News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2023 » Кулун тутар » 9 » Анатолий Чомчоев Арассыыйа аан дойду таһымнаах айыыларын туһунан
Анатолий Чомчоев Арассыыйа аан дойду таһымнаах айыыларын туһунан | 19:07 |
Анатолий Чомчоев Арассыыйа аан дойду таһымнаах айыыларын туһунан
Ааспыт сыл ахсынньы 9 күнүгэр Чомчоев айбыт реактора Израиль* сахалартан бэлэхтэппит “иккис дьоло” буолуо дуо?” – диэн интервьютун нууччалыы таһаарбытым.
Израиль “бастакы дьолунан” 1990-с сс. Ельцин саҕанааҕы Арассыыйа атыыламмыт дьонун көмөтүнэн, Израиль Саха сирин алмааһын эргитэн ылан, аан дойдуга саамай элбэх алмааһы атыылыыр дойду буола сылдьыбытын ааттыыбыт.
А.Тарасенколыын көрсүһүү
Кылгастык санаттахха, 2022 с. ахсынньы 5 к. А.И. Чомчоев СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенконы кытта көрсөн модульнай атомнай батарыайатын (МАБ) туһунан кэпсэппитэ. Уустук кэпсэтии түмүгэр, этиллэрин курдук, “өрүттэр биир тылга кэлбэтэхтэр” эбит. Онон А.Тарасенко “тохсунньу бүтүүтэ иккиэн Обнинскайга Росатом атомнай билимин лиидэригэр – А.И. Лейпунскай аатынан физико-энергетическэй институкка (ФЭИ) – бара сылдьыахха” диэбитин, Чомчоев сөбүлэспит этэ. Чахчы, Саха сирин олохтоохторо “бырабыыталыстыба Чомчоев арыйыытын итэҕэйэрин-итэҕэйбэтин, өйүүрүн-өйөөбөтүн дьэ быһаарар буолбут” диэн Обнинскайга сырыы тугунан түмүктэнэрин кэтэһэн олороллор.
Чомчоев дьыалата хамсаата!
Билигин Анатолий Чомчоев «ХотуТент» хампаанньа генеральнай дириэктэрин уопсастыбаннай сүбэһитинэн үлэлиир. Тохсунньу бүтүүтэ Москубаттан төннүбүтүгэр ыйыттым:
– Хайа, Анатолий Игнатьевич, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ А.Тарасенколыын ФЭИ салалтатын кытта көрүстүгүт дуо?
– Мин Москубаҕа «ХотуТент» генеральнай дириэктэрэ Афанасий Махатыровтыын тохсунньу 20-тин кэннэ баран, ый бүтүөр диэри байыаннай эпэрээссийэ инники кирбиитигэр сылдьар биһиги сэриилэрбитигэр тэхиньиичэскэй көмө оҥоһуутун боппуруостарын быһаарсан, тэрилтэлэргэ сылдьыбыппыт. А.Тарасенко ФЭИ-гэ бара сылдьыбытын билбэппин, кини аатыттан миэхэ ким да тахса сылдьыбатаҕа. Оттон биһиги бэйэбит Обнинскайга бара сырыттыбыт.
– Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ эн МАБ-ыҥ (модульнай атомнай батарыайатын) дьылҕатын билиэн баҕарар, дьыалаҕыт хайдах баран иһэрий?
– Мин Москубаҕа көппүт күммэр (тохсунньу 19 күнэ) Обнинскайга Росатом генеральнай дириэктэрэ Алексей Лихачёв бара сылдьыбыт этэ. ФЭИ научнай салаатын кытта мунньахха институкка кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйалары (АСММ) айан оҥорорго сорудахтаабыт. Ол мунньахха ФЭИ-ттэн Росатом генеральнай дириэктэрин билимҥэ уонна стратегияҕа солбуйааччыта Юрий Оленин, Росатом научнай-тэхиньиичэскэй чинчийиилэрин уонна оҥоһуктарын салаатын дириэктэрэ Виктор Ильгисонис уонна Росатом «Билим уонна инновациялар» хампаанньатын бэрэстэбиитэллэрэ курдук улахан дуоһунастаах дьон кыттыбыттар. Росатомҥа бүгүн атын-атын тэрилтэлэр айбыт түөрт тииптээх кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйалар (АСММ) бырайыактара, ол иһигэр биһиги МАБ-пыт баар. Өскөтүн хайаларын эрэ бырайыагын таллахтарына, АСММ оҥоһуутугар үс улахан тэрилтэ: научнай айааччы (биһиги түгэммитигэр – ФЭИ), бырайыактааччы уонна конструктор быһыытынан НИКИЭТ института (Доллежаль аатынан энерготиэхиньикэ научнай чинчийэр уонна конструкторскай института) уонна оҥорон таһаарааччы (Росатом собуота) кыттыһан үлэлиэхтээхтэр.
