Сунтаар улууhун нэhилиэктэрэ улуус тэриллиэҕиттэн күн бүгүҥҥү дылы.
1801 сыл балаҕан ыйыгар Сунтаар улууhа сурукка аан бастаан киирбитэ. Ол саҕана улууска аҕыс нэhилиэк баара: I Бордоҥ, II Бордоҥ, II Дьаархан, III Дьаархан, Наахара, Нөөрүктээйи. Хаҥалас, Хоро. 1805 сыллаахха Сунтаар улууhугар I Дьаархан нэhилиэгэ холбоммута.
1832 сыллаахха Хаҥалас нэhилиэгиттэн Күүкэй арахсыбыта. 1835 сыл диэки I Дьаархантан Кугдаар, 1836 сыл диэки Нөөрүктээйиттэн Торбуох нэhилиэктэрэ арахсыбыттара. 1841 сыллаахха I Дьаархантан саҥа Түбэй нэhилиэгэ тэриллибитэ. 1846 сыллаахха I Бордоҥтон арахсан туспа II Нөөрүктээйи нэhилиэгэ баар буолбута. Бу түмүгэр Сунтаар улууhа 14 нэhилиэктэммитэ.
ХIХ үйэ бүтүүтэ нэhилиэктэр бытарыйыылара салҕаммыта. Ол курдук 1893 сыллаахха Кугдаартан Бутукай, I Бордоҥтон III Бордоҥ нэhилиэктэрэ арахсыбыттара. 1895 сыллаахха II Дьаархан быстаҕыттан Мэйик нэhилиэгэ тэриллибитэ.
1898 сыллаахха Сунтаар улууhа икки улууска хайдыспыта. Саҥа Хочо улууhугар II Бордоҥ, II Дьаархан, III Дьаархан, Мэйик, Наахара, I Нөөрүктээйи, Торбуох нэhилиэктэрэ арахпыттара. Ити сыл III Дьаархан нэhилиэгэ аhара улаханынан үс нэhилиэккэ үллэриллибитэ: Бакамда, Сунтаар, Хадан. 1903 сыллаахха Түбэй уонна I Дьаархан нэhилиэктэр быстахтарыттан Түбэй-Дьаархан нэhилиэгэ тэриллибитэ. 1906 сыллаахха Хороттон Кокуора уонна Омоттоон нэhилиэктэрэ арахпыттара. Ѳр туруорсуу кэнниттэн 1908 сыллаахха II Дьаархантан туспа Арыылаах нэhилиэгэ баар буолбута.
Сунтаар сэлиэнньэтэ өр сыл Ньурба буолаhыгар киирэ сылдьыбыта. 1910 сыллаахха Ново-Александровка дэриэбинэтин кытары туспа Сунтаар сельскэй обществовата диэн буолбута.
1913 сыллаахха Хаҥаластан араҕан саҥа Мочууhун нэhилиэгэ тэриллибитэ. Тус арҕаа, Чуона өрүс тардыытыгар араас нэhилиэктэр быстахтарын дьоно олороллоро. Олор 1914 сыллаахха түмсэн Чуона нэhилиэгин тэриммиттэрэ. 1915 сыллаахха Мэйик нэhилиэгин быстаҕыттан саҥа Үөhээ Мэйик нэhилиэгэ баар буолбута. Ити сыл III Бордоҥтон араҕан саҥа Чуукаар нэhилиэгэ тэриллибитэ. 1917 сыллаахха I Бордоҥ нэhилиэгиттэн Чакыр уонна Элгээйискэй нэhилиэктэрэ арахпыттара. Ити сыл буолбут биэрэпис докумуоннарыгар Аккырас уонна Кубалаах нэhилиэктэрэ бааллар. Ити таhынан Бырагаатта тоҥус аҕатын ууhа нэhилиэк быhыытынан Хочо улууhугар холбоммута.
1917 сыл бүтүүтэ Сунтаар улууhугар 17, Хочо улууhугар 15 нэhилиэк бара, уонна Сунтаар сельскэй обществовата туспа этэ.
Ѳрөбөлүүссүйэ дьалхааннаах сылларыгар Кокуора нэhилиэгэ төттөрү Хороҕо холбоспута, Омоттоон – Омот-Омоттоон, Бырагаатта – Бырагаатта-Садын, Мэйик – Алын Мэйик нэhилиэктэрэ диэн хос ааттаммытара. 1921-1922 сыллар диэки I Дьаархан уонна Кугдаар нэhилиэктэр быстахтарыттан Токос нэhилиэгэ тэриллибитэ. 1924 сыллаахха Алын Мэйик нэhилиэгиттэн уонна I Нөөрүктээйи, Наахара нэhилиэктэр быстахтарыттан Матчаҕа нэhилиэгэ үөскээбитэ. 1920-с сыллар ортолоругар Ботуобуйа нэhилиэгэ баар буолбута.
1930 сыллаахха Сунтаар уонна Хочо улуустара холбоhоннор Сунтаар сэлиэнньэтигэр кииннээх Сунтаар оройуона баар буолбута. Ити сыл үс арҕаа нэhилиэктэртэн: Чуона, Ботуобуйа уонна Бырагаатта-Садын, саҥа Садын оройуона тэриллибитэ. 1932 сыллаахха I Дьаархан, Кугдаар уонна Токос нэhилиэктэрэ Ньурба оройуонугар бэриллибиттэрэ. 1930-с сыллар саҕаланыыларыгар Матчаҕа нэhилиэгэ Бүлүүчээн нэhилиэгэ диэн хос ааттаммыта.
