Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1208]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [672]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [379]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [102]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [105]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [241]
Тюрки [76]
Саха [156]
литература [42]
здоровье [467]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2025 » Тохсунньу » 21 » Былыр аатырбыт Угут күөл ыһыаҕар кэпсээҥҥэ сылдьар ат сүүрүүтэ
Былыр аатырбыт Угут күөл ыһыаҕар кэпсээҥҥэ сылдьар ат сүүрүүтэ
12:02
Былыр  аатырбыт Угут күөл ыһыаҕар кэпсээҥҥэ сылдьар ат сүүрүүтэ 1

    Ааспыт үйэ биэс уон сэттэ сылыгар аламаастаах Мииринэйгэ үлэлии киһи бөҕөтө кэлэр. Ону аһынан-үөлүнэн хааччыйарга диэн чугастыы Элгээйигэ сопхуос тэрийэллэр. Ынах сүөһүтэ, сылгыта ахсаана биллибэт элбэх, Күндэйэ үрэҕин төрдүгэр сибиинньэ, Дьуоҕалаах күөлүн үрдүгэр көтөр пиэрмэтэ тэрийэллэр. Үрэх төрдө сайыҥҥы кэмнэргэ босхо таһааран кэбиспит сибиинньэлэринэн, боросуонагынан тобус толору буолан хаалар. Кинилэр обургулар сири-буору үлтү сүргэйэн хара буорунан көрдөрөллөр.
  Дьуоҕалаах улахан күөл. Саас күөлгэ көҥүл таһааран кэбиспит араас өҥнөөх кустарыгар ааһар кус холбоһон тобуус толору буолар, көҥүлүнэн сымыыттаан, төрөөн-ууһаан күһүн күнүстэри-түүннэри кус-хаас саҥатынан оргуйан олорор буолар. Онон аҕыйах сыл иһигэр Элгээйи үлэ-хамнас оргуйан олорор дойдута буолар. Элгээйи сопхуоһугар Элгээйи, Угут күөл, Толоон, Хоро, Кутана, Күүкэй, Сиэйэ, Түбэй, Түбэй Дьаархан уонна Күндэйэ, Элгээн нэһилиэктэрэ киирэллэр.

Бу үлүгэр элбэх нэһилиэктэр үлэһит дьоннорун бииргэ түмээри дириэктир Семен Журавлев Угут күөл диэн улуу сыһыыга үчүгэйкээн, хатыҥ-бэс буккаастаах, манна ыһыахтааҥ диэбит курдук киэҥ сыһыыга тумустаан киирэр арыы сири булан ыһыах ыһар буолар. Аар-саарга аатырбыт ыһыаҕын силигин ситэрэн киэргэтээри ааттаах аттар сүүрүүлэрин ыытар. Бу кэмҥэ тэҥ атахтаах сүрдээх сүүрэр аттар бааллар. Кутанаҕа Чуоҕур өҥнөөх -Чуоҕурка, Сиэйэҕэ сиэр ала - Ачаа,  Түбэй Дьаархаҥҥа- Кыһыл буулур өҥнөөх Малыш, Улуу Хороҕо Сур өҥнөөх- Кыанаайык, Куба маҥан аттар -Адаарыс, Быччаҕар, Күннээх Күндэйэҕэ маҥан өҥнөөх- Матасыыкыл, Сиэр Ала- Ландыш, Угут күөлгэ көгөччөр өҥнөөх Хамдьыык. Бу кэмҥэ Элгээйи сопхуоска эбии, үчүгэй төрүөх ылыахпыт диэн Ньурбаттан куба маҥан өҥнөөх, Малышка холоотоххо мэктиэтигэр икки төгүл үрдүк уҥуохтаах сэлиик боруода атыыр аҕалаллар. Сэлиик боруода атыырдарын Угут күөл сылгыһыттарыгар туттараллар. Атыырдарын төһө эмэ кыанар бөҕө дьон эрээри түөртээх сүлдьүгэс күрүө төрдүс сиэрдийэтигэр ыттан нэһиилэ миинньэллэр. Барахсан төбөтүн хантаччы туттан сиэлэн баһырҕатан бардаҕына куһаҕан ат бөтөрөҥүнэн да сиппэт. Бөтөрөҥ түһэрэн, тэһиинин ыытан кэбистэхтэринэ ыраах-ыраах, түллэ-түллэ түһүөлээн бардаҕына туох да атын тулутуо суох курдук.

