Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2023 » Ыам ыйа » 23 » “ЯТЭК” САҤА ХАҺААЙЫНА
“ЯТЭК” САҤА ХАҺААЙЫНА
15:50
   “ЯТЭК”   САҤА  ХАҺААЙЫНА

           Дьолго дуу, сорго дуу, ЯТЭК бары иэһин төлөөн туран атыылаһар киһи көстөр. ЯТЭК акционердарын уопсай мунньаҕа (сорох суруйууга Дириэктэрдэр Сэбиэттэрэ), хайыай (?) атыылыырга сөбүлэһэр. Моҥкурууттаан баран тарҕаһан үлэтэ суох хаалардааҕар ордук буоллаҕа. Ол курдук ЯТЭК   бааннарга миллиардынан иэһин олоччу төлөөн “А-Проперти” диэн аатынан улахан тэрилтэ тойоно Альберт Авдолян хаһаайын буолла. Кини тэрилтэни салгыы сайыннарыах буолар. Газохимическай уонна гааһы убатан атыылыыр собуоттары тутуохтаах, эргинэригэр Орто Бүлүүттэн Охотскай муораҕа диэри гаас турбатын тардыахтаах.    Оттон учуонайдар биир үлэлэригэр суруйаллар:

“При сохранении существующего уровня добычи газа в размере до 1,5
млрд.куб. м в год обеспеченность запасами Средневилюйского
газоконденсатного месторождения составляет примерно 20-35 лет
эксплуатации, после которого в связи со снижением пластового давления,
наступит период падающей добычи, и месторождение, также как и
Мастахское ГКМ, перейдет в режим доразоработки остаточных запасов”.  

Этэллэрин курдук гааспыт наһаа элбэҕэ суоҕун уонна сотору түгэҕэ көстөр кэмэ кэлиэн сөбүн учуонайдарбыт этэллэрэ, сэрэтэллэрэ иһиллэр. Авдолян биһигини буолбатаҕына, кэлэр көлүөнэни Охотскай муора биэрэгэр гааһы турбанан ыытан аны туга да суох хааллараарай? Москва биржатыгар ЯТЭК билиҥҥи сыаната сөҕүмэр - 100 млрд. солкуобай. Авдолян ол иһин атыылаһар киһи көрдүүрүн туһунан суруйаллар. Оннук буолбатар ханнык...    

Уопсайынан бу киһи “эппэтииттээх” соҕуһа уонна аһары баайа билиннэ:           “Мечел” тэрилтэ бас билэр “Эльгэ”  коксаланар таас чоҕор дураһыйар эбит.  Өссө хайыыүйэ ылбыт дуу.                                                                                             
Хаһааҥҥыта эрэ бэйэбит атын да баайбыт барыта ити курдук илииттэн илиигэ сылдьар.  Төттөрү-таары мэнэйдэһии...

          Магомедовтар хаайылыннылар, Штыров оҥоһуутунан үспүкүлээннээн ылбыт гаастарын аны кинилэр бас билбэттэр. Уруккута республика дьиҥнээх  ас билиитэ этэ. Төнүннэрэр кыахтаахпыт, онуоха сөптөөх сокуон баар дуо?.     
                                                         
 Стратегическай, тыын суолталаах баайбытын төттөрү ылар туһунан тыл-өс Магомедовтар хаайылла иликтэриттэн да, куукунаттан саҕалаан общественность мунньахтарыгар тиийэ этиллэрэ. Штыровы уонна Борисовы
ити долгуппата, истибэтэҕэ буолаллара. Өссө 2014 сыллаахха Башкортостан урукку президенэ Муртаза Рахимов уола Урал Рахимов “Башнефть” актыыбын уоран дьаһайбыта биллэн сууттаары сылдьыбыттар. Биһиэхэ
курдук уоруйах Магомедовы суут көмүскүү барбатах. Уол атаҕынан куотан Австрияҕа тиийэн олохсуйбут. Актыыбы “Башнефть” төнүннэрбит. Итинэн сибээстээн, оттон биһиги эмиэ “Якутгазпром” баайын төннөрүөххэйиҥ диир
саҥалар иһиллибиттэрэ да, салалта бэйэтэ оҥорон баран оннукка барбат буоллаҕа. Бэйэтэ – бэйэтин утары барбата чуолкай.

