News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2024 » Алтынньы » 15 » СУОТТУ БЫЛЫРГЫ НОМОХТОРО ӨТӨХ ТӨҤҮРГЭСТЭЭХ, СУРТ КЭРИЭСТЭЭХ
СУОТТУ БЫЛЫРГЫ НОМОХТОРО ӨТӨХ ТӨҤҮРГЭСТЭЭХ, СУРТ КЭРИЭСТЭЭХ | 16:14 |
СУОТТУ БЫЛЫРГЫ НОМОХТОРО
ӨТӨХ ТӨҤҮРГЭСТЭЭХ, СУРТ КЭРИЭСТЭЭХ
1942 сыллаахха Суотту Ымыйахтааҕар дьон-аймах түгэх өбүгэлэрбит олоро сылдьыбыт өтөхтөрө, буор холомо дьиэлэрэ, ону кытта тутта сылдьыбыт маллара бүтүн Аан дойдуга улахан, Азия материгын Хотугу Илин өттүгэр, мэлдьэһиллибэт өрүттэрдээхтик арыллыбыттара. Кэлин радиокарбоновай ньыманы туттан, итиэннэ Ленинградтааҕы Радиоуглероднай Лаборатория быһаарыыларынан хойукку таас үйэтиттэн, боруонса, тимир үйэ саҕаланыытын кэмнэринэн чопчуламмыттара. Археолог Окладников АП итиэннэ олохтоох үөрэхтээх Барашков ИИ үлэлээн арыйбыттар. Олохтоох ТЛИ туруорсуутунан СССР АН салаатын иһинэн үлэ эбит. Онуоха эрдэ мунньуллубут кэрэһиттэр төрүөт буолбуттара. Дьиҥэ чопчулуур буоллахха сурукка киирбит биир бастакы бэлиэтээһини ГА Сарычев Халыма өрүс төрдүгэр 1787с. 22.07./Хроника. Факты. События. 92с/. оҥорбут. Ол эрэн баар олохтоохтору кытта холбоон, бииргэ көрөн сыһыаннаан үөрэтии тоҕо эрэ өр кэмҥэ табыллыбатах. Архыыпка бэлиэтээһиннэргэ 1632 сылтан ыраахтааҕыга, тэрийэн ыыталаабыт дьонноро, суругунан биллэрэн испиттэрэ бааллар.
Онно Хотугу Муустаах байҕалга тиийэ буор холомолору булаттаабыттарын туһунан биллэрэллэрэ. Бултуур, балыктыыр тэриллээх, ас буһарар оһуордаах уматыллыбыт туой иһиттэрдээх, балайда сайдыылаах дьон суол-иис хаалларбыттара соһуччу буолбута. Хотугу тыйыс чымаан дойдуга, мууһуруу үйэтин кэнниттэн киһи олорбутун дьиҥнээх туоһута баарын бу маҥнайгы көстүүтэ. Аҕа дойду сэриитин ыар сүтүктээх, сут-кураан күннэригэр түбэһэн, билим эйгэтигэр саҥа эркээйи охсубут сүҥкэн арыйыы олохтоохторго сэҥээриитэ суох, биллибэккэ ааспыта. Ураалтан бэттэх Ымыйахтаах кэмэ диэн үөрэтиини кэлин академик Мочанов ЮА сыралаах үлэтинэн холбоон сүрүннээбитэ хайҕаллаах. Сыыйа 145 былыргы дьон олоро сылдьыбыт сирдэрэ көстүтэлииллэр. Олортон 20-тэ урукку таһымынан үөрэтиллибиттэр. Былыргы туоһу кэрэһиттэрэ элбэхтэрэ, көстүбүт сирдэрин сабарайа киэҥэ, кыайан таайыллыбат таабырына элбэҕэ чинчийээччилэри сөхтөрбүт. Артефактар хара баһаамнар. Олортон сүүһүнэн ахсааннаахтара Түмэллэргэ көрдөрүүгэ уонна кинилэр фондаларыгар хараллан сыталлар.
Сахабыт сирин олорчутугар, Амур өрүстэн Байкаалынан, Хаатанганан, Таймыыртан Чукуотканан Лаамы байхалыгар диэри тилийэ тайаан, кимэ биллибэт түҥ былыргы дьоннор олохсуйа сылдьыбыттар эбиттэр. Манна өрүү тумулук туттар Африкаҕа даҕаны, Соҕурууҥҥу уонна Байкаал күөл эргин үөрэтиллибит биллэр булумньулартан итэҕэһэ суох таһымнаахтара бэлиэтэнэр. Элбэх уратылара, майгыннаспат өрүттэр бааллара мөккүөрдээхтэр. Олортон аҕыйаҕы ааттаатахха : - Суон Тиит, Чомполуур, Томмот, Бэрдьигэс, Тумуулуур Үрэх, Алыһардаах, Чагда, Сүрэх Арыы, Бөлкөчөх, Улахан Элгэ, Дьүүктэй, Билир, Майа төрдө, Буор Хайа, Ноху, Күҥкүс, Таҥха, Өнүкэ, Хойгуо, Куруҥ, Лоҥку, Уорай, Харандаас, Дьиикимдэ, Чыпчаал, Күскэ, Куду Күөл, Тосхол, Бэс Күөл, Муҥку, Дабаан, Марха, Суруктаах Хайа, Чураан, Үөдэй, Сиинэ, Сулбугур, Бэрдьигэстээх, Кууллатыы, Хоро, Мууруйа, Үрүҥ Күөл, Маалтааны, Туустаах Күөл, Ымыйахтаах, Сангаар, Уолба, Кыларса, Сииктээх, Иччилээх, Бугачаан, Өлөөн салаата, Туой Хайа, Ахтараҥда, Хатыҥнаах, Дьэли, Бэрэ, Хоту Туулаах, Улахан Эдьэн, Сыралта, Тирэхтээх, Боруллуолаах, Мастаах, Арыы оҥорбут, Сэмэлдьин, Үрүҥ Хайа, Лобуйа, Чыырдаах Күөл, Ыйталын, Ньүүйэ, Чуру, Сиинэ, Сунтаар, Хотоҕор, Хайырҕас, Ньурбачаан, Чокуурдаах, Чочур Мыраан. /Ымыяхтахская культура Северо-Восточной Азии. 1980с, СА Федосеева, 9с/. Дириҥ үрэх, Бөтүгүттэ. Кулун атах - Ымыйахтаахтан чугас аҕыйах көс ыаллыы сытар Мэҥэҕэ сирэ. Сорохторун быһаччы үлэлээбит дьон бэйэлэрэ сөбүлээбиттэринэн ааттаабыттар: Усть- Тимптон, Усть-Чирко, Усть-Белое , Усть-колено, Усть-Миль, /устье-уу түһэр, холбоһор сирэ, төрдө/ Холодная, Антила, Байкит, Сумнагин, Бурулгино, Угино, Верхне-Троицкое, Нижне-Троицкое,/Троица-православнайдарга дьоро күн -* единение Отца и Сына, Святого духа*/, Уларовская, Татьянино, Колядин, Конзабой, Помазкино, Кресты, Сенкю, Старые Петушки, Пантелеиха, Кантвеем.