  Дьэ сааһыары, суол-иис алдьаныан иннинэ Элгээйи сопхуос дириэктирэ Тойбохой сопхуос дириэктирин кытары оройуон мунньаҕар көрсөн сайыҥҥы  Угут-күөл ыһыаҕар аттарын сырыһыннарыах буолан кэпсэтэллэр.
  Тойбохойдор Мас Хара уонна Бааска Сиэрэ диэн Улуу Хочо нэһилиэктэригэр иннилэригэр түөрт түөрэм атахтааҕы түһэрэ илик ааттаах аттардаахтар.
    Бу кэмҥэ саха сирин үрдүнэн маннык далааһыннаах улуу ыһыах ханна да буола илик. Сунтаар оройуонун киинигэр Сунтаарга даҕаны тыаҕа кымыс үрдүн оҥороллорун курдук аҕыйах дьон төбүрүөннээн олорон ыһыахтаатаҕа буолаллар онон бу улуу сүүрүк аттар көрсөн сырса иликтэр.

                                                              Мас Хара уонна Бааска Сиэрэ

  Дьэ дии, Тойбохой сопхуос дириэктирэ сүүрүк аттары баайааччытын Баһылай Еремеевиһи - Мас Хараны уонна Бааска Сиэрин кытаатан баайыҥ, быйыл сайын  Угут күөл ыһыаҕар тиийэн сырсар буоллубут. Хайаан да анараа дойду аттарын куоттахпытына сатанар. Куоттардыбыт да аат суол түһэр - диэн биир сарсыардатааҥы планеркаҕа ыҥыран ылан дьаһал биэрэр.
Дьаархан, Маар күөл, Уһун күөл, Аллаҥа, Тойбохой холбоһон Тойбохойуҥ да Элгээйи курдук улахан сопхуос. Били былыргы баайдар сүүрүк аттарынан куоталаһан бэрт былдьаһалларыныы бу үлүгэр нэһилиэктэри салайан олорор тойоттор да бэрт былдьаһан эрдэхтэрэ.
  Мас Хара мэктиэтигэр күн уотугар кылабачыйар хара өҥнөөх улахан сылгы. Тутуһуу-хабыһыы көмөтүнэн куруук уостугар былдьаһа, иннин диэки сулбу ыстана сатыы сылдьар, оҕо-дьахтар чугаһаабат иэдээннээх сылгыта. Айаар Бүөтүр диэн Кириэстээх сылгыһыта Тойбохойдортон от охсорго көлүллэр аты уларсан баран дэҥҥэ-оһолго өлөрбүт уонна ол толугар кыайтарбакка сылдьар хара соноҕоһу биэрбитин иннин ылан ат гыммыттар. Ааттаах мөҕүүлээх соноҕоһу сылгыһыттар обургулар үрдүгэр түһэн ханталҕалаан хайаан, сороҕор бадарааҥҥа мөхтөрөн, быһан, иннин ылаллар. Дьэ күһүн сылгы быыһааһыныгар туох да бэйэлээх куотуган сылгытын хамнаппат түргэн атахтааҕа биллэр. Нөҥүө сааһыттан ыһыахха сүүрдэн көрөллөр, онтулара туох да бэйэлээх түөрт түөрэм туйахтааҕы тулуппат  сүүрүк буолан тахсар. Онон Мас Хара төрдө Кириэстээх сылгыта. Оттон Бааска Сиэрэ тойбохойдор бэйэлэрин аттара. Мас Хараны кытары чугаска сүүрүүгэ илин-кэлин түсүһэр, уһун дистанцияҕа хаалар эбит. Дьэ аатырар Угут күөл ыһыаҕар бараары бэлэмнээн сааллара хоройуор дылы уойбут аттарын саас эрдэттэн тутан, саахтатан баран хаамтаран бараллар. Кэмэ кэлэр, эрчийэр сирдэрэ куурар, аттарын икки күн хаамтара түһэ-түһэ боруоба сүүрүүлэрин оҥорон бараллар. Ол боруоба сүүрүүлэрэ диэн көһүнэн усталаах улуу хочо сыһыытыгар сүүрүк аттарын акка холбонон баран түһэр сирдэригэр тиийэллэр. Сүүрүк аттар сүүрэллэриттэн сүргэлэрэ көтөһүллэн уһун кулгаахтара чэрэһэн, кыыллара туран харахтарын тиэрэ көрөн быа күүһүнэн тутуллан, үҥкүүлээн, түөрт түөрэм туйахтара мэктиэтигэр куруһуунаҕа