Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1208]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [672]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [379]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [102]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [105]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [241]
Тюрки [76]
Саха [156]
литература [42]
здоровье [467]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2025 » Тохсунньу » 21 » Павлов бандьыыт этэ дуо?
Павлов бандьыыт этэ дуо?
11:43
Былыргы уонна билиҥҥи саха атыыһыттара
: Виталий Николаев.
 
Саҥа кинигэ туһунан санаалар.
   Төрөөбүт-үөскээбит Тэҥкэтин патриота Виталий Григорьевич Николаев кэккэ сылларга иитиэхтээн сылдьыбыт санаатын ситэрэн “Былыргы уонна билиҥҥи саха атыыһыттара” диэн дьоҕус кинигэтин дьонугар-сэргэтигэр бэлэх уунна. Кинигэҕэ Сунтаар историятыгар уос номоҕо буолбут Тэрэпиин атыыһыт-Трофим Васильевич Павлов дьиэ кэргэнин дьылҕата, кини күтүөтэ Тэҥкэ киһитэ Лука Егорович Күрүүкэп олохторо-дьаһахтара, уустук дьылҕалара сырдатылынна.
  Кинигэҕэ улахан болҕомто Тэрэпиин атыыһыт кыыһыгар, Луха Күрүүкэп кэргэнигэр Татьяна Трофимовна Күрүүкэбэҕэ ууруллубут. Татьяна Трофимовна уустук олоҕо, дьылҕа тургутар араас түгэннэригэр киһи быһыытын сүтэрбэтэх киэҥ-холку майгыта, дьоҥҥо үтүө сыһыана ааптары сөхтөрөр - «Татьяна Трофимовнаҕа саамай улахан наҕарааданан бар дьоно кинини умнубакка өйдөрүгэр-санааларыгар илдьэ сылдьыбыттара буолар, кэлин да аата ааттана туруо. Асчыт, эмчит, иистэнньэҥ, оһуор түһэрээччи, оҕуруоччут, балыксыт, муҥха баайааччы,эмтээх оту хомуйааччы, эргинээччи, үтүө санаалаах дьоһун майгылаах хотуннарын курдук бу олоххо сүппэт суолун хаалларбыта”.

 Кинигэ биир уратытынан Күрүүкэптэр тутта сылдьыбыт малларын-салларын, тэриллэрин истиҥник саныыр дьонноругар бэлэх биэрбиттэрэ биһиги дьалхааннаах кэммитигэр диэри тиийэн кэлбитин Виталий Николаев эридьиэстээн суруйбута буолар.
    Итини таһынан бүтүн биир түһүмэх Күрүүкэптэр тутууларыгар анаммыт. Өбүгэлэрбит тутан хаалбыт тутуулара мас буолан үйэтэ кылгаһа өйдөнөр, ону таһынан былаас уларыйыытын кэмигэр уруккуну урусхаллыхха диэн санаанан салайтаран элбэх тутуу суох буоллаҕа. Ону саатар сурукка киллэрии биһиги көлүөнэ ытык иэспит буолара саарбаҕа суох.
   Тэҥкэ төрүт олохтоохторуттан, кырдьаҕас дьонтон тыыннаахтарыгар баттаһа ылыллыбыт ахтыылары киһи үөрэ ааҕар.

    Итини таһынан кинигэҕэ Сунтаар, Хочо улуустарыгар атыынан-эргиэнинэн дьарыктаммыт Михаил Артаханов-Дөлүһүөн атыыһыт, Петр Трофимович Павлов, Георгий Петрович Терешкин үтүө тылынан ахтыллан ааспыттар.
     Кинигэ хас биирдии дьоруойун дьылҕата дойдубут историятын кэрдиис кэмэ быһаарыылаах сырдатыллыбыт. Урукку кэм официальнай суруйууларыгар баай уонна бандьыыт диэн дьаралыктаммыт дьон үтүө өттүлэрэ арыллан суруллубута олус кэрэхсэбиллээх.

