News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[225]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[378]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2024 » Атырдьах ыйа » 27 » ИВАН БУРЦЕВ: ХАҺЫАТТАР СОНУННАРА
ИВАН БУРЦЕВ: ХАҺЫАТТАР СОНУННАРА | 18:23 |
ИВАН БУРЦЕВ: ХАҺЫАТТАР СОНУННАРА
Ааспыт чэппиэрдээҕи (22.08.2024) “Кыым” уонна “Жизнь Якутска” хаһыаттар сонуннара үгүс дьон кэрэхсэбилин ыллаҕа. Үөрбүт, сөхпүт-махтайбыт, кэлэйбит да баар аҕай буоллаҕа.
КЫЫМ СУРУЙАР
А.Кириллин туһунан. Юрист Игорь Николаев чекист А.Кириллин туһунан суруйуута кэрэхсэбиллээх. Уол онус кылааһы 1961 сыллаахха Чокуурдаах орто оскуолатын бүтэрбитин туһунан ахтыллар. Мин оччолорго онно баарым, оскуола оҕото улахаттары кытта тустан хачымахтаһарын бу баардыы өйдүүбүн. Кэлин “улахан хамсааһыннар кэтэхтэригэр соччо биллибэккэ-көстүбэккэ сылдьан олус элбэҕи оҥорбут” дьонтон биирдэстэрэ буоларын Игорь Николаев киһи эрэ итэҕэйэр гына суруйбут. Маннык идэлээхтэртэн дьон дьаахханара, билсэ, чугаһыы сатаабата кырдьык бөҕө буоллаҕа. Мин даҕаны, ол 1961 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит уол сыыйа дуоһунаһа үрдээн барбытын бэчээттэн эрэ көрөрүм, ала-чуо туох үтүөнү оҥорбутун билбэт буоллаҕым. Кистэлэҥэ эбитэ да буолуо. А.Кириллин КГБ (ФСБ) курдук уустук тэрилтэ түбэһиннэртээн эрдэ ииннэммит, сору-муҥу көрбүт дьон үтүө ааттарын тилиннэриигэ туруммут эбит. КГБ архыыбын аһыыны, онно И.Федосеев – Доосо тиэстэрин, сотору “тиллибит” дьон испииһэктэрэ “Хотугу сулуска” бэчээттэнэн барбыттарын умнубаппын. Ол муҥур үйэлэммит дьон оҕолоро, аймахтара, атын да чугас дьонноро, биир дойдулаахтара төһөлөөх уйадыйа өрө тыыммыттара, үөрбүттэрэ буолуой?!
Афанасий Кириллин кэлин, М.Николаев тэрийбит “500+1” тэрилтэтин салайарыгар киирэн кэпсэппиттээхпин. Ракета тобоҕо быраҕыллар сиригэр экспедиция тэрийээри харчы умналаһа киирбитим. Элбэҕи кэпсэппиппит. Новосибирскайга үрдүк үөрэх үһүс куурсуттан аармыйаҕа ылбыттарыгар ракетнай чааска түбэспит. Ракеталары гептилинэн заправкалыыллар эбит (Итини өрдөөҕүтэ “Ракетчиктар” диэн “Туймаадаҕа ” суруйуубар ахтан турабын). Афанасий Павлович үһүс кууруһу бүтэрбит сиппит-хоппут киһи буолан туох баар ирдэбили тутуһарын, оттон 30 кыраадыс итиигэ атын эдэр уолаттар тулуйбакка скафандрдарын тэһитэ быһан иэдэйэллэрин, балыыһаҕа баралларын кэпсээбитэ. “Ити дьыаланы билэбин, онон кыах эрэ көһүннэр көмөлөһүөм” диэн арахсыбыппыт. Кэлин чугас киһим балыырга түбэһэн баран кырдьыгын булунуутугар Афанасий Павлович көмөлөспүтүн, ол иһин киниэхэ махтанарын кэпсиирэ. Репрессия содулун билэр, өйдүүр уонна саха
-2-
бастыҥ дьонун самнарбыт дьулаан быһыы хатыланыан баҕарбат үтүө санаалаах киһи маны оҥоруон сөп. Сибилигин да репрессия ыар тыына баар, арахпат. Арай Афанасий Павлович үтүө санааны иҥэрбит үөрэнээччилэрэ бааллара буолуо, аны да араҥаччылыахтара диэн эрэмньи санаа баар.