олорор курдук бэдьэһэн иһэллэр. Сүүрэн барыахтаах сирдэрин таҥнары оннук бэдьэҥэлэтэн, ходьоҥолотон иһэн миҥэ аттаахтар аттарын тохтотон түһүү биэтэгэр кэлбиттэрин өйдөөн мөҥөн өрө холоруктуу түспүт аттарын сүүрдэр сүүрүкчүтэ суох сулардарыттан көнтөстөрүн төлө тардан кэбиһэллэр. Икки сүүрүкчүтэ суох ат сүүрэр суол устун илин-кэлин түсүһэн, сүүрэр суолларынан түһэн баһырҕата, кутуруктара субулла турар. Сүрдээх сүүрүк аттар илин-кэлин түсүһэн субуллан биэс биэрэстэ сири өр гыныахтара дуо, тахсыы биэтэккэ начаас ыккардыгар бурҕаһан кэлэллэр.
 Тахсыы биэтэккэ тохтуур санаата суох кыыл баран ааһан эрэр аттары икки түргэн атахтаах атынан кэтээн туран туораттан саба сүүрдэн киирэн сулардарыттан харбаталаан ылан тохтотолууллар. Дьэ ол кэннэ акка уксаары кэтии сылдьар оҕонньоттор киирэн аттар хастыы хаамыыны түһэн кэлбиттэрин атыллаан көрөн эбиллибиттэрин суоҕун билгэлииллэр. Ол саҕана секундомер мээнэ киһиэхэ суох, онон былыргы дьон аттара эбиллэрин суоҕун оннук ааҕаллара, билэллэрэ. Тойбохойдор ааттаах аттарын сүүрүкчүтэ суох сүүрдэн эрчийэллэрэ диэн сорох түгэҥҥэ сүүрүкчүт Уһун Бааска уонна Һайтамаан Бааска биирэ тырахтарыыс иккиһэ тырахтарыыска көмөлөһөөччү буоланнар ыһыы буолатын хорутан бокуойа суох сылдьар кэмнэригэр түбэһэр буолан этэ.  Ол икки кыанар дьонтон атын бу аттары тулуһан сүүрдэр дьон чугас эргин арааһа суоҕа буолуо.

  Элгээйи сопхуос дириэктирэ Семен Журавлев отделениеларын управляющайдарын сопхуос мунньаҕар - Быйылгы ыһыахха Тойбохой сопхуос аатырбыт сүүрүк аттарын кытары сүүрүү буолар онон сүүрүк аттаргытын үчүгэйдик бэлэмнээҥ - диэн сэрэтэр. Отделениелар бары ааттаах сүүрүк аттардаахтар. Дьиҥэр онто да суох хайалара куотуо биллибэт улуу сүүрүк аттардаахтар, бэйэлэрин ыккардыгар да сыл ахсын тыҥааһыннаах сүүрүүлэр буолаллар. Быйылгы ыһыахха онно эбии Хочо улуу сүүрүктэрэ кэлэр буоллахтарына дьэ дьикти сүүрүү буолара чахчы, онон управляющайдарга да, сүүрүк аттары баайааччыларга да, сүүрүкчүттэргэ да сэргэхсийии бөҕөтө буолар. Кинилэргэ эрэ буолуо дуо, сопхуос үлэһиттэрэ бары ол саҥалыы тэриллэн эрэр ыһыаҕы, сүүрүүнү тыҥаан күүтэллэр. Угут күөл ыһыахтыыр сиригэр күннэри- түүннэри тохтоло суох тутуу үлэтэ барар.
Кулууптарыгар ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр бэлэмнэрэ күүскэ барара сурах хоту иһиллэр.
- Аатырбыт Кыыл уола-Сэргэй Сибиэрэп бэйэтинэн кэлэн оһуор үҥкүүтэ диэн дьикти үҥкүүнү бэлэмнии сылдьар үһү. Ол үҥкүүлэринэн үҥкүү күрэҕэр кытта Москубалыахтаахтар, бастакы үҥкүүлэрин бу ыһыахха көрдөрүөхтээхтэр. Оо дьэ, сэттэ нэһилиэк кыраһыабай кыргыттарын бары онно хомуйбуттар - диэн эмиэ туһунан кэпсээн сири-сибиири толордо. Ол үлүгэр ыһыахха таҥнаары-симэнээри дьахталлар маҕаһыын араас таҥаһын бары атыылаһан таҥас-сап тиктэн иистэнии бөҕө буоллулар.
  Дьэ онтон биһиги Элгээйи сопхуос сүүрүк аттарыгар киирэбит.  