     Кинигэҕэ элбэх литератураҕа, араас источниктарга сигэнии үгүс, ол курдук В.И.Ленин суруйууларыттан саҕалаан историктар үлэлэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр суруйуулара үгүстүк ахтыллаллар, ону таһынан архыып матырыйааллара, урукку хаһыаттартан быһа тардыылар ааптар суруйуутун ситэрэн-бигэргэтэн биэрэллэр.
  Виталий Григорьевич кинигэтигэр бэйэтин үөлээннээхтэринэн киэн туттуоҕун туттар. Ол курдук Тэҥкэҕэ Григорий Иванович Игнатьев баһылыктаан олорор сылларыгар Лука Крюков, Петр Горбунов ааттарынан переулоктар баар буолбуттар.  Былыргы атыыһыттар Тэҥкэнэн Мэлииһэ аартыгар түһэр Мухтуйалыыр суол Мухтуйа уулуссата, өссө биир уулусса I Нөөрүктээйи уулуссата диэн ааттаммыт эбит. Инньэ гынан олохтоох былаас өттүттэн Тэҥкэ былыргытын, атыыһыттарын үйэтитэргэ анаммыт бастакы хардыылар атын нэһилиэктэргэ холобур эрэ буолуохтарын сөп.
  Кыраайы үөрэтээччилэр, дойдуларын историятын сэргээччилэргэ анаан бэртээхэй кинигэ тахсыбыт. Кээмэйэ кэмчи, ирдэһэн-булан ааҕаргытыгар сүбэлиибин.
АЛЬБИНА ИВАНОВА

 
Павлов бандьыыт этэ дуо?

 Кэлиҥҥи кэмҥэ «Кыым» хаһыат гражданскай сэриигэ үрүҥҥэ сылдьыбыт саха хамандыырдарын сырдатар буолла. Кистэл буолбатах, сэбиэскэй кэмнээҕи устуоруктар аҥаардастыы кыһыллары эрэ сырдаппыттарын түмүгэр дьон өйүгэр-санаатыгар бу хорсун-хоодуот дьон хааннаах бандьыыт, бүтэһик дьон курдук көрүллэн кэлбиттэрэ. Ити дьаралыктан кинилэр билигин да босхолоно иликтэр.
 Кинилэр тустарынан дьиҥнээхтик сырдатыы – ытык иэспит.
 Национальнай архыыпка баар докумуоннарга уонна оччотооҕуну кэрэһилиир чахчыга сирдэтэн «Павлов бандьыыт» туһунан кэпсиибит. Интэлигиэн, оччолорго Мэйик нэһилиэгин тумус туттар киһитэ, уопсастыбанньык Петр Трофимович Павлов туох киһи этэй?
 Быһа барыллаан 1872 с. Сунтаар Хочотун биллэр-көстөр баайа, улуус бочуоттаах «инородеһа» Т.В. Попов дьиэ кэргэнигэр үһүс оҕонон төрөөбүтэ. Трофим Васильевич икки араспаанньалаах, сурукка киирбитэ — Попов-Павлов диэн. Онон Петр Павлов дэнэрэ. Аҕата улууска үөрэҕи тарҕаппыт дьонтон биирдэстэрэ. Дьиэтигэр оскуола аһан биэс оҕотун ааҕарга-суруйарга үөрэттэрбитэ. Икки улахан уол Михаил, Георгий Иркутскайдааҕы прогимназияҕа үөрэммиттэрэ. Попов Михаил Иркутскайга үөрэнэ сылдьан 1904-1905 сс. өрөбөлүүссүйэ долгунугар кыттыспыта. Кэлин Георгий Саха сирин тас өттүгэр үөрэнэн үрдүк үөрэхтээх инсэньиэр буолбута. Кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт. Михаил Петроградка 1908-1913 сс. психология институтугар үөрэммитэ, социал-демократ, меньшевик буолбута.

 Кыра уол Петр Павлов Иркутскайдааҕы учуутал сэминээрийэтигэр үөрэммитэ. Төрөөбүт сиригэр Петр Трофимович киэҥ хабааннаах уопсастыбаннай үлэтинэн биллэн-көстөн барбыта. Архыып докумуоннара тугу кэпсииллэрий?
 1897 с. биэрэпискэ нэһилиэгэр улахан үлэни ыыппыта. Ол түмүгэр боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1898 с. улуус үрдүнэн сут-кураан сатыылаабыта. Дьокуускай күбүрүнээтэрэ быһаччы дьаһалынан Петр Мэйик нэһилиэгиттэн хамыыһыйа чилиэнинэн анаммыта. Кини улууска суос-соҕотох «Братья Павловы, Крюков и К.” атыы-эргиэн салайааччыта этэ. Бу фирма ыаллыы улуустартан от атыылаһан түҥэтэлээн, хас да нэһилиэк дьоно сылы этэҥҥэ кыстаабыттара. Кыаммат ыалларга аһы-табаары босхо түҥэттэрбитэ, итиннэ аҕата Трофим Попов 500 мөһөөҕү сиэртибэлээбитэ. 1899 с. Петр Павлов Хочо быраабатыгар быыбарынайдаабыта.