Маны таһынан Суруллубут суоруллубат диэн өс хоһооно баарыныы өрүстэрбит кытылларын суорба таас эркиннэригэр былыргы дьон ойуу -бичик, бэлиэ охсоннор 115 сиргэ хаалларбыттара бэлиэтэммиттэр. Руна, криптография диэн үөрэтэллэр. /Археология Якутии, ЮА Мочанов, 1988с 18с./. Таас суруктары Ксенофонтов ГВ, ГГ Левин, КА Федоров , С Попов, АА Николаев, Айыҥа-Кривошапкин АИ ааҕан холонуулара бааллар. Биир таайтарыылаах маска сурук Тандаҕа көстүбүтэ. Айыҥа уурунуу суругу ааҕарга силлабарий диэн көмө бэлиэлэри оҥорбута кэрэхсэбиллээх. Орхоҥҥо киэҥник биллибит Күл Тэгин, атын сиргэ Чингисхаан Дьаһалын тааска суруктарын, сорох православнай иконаларга туттуллубут Руна кистэлэҥ бэлиэлэрин сахалыы ааҕыталаан турардаах. Сначало было слово. Слово бога- диэн баар. Ойууламмыт руналар ис хоһоонноро бэйэлэригэр хаалбатаҕа мунаах. Древняя письменность якутов ИИ Барашков 1942с, Военное дело якутов ФФ Васильев 1995с бу биир дойдулаахтарбыт былыргыбытын сырдатыыга суруйбут үлэлэрэ. Соҕурууттан кэлэн хаһыы оҥорбут дьоннор түмүк оҥоруулара үтүктүспүт курдук майгыннаһаллар. Мунаарбыт суолларын бары тумат, майаат, дьирикинэй, дьүкээгир төрдүлэрэ буолуо диэн үһүйээҥҥэ, номоххо эрэ баар үһү- таамах биллибэт суолларга сыҕайаллар. Арай академик ЮА Мочанов - Хаһан эрэ Азия сорох омуктарын төрүттэрэ бу сиртэн барбыттар диэн көрүүлээх. Оннугар тылбыт даҕаны киэҥник тарҕаныытын таабырына быһаарыллыан сөптөөх курдук.
БЫЛЫРГЫ НОМОХТОР
1632 сылтан Россия иһигэр киирии кэннэ саҥалыы олоҕу тутуу саҕаламмыта. Үйэлээх, бу кэмҥэ дылы тиийэн кэлбит эйэ дэмнээх олох түһүн Бороҕон уустарыттан Лөгөй Тойон өтө көрөн олохтоһор. Кырдьыга бастакы сыһыан уонна дьаһаах хомуура хабыр этилэрэ. Нууччалар Суоттуга кэлиэхтэриттэн 30-40 сыл иһигэр 661 киһи көһөн кый бырах күрэммиттэрэ сурукка тиһиллибит. /Сыҥаах Бороҕоттор 57с./. Хааһынаҕа эбилик, тас эргиэҥҥэ туттуллар киис тириитинэн дьаһаах, ити күндү түүлээх бултаныытыттан имири эстэн төлөнөрө олохтоохторго ыараабыта. Олохтоохтору кытаанахтык дьарыйыы, ыгыы-түүрүү сүрдэнэ сылдьыбыта. Ол курдук – эн дойдугар буруо таһаарарыҥ иһин төлүүр - көмүлүөк түһээнэ диэн батталлаах төлөбүр , аманаакка- солуокка тутаах киһини тутан-хаайан олуйуу, өлбүт киһи иэһин ирдиир хабала /ясачная недоимка/, элбэх экспедициялары атынан, көлөнөн, бары өттүнэн хааччыйыы, уунан таһаҕаһы соһуу, таһаҕас тардыыта-извозная повинность и содержание почтовых станций ыарахан сүгэһэрдэрэ бааллара. Биир сылга олохтоохтортон 10000 ат, 1000 сирдьит, таһаҕас таһар киһи хомулла сылдьыбыт. Суол солооһуна, дьаам дьиэлэрэ, сөргүтүү, тэрийэн үлэлэтии киирсэллэрэ. Сири уоту тыырыы, кииннээһин - түһээн хомуурун судургутутуу, итиэннэ салайыыны киинниир дьаһаллар кэмнэрэ тиийэн кэлбиттэрэ. Бу кэмҥэ буолбут түгэннэри бэйэбитигэр сыһыаран быһыта-орута анааран ааһыахха. Оччолорго дьон олоҕун сайыннарар туһугар ыраахтааҕыга тиийэ туохтан да толлубакка тиийэн туруорсубут бастыҥ дьоннордоох эбиппит.
