Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [261]
Суд-закон.МВД.Криминал [1279]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [398]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [553]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [154]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [276]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [221]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [669]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [375]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [154]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [92]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [22]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [237]
Тюрки [76]
Саха [152]
литература [41]
здоровье [463]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [121]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Тохсунньу » 5 » : АЙЫЫҺЫТ ҮӨРЭҔИН ЫЧЧАККА ТИЭРДИИ
: АЙЫЫҺЫТ ҮӨРЭҔИН ЫЧЧАККА ТИЭРДИИ
16:23
: АЙЫЫҺЫТ ҮӨРЭҔИН ЫЧЧАККА ТИЭРДИИ
Докторова М.А.
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт,АБ Хотугулуу-Илиҥҥи олохтоох омуктар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ,
Дьокуускай к.

Охтон баранар мастаах, уолан бүтэр уулаах, олорон ааһар дьонноох Орто туруу бараан дойдуга олох баарын тухары, киҥкиниир киэҥ халлаан кэтит киэлитигэр – үрүҥ харалыын, сырдык хараҥалыын, итии тымныылыын, үрдүк намыһахтыын охсуһан, алтыһан кэллэҕэ. Ол да иһин,улуу олоҥхолорго «аҕыс ии-лээх – саҕалаах, айгырастаах силиктээх, атааннаах – мөҥүөннээх» диэн этиллэн эрдэҕэ. Утарыта турар күүстэр бэйэ – бэйэлэрин сайыннаран, ситэрсэн биэрэллэр. Саха таҥаратын олоҕу киэҥ куйаар ситимин кытта таҥар күүс диэн билинэбит.

