News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2023 » Олунньу » 10 » Сэһэн Боло."Сүдү төрүттэрбит олохторуттан" САХАЛЫЫ ГОРОСКОП Тэрис. Тэрчи.
Сэһэн Боло."Сүдү төрүттэрбит олохторуттан" САХАЛЫЫ ГОРОСКОП Тэрис. Тэрчи. | 18:16 |
САХАЛЫЫ ГОРОСКОП
Эн ханнык бэлиэҕин?
Төрөөбүт сыл бэлиэтэ төрөөбүт ый бэлиэтин кытта алтыһан, киһи майгыта үөскүүр.
Таҥха сылынан-ыйынан эргииринэн сахалар дьыл кэмин аайы киһи майгыта уларыйар дииллэрэ. Ити уларыйыы халлаантан (күнтэн, ыйтан) сибээстээҕин чуолкай өйдүүллэрэ.
Сыл бэлиэлэрэ
Бэлиэлэр Сыллар
Таҥха 1913 1925 1937 1949 1961 1973 1985 1997
Одун 1914 1926 1938 1950 1962 1974 1986 1998
Дьөһөгөй 1915 1927 1939 1951 1963 1975 1987 1999
Айыыһыт 1916 1928 1940 1952 1964 1976 1988 2000
Иэйэхсит 1917 1929 1941 1953 1965 1977 1989 2001
Үрүҥ айыы 1918 1930 1942 1954 1966 1978 1990 2002
Сир иччитэ 1919 1931 1943 1955 1967 1979 1991 2003
Сүҥ Дьааһын 1920 1932 1944 1956 1968 1980 1992 2004
Улуу Суорун 1921 1933 1945 1957 1969 1981 1993 2005
Хотой Айыы 1922 1934 1946 1958 1970 1982 1994 2006
Байанай 1923 1935 1947 1959 1971 1983 1995 2007
Билгэ 1924 1936 1948 1960 1972 1984 1996 2008
Ый бэлиэлэрэ
Таҥха тохсунньу
Одун олунньу
Дьөһөгөй кулун тутар
Айыыһыт муус устар
Иэйэхсит ыам ыйа
Үрүҥ айыы бэс ыйа
Сир иччитэ от ыйа
Сүҥ дьааһын атырдьах ыйа
Улуу Суорун балаҕан ыйа
Хотой Айыы алтынньы
Байанай сэтинньи
Билгэ ахсынньы
Бэлиэ майгыта
Таҥха - бүтэй, таайымтыа-сэрэйимтиэ, дьулуурдаах
Одун - бүтэй, тиийимтиэ тыллаах, дьүккүөрдээх
Дьөһөгөй - аһаҕас, тулуурдаах дьүккүөрдээх үлэһит
Айыыһыт - аһаҕас, аламаҕай, уоттаах, истиҥ
Иэйэхсит - аһаҕас, эйэҕэс, амарах
Үрүҥ айыы - аһаҕас, чаҕылхай, уохтаах, эрчимнээх
Сир иччитэ - аһаҕас, үчүгэйи ылымтыа, тулуурдаах
Сүҥ дьааһын - аһаҕас, кырдьыксыт, булгуччу майгылаах
Улуу Суорун - бүтэй, түгэхтээх, идэҕэ ураты аһаҕас
Хотой Айыы - бүтэй, бигэ, булгуччулаах, дохсун
Байанай - бүтэй, булугас-талыгас, уоттаах-кыланнаах, мындыр
Билгэ - олохтоохтук толкуйдуур, сылыктыыр, дьулуурдаах
Сэһэн Боло.
"Сүдү төрүттэрбит олохторуттан" Үһүйээннэр - диэн ытыс саҕа брошюра 2002 сылга Дьокускайга тахсыбыт. Ытыс саҕа эрээри ылан уурара элбэх эбит. Сэмэн Тумат С.И. Боло дневнигын киллэрбит. 1942-43 сылларга суруйбут дневнига. Интэриэһинэй элбэх.
Холобура онно суруйбут(стр117)
" Мин ордук дэлэйэн суруйбутум 1930- 19 35 сс. диэри, ити дьылларга үгүс кырдьаҕас тобоҕо бааллара.. Мин кэммэр 80-90-100 да саастаах ытык кырдьаҕастар син баар этилэрэ. Оччоҕо дьиҥ сахалыы аҕа ууһунан олорор эрдэхтэн олорбут, онно тойот- хотут буолбут, кырдьаҕас- бас көс, дьылҕа - таҥха буолбут, дьону эмиэ хабыталаан кэпсэппитим.
Кинилэрдиин " саха саҕанааҕы" дьиҥ саха дьону, кырдьаҕастары көрбүт дьону өбүгэлэри илэ харахтарынан көрбүт, кэпсэппит дьон бааллара...
Саха кырдьаҕастара ордук 1920-21 сс. аймаммытта, онтон 1929-30 сс диэри кулаактааһыҥҥа аймаммыта...."
