэ иэҕэн аҕала тураллар диир эмээхсин. Эдэрдэри киһиргэтэр
дьүһүннэрэ үһү. Бүгүн тоҕо эрэ
уоһа өһүллүбүт, лекцията кэҥээбит: патриотизм олорор тиэргэнтэн, төрөөбүт
алаастан саҕаланыахтаах, бастаан нэһилиэгиҥ сирин-уотун биэс тарбах
курдук билиэхтээххин, ону харыстыыр, наада буоллаҕына бүөлүү түһэр өй-
санаа баар буолуохтаах. Өбүгэлэриҥ кимнээхтэрин, кииниҥ түспүт сирин
историятын, урукку өттүгэр манна туох быһылааннар буолтарын,
гражданскай, Аҕа дойду сэриилэригэр төһө киһи кыттыбытын, төһөтө сэрии
толоонугар хаалбытын билиэхтээххин. Эйэлээх олоххо хайдах курдук
бэриниилээхтик үлэлээн олох тупсан испитин, төһө сүөһүлэммиппитин,
онуоха төһө оту оттуурбутун ааҕан-суоттаан түмүк оҥоһуллубут буолуохтаах.
Хас биирдиибитигэр ити ирдэбил тутуһуллуохтаах. Ити кэнниттэн оройуоҥҥун
билиэхтээххин, территорията төһө киэҥин, хаһан төрүттэммитин, хас
нэһилиэктээҕин, нэһилиэнньэтин ахсаана төһөтүн, биллиилээх дьоно хаһын,
кэрэ-бэлиэ сирэ ханнатын. Онтон республикаҕын, кини уратытын,
историятын. Республикаҕа тахсар эйэ-дэмнээх уларыйыылар эйиигин
таарыйыахтаахтар, төһө кыалларынан, ким бэйэтин таһымынан онно хайаан
да кыттыһыахтаах. Патриотизм диэн ити буолуохтаах, патриот итинэн
сирдэтэн олох олоруохтаах. Сэриигэ тылланан барааччы “патриоттар” ити
туһунан төһө билэллэрэ буолуой? Өйдөбүллээхтэрэ буолуо дуо? Туспа дойду
кыраныыссатын кэһэн киирэн дьону өлөрө сатааччы патриот аатырбат үһү.
Ити туһунан БАТСААПКА суруйбут. Ааппын билбэттэр, өссө да суруйуом диир.
Эмээхсин ити кэпсиир кэмигэр чокуускабын көрбүтүм аччыгый аҥаара
хаалбыт этэ. Ама да дьиэ иһигэр иккиэйэхпит эрэ иһин, атын ким да истибэт –
билбэт да буоллар, эмээхсин кытаанах тыллары саҥарар. Төһө да сөпкө этэр
диэтэрбин, барытыгар сөбүлэстэрбин санаабын таспар таһаарбаппын, ах
барыан баҕарабын уонна чокуускабын кыҥастаһабын. Кинитэ да суох итини
ырытааччы сиэрэ суох үгүс, араадьыйаны иһит, телевизоры көр – барыта ити
туһунан. Билээччи-көрөөччү да элбэҕэ сүр.
Эмээхсин уурайыах быһыыта суох, мин сэриини саҕалаабыппар дылы,
аны бэйэбэр суоһурҕаныах курдук. Оҕо бөҕөтө баран суорума суолланна,
илии-атах бысталанна, эдэркээн огдообо элбээтэ, ыал кэскилэ быһынна,
эргиллэн да кэлбиттэр өй-санаа өттүнэн үрэллэн, хаһан чөллөрүгэр түһүөхтэрэ
биллибэт диир. Өйдөөх өттө саамай сөпкө эрдэ атын сирдэргэ бардылар,
биир да тойон оҕото хомуурга хабыллыбатын кэннэ итинник быһаарынар сөп
диэн эмээхсин түмүктүөх курдук буолла. Ити кэмҥэ чокуускам түгэҕэ дьэ
көһүннэ, төбөбөр да дьайбыт курдук буолла.