                                                      Кыанаайык, Адаарыс уонна Быччаҕар
 
   Улуу Хоро бастыҥ ата Кыанаайык Күннээх Күндэйэттэн чычааһын уонна атаҕар мөлтөҕүн иһин сириллэн пиэрмэҕэ от-мас таһааччы буолуо диэн атастаһыкка кэлбит тураҕас ат. Кыанаайык диэн оҕонньор айааһаан ат гына сылдьыбыт буолан Кыанаайык аатырбыт. Нэһэ бэрдин иһин куруук оҕо-дьахтар эрэ сыарҕаннан көлүнэн үбүлээн сылдьар. Биир саас сайылыкка сылгы таһаарыытыгар Сыыҥтаах Сэмэн сылгыга миинньэр ата туох эрэ буолан сайылыкка, күлүк сиргэ баайыллан , утуйан турар аты ыҥыырдаан сылгы сырса барар. Түөлбэ сыһыытыгар аатырар куотуган атыыр үөрүн көрөр. Сүрэҕэлдьээн дьиэтин диэки төннө сатыы, сымыйаннан айаннаатах буолан сыкыр-сыкыр үктээн иһэр атын ойуур диэки ыстаммыт атыыр үөрүн күөйбүт киһи диэн хаһыыра-хаһыыра дьэ айаҕын хайыта тыытан баран өрүү нагайканнан самыыга уурталаан ылар. Дьэ доҕоор утуйан испит ата уһуктан барыы бөҕөтүн барар дии. Сэмэн көрдөҕүнэ сир-халлаан элэҥнээн олорор. Атыыр  үөрүн ойуур саҕатыгар тиэрпэккэ саба көтөн ылар, ата айаҕын истэн тохтообокко ааһа көтүтэ турар. Дьэ Кыанаайык онно уһуктан баһын буккуйа-буккуйа кыыл барыах курдук үлүгэр буолар. Күөйэн тохтоппут сылгытын балтараа көстөөх Улгупта сыһыытынан Тыа Бээкимдэ диэки сылгы сайылыгар таһааран баран Быччаҕар, Адаарыс диэн сүүрүк аттары баайа сылдьар Миитэрэйэбискэ кэлэр. Миитэрэйэбис будьурхай баттахтаах, толору эттээх-сииннээх, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, кытаанахтык көрбүт-истибит отуччалаах киһи. Сыыҥтаах Сэмэн Миитэрэйэбистиин эт саастыылар. Кыра уҥуохтаах, сырдык хааннаах, сэмэй, көрсүө киһи. Миитэрэйэбиһигэр - Доҕоор, сүүрдэҕинэ бу ат сүүрүүһү ээ, боруобалаан көр эрэ, дьэ сүрдээх көлө эбит- диир.
 - Бу дьүһүннээх нэс сылгыттан туох улахан сүүрүгэ тахсыбыт үһү-диэн соччо итэҕэйбэтэр да Миитэрэйэбис биир боруоба сүүрүүгэ аттарын кытары түһэрэн көрөр. Адаарыһын, Быччаҕарын ол боруоба сүүрүүгэ Кыанаайыктара отой тулуталаабат. Миитэрэйэбис бу атын аһын-уутун  тарда сатаабат, чычаас аты кустуу киирэн баран атах баайан ыытар. Халлаан борук-сорук буолан кус көтөрө тохтоотоҕуна дьэ суолга тахсаат атын быһа биэрэн кэбиһэр. Арыҥах Арыылааҕар буолбут ыһыахха аатыра сылдьар Кутана сүүрүгэ Чуоҕурканы, бэйэтин атын Быччаҕары, Угут күөллэр Хамдьыыктарын уһуҥҥа, улахан эриһиилээх сүүрүүгэ куоталаан кэбиһэр. Дьэ ол кэнниттэн - Кыанаайык дуо?- диэн кэпсээҥҥэ сылдьар улахан сүүрүк буола түһэр.