 Итинник муна-тэнэ олордохпуна кэргэним биир баар-суох политикпыт Эрнст Березкин “Туймаада” 2019 сыл олунньу 21 күнүнээҕи нүөмэригэр, ол аата 4 сыллааҕыта, санаатын суруйбутун сүтэрэн кэбиспиппин, хата хантан
эрэ булан аҕалан биэрдэ. Ыстатыйа аата “Вернуть в собственность республики” диэн. Олус сытыы, интэриэһинэй ис хоһоонноох, ону хайдах баарынан үөрүүнэн биэрэбин:

           “Еще раз публично обращаюсь к правоохранительным органам         
Республики Саха (Якутия), депутатам республики, Правительству РС(Я) с
требованием вмешаться в определение дальнейшей судьбы ЯТЭК, занять
четкую позицию по защите стратегического предприятия республики.
Необходимо официально предупредить любых потенциальных покупателей
акций ЯТЭК, что такие сделки будут опротестованы государственными
органами власти, как попытка сбыта и приобретения украденного
имущества.
  Республика Саха (Якутия) должна предъявить претензии и банкам,
выдавшим кредиты ЯТЭК на общую сумму 13 млрд руб., и, фактически,
способствовавшим менеджменту и незаконным владельцам контрольного
пакета акций ЯТЭК в течении ряда лет выводить денежные средства с ЯТЭК. А
фактически красть деньги населения республики.
  Кроме официального обращения к правоохранительным органам и
властям Якутии, я обращаюсь и ко всем жителям нашей республики с
просьбой не оставаться равнодушными к творящемуся беспределу по
хищению нашей газовой промышленности. Это через наши с вами карманы
разворовывали и будут разворовывать богатства Якутии. Оплачивая за свет,
за тепло, за горячую воду, за газ мы платим деньги дельцам, не имеющим
право обладать стратегическим газодобывающим предприятием
республики.
Крайне неприятно читать и слушать “компетентные” мнения о том, что
от смены собственника ЯТЭК ничего не зависит; о том, что республика
(государство) неэффективный собственник; о том, что местные кадры все
равно все разворуют. Так рассуждает ущербное быдло, или расписывают
проплаченные властями анонимы.
Государство неэффективный собственник – этот лозунг активно
использовало и использует не только руководство нашей республики, но и
России. В 1995 году я пришел работать в Якутгазпром на должность
заместителя Генерального директора по экономике и финансам. Это были
годы разгара взаимных “неплатежей” в экономике страны. Предприятия не
могли выплачивать заработную плату по 10-15 месяцев. Но даже в этих
сложных условиях, коллектив Якутгазпрома справился с задачей
строительства Якутского газоперерабатывающего завода, освоил
левобережную часть Средневилюйского месторождения. И горжусь тем, что
к лету 1998 г., когда меня забрали на государственную службу, Якутгазпром
стал одним из самых финансово устойчивых инфраструктурных предприятий
республики. Капитализация Якутгазпрома выросла в разы.
...Во-вторых, нельзя мириться с преступлением, коррупцией, нельзя
попустительствовать “легализации” отъема Якутгазпрома у республики. А как
же деньги жителей республики, которые через инвестиционную надбавку
украли у всех нас. Вот жителям Чечни простили 9 млрд. руб. за
неоплаченный газ. А ведь в Чечне, наверное, не 8 месяцев в году отапливают
дома, т.е. эти 9 млрд. руб. накопились за десятки лет неплатежей. А у нас в
столице Алмазной, Золотой, Нефтяной и Газовой, Угольной и самой
Холодной Якутии отключают газ у пенсионеров, которые не в состоянии по 5-
7 тысяч в месяц отдавать только за газ!
В третьих, нельзя Якутгазпром отдавать под авантюрные проекты
“залетных” частных инвесторов. Средневилюйское месторождение не
должно расходоваться на выработку метанола, карбамида и т.п. Это
месторождение должно быть предназначено только для энергоснабжения
Центральной Якутии, Вилюйских и Заречных улусов. Мы, что хотим лет через
15 людей снова на дрова и уголь посадить?  А ушлые собственники в
короткие сроки “выжмут” Якутгазпром, как физически, так и экономически.
Они и их дети не собираются рядом с нами жить и “сопли морозить”.

Бу тугуй, уоппуттаах политик, улахан экономист, биллэр финансист Эрнст Березкин суруга тугу да эппэт дуо? Ол аата туруорсарга ньыма, механизм баар буоллаҕа. Оннугу нэһилиэнньэ билбэт, барытын Москва быһаарар диэн баран олоробут. Республика Конституциятын тобоҕор да,
Арассыыйа да Конституциятыгар көмүскүүр ыстатыйалар бааллар эрээри үлэлээбэттэр, ким да ону тутуспат, ол иһин нэһилиэнньэ итини сапсыйан кэбиспитэ ыраатта. Итини сокуонньут дьокутааттарбыт билиэх этилэр буоллаҕа. Ону баара билбэттэр, туруорсубаттар, эбэтэр баҕарбаттар. Оннук дьокутааты бэйэбит таллахпыт дии, онон кинини буруйдуур бырааппыт суох курдук.        
   
Оттон Штыров Магомедовтарга “Якутгазпромы” биэрэр былаанын эрдэ таайбыттар бааллара эрээри, ону хайдах утарсар ньыманы тобулбатахтар быһыылаах. Сорохтор ситэ өйдөөбөтөх курдуктар, онно кинилэри баалыыр сөбө суох, урукку өттүгэр Саха сиригэр итинник түбэлтэ тахса илик буоллаҕа.
 
