News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2024 » Алтынньы » 1 » КУРААНАХ КУОЛУ
КУРААНАХ КУОЛУ | 20:08 |
КУРААНАХ КУОЛУ
“Талбаҥҥа” Ядернай сэрии кутталын туһунан кэпсэтии буолла. Чокуур Гаврильев, Владимир Степанов уонна Тиҥсик диэн дьикти ааттаах киһини кытыннардылар. Бу уустук, ыарахан тиэмэни “ырыталларыгар” күлсэ-салса, үөрэ-көтө олордулар. Барытын баһыттан атаҕар үлтү буккуйан, тугу да билбэт эрээри куолулаан дьону бутуйдулар. Дьону сэнииллэрэ оччо быһыылаах. Мин саныахпар анал сорудахтаах тахсан дьаабыланнылар быһыылаах. Эмиэ да “траектория”, “тобоҕун бырахпыта” эҥин диэн тыллар иһиллэн аастылар. Ядернай эһиигэ, буомбаҕа туох да сыһыана суох космическай ракета көтүүтүн манна эмиэ тоҕо холбоотулар? Туох сыалтан? Ол иһин этэбин: тугу да билбэт эбэтэр өйдөбүлэ суох дьону соруйан таһаарбыттар.
Ядернай сэрии буолуо суоҕа, Европаҕа да, Америкаҕа да ону саҕалыыр иирээки суох. Ядернай сэриини төлө таппыт бэйэтэ бастакы уочарат онтуттан охсуу ыларын туһунан төһөлөөх учуонай быһааран суруйда. Суоһурҕаныы, бэйэ-бэйэни куттааһын баар. Новай Земляҕа боруобалыыр полигоммутун дьокутааттар сөргүтүөххэ, онон куттуохха диэбиттэрин Путин толордо, бэлэм оҥордо. Боруобалыахтара. “Көннөрү сэрии сэбин туттуулаах тастан агрессия буолар түбэлтэтигэр Путин кнопканы баттыан сөп, оттон Горбачев оннук бирикээһи кыайан биэриэ суоҕа этэ”, - диэн байыаннай эксперт Игорь Коротченко эппитэ. Мин Путин кнопканы баттыа диэн соччо итэҕэйбэппин.
Новай Земляҕа эрэ буолбакка, Саха сиригэр баар 5 полигоҥҥа кытта боруоба ыытыахтарын сөп. Ону кимтэн да ыйыппаттар. Кураанах куолу оннугар “бу боруобалааһыннар Саха сиригэр туох сабыдыалы оҥоруохтарай, уруккулуу тыал Саха сирин диэки үрэрин кэтэһиэхтэрэ дуо” диэн ыйытыгы туруоруохха, итинэн биир эмэ дьокутаат дьарыктаныахтааҕын этиэхтэр этэ.
“Путин аармыйа ахсаанын элбэтиэххэ диэбитин быһаарыҥ” диэн буолла. Ону биһиги дьоммут быһаара охсон биэрдилэр, бэрт дөбөҥнүк. Кыах дьон! Ермолай Скрябин саҕа киэҥ билиилээх киһи Саха сиригэр суох, тэлэбиисэр көрөөччү, араадьыйаны истээччи барыта ону билэр. “Сэрии дэммэт, СВО дэнэр” диэн быһаара сатаата, буруйдаталыах курдук. Путин өссө 2022 сылга “сэрии”, “үһүс аан дойду сэриитэ”, “улахан сэрии саҕаланна” диэн тыллары туттубутун правительствобыт “Саха сирэ” хаһыатын оччотооҕу эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев харанан үрүҥҥэ суруйан турар (“Саха сирэ”,№40, алтынньы 13 күнэ, 2022с.). Ермолай ити хаһыаты ылан өндөтөн ааҕан баран уолаттары буруйдуо эбит.
Төһө да билбит-көрбүт эрээрилэр Чурапчыттан И.Пономарев, Тааттаттан Татыйык ыйытыктарыгар киһилии хоруйу биэрбэтилэр. Холобур, наһаа элбэх оҕо баран өлөрүн, сыра бөҕөнөн хомуйан ыыппыт гуманитарнай малларын баһаарга атыылыы сылдьалларын Татыйык ыйыппытыгар. Арай В.Степанов Арассыыйа биһигини көрөр-харайар, онон иэстээхпит, оҕолору ыытарбыт наадалааҕын ыйда. Болуодьа уол оҕолоох, онтун ыыппыта дуу, суоҕа дуу, ону быһаарбата. Юргин курдук дьоруой буолан эргиллэн миниистир буолуо этэ.
Иван БУРЦЕВ, 30.09.2024 с.
|
Category: СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ |
Views: 789 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 106 Ыалдьыттар (гостей): 106 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|