Екатерина 2 ыраахтааҕы Манифест об учреждении Комиссии Нового Уложения- 14.12.1766с ыйаах таһаарбыт. Тутаах Сокуоннары саҥардан кэҥэтэн оҥоттороору. /Предтеча. 2021с. 94с/. Итиннэ олоҕуран киин бөлөх түөлбэлэр анабыл дьонноро 5 киһи истэриттэн арыый да саастаахтарын таланнар Соппуруон Сыраанап икки тылбаасчыттаах/Заровняев Иван, Прокопий Уваровскай, хаҥаластар/ Москубаҕа бара сылдьыыта кыаллыбыта. Итиннэ Бороҕоттортон 30 саастаах Сүөдэр Ньукулаайап кыттар. Ити сырыы түмүгүнэн Иркутскай генерал губернатора АИ Бриль 26.04.1769с - 1. Олохтоохтор бэйэлэрэ дьаһааҕы илдьэн туттарыылара көҥүллэнэрин, 2. Урукку дьаһаллыы оннунан хааларын туһунан бирикээс таһаарбыт. Соппуруон Сыраанап Сокуону оҥорор Хамыыһыйаҕа дьокутаат буолан үлэлэһэр итиэннэ Хаҥалас улууһугар уһуннук кулубалаабыт. 7 ыраахтааҕы кэмигэр үлэлээн-хамсаан уос номоҕор киириэн киирбит. Кэлин Саха уокуругун муҥур Кулубата буоларга турунар. Ол баҕатынан 80нугар тиийэрин саҕана кырдьыбытын аахсыбакка Иркуутскайга иккитэ айанныыр. Аатын, итэҕэлин уларыта охсон Василий Веньяминович Сыранов буолан көрдөспүтүн бигэргэппэттэр. Аҕата епископ Веньямин, ийэтэ-генерал губернатор ойоҕо Елисавета Ивановна буолбуттар. Онто табыллыбатаҕар уолун бэйэтин оннугар олордубутун, үҥсүү киирэн таһыма намыһаҕын тургутан билэннэр тохтотоллор 1795 сыл. Архив Государственного совета СПб, 1869, Т. 260., 1 ПСЗ. 23.16829. 108., ИЛАН. Ф.96. Оп. Д. 8. Архив Державина. Л. 15-16-17-18.
1646 сылтан уһун көрдөһүү кэнниттэн 1767сыллаах маҥнайгы сырыыттан үс киһиттэн иккитэ эргиллибит. 1780 сылга аан бастакы айан кыттыылааҕа Хаҥалас Бөдьөкө Маһарытын кытта Чуука Капчинов/Капчиков/ Бороҕон, Чугуун Боодой Мэҥэ аттаналлар. Бу сырыыга : - Чуука Капчиновка Улахан кинээһин Туоһутун урутаан туттараллар - 26.01.1680с, Мэҥэ Чугуун Боодойго - 02.02.1680, Маһары Бөдьөкөҕө - 29.02.1680с. Онон Федор Алексеевич Романов Ыраахтааҕы Саха сиригэр улуус бастакы баһылыгынан бэйэтэ анаабыт киһитинэн - Кулуба Чуука Капчиков Уус Алдан улууһа диэн ааҕарбыт сөптөөх. Дуоһунаһын өлүөр диэри илдьэ сылдьыбыт. Кинилэр Маһарылыын Индигиир эргин айдааны быһаарарга, ураты көҥүл ылбыт буоланнар, сорудахха кытталлар. Бытархай буруйу олохтоох тойоттор дьүүллүүрэ көҥүллэнэр. Улуустар ааттара 1730 сылтан бигэтик сурукка киирэллэр. Архыыптарга өр кэмҥэ сыралаһан үлэлээбит Төрүт Бороҕон - СС Алексеев Дьараама олохтооҕун үйэлээх кинигэтигэр 38-40сир. сигэтин ыйар – НА. /РС/Я/, Фонд 31, Опись 2, Дело 589. История доктора С Токарев Общественный строй якутов 1945с.
Салҕыы 1814 уонна 1818 сылларга биир дойдулаахпыт Турчак Бочуков иккитэ Москубаҕа ыраахтааҕыга бара сырыыларын болҕойуоҕуҥ. Икки сиринэн олорбута ыйыллар. Суотту Ымыйахтааҕын Сабарайа Суоттуга итиэннэ Харын Табы. Мүрү куулатыгар баар. Ити кэмҥэ 1 Суотту буолаһын сирэ. Суотту дьонугар Мүрү Сүрэх Бүөрэ, Харын Табы, Сарҕаабыт куулата, Мээндиргэн, Синньигэс арыы, Билиистээх, Араҥас, Чыычаахтыыр, Ынах арыыта, Күдьүр, Халба уо.да. а. сирдэри анаталыы сылдьыбыттар. 1785с. 02.06. НА. Ф31. Оп.2. д. 2231. Суотту Сабарай диэн арыылаах, Соболоох арыы Сабарай диэн түөлбэлээх. Тумул үтүөкэннээх Хаатты сайылыгын эмиэ оттуу сылдьыбыттар. Ону Хаатты аттыгар Суотту сыһыыта диэн сир баара кэрэһэлиир. /Сыҥаах Бороҕоттор. Төрүт Бороҕон. 44с. 2020с/. Кэккэ сылларга буоластар кирбиилэрэ саамыланар. Суотту Үөһэ-Аллараа Буоластанар. Саһылыкаан туспа буолар. Дүпсүн туспа улууска арахсан ылар.
Бороҕон Дьуотту, Сабарай Боотур диэн дьоннор үөскээн төрөөн ааспыттар. Дьуотту былыргы тылга – аймах-билэ, түөлбэ дьон диэн суолталаах. Сабарайдар Дойду-Тыа диэн кэпсэнэллэр. Саха биир былыргы үөрэхтээҕэ ИС Говоров 1887с үһүйээнигэр Бороҕон Дьуоттуттан - Бороҕон улууһа үөскээбит диэбит. 70 саастаах ЕИ Портнягин 1921 с Бороҕон улууһун төрүттээбит киһинэн Бороҕон Дьуотту диир. Олоҥхоһут ДМ Говоров Бороҕон улууһун төрдө эмиэ Бороҕон Дьуотту диэбит. ЭК Пекарскай тылдьытыгар улууспут дьонун төрүччүтүн Бороҕон Дьуоттуттан аахпыттар. /1.4.2. Бороҕон Дьуотту. 31 с. СС Алексеев/. Туох да диэбит иһин Суотту – Дьуотту дорҕоонноро атылыылар. Былыр Суотту хочотун Чымаадай хочото диэн суруйаллар. Баҕар киһи аатынан буолуо. 1643 с буолбут түбэлтэнэн Чыҥаада Бөҕө үһүйээҥҥэ киирэр. Чымаадай уонна Чыҥаада майгыннаһар ааттар. Мыраан үрдүгэр Элэһиҥҥэ олорбут буолуон сөп. Сэһэн Боло номоҕор чопчу ыйыллыбатах.