Түмүкпэр чулуу суруналыыспыт Иван Николаев этиитигэр холбоһон махталлаах дьыаланан дьарыктаммыт, сахатын дьонун күөнүнэн көмүскээбит дьиҥнээх чекист Афанасий Павлович Кириллиҥҥэ үлэтигэр сөптөөх сыананы биэрэр уолдьаста, Республика Бочуоттааҕа оҥоруохха диибин.
ДАПСЫ туһунан. Саха тылын биир маастара Геннадий Гурьев суругар киһи эбэрэ суох курдук. Сурулларын курдук, чахчы “собуоттанан” уутугар-хаарыгар киирэн этэн-тыынан бардаҕына киһи эрэ чаҕыйыах курдук буолара. Ол да буоллар, хото этиттэрбиттэртэн биир эмэ хомойбут, киниэхэ өстүйбүт, бэл улуулар өттүлэриттэн, ким эмэ баарын тоҕо эрэ билбэппин. Бука таба этиттэрэн буолуо. Маннык да эппитэ киһини сөхтөрөр: “Кураанах уруй-айхал куһаҕан тылы эппиттээҕэр хомолтолоох буолар, хатыылаах да тылынан үөһү
таба этитэр үтүө тылы эппиттээҕэр үөрүүлээх буолар!”
Дапсы миэхэ 1993 сылга тахсыбыт “Сүр тостубатын” диэн кинигэтин бэлэхтээбитин дөрүн-дөрүн ылан ааҕабын, онно кэрэхсиирим өссө күүһүрэргэ дылы. Суруйбут: ”Атаспар Иван Семенович Бурцевка, сүрэ тостубат сүүнэ сахаҕа”. Маны алгыс тыл оҥостон кэлиҥҥи сыллары олорон кэллим. Ытыс саҕа кинигэҕэ барыта баар. Кинигэни, маннык кыра да буоллар, дириҥ ис хоһоонноох гына сатаан суруйуохха наада. Адарай курдук моһуоннаах хап-халыҥ кинигэлэр элбэхтик тахсаллар да төһө ааҕыллалларын бу диэн көрбөппүн. “Адарай курдук” диэн тылы тутуннум, форматтара улаханын эппит дьүһүнүм быһыылаах, ону убайым Дапсы туох диирэ буолла?
“Сүр тостубатын” кинигэҕэ суруйааччылар иннилэригэр дакылаат оҥоһуллан киэҥ кэпсэтии тахсыбыта суруллар: сиилээбиттэр, сирбиттэр, мөҕүттүбүттэр. Болот Боотур, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон курдук классиктарбыт көмүскэһэн турбуттар. Суорун Омоллоон “дакылаат маннык суруллуохтаах” диэбитин ааҕыстахха - Дапсы дьоллоох киһи! Итинниккэ тиксибит сахаҕа биир эмэ баара буолуо. Ордугургуубун.