1934 сыллаахха баар нэhилиэктэр састааптара уонна кыраныыссалара чопчуланан сааhыламмыттара. Ол түмүгэр Бакамда, I Нөөрүктээйи, Омот-Омолдоон, Чуукаар, Элгээйискэй нэhилиэктэрэ суох буолбуттара, ыаллыы сытар нэhилиэктэргэ холбоммуттара. Ол оннугар саҥа үс нэhилиэк тэриллибитэ: Илимниир, Куокуна уонна Мэлэкэ. Торбуох – Тойбохой, Сунтаар – Аллыҥа нэhилиэктэрэ диэн хос ааттаммытара.
Сэрии сылларын кэннэ, 1947 сыллаахха, Садын оройуона суох буолбута, Чуона, Садын нэhилиэктэрэ Сунтаар оройуонугар төттөрү холбоммуттара.
Сэрии сылларыгар сут сыллар тураннар, дьон сэриигэ ыҥырыллан колхуостар бөдөҥсүйбүттэрэ. Ону батыhан нэhилиэктэри бөдөҥсүтүү хампаанньа барбыта. Ол түмүгэр 1954 сыллаахха маннык саҥа нэhилиэктэр баар буолбуттара: I Бордоҥ, III Бордоҥ, Хоро холбоhоннор Элгээйи; Мочууhун, Хаҥалас, Күүкэй холбоhоннор Кутана; Бутукай, II Нөөрүктээйи, Түбэй-Дьаархан холбоhоннор Сиэйэ. Аллыҥа – Арыылаахха, Үөhээ Мэйик – Бүлүүчээҥҥэ, Мэлэкэ – Түбэйгэ, Илимниир – Хадаҥҥа холбоспуттара. Ити сыл Наахара уонна Куокунун нэhилиэктэрэ холбоhоннор саҥа Кириэстээх нэhилиэгэ үөскээбитэ. 1956 сыллаахха Чакыр нэhилиэгэ Күндэйэ нэhилиэгэ диэн хос ааттаммыта. Ити сыл Түбэй нэhилиэгэ Сиэйэ нэhилиэгэр холбоспута. Үөhээ ааттаммыт уларыйыылар түмүктэригэр 1956 сыл бүтүүтэ Сунтаар оройуонугар бөдөҥсүтүллүбүт 14 нэhилиэк хаалбыта.
Алмаас көстүбүтүн кэннэ Мииринэй куорат үөскээбитэ. 1960 сыллаахха Чуона уонна Садын нэhилиэктэрэ Мииринэй куорат салайыытыгар бэриллибиттэрэ. Быстах кэмҥэ, 1963-1965 сылларга, оройуоннар бөдөҥсүйбүттэрэ. Ол курдук Сунтаар уонна Ньурба оройуоннара бөдөҥсүтүллүбүт Ленинскэй оройуона диэн буола сылдьыбыттара.
1965 сыллаахха оройуон чөлүгэр түспүтүн кэннэ элбэх саҥа нэhилиэктэр тэриллибиттэрэ. Ол курдук 1966 сыллаахха Куокуну нэhилиэгэ Кириэстээхтэн арахсан чөлүгэр түспүтэ, ону таhына Сунтаар нэhилиэгиттэн туспа Кэмпэндээйи нэhилиэгэ үөскээбитэ. 1967 сыллаахха Дьаархан нэhилиэгиттэр Маар Күөл нэhилиэгэ арахпыта. 1973 сыллаахха Түбэй-Дьаархан нэhилиэгэ Сиэйиэттэн араҕан туспа буолбута. 1975 сыллаахха Хоро нэhилиэгэ чөлүгэр түспүтэ (Элгээйиттэн араҕан). 1977 сыллаахха Арыылаахтан араҕан туспа Аллыҥа нэhилиэгэ чөлүгэр түспүтэ.
Сунтаар нэhилиэгин нэhилиэнньэтэ аhара элбэҕинэн 1980 сыллаахха Сунтаар сэлиэнньэтин Бартыhаан түөлбэтигэр туспа нэhилиэк тэриллибитэ. Саҥа нэhилиэк Туойдаах диэн ааттаммыта.
1992 сыллаахха алта саҥа нэhилиэк үөскээбитэ: Күүкэй (Кутанаттан араҕан), Түбэй (Сиэйэттэн араҕан), Илимниир (Хадантан араҕан), Наахара (Бүлүүчээнтэн араҕан), Тэҥкэ (Бордоҥтон араҕан), Толоон (Элгээйиттэн араҕан).
1993 сыллаахха Туойдаах нэhилиэгин киинэ Туойдаах сэлиэнньэтигэр көhөрүллүбүтэ, Бартыhаан түөлбэтэ Сунтаар нэhилиэгэр төннүбүтэ. Ити сыл Сунтаар оройуона Сунтаар улууhа диэн хос ааттаммыта.
2003 сыллаахха Сунтаар улууhун саамай эдэр, 26-с нэhилиэгэ, Устье үөскээбитэ.
Аркадий ЯКОВЛЕВ, архыып сэбиэдиссэйэ, кыраайы үөрэтээччи.
Сунтаар нэһилиэгэ.
|