18.09.1789с 2-с Суотту Арыы Тиит Элэһинин олохтооҕо Сэһэн Ардьакыап Екатерина 2 ыраахтааҕыны соруктанан тиийэн көрсөр. Сахалар олохторо тубустаҕына империяҕа оччонон туһалаах буолуоҕун туһунан киэҥ ырытыылаах Сахалар тустарынан былаанын туттарар. Уталыппакка көрүллэрэ көдьүүстээх буолуоҕар Ыраахтааҕыттан көрдөһөр. Сонно тута кэриэтэ 01.10.1789с. Судаарыстыба Сүбэ мунньаҕар көрүллүбүт. Сенат сөптөөҕүнэн быһаарыаҕар эрэнэн- бэйэтэ кыттартан туттунар. Дьиҥэ бэйэтэ киин куоракка улааппыт, 1785-1786с ИИ Биллингс уонна ГА Сарычев 1785-1793с Хотугу Илин Халыма төрдүттэн Чукоткаҕа диэри Чуумпу байхал, Лаамы арыыларын холбуур Экспедициятын тэрийиигэ үлэлээбит улахан өҥөлөөх, Ыраахтааҕыттан Кыһыл көмүс мэтээллээх, нууччалыы көҥүл быһаарсар киһи. Сэһэн Ардьакыап кэлин Уобалас Баһылыгын быыбарыгар тура сылдьыбатах, сахалыы сүрдээх сэмэй майгылаах киһи эбит. Туруорсуу 7 сүрүн хайысхатын иһигэр: - 1. Үөрэхтээһин, 2. Уобалас буолан салайынарга сахалыы билэр тойон талыллыытын, 3. Сууттааһыҥҥа олохтоохтор быһаарсыылара, 4. Таһаҕас тардыы ыар сүгэһэрин чэпчэтии киирбиттэр. Ити кэмҥэ ыраахтааҕы уларыйар. Күттүөннээх дьаһал Иркуутскайга 5 сыл устата хамсаабакка хам баттанар.
Бороҕон, Хаҥалас, Мэҥэ, Нам улуустарын кулубалара уонна кинээстэрэ кэтэһэ сатаан бараннар Васильев СВ-Уһуктаах Сэмэҥҥэ/Туйма үрэҕэр үөһэ Арыы Тииккэ олорбут/ Ыраахтааҕыга хаттаан көрдөһүү суруйарыгар анал Итэҕэл Мэктиэ Сурук толороллор. Уус-Алданнартан бэчээти кытта бастакынан – Бороҕон улууһугар Сэһэн Ардьакыап кэнниттэн үлэлээбит быыпсай кулубата Прокопий Портнягин уонна кинээс Петр Портнягин/ Улууска быыбарынай кулубанан үлэлии сылдьыбыт 08.05.1882 НА. Ф.31. Оп.2. Д.2172./ илии батааһыннара турар/РГИА Ф. 1286. Д231. Л.3-6. 8436/. Кэлин Бүөтүр ииппит уола үөрэхтээх Самсон Прокопьевич Уобаластааҕы Земскэй Суукка талыллан үлэлээбит.
Эмиэ биир үөрэхтээх Портнягин ПС эрэпириэссийэлэнэн Гулаг хорҕолдьун хостуур Эһэ Хайатыгар 1943 өлбүт. Онон улуус биир аатырбыт кулубата Уһуктаах Сэмэн Ыраахтааҕы Павел Петрович Романовка кэскиллээх- кэнэҕэскилээх Былааны хамсатарыгар саҥа көрдөһүүлэрин кытта Сэһэн Ардьакыап Сахалар тустарынан былаанын куопуйатын хаттаан ыытар 1803с. Сэһэн Ардьакыап уһуннук олохсуйбут сирэ Ойбон Күөлэ алаас. Бу 4 киһи, мургун дьоммут, буолаһынан араартааһын кирбиитин аахсыбатахха 3 көс эргимтэ иһигэр алаастарга биир кэмҥэ олорбут сылдьыһар ыаллыылар. Хараҥаны хайытар сырдык кэриэтэ Сахалар тустарынан Тосхолго хорсун санаалара биир эбит. Туруорсарга 32 нэһилиэктэр 36 тойотторо санааларын холбооннор илии баттаабыттар/Предтеча. Становление государственности народов Якутии. 165-170с, РГИА Ф.1286. Оп.1. Д.231, Л.1-5./.
Уус Алдан улууһа төрүкү сайдам сайаҕас дьоннооҕунан уратылаах. Ол курдук сурукка киирэн үйэтитиллибит 92 олоҥхоһуттардаах. Ол иһиттэн 21дэрэ Суотту сиригэр төрөөн-үөскээн, үлэлээн-хамсаан, ыллаан-туойан ааспыттарынан киэн туттуох тустаахпыт. Кинилэри аҕыйах тылынан ахтан ааһарбыт сөптөөх. 1. Белолюбскай Николай-Мичикээнэп. Олоҥхолоро:- Мүрүлүүр Мүгдьүк Дуолаҥса, Дьура Бөҕө, Бардам Баабый, Айаатыыр Ала Буурай, Угустаан Оҕонньор, Эбэкэллэй Эмээхсин уонна Тойон Удаарын. 2. Колесов – Кырдааттаах Кыыс Бухатыыр. 3. Васильев Петр Федотович – Сөдүөт Бүөтүккэтэ – Кэрчимэр баай Тойон, Айыы Аан Чэлбэй Хотун.