– Бүөтүрдээх уолларын сураҕа иһиллэр, ити туһунан БАТСААПКА туох
эмэ баар дуо – диэн киҥинэйэн тохтоору, уоскуйаары гыммыт эмээхсини
кыйахаатым быһыылаах.
– БАТСААПКА ити туһунан туох кэлиэй, уолтан сурах суох, өлбүтэ да,
тыыннааҕа да аныаха диэри биллибэт, итинник дьылҕалаах сүүһүнэн киһи
дэһэллэр. Кырыыстаах сэриини күөттээннэр! Син олорбуппут ээ. Мөккүһэн,
этиһэн да буоллар күрэхтэһэрбит, эргинэрбит, сылдьыһарбыт, спортивнай
оонньууларга мэһэйэ суох кыттарбыт, доҕордоһорбут. Статистиканы итэҕэйэр
буоллахха, Арассыыйа 140 мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх дииллэр, онно 20-чэ
мөлүйүөннээх Украина 4 уобалаһа холбосто, онон уопсай ахсааммыт 160
мөлүйүөҥҥэ тэҥнэһэ сыһар. Саха сиригэр оскуола оҕотун уонна бу эн курдук
бытыыккалара төһө аччаабытын кыҥастаһар оҕонньоттору көҕүрэттэххэ
аҕыйах эр киһилээхпит, олорбут баран ити 160 мөлүйүөнү көмүскүү сатыы
сылдьар, өлөн охтор, илиитин-атаҕын быстарар. Улахан баайдарбыт ууруу
харчыларын, дыбарыастарын “тоҥортоон” кэбистилэр, онтуларынан
туһаналлара тохтоото. Туох билиэ баарай, ону төннөрөөрү сэрии барар диэн
БАТСААП толору. Иэдээн буолбатах дуо, бу? Тоҕо манна биир эмэ тойон-
хотун, дьокутаат кыһамматый?
- Ити “сэрии” диэн тылы туттуо суохтааххын ээ, чэ, баҕар, дьиэ иһигэр
иккиэйэхпитигэр буоллун даҕаны. Бэл “фронт” диэн тылы суруйан биир оҕо
сууттана сылдьар дииллэр. БАТСААПКАР итилэри быктаран иэдээн буолаарай
- диэн харыстаспыта буолабын.
– Путин оннооҕор үһүс аан дойду сэриитэ саҕаланна диэбитин бүтүн
республика киин хаһыата суруйан турар. “Помощь фронту” диэн суруктаах
волонтердар массыыналара Донецкайга тиийэн турарын телевизорга иккиэн
көрбүппүт дии. Ити сууттара, ыстарааптара маннааҕы бэйэбит былааспыт
баракааһа, сокуону кэһиитэ.
Эмээхсин син уоскуйа быһыытыйда, чокуускам кураанахтанна, утуйар
да кэм чугаһаата. Итини барытын аны түүн түһээн көрөн сордонуом турдаҕа...
Бу сылбытын дьэ итинник түмүктээн эрдэхпит. Саҥа кэлэр сылбыт туох үтүөнү
аҕалар дуу, өлүүнү-сүтүүнү үксэтэр дуу... Сэрии аата сэрии буоллаҕа... Онно
сиэр-туом икки өттүттэн умнуллар, кыыллыйыы баһыйар. Хаһан эрэ Москваҕа
тиийэр эрдэхпинэ скинхедтэр диэннэринэн куттууллара, сэрэтэллэрэ. Биирдэ
киин болуоссакка көрбүттээхпин, ойуу-бичик, дьүһүн-бодо баҕайылар этэ.
Хаарыаннаах саахыматчыппытын Николаевы кинилэр маһынан кырбаан
өлөрбүттэрэ, сахатын эрэ иһин... Олоруҥ билигин Украинаны утары сэриилэһэ
сылдьаллара буолуо дуо? Саныахха ыарахан.
Ороммун оҥосто сылдьан көрбүтүм эмээхсин БАТСААБЫН холбообут,
өтөр утуйар санаата суох быһыылаах. Үлүгэр диэтэҕиҥ...
Отох УЙБААН 25.12.2022 с.
|
Category: литература |
Views: 1622 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 76 Ыалдьыттар (гостей): 76 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|