Ити мунньах кэнниттэн биһиги МАБ-пытынан дьарыктанар учуонайдар научнай-чинчийэр үлэлэрин бигэргэттэрэ НИКИЭТ-кэ ыыппыттар. Ааспыт нэдиэлэҕэ мин бииргэ үлэлэһэр учуонайдарбын ФЭИ генеральнай дириэктэрэ ыҥыран кэпсэппит. Дакылааттарын истэн баран, үлэлиир былааннарын бигэргэппит. Онон “биһиги МАБ-пыт оҥоһуллар аартыга арылынна” диэххэ сөп.
– Оччотугар, Саха сирин олохтоохторо эн МАБ-кын хаһааҥҥыттан атыылаһан туһанан барабыт?
– Барыта былаан быһыытынан бардаҕына, 2028 сылтан серийнэй производствоҕа киириэхтээх, хайдах атыыланара быһаарыллыахтаах.
– Хайдах да түргэтиир кыаҕа суох дуо?
– МАБ – 200 кВттан 1 МВт диэри кыамталаах, олус уустуктук оҥоһуллар үрдүк технологиялаах агрегат. Өскөтүн миигин Саха сирин бырабыыталыстыбата 2012 с. өйөөбүтэ буоллар, Арассыыйаҕа МАБ 2017 с. оҥоһуллан, дьон туһана сылдьар буолуох этэ. Ону таһынан, 2018 сылтан 3-10 МВт, 50 МВт, 300 МВт кыамталаах, блоктарынан араарыллан тиэллэр, көһө сылдьар АСММ-нарбыт үлэҕэ киирбит буолуох этилэр. Биһиги айбыт тэрилбитигэр майгынныыр атомнай ыстаансыйа, батарыайа ханна да суох. Бэл, атомнай реактордары тутууга саамай бастыҥ технологиялаах АХШ үс хампаанньата биһиги идиэйэбитин 2022 с. дьэ өйдөөн, билигин тилэх уопсан эрэллэр.
– МАБ оҥоһуутун оччоҕо хайдах да түргэтэтэр кыаллыбат дуо?
– Кулун тутартан ФЭИ саҥа тэриллибит учуонайдарын бөлөҕө бырайыагы холоон көрөр агрегаты оҥорууга киириэхтээхтэр. Ол “сокращенный концептуальный проект (СКП)” диэн ааттанар. Биһиги түөрүйэбититтэн, схемаларбытыттан МАБ мадьыалын оҥорон, ядернай реакторы бэрэбиэркэлиир истиэндэҕэ туруоран, үлэлэтэн көрүөхтээхтэр. Манна сүрүн куттал: атын күрэстэһэр бөлөхтөртөн кимнээх эрэ мэһэйдэһэн бытаардыахтарын сөп. СКП этабын үбүлэниитэ быһаарылыннаҕына, барыта этэҥҥэ буоллаҕына, сыл аҥаарынан бүтүөхтээх. Биһиги СКП оҥорор дьоммут, бэрэбиэркэлиир истиэндэлэрбит бэлэмнэммиттэрэ ыраатта. СКП бэрэбиэркэтин кэннэ бырайыакпытын Росатом научнай-тэхиньиичэскэй сэбиэтигэр көмүскүөхтээхпит. Ити кэнниттэн, судаарыстыба интэриэһиргээн үбүлээтэҕинэ, оҥорууга барыахтаах. МАБ оҥоруутун хамсааһына үбүлээһинтэн уонна эрэгийиэннэр бу бырайыакка интэриэстэриттэн тутулуктаах. Билэргит курдук, билиҥҥитэ эрэгийиэннэртэн сакаас киирэ илик.