4. Васильев Тихон Иванович-Олоҥхоһут Тиэхээн /1877-1920/– Үөлэн Хардааччы, Оҕо Тулаайах, Эрбэхтэй Бэргэн. 5. Васильев Василий Гаврильевич/1893-1950/ Быыкаайык - олоҥхоһуттар куоластарынан үтүктэн үкчү толороро үһү баай куолаһынан.
6. Васильев Семен Прокопьевич Олоҥхоһут Сэмэн. Булуҥҥа үлэлээн кэлэн хараҕа суох буолан сиэтиллэ сылдьан чөллөркөй куолаһынан олоҥхолообут. Өктөөп кэннэ 90гар өлбүт. 7. Колесов Микииппэр – Күлүк Үөлэн Хара Кыыртай. Неустроев Тимофей Кузьмич-Хоной Түмэппий 1872с төрөөбүт. – Хаан Дьаарсын /олоҥхолору үйэтитии 5.ф.7., 98 62дь., 854дь. Чиряев ВГ 1941 суруга. Окоемов ЕС/. Хаан Дьаргыстай. 8. Охлопков Петр Аммосович- Наара Суох/1858-4942/ Уулаах алааска өтөхтөөх. 8 биллэр олоҥхоһуттары уһуйбут. Суондалы хара аттаах Дьуларыттар Дьулаан Дохсун. Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн/1907с киин куоракка туруоруллубут/. Эриэниктиир Кулахай, эргимтэ Саадьаҕай Тимирдээхэй Ньамчаахайдаан. Эриэдэл Бэргэн.
Кэрчимэр баай Тойон икки ынах- сылгы Айыыһытыгар аналлаах Айыы Чэлбэй Хатын. Аллаах маҥан аттаах Ала Туйгунтай/1993с. Чолбон 1.141-165с Васильев ГВ/. 9. Охлопков Филипп Иванович-Дырайыын Силип уус /5.ф,3 оп, 854дь./. Свинобоев Григорий Николаевич-Ырыа Кириискэ – Хайыһар улаан аттаах, эҥкэрэлээх тайахтаах эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох. Дьалхааннаах айаннаах аттаах, хаан олбохтоох Хаан Дьаргыстай. /1895 ГА Ирк Обл 293Ф, 1 оп. 473дь., Странден, Юрасов. Св Ястремский/. Татаринов Николай Яковлевич-Бүччүкү Ньукууска - /М. Наука 1т, 1980 – 263-269С./. Алаастартан тэйэн кииннээһин кэннэ сэһэн-тойук бу көрүҥэ сыыйа суураллыбыт. Олоҥхоһут хас биирдии киһитин уратытын туттан-хаптан, хамсанан көрдөрөн, ырыатын дорҕоонун синньэтэн-сонотон сөп түбэһинэрэн толору арыйара биһирэнэр буолуохтаах. Уус-Алдаҥҥа 150 тус-туһунан олоҥхо толорулла сылдьыбыт. Хас да киһи Мүлдьү Бөҕө уонна Дьулуруйар Ньургун Боотур олоҥхолору сөбүлээн толороллор эбит. Бүтүн кинигэлэри төбөлөрүгэр тута сылдьаннар. Киһи сөҕүөх Наара Суох суруммакка эт мэйиитигэр тута сыдьан 18 тус туһунан олоҥхону толорор эбит. Үксэ бэйэтин айымньыларын. Аны истэр дьоно тылын-өһүн өйдөөн биһирииллэр эбит. Өбүгэлэрбит чөл өйдөрүн, өйгө тутар дьоҕурдара сөҕүмэр.
Урут Иркутскайтан олуттаҕас, 4 хаттыгастаах салаллыы олохсуйа сылдьыбыт: Губерния-Провинция-Уезд-Комиссарство. 1783с кулун тутарга Саха сирин воеводствота 5 уезтаах, 5 комиссарстволаах буола сылдьыбыт. Олохтоох салайыныыны тупсарар туһугар унньуктаах туруулаһыы уһун кэмнээҕэ биллэр. Улууспут биир баһылыга ИЕ Мигалкин дьокутаат буолан Иркутскайга * Устав об управлении инородцев* олоххо киириитигэр уонна таһаҕас таһыытын кыһалҕаларын быһаарсыыга үлэлэспит. 19-20һис үйэлэр кирбиилэрин быыһык мунаах кэмигэр Дупсүн улууһун кулубата ВВ Никифоров-Күлүмнүүр куоракка киирэн хоннохтоохтук үлэлэһэр. Интеллигенция биир тумус киһитэ буола үүнэр. Үөрэхтээһини тарҕатыыга үлэлэһэр бөлөх тэрийэр. 1906с тохсунньу 5-6 күннэригэр 300 улуустар тойотторун, тумус дьоноро сьездкэ мунньустан Саха Түмсүүтэ диэн бөлөх тэринэллэр. Олоҕу тупсарар 11 тосхоллоох Соруктарын чопчулууллар. Ол эрээри Саха уобалаһын Уокуруктааҕы суутун уурааҕынан уонча киһини биирдии сылга хаайаллар. Сокуоннайа суох Түмсүү тэриниилэригэр, сири сокуоннайа суох түҥэттээри гыммыттарыгар уонна нолуок төлөөбөккө сорунуу иһин буруйдууллар.