Убайбын Дапсыны биирдэ “кыайан” турабын, ону умнубута буолуо. “Иһирэх тыл” биэриитин саҥа саҕалаан эрэр кэмэ. Дьиэм ыраах буолан эбиэккэ барбат этим, өйүөбүнэн үссэнэрим уонна араадьыйанан Дапсыны истэрим. Оччолорго аһаҕас кэпсэтии буолара, билиҥҥи курдук цензура, “тугу
-3-
ыйытаары гынаҕын” диэн доппуруос суоҕа. Саҥардыы соҕус кэпсэтэн истэхтэринэ ким эрэ эрийбитигэр Дапсы: “Оок, телефон кэллэ” – диэтэ. Телефону хаба тардан ылан: ”Ол, телефонуҥ атахтаммыта дуо?” – диэччи буоллум. Салгыы саҥата: ”Ээ, Уйбаан, Уйбаан!... Дьэ, этиэххин эттэҕиҥ”. Саҥабыттан биллэ уонна күлүм аллайар, үөрэр быһыылаах. Кэлин “Иһирэх тыл” салҕамматаҕа саха тылыгар охсуулаах буолбута чахчы.
Алмаастаах кимберлит туруупкатын (алмзоносная кимберлитовая трубка) туһунан. “Зарница” курдук алмаастаах туруупка ССРСка аан бастаан көстүбүтэ лоп курдук 70 сылын Кыым бэлиэтээбитэ хайҕаллаах. Кимберлит туруупката барыта алмаастаах буолбатын, кураанаҕа үгүһүн учуоттаатахха “Зарница” суолтата өссө үрдүүр. Алмаас үөскээбит төрүт сирин – кимберлиты пироп көмөтүнэн көрдүөххэ сөбүн Соҕуруу Африка алмаастарын үөрэтэн баран Н.Сарсадских кэргэнэ Ленинградтааҕы университет профессора А.Кухаренко аан бастаан эппитэ. 1953 сыллаахха ити ньыманы тутуһан Н.Сарсадских уонна Л.Попугаева Далдын устун өрө тахсан иһэн хаар түһэн төннөн хаалбыттар. Эһиилигэр Н.Сарсадских оҕолонор буолан кэлсибэт. Л.Попугаеваны, толлон кэлимээри гыммытын үрдүнэн, ыыталлар. Күһүөрү туруупканы арыйан Ньурбаҕа кэлэрин кэтэһэн олорон самолеттан түһээтин дневниктэрин былдьаан ылаллар уонна Амакинскай экспедицияҕа үлэлээбитин курдук оҥороллор. Амакинскай экспедиция хас эмэ сылы быһа итинник туруупканы көрдөөн булбакка олордоҕуна хайа эрэ эдэр дьахтар булбута абакката бэрт буоллаҕа... М.Бондаренко салайааччылаах Амакинскай экспедиция алмаас төрүт сирин – кимберлиттээх туруупканы Сэбиэскэй Сойууска бастакынан булбут аатырар. Ленинградка Н.Сарсадских үлэлиир лабораторията итини истэр уонна Москваҕа ССРС Геологияҕа миниистиригэр П.Антроповка хаста да киирэ сатаабыттарын көҥүллээбэттэр. М.Бондаренко кэргэнэ уонна миниистир П.Антропов кэргэнэ бииргэ төрөөбүт аҕастыы-балыстыылар. М.Бондаренко урут ГУЛАГка үлэлээбит, генеральскай папахатын кэтэ сылдьар, кими да билиммэт киһи этэ дииллэрэ. Обкому билинимээри гыммытын С.З. Борисов сыһыппыта, иннин ылбыта диэн баара.
Миниистир биллэҕэ киһи, соҕотох оробуочай Ф.Беликов арыалдьыттаах Л.Попугаеваны атаҕастаабат бэйэлээх буолуо дуо?