Дьэ, ол курдук итэҕэл эмиэ утарыта күүстэртэн турар. Бары итэҕэллэргэ сырдык уонна хараҥа күүс-
тэр утарыта туруулара (айыы уонна абааһы) охсуһуулара Аан дойду сайдар, салайыллар сокуоннарын
олохтообуттар. Саха итэҕэлигэр ити икки күүс ордук күүстээх. Сырдык күүстэр кэрэҕэ, үтүөҕэ угуйал-
лар, хараҥа күүстэр дьайдары үөскэтэн дьон кутугар – сүрүгэр дьайаллар.
Айыыһыты итэҕэйии киһи – аймах элбиирин, дьон – сэргэ, саха омук өлбөт – сүппэт инники кэскилин
түһэ буолар. Итэҕэл диэн норуот олоҕу анаарар ураты көрүүтэ, кини сайдыытын туоһута. Итэҕэллээх
эрэ буоллахха ил – эйэ, көҥүл, дьоллоох – соргулаах олох чэчирии сайдар, кэрэ эйгэтэ кэҥиир диэччилэр.
Итэҕэлэ, туохха эмит эрэлэ суох норуот диэн суох.
Киһи олоҕо төрүөн инниттэн төлкөлөөн, сирдээҕи олоҕо түмүктэнэн, атын эйгэҕэ уларыйыар диэри
сиһилии лоп – бааччы ырытар, Айыыһыт итэҕэлэ, үөрэҕэ, үгэстэрэ бааллар. Ол саха итэҕэлин өспөт өйө
былыргы дьыллар мындааларыттан, түүрдүү, монголлуу тыллаах, культуралаах омуктары кытта биир
ситимнээх, төрүттээх тулахадыйбат тутул буолан тарҕаммыт.
Олоҥхолорго Айыыһыт уонна Иэйиэхсит өрүү бииргэ ахтыллаллар, сорох алгыска ааттара тэҥник
ааттанналлар. Онон Айыыһыт уонна Иэйиэхсит ийэ хотун биир өрүттээх таҥаралар буолан тахсаллар,
Ахтар Айыыһыт, Иэйиэхсит, Дьөһөгөй, Ынахсыт, дойду иччитэ уонна кини оҕолоро бары аҕас – балы-
стар диэн өйдөбүл эмиэ баар. Бу Айыыһыттар бары үтүө санаалаах, эрдэрэ суох кыргыттар, дьахталлар
уонна эмээхситтэр эбиттэрэ үһү. Айыыһыттар «эрдэрэ суоҕа» түҥ былыргы өйдөбүл: матриархат кэми-
гэр киһи, удьуор утумун үйэтин ааҕыыга эр дьон ахсааҥҥа киирбэттэрэ.
Айыыһыт диэн киһиэхэ саамай чугас Айыы. Айыыһыт тоҕус хаттыгастаах халлаан бастакы
хаттыгаһыгар, илин дойду кирбиитин анараа өттүгэр, илин халлаан анныгар, итии байҕал эҥэригэр,
сайыҥҥы күн тахсыытын туһунан олорор. Ол иһин Айыыһыттаах арылы маҥан халлаан, Иэйиэхситтээх
Илин халлаан диибит.
Айыыһыт сардаҥарар сырдык ньуурдаах, нүөл – наал дьахтар буолан көстөр. Айыы диэн олоҕу айар
күүс. Оҕо кутун Үрүҥ Айыы Тойон биэрбитин ылан, Айыыһыт оҕону үөскэтэр. Дьахтар Айыыһыты
тугунан эмэ хомоппут, кэлэппит буоллаҕына, оҕолонор дьолтон матыан сөп, ону «Айыыһыт хадьырый-
быт» дииллэр. Киһи айылҕа айар күүһэ баарын билэр да, билбэт да буолбутун эбитин иһин, киһиттэн
тутулуга суох баар уонна дьайар күүс.Бу күүс арҕаһыттан тэһииннээх диэн бэйэтин ааттанар саха киһи
олоххо тутуһар тулаһата, сап саҕаттан салҕанар дьылҕатын ситимин эйгэтэ. Маннык Айыыһыт эйгэтигэр
дьүөрэлээх олоҕун дьаһанар киһини Айыыһыта арчылыыр, араҥаччылыыр, олоҕун устата аргыстаһан
олох очурдарын сиэрдээхтик туорууругар күүс – кыах биэрэр. Айыыһыт үөрэҕин ис хоһооно дириҥ
уонна дьоллоохтук, соргулаахтык, Айыыһыты кэлэппэккэ олорорго ис сүрэхтэн баҕаран туран ылынар
киһиэхэ күүстээх сырдык сүргэни иҥэрэр.
Айыыһыт үтүөнэн сылдьар дьону көрө – истэ, абырыы, өрөһүйэ сатыыр. Ол туһунан олоххо буолар
элбэх түбэлтэ кэрэһэлиир. Холобур, бу биир кэпсээн: «Даайаа,тур!» – диэбит киһи саҥата.Ону истээт,
олоро биэрбит. Хоһо ыыс – быдан, буруо бөҕө. Оҕотун олоппоһо дьөлө умайан эрэр эбит. Таҥаһынан
сабыта охсон умуруорбут, олоппоһун таһаара таһырдьа тахсыбыт. Тоҥсуурун дьэ өйдөөн көрбүтэ, ким
да суох, соҕотох эбит» [1.1].
Литэрэтиирэ
1. Бравина Р.И. Айыыһыт.Иэйиэхсит – Дьокуускай : Бичик, 2006 с.
Билим салайааччыта Никитина Нь.Г., б.б.х., дассыан
[05:37, 03.01.2024] Таҥ Бүө: Тэрис.

Айыыһыт – 9 айыыттан бастакылара, айыы бастакы халлааныгар олорор, төрүүр-ууһуур дьоҕуру биэрэр. Айыыһыт Хотун сэттэ дьүһүннээх: 1) Аан Айыыһыт, 2) Имэҥ Айыыһыт, Дьалыҥ Айыыһыт, 3) Хороҥ Айыыһыт, Ньэлбэй Айыыһыт, 4) Ахтар Айыыһыт, 5) Хан Айыыһыт, 6) Күбэй Айыыһыт, 7) Эдьэн Айыыһыт.

Айыыһыт киэлитэ – киһи төрүүр-ууһуур этин туһунан баар киэли. Бу киэлигэ Айыыһыт Хотун көмөтүнэн оҕо кута түһэр уонна оҕо буолан төрүүр. Киэли арыллар сэттэ кээмэйдээх (түмүктээх). Киһи бу киэлитин түмүктэрин төһө арыйар да ыал буолар дьоҕура улаатар.

Айыыһыт ойбоно – Айыыһыт алгыстара киирэр сирэ.