Күлүмнүүр 2 сыл хаайыллан баран босхолонор. Иркутскай Уокуруктааҕы Суутугар ааһынан көрбүтүн ылымматахтар. 02.07.1913с Санкт-Петербурга тиийэ сылдьан Романов ыраахтааҕылар 300 сылын бэлиэтээһин кэннэ Николай 2 Ыраахтааҕы - көҥүлүн күөмчүлээһиннэртэн кинини босхолоон үөрдэр. Күлүмнүүр кини коронациятыгар сылдьыбыт киһи. Күбүрүнээтэр ИИ Крафт маҥнай ананан кэлиитигэр Соруга, барыларын да киэнэ оннук буолуо: - 1. Выяснение колонизационной емкости области. /-Записка о ближайщих Задачах русской колонизации в Якутской области 1907с. 29.01. Якутия. Хроника, Факты, События. АА Калашников. 214с, 217-218с./ . Олохтоохтор дьиҥ тиийиммэт олохторун илэ хараҕынан көрөн, билсэн санаата уларыйбыта кэрэхсэбиллээх. Күлүмнүүрү кини көмүскэспит. Олохтоохтор бастыҥ тумус киһилэрэ, атын омсолоох майгыта суох- диэн. Өйдөөх сэниэ дьон, оҕолуун-уруулуун бары кэриэтэ кыһыл тутул кэлэн бастакы хардыыларыгар инники күөнтэн үтүргэҥҥэ түбэһэннэр туоратыллаллар. Ол кэмҥэ үҥсүү-харсыы, эккирэтии, таҥнары тардыы, куомун тыына күннээн олохпутугар кыбыллан хаалар. Ол содула эрэпириэссийэ итиэннэ сут-кураан сылларга аччыктааһыҥка оҕустаран эмсэҕэлээһинтэн көстөр. Сахалар тустарыгар Сэһэн Ардьакыап инникилээх көрүүтүн салҕаабыт Күлүмнүүр 1928с хаайыыга сытан өлөр.
Суоттулар Үс үллэр үөстээх Улуу Эбэбит модун кыаҕар талаһан кэмин эрдэлээбит биир киһибитинэн Баккыам – Паркем Петрович Заровняев буолар. Кини атыыһыттар таһаҕастарын уунан таһыыга үлэлэһэр. Бастакы күөҥҥэ тахсан таптал аата – Боцман Хаппытаан диэн. Анал үөрэҕэ суоҕун иһин буолуо. Боцман – хараабыл иһинээҕи туох баары дьаһайар Тойон. Сахалартан бастакы аатырбыт Хаппытааны Богатыреву уһуйбүт диэн кэпсииллэрэ үһү. Баккыам Бүлүү эҥэр таһаҕас таһыытын төрүттээбит киһи диэн хаһыакка суруйа сылдьыбыттар. Дэлэҕэ көмүллэригэр Дьокуускайтан үс борокуот Сууллар Мыраан анныгар устан кэлэн тиксэннэр Чымаадай хочотугар айманан, аһыйан айаатыы турбуттара кэпсээҥҥэ хаалбыт. Аймахтара кыраайы үөрэтээччилэр сураһаннар чопчулуохтарын сөп этэ. Суотту дьоно урукку үйэҕэ нууччалартан үөрэнэн буоллаҕа буолуо киһини-сүөһүнү, атын таһаҕаһы туоратар аал оҥочо тутар буолбуттар.
Гоголевтар хос-хос эһэлэрэ оҥостон дьарыктана сылдьыбыт. Уус-Алданнар икки улуу Эбэлэр эҥээрдээх уратылаах дойдулаах дьоммут. Билиҥҥи кэмҥэ Саха сирин төрүт олохтоохторо саҥа сайдыы долгунугар үктэниэхтээх быыһык кэммит. Олоҕу тупсарар саҥа технологиялар өтөн киириэхтээхтэр. Киһи-сүөһү, кэлии-барыы дьон элбиэхтээх. Онуоха бэйэбитин өрө тардынаммыт дьоһуммутун бары өттүнэн көтөҕөн кэскилбитин кэҥэттэргэ ааспыт былыргыбытыгар бигэтик тирэнии мэктиэлиир.
Сахалар биһиги былыргы ааспыт олохпутун үөрэтии тосхолун кимнээх төрүттээбиттэрий? Ыйынньык эркээйи охсон, тутуһуллар хайысхатын быһааран кимнээх, хаһан, туох-ханнык быһыыга майгыга бастакы олук уурбуттарын көрүөххэ эрэ. - 1. Голландия политига Николас Витсен - Англия Королевствотын чилиэнэ, Ост-Индия хампаанньатын биир тойоно, Амстердам 13 төгүл талыллыбыт бургомистра. Европа биир үөрэхтээҕэ, баай киһитэ, дипломат, картограф, коллекционер, Москваҕа 1664- 1665с кэлэн барар. Ыраахтааҕы Романовтар эргимтэлэрэ Европа диэки тардыһыылаах этилэр. Ол иһин киирбит тахсыбыт, эргитиилээх баай омуктар ыраахтааҕыга итиэннэ кини тулатынааҕы тойотторго илэ-сала көтөр бөлөхтөрө өрө тутуллан чугас этилэр. Голландияҕа Н Витсен 24 саастаах Петр 1-йгэ хараабыл тутуутун көрдөрөн 4 ый оҥоһуутугар үөрэттэрэр. Онон устунан чугасаһан сүбэлээччитэ буолар.