Мин Н.Сарсадскиҕы кытта 1987 сыллаахха Айхалга көрсүбүтүм. Гостиницаҕа биир хоноору элбэҕи кэпсэппиппит. Ларисаны күүтэ сатаан баран сыл бүтүүтэ кэлэн отчуотун оҥорорун модьуйбуттар. Үлэтин, төһө
-4-
харчыны туттубутун эҥин отчуоттуур эбээһинэһэ буоллаҕа. Сайыҥҥы үлэтин дневниктэригэр “Амакинскай экспедиция” диэн суруллубутун сотторбуттар. (Ол кэмнэргэ дневник борустуой харандааһынынан суруллара). Отчуотун оҥорбутун кэннэ кэлэктиибэ Ларисаны таҥнарбытынан ааҕан кэккэлэригэр ылбатахтар. Онон икки уот икки ардыгар буолан хаалбыт эдэр дьахтар барахсан Амакинскай экспедицияҕа төннүбүт. Аҕата репрессияланан ытыллыбыт, бэйэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар сылларыгар фроҥҥа сиэстэрэлээбит, өлөр-өлүүнү ортотунан ааспыт киһи эйэлээх кэмҥэ ыар охсууну ыллаҕа. Ити эрэ буолбатах, өр сылларга аата умнулла сылдьыбыта. Мииринэйгэ балаакканан олорор кэмнэригэр икки квартиралаах бастакы мас дьиэ тутуллубута баар. Кэлин ону музей оҥорбуттара. “Комсомольскай правда” хаһыаттан корреспондент кэлэ сылдьан ол музейга Л.Попугаева аата, хаартыската суоҕун көрбүт. Атыттар бары бааллар. Л.Попугаева аата дьиҥнээхтик ааттаныыта суруналыыс итинтэн сөҕөн суруйуутуттан саҕаламмыта. А.Кухаренко, Н.Сарсадских уонна Л.Попугаева кэлин эрэ наҕараадаҕа тиксибиттэрин бэлиэтиир наада. Атыттар курдук лауреат буолбатахтара.
Н.Сарсадских итини барытын киһилии өйдүүрүн, Ларисатын көмүскүү сатаабыта табыллыбатаҕын кэпсээбитэ. Кини ол сырыытыгар Лариса Анатольевна кыыһын илдьэ сылдьара, оччотооҕу ПНО “Якуталмаз” дьонун кытта көрсүһүү оҥорорун эппитэ. Алмааһы көрдөөһүн историятын кырдьыгынан кэпсээбэттэриттэн кэлэйэрин биллэрбитэ. Г.Файнштейн кинигэ суруйбутун истэн: ”Гриша, опять что-то наврал? ” – диэн телефоннаабыт. Онуоха: “Нет, Наталья Николаевна, на этот раз не наврал”- диэбит. Н.Сарсадских кэлин Удачнайга хаста да ыҥырыллан кэлэ сылдьыбыта. 1991 сыллаахха кэлиитигэр “биһиги сири-уоту маннык кэбилээҥ диэн туһалаах баайы арыйбатахпыт. Бу баай олохтоох норуот баайа, кини онтон тугу да туһаммат, арай ууларын сүһүрдэн абырыыр эбиккит” диэн курдук тыллары ааттаах-суоллаах геологтартан кини эрэ туттубута. Итинник дьиҥнээх чахчылары официальнай суруйууларга тумналлар эбэтэр сымнаталлар. Н.Сарсадских итини абааһы көрөрүн эппитэ.
Уопсайынан Кыымҥа хантан эрэ ылыллыбыт матырыйаал тылбааһа табыллыбатах. Трапп боруодатын трапалар дэммэт, трапптар дииллэр. Оттон
-5-
“Кимберлиттэр алмаас “транспортердара” буолалларын, алмаас боруодаҕа кристаллизируйдаабатын туһунан аан бастакынан эмиэ кини эппитэ биллэр” диэн тыллар бааллара киһи кулгааҕар баппаттар. Итинтэн да атын олуона
үгүс. Редакция Тумарчаҕа эбэтэр Н.Кириллиҥҥэ этэн тылбаастаппыта буоллар. Олоруҥ бэйэлэрэ билэллэрин да кэпсээтэллэр ордуга хааллаҕа.
“ЖИЗНЬ ЯКУТСКА” СУРУЙАР
Бу хаһыат үгүс сонуну таһаарар. Интернетэ, ватсааба суох кырдьаҕастар ааҕабыт аҕай. Бастакы балаһаттан саҕалаан арыйан иһиэҕиҥ.