                                                        


                                                                Матасыыкыл уонна Ландыш

   Күннээх Күндэйэ аатырбыт сүүрүк аттара. Манна ат баайааччы Атыыһыт Өлөксүөйэп ниэмэс сэриитигэр аттаах сэриигэ, Доватор армиятыгар сылдьыбыт элбэх уордьаннаах, мэтээллэрдээх, ааттаах аттарынан аҥаардас сыгынньах саабыланнан тааҥканы утары атаакаҕа кииртэлээбит, түөрт уонча саастаах киһи. Орто уҥуохтаах, харса-хабыра суох, сырдык хааннаах, Элгээн диэн кыра дэриэбинэҕэ айан суолугар турар маҕаһыын атыыһыта онон Атыыһыт Өлөксүөйэп диэн аатырбыта. Бу киһиҥ Матасыыкыл уонна Ландыш диэн аатырбыт сүүрүк аттардаах. Ландыһынан биир сыл Ньурба ыһыаҕар тиийэн икки күн буолбут сүүрүүлэргэ куоталаан аатыран кэлбитэ. Сопхуос ыһыаҕын сүүрүүлэригэр бастыы иликтэр, иккис-үһүс да сырытталлар да кылгас сүүрүүгэ бастыахтарын сөп диэн куттанар сылгылара. Оттон дьэ Матасыыкылы сыл ахсын саас эрдэттэн тутаары сырсаллар, сороҕор кыайан тутан ыһыахха сүүрдүбэккэ хаалбыт сыллара да бааллар. Матасыыкыл дьэ оннук куотуган сылгы. Табыллан сүүрбүт сылыгар уһун дистанцияҕа бастыы сыспыт да кэмнэрдээх.  Аны мөҕөрө үлүгэр, кылбаа маҥан ат дьэ өрө тура-тура түһүөлээн акка холбонон түһэрэ сатаатахтарына холбонон кэлбит аттарын үрдүнэн сылдьар буолан аттаах киһини да дэҥниэх курдук. Ол үлүгэр холорук курдук мөҕө сылдьар акка аны сүүрдээччитин таһааран олордоруҥ диэн баар. Инньэ гынан кыһалҕаттан Угут-Күөлгэ Матасыыкыл түһэр дистанциятыгар Матасыыкыл баҕаната диэн суон тиит баҕана туруорбуттара. Дьэ  тиэрэ көрөн кыыла турбут, мөҕөн көпсөлөнө сылдьар ат көнтөһүн ол баҕанаҕа эрийэ тардаллар, биир сүүрүкчүтү үрдүгэр быраҕаллар, ол киһи атыгар сыыһа түстэҕинэ эбэтэр өрө хололоон турар кэмигэр суулунна да иккис бэлэм турар киһини быраҕаллар. Оннук олбу-солбу хайалара ат үрдүгэр хатаныар дылы дьоннорун тамныы тураллар.  Оччотооҕу саха сүүрүк ата бары да мөҕөр.  Онон сүүрүк аттар түһэр биэтэккэ кэлэн түмсэ түстүлэр да бары түһээри мөҥөннөр тутуһуу-хабыһыы бөҕө буолар, хаһыы-ыһыы сүрдэнэр. Сорох ат өрө тура-тура сулбурута түһүөлээтэҕинэ тутуһа сылдьар киһи кураанах тирээпкэни сахсыйа сылдьар курдук буолан, икки атаҕа сиргэ сыстыбакка таах тэлээрэ сылдьар буолар. Баҕанаҕа ыбылы бааллан холоруктуу турар Матаһыыкыл үрдүгэр сүүрүкчүтэ хатанна да аттары түһэрээччи өрө тутан турар кыһыл былааҕын умса охсон кэбиһэр. Дьэ хаһыы-ыһыы, маат-куут ортотугар аттар биирдэ түһэн субурус гынан хаалаллар.