 1917 с. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Хочо улууһун Куттал суох буолуутун кэмитиэтигэр чилиэнинэн талыллан, дьонун кыһалҕатын быһаарара. Архыыпка 1917 с. муус устар 17 күнүгэр суруйбут суруга харалла сытар: «Гражданам Хочинского улуса! Если гражданам требуется моя услуга для несения общественной обязанности, то мой долг гражданина обязывает не отказать им в этой услуге. Избранный членом в улусный комитет от В.Меитского наслега гражданин П.Павлов». 1917 с. от ыйыгар Бүлүү уокуругар буолбут сийиэскэ улуустан дэлэгээт буолбута. Ити курдук үлэ үөһүгэр сылдьыбыта.

 Хочо улууһа Бүлүү уокуругун саамай түгэҕэр сытара. Дойдуга үөскүүр балаһыанньа хойутаан иһиллэрэ. 1918 с. сайыныгар Дьокуускайтан бастакы борохуот уу түһэн, Сунтаарга дылы кыайан кэлбэккэ, Ыгыатта үрэх төрдүттэн төннүбүтэ. Бу борохуотунан сэбиэскэй былааһы Бүлүү уокуругар олохтуур сыаллаах боломуочунайдар А.Ф. Попов, И.Н. Иванов (Барахов), А.Г. Габышев кэлсибиттэрэ. Кинилэр Кутанаҕа ыксал-тиэтэл үлүгэринэн «Иһитиннэрии» суруйа охсон баран, сэбиэскэй былаас сууллан, Бүлүүгэ төннүбүт сурахтара эрэ иһиллибитэ. «Иһитиннэрии” ис хоһооно маннык этэ: «Объявление: Всем гражданам, живущим в Хочинской волости сим объявляется, что курение самогонки, распродажа алкоголя, картежная игра, спекуляция, хранение нарезного оружия (револьверы, винчестеры, берданы и.т.д.), а также всякого рода воровства, обмана, клеветы и дебош будут караться со всей строгостью революционного времени, как-то расстрел, конфискация всего имущества, тюремное заключение».

 Дьэ, мантан сылтаан нэһилиэнньэҕэ араас сурах-садьык тарҕаммыта. Хантан эрэ кэлбит халабырдьыттар кими эрэ халаабыттар, баайын-дуолун умаппыттар диэн. Кимнээх эрэ тыаҕа хаатыргаттан күрээбит ороспуойдартан куоппут аатырбыттара. «Күрүөйэх дьонтон саһан» дьон сүгүн-саҕын отторун да оттообот буолбуттара. Дьахталлар оттуу тахсан баран, киһини көрдүлэр эрэ тыаҕа түһэр идэлэммиттэрэ. Хайдах-туох дьаһаналлара, ким былааһа буолара төрүт биллибэт. Дьэ, ол иһин улуус үтүөлээхтэрэ, үөрэхтээхтэрэ «таах олорон биэрэр табыллыбат» диэн, 1918 с. от ыйын бүтэһигэр Кутанаҕа кииннээн сүбэлэһэн баран, олохтоох нэһилиэнньэ бэйэтин көмүскэнэригэр «самооборона» тэринэргэ уураахтаабыттара. Ол курдук 1918 с. атырдьах ыйыгар Сунтаарга 78 киһилээх П.Н. Тимофеев хамандыырдаах уонна Хочоҕо 28-30 киһилээх доруоп саанан сэбилэммит Е.И. Попов – Балтаанай этэрээттэрэ баар буолбута. Хочо этэрээтин «военнай комиссара» Е.И. Попов-Балтаанай кэлин П.Т. Павлов этэрээтигэр эмиэ «военнай комиссарынан» сылдьыбыта.

Бу этэрээттэр Ньурбаҕа бырааттыы Насыровтар этэрээттэрин кытары холбоспуттара. Бүлүү өрүһү туоруур бэрэбиэс аартыгар Лоҥкурга тоһуур оҥорон баран дьи
[09:54, 21.01.2025] Иван: Куппуулартан Боев Дмитрий Дмитриевич этэрээтэ Павловы ир суолун ирдииргэ, тоҥ суолун сонордуурга бирикээс ылар. Докумуоҥҥа сурулларынан «ликвидация банды Павлова”, а.э. тыыннаахтыы туппат курдук. Данилов Михаил диэн киһини сирдьит гынан 15 киһи 1930 с. ахсынньы 30 күнүгэр Садын сиригэр, Марха салаата Моркуоку үрэҕэ Бүүрүүлээххэ, Павлов П.Т. олорор сиригэр түүн саба түһэллэр. Икки өттүттэн ытыалаһыы буолар. Павловтаах да син элбэхтэр эбит (докумуоҥҥа 6 киһи, дьон кэпсээнинэн — 15). Павлов өттүттэн биир киһи илиитин ууна-ууна утары кэлбитигэр түҥнэри ытан түһэрбиттэр. Онтон Павлов ойуурга туора ыстаммыт, ону ыппыттар. Тас таҥаһа куһаҕан, хаҕыдах сонноох эбитэ үһү. Онтун устубуттара, ис таҥаһа мааны баҕайы - саһыл саҥыйахтаах, атаҕар таба тыһа эмчиэкэлээх эбитэ үһү. Кини аймахтара икки кыра тулаайах оҕо сыарҕа анныгар саспыттарын булбуттар. Сааһыран олорон Матвей Павлов Петр Павловы дьакыйалларыгар «куттанан наарта анныгар саспыппыт” диэн кэпсиирэ.