Чомчоев идиэйэлэрин тахсар кэмнэрэ
– Анатолий Игнатьевич, эн 200 кВт-тан үрдүк кыамталаах МАБ оҥоһуута кыалларын курдук эттиҥ, ону кыра бөһүөлэк туттарын курдук кыамтатын намтатан биэрэр кыаллар дуо?
– 2012 с. саҕалыырбытыгар биһиги 15 кВт үрдүк кыамталаах дьоҕус МАБ-тары оҥорор баҕалаах этибит. Итини оҥорор кыахтаах собуоттар бааллар да этэ. 2020 с. кэннэ ол собуоттар хайысхалара уларыйбыта. Бүгүн дьоҕус МАБ-тары оҥорор кыахтаах исписэлиистэр, собуоттар Арассыыйаҕа хаалбатылар. Оттон барытын саҥаттан тилиннэрэргэ – миллиардынан үп наада. Ол эрээри, тардыллыы биричиинэтэ атын.
Мин 2011 с. өрөспүүбүүлүкэ урутаан сайдыытын түстүүр этиилэрдээх хас да аһаҕас суругу суруйбутум. Олору v-yakutia.ru сайт архыыбыгар булуохха сөп. Олорго ким да суолта биэрэн болҕомтоҕо ылбатаҕа. Биир холобуру аҕалыым. Эн мин Е.Борисовка 2011 с. хоту сиргэ аналлаах балаакка тигиитигэр ураты хаачыстыбалаах аныгы матырыйааллары туттар туһунан аһаҕас сурукпун өйдүүр инигин? 12 сыл буолан баран, хата, ону «ХотуТент» хампаанньа өйдөөн, ити матырыйааллары оҥорор баабырыкаҕа баран сакаастаатыбыт. Сотору «ХотуТент» ити матырыйааллартан тикпит инновациялаах балааккалара атыыга тахсыахтара.
Өссө биир сурукпар Саха сиригэр водород энергетикатын сайыннарыыга ТОТЭ (твёрдооксидные топливные элементы) оҥоруу туһунан суруйбутум. Хомойуох иһин, Е.Борисов хамаандатыттан сурукпар да хоруйдууру наадалааҕынан аахпатахтара. Бу бара сылдьан А.Махатыровтыын РНА водород энэргиэтикэтин сүрүн научнай институтугар сырыттыбыт. ТОТЭ-ны Саха сирин бырабыыталыстыбата оччолорго өйдөөн, өйөөн оҥорторбута буоллар, холобур, билигин Украинаҕа инники кирбиигэ саллааттар ону туһана сылдьыахтара этэ. Билигин маһынан оттуллар “буржуйка” оһоҕунан олороллор. Институкка ТОТЭ-ны оҥоруу туһунан чинчийиилэри билистибит. Ити оһохтор оҥоһуллар кыахтаахтара – дакаастаммыт. Бэрэбиэркэ бары этабын толору ааһан, серийнэй производствоҕа икки сылынан киирэллэр эбит. ТОТЭ – ядернай батарыайа буолбатах, оҥорон таһаарар эниэргийэтэ МАБ киэнинээҕэр өссө чэпчэки. Кыра кыамталааҕын быһыытынан, ону биирдиилээн ыал да туһаныан сөп. Өскөтүн улуустар кииннэригэр уонна улахан бөһүөлэктэргэ МАБ-тар үлэлиир буоллахтарына, водородтан чэпчэки эниэргийэни ылыы технологияларын ыалларынан киллэриэххэ сөп. Бу боппуруос Арассыыйа таһымыгар быһаарылла сылдьар эбит, аҕыйах сылынан олоххо киирэрин көрүөхпүт.
Мин ити урут айбыт идиэйэлэрбэр төннөн, Саха сиригэр 200 кВт кыамталаах, чэпчэки эниэргийэни биэрэр ТОТЭ-лары оҥоруунан өссө төхтүрүйэн дьарыктанан эрэбин. Арассыыйаҕа баар ТОТЭ оҥорор собуоттары, билим институттарын кытта суруйсабын. Сотору биһиэхэ, Кэҥкэмэҕэ, аан дойду таһымнаах хаачыстыбалаах ТОТЭ-ны боруобаҕа аҕалан үлэлэтиэхтээхтэр.