 Дьэ ыһыах буолара уонча хонук хаалбытын кэннэ кыайан тутуллубакка сылдьар атын, Матасыыкылын тута Харыйалаах бөһүөлэгэр Атыыһыт бэйэтинэн аатырбыт Ландыһын миинньэн тиийэн кэлэр. Биир күн сыһыыга киирэн аһыы турар Матаһыыкылы оттоох күрүөҕэ киллэрэн тутаары сылгыһыттар уонна Атыыһыт ааттаах аттарынан эмиэ сырсан куугунаталлар. Матаһыыкыл кинилэргэ ылларыа дуо? ойуурга элэс гынан хаалар.
- Дьэ сырсан туһа суох эбит, кини обургуну иннин ылар ат да суох - диэн төһө эмэ өр сырсан тута сатаабыт сылгыһыттар Атыыһыкка аккаастарын биллэрэллэр.
 Атыыһыт Өлөксүөйэп - Бээ доҕоттор, Матасыыкыл куруук ити биир сиринэн тахсан куотар быһыылаах. Итиннэ күрүөнү кыйа куотан иһэн уукуга түһэр курдук мастан-маска саайан күрүө оҥоруохха, уукуга киирдэ да син ат буоллаҕа, уоскуйуо - диэн суоттуур. Дьэ уһаппакка сүгэлээх, тоһоҕолоох баран мастан-маска саайан киэһэ күрүө уонна ууку оҥоро охсоллор. - Дьэ сарсын баҕас кинини тутабыт, ханна барар үһүгүн - диэн уонна бүк эрэнэн утуйаллар. Атыыһыт бүтүн маҕаһыыны тутан олорор киһи астаах да буолуохтаах онон күүскэ аһаабыт буолуохтаахтар.  Дьэ сарсыарда эрдэ тураннар Матаһыыкыл сыһыы уолбатыгар киирэн аһыы турдаҕына сылгыһыттар дьэргэҥэлэтэн сыһыыга киирэн кэлэллэр. Аттара атын сир диэки хайыһан турар эбит, ат дьэ төбөтө хайа диэки хайыһан турар да ол диэки түһүнэн кэбиһэр. Иннин ылан ууку диэки хайыһыннараары дьэ аттаахтар түһэрии бөҕөтө буолаллар да кыайан иннин ылбакка ойуурга кыраннан куоттаран кэлэллэр. Матаһыыкыл ычык ойуурга сылгы-cүөһү ыллыгынан элэс гынан, кутуруга эрэ субуллан хаалар. Аттаах дьон - Сыакаары ойуурга сырсан туһа суох - диэн тохтууллар.
  Ол киэһэ мустан аһыы-аһыы мунньахтыыллар. - Сарсын сарсыарда тыҥ хатыыта бөһүөлэк эр дьонун бары туруоран, элбэх буолан Матаһыыкыл аһыы киирэр сыһыытын эргийэн киирэн ууку диэки күөйэн көрүөххэ - диэн сүбэлэһэллэр. Ким хайдах-ханан киирэрин байыаннай киһи Атыыһыт быһаарар.  Тыҥ хатыыта мустаннар аттара киирэн аһыыр сыһыытыгар ойуур саҕатынан эргийэн куотуо диэбит сирдэрин бүөлүү туран киирэллэр. Кылбаа маҥан ат киэҥ сыһыы уолбатыгар сарсыардааҥы сөрүүнү баттаһан киирэн аһыы турар. Атыыһыт уонна аттаахтар дьэ сыһыыга хаамтаран киирэллэр, Матаһыыкыл аттаахтар киирэн кэлэллэрин кытары өрө холоруктуу түһэр. Тиэрэ сир диэки хантаччы туттан баран түһэн туманнатан эрэрин көрөн Атыыһыт ааттаах атын