Дмитрий Василенков диэн аҕабыыт Чечня, Хотугу Осетия, Сирия сэриилэригэр барытыгар сылдьыбыт. Билигин Курскайга сылдьан эдэрдэри сэриигэ угуйар. Бу күннэргэ икки тэҥ күүстээх армия сэриилэһэ сылдьалларын бэлиэтиир. “Военное дело может оказать и благоприятное воздействие на человека. Он начинает жизнь по другому ценить, на мир смотреть по другому” – диир эбит аҕабыыт. Сэриини хайгыырын иһин буоллаҕа дуу, кини үс төгүл уордьанынан наҕараадаламмытын туһунан суруйбуттар.
Бастакы рангалаах капитан, байыаннай эксперт Василий Дандыкин интервьютын таһаарбыттара баар. Манна элбэх сонуну булабыт. Холобура, Курскайга Белоруссия националистара Украина сэриитигэр киирэн биһиги аармыйабытын утары охсуһа сылдьаллар үһү. Украинаҕа эрэ буолбакка Белоруссияҕа эмиэ националистар бааллар эбит. Уонна 2022 сыл олунньу 24 күнүгэр Арассыыйа аармыйата Белоруссия сириттэн кимэн киирбитин чопчу эппит. Ити туһунан Марат Шишигин кэпсээбитин Кыым бэчээттээбитэ, хата редакторы буруйдаан хаайбатахтарыгар махтал этэ. Украинаҕа сэрэппэккэ, өмүтүннэрэн киирбиттэрин туһунан “Собеседник”суруйбута эмиэ баар.
Григорий Кваша диэн математик-учуонай этиилэрин хаһыакка аҕалбыттар. Кини математическай суоттааһынынан, 2025 сылга Украина сэриигэ кыайтарар үһү. Хомойуох иһин, ыйын уонна күнүн чопчулаабатах.
Хаһыат төрдүс балаһатыгар Айсен Николаев Луганскайга кэһии тиэрдэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга (в торжественной обстановке) туттарбытын суруйбуттар. “...Мы следим за каждым из вас и ждем домой с Победой”, - диэбит кини. Бэрт чэпчэкитик этэн кэбиспит. Биһиги күүтэрин күүтүөхпүт да эргиллэллэр эрэ, суох эрэ. Кини хас киһи сэриилэһэ сылдьарын, хастара өлөн туораабытын туһунан этэрэ наада. Республика аҕа баһылыгын быһыытынан
-6-
норуотуттан кистээбэккэ итини иһитиннэрэрэ эбээһинэһэ буолуохтаах этэ. Кини быйыл ыам ыйыгар Сэбилэниилээх күүстэртэн мэтээл ылан турар. Бу да сырыыга хайыыр, баҕар Арассыыйа Дьоруойа аатын иҥэриэхтэрэ.
Бу балаһаҕа сыл аҥаарын иһигэр 1,7 тыһыынча искэн ыарыытыгар суһал эппэрээссийэ оҥоһуллубутун суруйбуттар. Сыл аҥаарыгар! Ити кэм иһигэр 6 000 киһи эмтэнэ сыппыт. Иэдээн буолбатах дуо, бу?! Бу аатырар онкоцентр 20 сыллааҕыта тутуллуохтааҕа. Ону оҥорбокко, бу күннэргэ государственнай бириэмийэни ылбыт, уруйга-айхалга тиксибит, Е.Борисов 12 мөл. долларга пиибэ собуотун Штыровтыын тута сылдьыбыттара. Ити ааспыт уһун сылларга төһө киһи суорума суолламмыта кинилэр суобастарыгар.
Хаһыаты салгыы арыйабыт. “Суһал көмө” массыынатын күлүүһүн эмп тэрилтэлэригэр Ил Дархан туттарбыт. Эмиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга, уруй-айхал доҕуһуоллаах. В.Путин үтүөтүнэн үһү. Дарбаана суох буолбаппыт.