    Павлов этэрээтигэр сылдьыбыт атын да дьону сойуолаһан сир-буор сирэйдээбиттэрэ. 1931 с. бэс ыйын 20 күнүгэр ОГПУ Коллегията таһаарбыт ыйааҕынан Г.Т. Филиппов Дьокуускайга хаайыллыбыта уонна куппуу Тройкатын суутунан ытыллыбыта. Кини балта Мария Тимофеевна 90 сааһын ааһан баран өлбүтэ. Кини ол саҕана былыр Дьокуускайга атынан уу баһааччы оҕонньору билэр эбит. Ол кэпсээнинэн Георгий Тимофеевыһы атын дьону кытта, сынньыллан, кыайан турбат дьону массыынаттан соһон түһэртээбиттэр. Горькай уулуссаҕа турар таҥара дьиэтин таһыгар аҕыйах мастаах аппа баар үһү, онно оҥкучахха соспуттар уонна ытыалаабыттар диэн баар. Оттон Павлов этэрээтигэр сылдьыбыт Л.Е. Крюков 1930 с. тутуллан хаайыыга утаарыллыбыта, онтон төннүбэтэҕэ. Крюков Л.Е. хаайыыга барбытын кэннэ кэргэнэ Татьяна Крюкова (Петр Павлов балта) хаста да сууттаммыта уонна икки сыл Бүлүү хаайыытыгар олоро сылдьыбыта.

    Павлов Петр Трофимович киирбит-тахсыбыт, киэҥ билсиилээх, прогрессивнай өйдөөх-санаалаах киһи олоҕун тиһэх мүнүүтэтигэр дылы санаатын булгуруппатаҕа, талбыт суолуттан туораабатаҕа.
    Икки үйэ күөн көрсүһэн былаас уларыйар будулҕаннаах кэмигэр устуоруйа миэлиҥсэтэ кинилэри – чулууттан-чулуулары талан ылан туруорбута. Саха үөрэхтээх, бас-көс дьоно биир дойдулаахтарын үрдүнэн ыаһар былыт сабардаабыт кэмигэр хараҥа күүстэн дурда-хахха буоларга туруммуттара уонна ону чиэстээхтик толорбуттара.

    Сэбиэскэй кэмҥэ П.Т. Павловы былааһы утары барбыт, сэбиэскэй былаас үлэһиттэрин, хомсомуоллары кыыллыы кыдыйбыт, хааннарын тохпут курдук суруйаллара. Ону, төттөрүтүн дакаастыыр архыып докумуоннарыгар олоҕуран суруйдубут. “Павловтаах биир да киһини өлөрбөтөхтөрө” диир сымыйанан этэр курдук буолуо, сэрии буолла да, икки өттүттэн ытыалаһыы, өлөрсүү ханна барыай. Сэбиэскэй саҕана өрө туруу биричиинэтин ырыппакка эрэ аҥаардастыы үрүҥнэр эрэ дьону өлөрбүттэрэ диэн буруйдааһын баар этэ.
    Петр Павлов дьиэ кэргэнин туһунан Национальнай архыыпка харалла сытар биэрэпис докумуоннарыттан көрдөххө, 1900 сыллаахха суруллубутунан Петр Павлов кэргэнин аата Елена Захарова (21 саастаах), кыыһа Марфа (2 саастаах). Оттон 1902 с. биэрэпискэ суруллубутунан Петр Павлов уола Андрейдыын (4 саастаах) иккиэлэр. Павлов Андрей Петрович ЯЦИК чилиэнэ, Севморпуть Халыматааҕы отделениетын управляющайынан үлэлии олорон быстах оһолго, 1932 с. от ыйын 18 күнүгэр Халыма өрүһү туораан иһэн ууга түһэн өлбүтэ.
Views: 78 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2025  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2025