 “Якутгазпром” атын илиигэ киириэхтээҕин, республикаттан былдьаныахтааҕын Афанасий Максимов эрдэ билбит, онтон сэрэммит. Кини сорох актыыбы республика иһигэр хааллараары “Сахатранснефтегаз”,
“Газресурс”, ЯКОЛ тэрилтэлэргэ күрэтэ сатыырын өйдөөбөтөхтөрө биллэр. Р.Шипков  суукка туоһу быһыытынан ыҥырыллан көрдөрүү биэрэригэр Афанасий Максимов ити дьаһаныытын утарбытын туһунан эппитэ. Ити уустук
кэмҥэ, туга  ханныга биллибэт түгэҥҥэ таба суолу тайаныы мээнэҕэ              
кыаллыбат эбит, бэл ити эйгэ иһигэр сылдьыбыт дьоҥҥо.
                            
 Быһаччы быһаарыныы ылыныах диэтэххэ биллибэтэ, таабырына элбэҕэ сыттаҕа. Н.Седалищев итиннэ маннык диэбитэ баар эбит: ”Итак, не мешал ли Афанасий Максимов, может быть, сам того не ведая, будучи, в сущности, простым гражданином, своими действиями отчуждению, обворовыванию собственности республики в частные руки 
 вообще чужих для Якутии людей”.           
                                                  
 Афанасий Максимовтаах “күрэппит” актыыптарын биһиги сууппут     Магомедовка төнүннэрбитэ...Эрнст Березкин суругун “Туймаада” бэчээттээбит, атын хаһыаттарга баарын билбэтим, булан аахпатым. Ыстатыйаны соҕотох Гавриил Романов
сэҥээрэн суруйбутун көрдүм. Кырдьаҕас учуонай, биллэн турар, ырытан, ис сүрэҕиттэн айманан суруйбут. Республика баайа сокуону кэһэн атын урдустарга чааһынай илиигэ барбыта, ону государстваҕа төнүннэриэххэ диэн.

            Гавриил Романов ити суруйуутун биир эмэ дьокутаат, эбэтэр чиновник болҕойон аахпыта буолуо дуо?  Саарбахтыыбын, кинилэр атын эйгэҕэ баар, атын дьарыктаах олорор курдуктар.
Эрнст Березкин курдук өйдөбүллээх киһи Саха сирин тас өттүгэр, атын уобаласка баар эбит. Алексей Иванов диэн киһи барытын туораттан билэ- көрө сылдьыбыта кэрэхсэбиллээх. Санаатын интернет ситимигэр суруйбутун
“Жизнь Якутска” хаһыат устан ылан 2022 сыл ахсынньы 29 күнүгэр                     
 бэчээттээбитэ баар. Ону билиһиннэрэбин.

                                               Почему молчит Якутия?
 
   Казалось бы, причем тут Республика Саха (Якутия) с событиями
прошлых лет? А вот очень даже причем. Потому что из-за действий братьев
Магомедовых республика в свое время лишилась стратегического объекта –
компании “Якутгазпром”, которая обеспечивала добычу природного газа.
Впоследствии “Якутгазпром” был превращен в ЯТЭК.
Теперь, внимание, вопрос: раз братьев Магомедовых осудили,
соответственно, их вина в организации преступного сообщества доказана
следствием и судом, то почему сегодня Республика Саха (Якутия) не требует с
них возмещения ущерба, нанесенного субъекту Федерации из-за  
незаконного вывода из государственной казны компании “Якутгазпром”?
Почему никто не предпринимает хотя бы попытки вернуть этот
стратегический актив обратно в собственность республики? Почему Якутия
молчит? Кому это выгодно?
Напомним, что Штырову надо было пройти на второй срок. Но АЛРОСА,
ее руководитель Ничипорук летом 2005 года, после Собрания, говорят,
выступили против него. Рассказывают также, что Ничипорук тогда прямым
текстом сказал, что у них есть “другая кандидатура”, и что эта кандидатура
“согласована с Кудриным”.
И чтобы преодолеть Кудрина, Штыров и мог сблизитья с
Магомедовыми, которые имели выходы на Суркова и Медведева. О том, что
у братьев были очень высокие связи и сильные лобби, в своем комментарии
в ютубе признается сам Штыров.
Братья Магомедовы, пока у них не начались проблемы, действительно,
были очень сильны и влиятельны. До такой степени, что водили дружбу не
только с Сурковым, Медведевым, но и со многими другими российскими
политиками, кто оказывал влияние на политическую и экономическую жизнь
Якутии.
 Как бы то ни было, но, по сути, цель Магомедовых вывести из
республики и у АЛРОСы столь стратегически важный объект, как
Якутгазпром, была достигнута.
Бу атын регион киһитэ өйдөөн көрөрө хайдах курдугуй?  Оттон биһиги күн бүгүнүгэр диэри ытыспытын эрэ таһынабыт...

                       Иван  БУРЦЕВ                                              22.05.2023 г.

 
Category: Нефтегаз | Views: 2512 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2023  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 49
Ыалдьыттар (гостей): 49
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024