Дьахтары күүһүлээтэ диэн 10 сыл хаайыыга угуллубут Ил Түмэн урукку дьокутаата С.Никонов Украина сэриитигэр өлө сыспытын суруйбуттар. Кини сэриигэ тылланан барбыт уонна хорсун быһыыны көрдөрбүт. Урут итинник холобур баара, киһини өлөрөн хаайыллыбыт бандьыыт сэриигэ кыттан хорсун быһыыны көрдөрбүтүгэр Путин ыйааҕынан Дьоруойга тиксибитэ. Оттон С.Никонов киһини өлөрбөтөҕө, дьахтары эрэ тыыппыта дэнэр, ол да саарбахтардаах. Киһибит Арассыыйа Дьоруойа буолан эргиллээрэй.
Олимпийскай оонньууларга кыттыбыт биэс спортсменнарбытыгар туох да көмө оҥоһуллубатаҕын туһунан суруйбуттар. Олимпийскай цикл диэҥҥэ (түөрт төгүрүк сыл) тугу да быраҕан туран, режим бөҕөнү тутуһан, эчэйии ыла-ыла эмтэнэн, сылба бөҕөтүн бараан, атын да сиртэн буоллар, саха аатын ааттатаары муҥу көрбүт дьоммутугар соххор солкуобайы да утары уумматахтар. Биһиги дьоммут өйдөөбөттөрүн киргизтэр өйдүүллэр эбит: саха сириттэн кэлбиккит диэбэккэ Сардаана Трофимоваҕа уонна Айаал Лазаревка харчы уонна массыына куду астылар. Бириистээх миэстэҕэ тиксибэтигит диэбэккэ. Хайдах курдугуй?! Биһиэхэ харчы баар! Сити кэмҥэ “Азия Оҕолоро” оонньууга культурнай программаҕа 96 мөл. солкуобайы туттубуттарын суруйбуттар. Анжела Жиркова диэн ырыаһыт кыыһы ыҥырбыттарыгар Иван Луцкан аҕалтарымаары донуостуу сатаабытын хата ылымматахтар. Луцкан сэргэх киһи, Жиркова Украина сэриитин сөбүлээбэтин
эппиттээҕин билбит, ол иһин кэлэрин сөбүлээбэтэх. Биһиэхэ сэрэх, сэргэх элбэх, Иван Луцкан эрэ буолбатах.
-7-
Салгыы балаһаҕа судаарыстыба таһаарар хаһыаттара, телевидениета сыл ахсын республика бюджетыттан 2 млрд. солкуобайы ыла олорбутттарын суруйбуттар. Ол 2027 сылга 1,34 млрд. солкуобайга тиийэ аччыыр үһү. Сорох
хаһыаттары сабаллара дуу?
Уолбут, Ил Түмэн дьокутаата Владимир Федоров олигарх буолбут эбит. Ордугургууллар быһыылаах, наар кинини сууттаан тахсаллар. Дьиҥ дьиҥинэн хантан да кэлбэтэх бэйэбит уолбут ээ. Буруйа нуучча буоллаҕа дуу. Араас армяннар эҥин кэлэн байаллар ахан, көҥүл айбардыыллар . Үлэлээн байар В.Федоровы була сатаан сонордуур сыыһа дии саныыбын, тус бэйэм.
Бу икки ааҕыллымтыа хаһыаттарбыт сонуннарыттан сороҕун кэпсээтим. Хаһыаттары ааҕыҥ, анаалыстааҥ. Батсаапкыт сонуна уҥа кулгааххытынан киирэн хаҥас кулгааххытынан тахсан барар, сонно умнуллар. Солуута суох, сымыйа тыл-өс онно элбэх дииллэр. Оттон суруллубут – суоруллубат.
Иван БУРЦЕВ 2024 с. атырдьах ыйын 23 к.
|
Category: СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ |
Views: 1659 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 10 Ыалдьыттар (гостей): 10 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|