Дьэ ити. 1920-21 сыл аҕа ууһунан олорууну, саха төрүт олоххо көрүүтүн үрэйэр кэм этэ. Саа саадах, хааны тоҕон Сэбиэскэй былааһы олохтооһун, сахалары аймаабыт. Онтон кулаактааһын саха төрүт экономикатын кумалаабыт. Сахалары аймаабыт.
" ...Аны ыччат, төрүөх суох, аччаата, кылгаата, аймаҕырҕаһыы,уруурҕаһыы диэн суох буолла, урукку курдук аҕа, ийэ ууһунан төбүрүөннэн олорон, сэлэһии кэпсэтии эһиннэ...."
Ити курдук туспа култуура, күүс өртүнэн киирэн саха сахалыы толкуйдаах буолара умнуллубута. Хомсомуоллар, хомуньуустар ииппиттэрэ. Төрүт култуураны, аҕа уустаһыыны, предпринимательствоны кылаас быһыытынан эспиттэрэ. Уонна биир күн 1990 сылга суох буолан хаалбыттара. Баҕа өртүлэринэн былаастарын Ельциҥҥэ туран биэрбиттэрэ.
Онон саха норуота сэбиэскэйэ да, төрүт сахалыы да култуурата өйдөбүлэ суох кус оҕотун курдук мунан олорор. Оннубутун буларбыт ыраах.
Аны бу кинигэҕэ 90 стр. Хос быһаарыылар бааллар.
" ...Мэҥэ улууһар 1767 сыллаахха алтынньы, сэтинньи ыйдарга оҥоһуллубут Мөрүөн Хамыыһыйата скааскатыгар, үһүс эрэбиисийэ испииһэбэр көрдөххө Моорук ууһа диэн 342 эрэбиискэй дууһалаах, онно 20 кииһи ( саарбаны) 60 кыһыл саһылы төлүүр дьаһаахтаах...
1767 сыллаахха Мэҥэ улууһа 15 суол тус туһунан оруодалаах, буоластардаах буолта.... Олортон улуус үрдүнэн дьаһаага 211 кииһи, 697 кыһыл саһылы түһэрэн тардаллар эбит..."
Дьэ үлүгэрдээх түүлээҕи биир
сылга ирдииллэр эбит судаарыстыба хаһаахтара. Төлөөбөтөхтөрүнэ аманаат диэн саамай бастыҥ дьоннорун илдьэ бараллар. Илдьэн
ойоҕосторугар тимир тордуогу кыбытан баран ыйаан өлөрөллөрө суруллар...
Биир моорук ууһун тыатыгар хайдах сыл аайы 60 кыһыл саһыл баар буола турбута буолла. Дьэ эрэйдээх үйэлэр кэлэн ааспыттар..
Миигин сэбиэскэй былааһы холуннарар диэн сэмэлиир дьон бааллар. Саха дьонун аймаабыт былааһы, муннарбыт былааһы биһириир киһи баарын билбэппин. Син бөрөнөн, өйөһөн олороохтообуттар быһыылаах, былыргыны "саха эрдэҕинээҕини" билэр дьон кэпсээнин иһиттэххэ.
Сэһэн Боло барахсан ону оччолорго чинчийэн, бэлиэтээн хааллаобыта саха норуотун мунууттан, тэнииттэн кэлин таһаарыан сөп.
F.
Тэрис. Тэрчи.
Алыас – санааны салайар тыл. Туох эмэ кирдээҕи, киһи саатарын, сиргэнэрин көрдөххө этиллэр тыл. Оччоҕо ити кир киһиэхэ сыстыбат. Алыас диэтэххэ киһиттэн сүр тахсар.
Бу сүрү «тэрчи» диэн ааттыыллар.
Тэрчи – киһиттэн тахсыбыт сырдык. Тэрчи кири суох оҥорор.
Тэрчи – уот сырдыга. Киһи эмиэ тэрчилээх буолар. Тэрчинэн ыраастаныллар, куһаҕан сабыдыалы суох оҥоруллар.
Уот сыдьаайа тэрчи дэнэр. Ити сыдьаай туланы барытын харыстыыр.
Уот иччитигэр алгыска этиллэр:
Үөһээ тэрчигинэн Үөһээҥи үргүөрү Үрэйдиҥ,
Орто тэрчигинэн Ортоттон охсору Туораттыҥ,
Аллараа тэрчигинэн Аллараттан киирэр Аргыары араардыҥ,
Дьиэбит Итии киинэ буоллуҥ, Уйабыт Улай ортото буоллуҥ.
Аллараа тэрчигинэн
Аллараттан тахсааччылары
Араара тур,
Орто тэрчигинэн
Ортоттон охсооччулары
Утаара тур,
Үөһээ тэрчигинэн
Үөһэттэн түһээччилэри
Үтэйэ тур,
Кири тэйит,
Дьаҥы-дьаһаҕы араар,
Оһолу-төрүөтү утаар,
Ыарыыны чугаһатыма.
Дом!
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 1167 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 80 Ыалдьыттар (гостей): 80 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|