Европа дойдулара бэйэлэриттэн намыһах сайдыылаах, буораах саанан хаалбыт дойдулары холуонньа оҥосторго хампаанньалара тэнийиилэрин үгэнэ этэ. Кэмэ суох хаанынан уһуннарыы, халааһын, кулут гынан эргинии киэҥник барбыта. Ост Инд хампаанньа хабалатыгар 75 мөлүйүөн киһи хабылла сылдьыбыт. Николас Витсен Сибиир каартатын оҥорорго анал Көҥүллүүр Ыйаах Туоһу ылар. Северная и Восточная Тартария/Noord en Oost Tartarye/ - диэн урут сурулла илик 3 томнаах кинигэтин сыралаһан суруйан таһаартарар , 1692с. 127+116см кээмэйдээх нуучча судаарыстыбатын бас билэр сирдэрин улахан каартатын оҥорон аатырар
. Дипломаат буолан элбэх урут сылдьыбыт дьон бэлиэтээһиннэрин хомуйар. Маска оҥоһуллубут каартаны булан туттубут. Бэйэтэ Ураалтан бэттэх сылдьыбатах киһи эрээри урут сурулла илиги сиһилии тиһэ сатаабыт. Көмөлөспүт дьонун ааттарын кистиир. Сахалар тустарынан кимтэн эрэ истибититтэн уонна иһитиннэрии суруктартан сылыктаабыт. Ол иһигэр – 35 тыл Булгария /поволжие, казань, орто азия/ эргин майгынныыр тылларынан сэрэйэн көрөн итиэннэ маҥнай баһылыы кэлэ сылдьыбыт сэрииһиттэр суолларын үтүктэн сахалары көс дьоно буолуо диэн бичийэн саҕалыыр. Бэйэтэ Саха сиригэр кэлэ сылдьыбатах. - 2. Гольштиния киһитэ Эверт Избрант Идес 1657-1708/Эберхард Избрадсон/- Кытайга посолунан ананан 3 сылы быһа айанныыр. Дойдутугар улахан иэстэргэ иҥнибитин толуйаары тылланар. Киниэхэ Н Витсен каартатын Куоппуйатын ыытар. Бу киһи Ньиэмэстэр сообществоларыгар биллэр киһи. Петр 1йи кытта суруйса сылдьар Н Витсен биир дойдулааҕа посол буоларыгар мэктиэлэстэҕэ. Элбэх киһилээх, маллаах буолан, ардыгар суол солонон эрэйдээхтик айанныыр
. Төннөн кэлэн хараабыл оҥоруутугар үлэлэһэр. Саа, буораах оҥорор собуоттанан олохсуйар. Елизарий диэн сүрэхтэнэн ыал буолан сирдэнэр. Сахалары Иркуутскай тойотторуттан туоһуластаҕа. ГП Башарин Саха сирин историяграфиятын бу киһи төрүттээбитинэн ааҕар. Бэлиэтээһиннэрин*Амстердамҥа 1706с Н Витсен ньиэмэстии таһааран тарҕатар. Описание народов 20һис баһыгар 1692с . Самоед, вогул, тунгус, остяк тустарынан адьас язычниктар диэн суруйар. Остяктар/хантылар/ төрүөхтэриттэн бэриллибит сүрэҕэ суохтар диэн хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктары ойуулуур. Сахалары- эҥин өҥнөөх тирии быстаҕастарынан таҥналлар. Маҕан таба таба тириитэ кылдьыылаах. Ырбаахы диэни билбэттэр. Өйдөөх, сатабыллаах омуктар
. Эмиэ да бөрүкүтэ суох дарбатыылааҕы киллэрбит. Биллиилээх киһи өллөҕүнэ чаҕар киһитин бииргэ тыыннаахтыы көмөллөр. Онтулара Индияҕа баар иэдээннээх сиэри кытта атылыы курдук диэбит. Эр киһи өллөҕүнэ уматаллар. Онно анараа дойдуга бииргэ сылдьан дьоллоноору ойоҕо тыыннаахтыы уокка түһэр. Ол кэннэ күллэрин холбууллар. Сахаларга биир эрэ дьоро күн баар. Онно уот оттоннор илин өттүнэн үүттэн оҥорбут арыгыларын куталлар. Бэйэлэрэ испэттэр диэн ыһыах сураҕын ойуулаабыт. 3. Герхард Фридрих Миллер/Федот, Юхан Мюллер/1730с үөрэхтээх Адьюкт ПАН. *История Сибири и ее народов үлэлээх. Камчааткатааҕы 2кис экспедицияны тэрийсэр. База источников төрүттүүр. Киниэхэ көҥүллээҕинэн суруктары арыйдаҕа. 4. Филипп Иоган фон Страленберг/Юхан Табберт фон Штраленберг/- Штральзунд куоракка төрөөбүт. Билиэҥҥэ түбэһэн Тоболькай эргин 13 сыл сыылкаламмыт швед аармыйатын хапытаана. Кэлин Швецияҕа подполковник буолан олорон өлөр. Суруйуулара - Северо - Восточная часть Европы и Азии, Записки об истории и географии Российской Империи Петра Великого, О великой Тартарии и Сибирском Царстве. Каарталары саҥардан оҥортообут. Кинигэтэ немецтии, 1736с- англия тылынан, 1957с- Францияҕа,
Испанияҕа, бэчээттэнэн киэҥник тарҕаммыттар. Үлэтэ немец тылыттан нууччалыы 1797с тылбаастанан тахсыбыт. Тыллары - Финно-угор, Түүр тыллаахтар диэн маҥнай бөлөхтөөбүт. Били 35 соһуллар, майгынныыр курдук тыл мунаахсытарын байыаннайдыы быһаччы чиҥэппит. Саха тылын төрдө татаардыы, Ураал-Алтай диэки диэн ыйан кэбиһэр. Саха сирин историятын саҕаланыыта холуонньалааһын кэмин тыыныгар үөскээн намтатарга, сууһарарга анаан айыллан суруллубут номох-сэһэн.
Бу түөрт киһи дойдуларын көрүөххэ. Немецтэр – Африкаҕа, Азияҕа, Чуумпу акыйааҥҥа, Австралияҕа холуонньалаахтара. Шведтэр – Скандинавияҕа, Прибалтикаҕа Холуонньалаахтара. Россия Империятын Холуонньатынан – Аляска, Форт-Росс, Алеут, Кадьяк, Гавайи арыылара этилэр. Аны бастакы кэлбит Саха сирин арыйааччылар туох ханнык таһымнаах, кэпсээннээх дьоннорун архыыптан билэҕит. Избрант Идес истэн суруйан хаалларбыта: – Сахалар кырдьыксыт уонна кэнэн курдуктар. Кинилэр бэйэлэрэ сымнаҕас губернааторы сөбүлээбэттэр. Оннукка куһаҕаны оҥороллоро элбиир. Тимир илиилээххэ чуумпураллар. Айдаана суох олороллор. Сахалар бэйэлэрэ бу сиргэ Нууччалартан ыктаран кэлбиппит дииллэр. Онно суоҕу үйэтиппитэ суруйуутугар көстөр:- * Сахалар табанан түргэнник көһөллөр. Таһаҕастарын таһалларыгар 8ка тиийэ табаны көлүйэнэллэр*. Сүөһү, сылгы туһунан суох. Ньиэмэс тылынан олуттаҕастык бичийбитин Европаҕа бэйэлэрэ көннөрөннөр тылтан атын тылга тылбаастыыллар. Гравюра ойуунан киэргэтиилээхтэринэн биһирэммиттэр.