Саллааттары быыһыыр куйах таҥастар
– Эн урут суруйбут идиэйэлэриҥ билигин дьэ олоххо киирэн эрэллэрин кэпсээтиҥ. Саха сиригэр аан дойдуга атыыланар кыахтаах өссө ханнык үрдүк технология табаардарын оҥоруохпутун сөбүй?
– Мин Е.Борисовка 2011 с. суруйбут сурукпар ахтыллыбыт матырыйаалларбын “Хотутент” быйыл сакаастаан аҕалан, биһиги байыаннайдарбытыгар тепловизорга уонна түүҥҥү прицелга көстүбэт таҥастары тигиэхпит. Сыаналара, биллэн турар, судургу форматааҕар ыарахан буолуо. Ол эрээри, аан дойдуга күрэстэһэр кыахтааҕынан, “Саха сиригэр тигиллибит дьону быыһыыр кыахтаах куйах таҥас былдьаһыкка сылдьыа” диэн эрэнэбит. Бу Саха сиригэр ураты суоллаах чэпчэки бырамыысыланнас сайдыытын эркээйитэ буолуоҕа.
Мин кэпсээбиппиттэн сорох табаардар кистэлэҥҥэ сылдьаллар, аһаҕас атыыга суохтар. Барытын кэпсиир кыаллыбат. Ол эрээри, сэриилэспит саллааттарбыт киһи этин-сиинин баһыттан атаҕар диэри буулдьаттан, оскуолактан көмүскүүр чэпчэки таҥас куйах наадатын эппиттэрин мэлдьи саныыбын. Итинник куйах таҥаһы тигиэххэ сөптөөх “Рамида” диэн аан дойдуга суох сабы, миэтэрэлээх таҥаһы оҥорор үрдүк технологиялаах баабырыкаҕа сырыттыбыт. Биһиги саллааттарбытын көмүскүүр эрэллээх уонна чэпчэки куйах таҥаһы хайдах оҥоруохха сөбүн туһунан элбэх исписэлииһи кытта кэпсэтэн баран, дойду салалтатыгар байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр сүтүгү аҕыйатыыга этиилэрбин киллэрдим. Үөһэ ахтыллыбыт матырыйаалларбыт кэллэхтэринэ, “Хоту тент” хампаанньа эппит куйах таҥастарбын тигэргэ бэлэм.
Ити курдук, 2011 с. суруйбут биир идиэйэм олоххо киирэн эрэр.
– Өр сыллаах сыраласпыт үлэҥ биһиги саллааттарбыт куйахтара буолан таҕыстаҕына, элбэх киһи тыынын быыһаатаҕына, дойдуҥ, сахаҥ дьонун махталлара муҥура суох буолуоҕа, айар үлэҕэр өссө улахан ситиһиилэри баҕарабын!
А.Чомчоев эппит идиэйэлэрин судаарыстыба үрдүк сололоохторо долоҕойдоругар кэмигэр киллэрбиттэрэ, эрдэ хамсаммыттара буоллар, байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр элбэх киһи олоҕо көмүскэниэ, быыһаныа хаалбыта кыһыылаах.
Чомчоев чэпчэки эниэргийэни оҥорор идиэйэтэ, чахчы, табыллыаҕа. Тоҕо диэтэххэ, уустук байыаннай кэмҥэ бастыҥ технологиялар урутаан сайдыы тирэхтэрэ буолаллар” дииллэр.
Оттон тоҕо эйэлээх кэмҥэ Чомчоев чэпчэки эниэргийэни биэрэр идиэйэлэрэ олоххо киирбэтэхтэрин “элэктэриичэстибэ уотун, сылытыы, ититии харчытын сиэрэ суох үрдэтэн, нэһилиэнньэни сүлэн аһыы олорор монополист тэрилтэлэр утаран мэһэйдииллэр” диир “конспирология түөрүйэтэ” олус сөпкө быһаарарга дылы.
@ Владимир Степанов.
https://kyym.ru/sonunnar/uopsastyba/10550-anatolij-chomchoev-arassyyja-aan-dojdu-ta-ymnaakh-ajyylaryn-tu-unan
|
Category: Образование и наука. Школа. Детсад |
Views: 971 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 75 Ыалдьыттар (гостей): 75 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|