Айыыһыт суола – айыы бастакы халлааныгар олорор сэттэ Айыыһыты холбуур суол. Бу ыалларга барытыгар сылдьыбыт киһи толору Айыыһыттаах киһи диэн ааттанар. Кини оҕолорун киһи гынар кыахтанар.

Айыыһыт сыла – кыра мөһүлгэ 11-с сыла, 2000 сылтан саҕаланар, 12-лии сыл буола-буола хатыланар. Айыыһыкка (ыалга) болҕомто ууруллар. Эйгэлэрэ: ырыа, үҥкүү, таҥас.

Айыыһыты олордуу – муус устар саҕатыгар оҥоһуллар сүрүн туом. Айыыһыкка алгыс этиллэр. Айыыһыт киэлитигэр сүрү мунньуллар. Айыыһыт өйдөбүллэлэрэ ааҕыллаллар. Бу кэмтэн тапталга, дьиэ кэргэҥҥэ болҕомто ууруллар, муус устардааҕы туомнар ыытыллаллар.

Айыыһыт ыһыаҕа – Айыыһыт сылын саҕалыыр ыһыах, биир дабатыылаах, ыалга болҕомто ууруллар.

Айыыһыты таарытыы – сиэттик туом: муус устар 7-тин эргин оҥоһуллар. Дьоҥҥо таптал имэҥин уһугуннарарга аналлаах.
[06:27, 03.01.2024] Таҥ Бүө: Арай чөкө ыыттахха

Биирдэ киэһэ аһыырга
Бүтүн биир сыл мунньабыт,
Саҥа сылы көрсөргө
Суоҕу-баары оруубут.

Аһаатыбыт,тоттубут,
Аҕыйаҕы сиэтибит,
Үчүгэйин уоптубут,
Үксэ хаалла,бүттүбүт...

Соһо сылдьан син сиэхпит,
Сорохторун тоҕуохпут...
Онтон тоҕо кыайбаты,
Оҥостобут сиэбэти?...

Дьон тэҥинэн буолаары?...
Дьиэ кэргэни үөрдээри?...
Аҕыйах күн сытаары,
Астыыртан сынньанаары?

Ким этиэҕэй хайдаҕын,
Кыралыйар кырдьыгын?
Куотуһарга баҕалаах
Кыдьык тардар быһыылаах...

Саллыы астаах сандалы
Ситим устун сүүрүөхтээх,
Кэргэн дьоммут ол тула
Кэккэлэһэн кээһиэхтээх.

Хас хардыыбыт ситимҥэ
Харса суохтук тиһиллэр,
Харахтаабатах дьоҥҥо
Хайҕанылла ыытыллар.

Сүрэх,тарбах хардалар
Сүр дөбөҥнүк төннөллөр,
Бүгүлэхтээх санаалар
Бүтэй искэ сөҥөллөр.

Онно бааллар ымсыырыы,
Ордугургуу санааһын,
Баһыйтаран кыйырыы,
Баартан хоп-сип  наардааһын.

Ситэр буолуох барытын
Ситиммит олохтооҕун
Тарыҥнаах дьаар санаатын
Тиһэ сытар хооһоҕун?

Арай кэллин ыаспайа
Аһыммакка ыыстаһа,
Ыытааччыны чокуйа,
Ыас оҥосто, сиилэһэ?...

Кэбиис-кэбис,...кэлбэтин,
Кэһиэх дьаара тууйбатын,
Күнү-ыйы туурбатын,
Кэмсинэргэ тиэрпэтин...

Кирдээх саҥа тиийбэтин,
Кэнэн муҥнаах билбэтин,
Көнөтүнэн өйдөөтүн,
"Кэрэхсииллэр" диэн үөрдүн.

Кэрэхсээччи,үөрээччи
Кырдьыга ханна барыай?...
Уруй-айхал этээччи
Уруу-аймах суох буолуой?...

Саарбаҕа суох элбэх ээ
Сэмэй,чөкө бөлөххө.
Арай наһаа ыспакка
Аймах дьоҥҥо ыыттахха?...

Баҕар бу мин тиһиибин
Бииргит эмит өйдүөҕэ,
"Албын дойҕох,билэбин,"-
Атын тосту сириэҕэ.

Сыралыма Альбина.
Кырыкый.
02.01.2023с.
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 1647 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024