Омуктарга көлбөрүйэн чинчиттэрии итиэннэ сир каарталарын оҥотторуунан үлүһүйүү кэлин Россияҕа бэйэтигэр мөкү содулламмыта. Ол курдук 1776-1780с Британия Адмиралтействотын сорудаҕынан Джеймс Кук Эмиэрикэ өттүттэн кэлэн Чукотка кытылларынан эргийэ устубута. Арай кини иннинэ Семен Дежнев уонна В Беринг чинчийбит каарталарын билсэн баран Чукотка-Аляска силбэһиитигэр Витус Беринг аатын иҥэртэрэр. Өлүөн иннинэ: -Олохтоох омуктар сөп буолалларыттан ордукка иҥсэрбэттэр. Онон европеецтартан ордук дьоллоохтор- диэн бэлиэтээһинин хаалларбыт. 1812с Напалеон Бонапарт аан дойдуну аймаан, Россияны сэриинэн ыла сатаабыта. 1929с атырдьах ыйыгар холку сахалар оппут үлэтин үгэнигэр Адольф Цепеллин оҥорбут дирижаабыла Германияттан-Японияҕа сирбитин үрдүнэн көтөн иһэн Дьокуускайга 3 суругу түһэрэн ааһар. Онтон 10ча сыл ааһыыта 2кис Аан дойдутааҕы сэрии иэдээнэ буолан ааспыта.
Дьэ, онон бу кылгас суруйуубун ырааҕынан эргитэммин иннин кэннигэр аҕалан үмүрүтэрбин баалаамаҥ дуу. Ымыйахтаах саҕаттан олох утума быстыбатах. Саха саргытын салайсар, эйэни эҥээрдэспит, олох тупсарыгар кэскили кэрэһилээн Суоттулар сыраласпыт тумус дьоннордоох эбиппит. Суотту – дьон сэргэ уутуйан олохсуйарыгар үтүө дойду буолар. 70нус сылларга Суоттуга ыаллар элбэх оҕолонуулара инники күөҥҥэ этэ.
Ол курдук 10 нуу оҕолонон киһи- хара оҥорон иитэн таһаартаабыт 18 хоһуун ыаллаахпытынан киэн туттабыт. Сахалар Хотугу Муустаах итиэннэ Чуумпу Байхал муораларын ууларынан , сирдэрин холбоон дойдубут Россия барҕарарыгар сирдьит, таһаҕасчыт буолламмыт чооруос тумсун саҕа үтүөлээхпит. Россияҕа дьоммут уонна сирбит баайдары холбонон, биһигиттэн тирэхтэнэн Аан дойду политикатыгар уонна геополитикаҕа кыттар кыахтаммыта. Онон кэлэр өттүгэр тус экономикабыт сайдарыгар кэпсэтии, сөбүлэҥ тэҥ кэрдиискэ уонна таһымҥа туран оҥоһуллара сөп. Семен Дежнев Суоттуга ыал буолан оҕоломмута. Ол кэннэ элбэх сирдэри арыйбыта. Аҕыйах ахсааннаах сахалар өбүгэлэрбит иллээх-эйэлээх олох сүнньүн талбыттарын салҕаан итиэннэ инники үтүөҕэ дьулуурдарын саҥалыы тыыннааммыт байытыахтаахпыт. Ону ситиһэрбитигэр үөһэ ааттаммыт сирдэрбит болҕомтоҕо ылыллан бэлиэтэнэллэрэ сөп этэ. Блогердарбыт, түмэл гиидтэрэ, салайааччылар итиэннэ дьон бары даҕаны уос номоҕо оҥостуох этилэр.
Түөрт үйэ тухары сахалар кэлиилэр диэн үөрэтии хайысхата кэлтэйдии өйөнөн кэллэ. 15-16 үйэлэр диэки бүтэһик тобох төттөрү көһөн кэлии долгуна сайдыыны аҕалбытын билинэр сөп. Биһиэнин курдук элбэх түҥ былыргы туоһулаах сир уонна ханна эмит баара дуу? Биһиги өбүгэлэрбит тулалыыр эйгэҕэ киһилии сыһыаннаһан дьүөрэтик, дьаһанан олохторун оҥостор этилэр. Эстибэтэх сиртэн ситиммит уонна итэҕэлбит эмиэ оннук. Туох баар ыарахаттары күүстээх үлэнэн кыайарбыт. Ону туора омуктар билэннэр көрөннөр ытыктыыллара. Үтүктэ даҕаны сатыыллара. Саха тыла - олус киэҥ сиринэн тарҕана сылдьыбыт былыргы кистэлэҥэ итилэр. Инникитин дьон түөлбэлээн олорор сирдэригэр эргэрбит, хаарбах тутуулартан, хараҕы аалар эргэттэн, сиргэ-уокка таһыллыбыт бөхтөн ыраастаныы үлэтин көмөлөөн ыыттарбыт. Тулалыыр эйгэбитин тупсараммыт тыаҕа сиргэ урут тоҕуллубут бөхпүтүн ыраастанар үлэнэн дьарыгырдарбыт. Кэлбит-барбыт көрөн сэнээбэтин туһугар. Ааһа түһэн эттэххэ хайа баҕарар дойду экэниэмикэтин бэйэтэ үлэлэһэн кыайан сайыннарбат буоллаҕына ытыс тоһуйуулаах, холуонньа аҥаардаах дойдуга кубулуйар. Ол иһин салайыыга, идэтийэн быһаччы кыттарга соруктанаммыт үлэлэһиэхтээхпит. Үөрэх кыһалара онно туһуланыахтаахтар.
Түөлбэ аайы тх кытта сэниэлээхтик саҥа дьарыгы элбэтэргэ санаабытын күүскэ салайаммыт турунуоххайыҥ.
Григорий Портнягин
Уус – Алдан, Суотту. 20. 02. 2024с. 8 962 739 83 99.
|
Category: История, философия |
Views: 606 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 89 Ыалдьыттар (гостей): 89 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|