Ландыһын быһа биэрэн, иннин күөйэ ыстаннарар. Ол быыһыгар ойуурга саһан сыппыт дьоннор хаһыыра-хаһыыра ойон тахсаллар, ат онтон соһуйан эргиллэ биэрдэ да били тутуллубут ууку диэки күрүөнү кыйа харса суох түһүнэн кэбиһэр. Дьэ аттаах дьон харса суох куотардыы көтөн иһэр ат икки өттүнэн күөйэ аттарын быһыта биэрэн бөтөрөҥ  түһэрэн ыыталаан кэбистилэр. Соннук Матаһыыкылга тыын биэрбэккэ сырсан, аһыллан, бэлэм турар ааннаах уукуга ньимис гыннаран кэбиһэллэр. Тилэх баттаһа олорсон кэлбит аттаахтар күрүө аанын саба тардан охсоллор. Атыыһыт өссө да куотаары өрө таҥнары күрүө устун сүүрэлээн баран уоскуйбут Матаһыыкыл арҕаһыгар көнтөһү саба бырахпыта быа-туһах диэни билэр ат  уоскуйан, хамсаабакка туран биэрдэ. Сулардаан баран сиэтэн таһааран бэйэтин атын кутуругар холбонон кэбистэ, ол кэннэ көмөҕө кэлсибит сатыы дьоннорун хомуталаан аттарыгар мэҥэстэн Харыйалаах бөһүөлэгин диэки айанната турдулар. Атыыһыт, ааттаах сүүрүк атын эрэйинэн да буоллар тутаннар, көмөҕө сылдьыспыт дьонун барыларын орто соҕустук аһаталаан баран дьэ Элгээнин диэки айанната турда. Матаһыыкылын сылгыһыттар ыйы быһа тута сатаан, сырсаннар бэйэтэ бааллан, сүүрэргэ бэлэм ат этэ. Икки күн хантаччы тардан саахтатан баран үһүс күнүгэр, били сэриигэ баралларыгар хомуллан турбут сирдэригэр, Аттаах тумулга суол устун тиийэн баран Ландыһын кытары бөһүөлэккэ дылы түһэрэн кумахтаппыттара. Онтуҥ айан суолунан үс биэрэстэ. Кырдьаҕас ат баайааччы Куобах ойуун үс биэрэстэ сиргэ тыыммакка да кэлбит атын көрөн баран - Чэ үчүгэй эбит, аҕыйах хонук уутун тартахха алта да биэрэстэҕэ барыыһы - диэн сылыктаабыта.

                                                                        Чуоҕурка
 
   Ити кэмҥэ Кутана диэки Доруйуон Сахаарап хамаандата аатырбыт Чуоҕуркаларын кытары өссө үс аты баайа сылдьаллар. Чуоҕурка Чуоҕур өҥнөөх, улахана суох ол эрээри усталаах ат. Күүкэй диэкиттэн төрүттээх, уһунньутунан биллибит, түргэн атахтаах сүүрүк. Доруйуон армияҕа сулууспалыырыгар кавалерийаҕа сулууспалаабыт буолан ат арааһын көрбүт киһи. Сопхуос суоппара эрээри саас буолла да ыһыахтарга ат баайан сүүрдэр дьарыктаах. Сахаҕа кыраны үрдүнэн уҥуохтаах, тиэрэ үктээн хаамар, хойуу хара хаастаах, мээнэ саҥата суох киһи. Хамаандата диэн үс сылгыһыт, Сэлээр Сэмэн, Мотуор Дьөгүөр, уонна Куртуйах Сүүрүкчүт. Сэлээр Сэмэн уһун, сөбүгэр эттээх-сииннээх, сырдык сирэйдээх-харахтаах, баттаҕын кылгас гына кырыттаран баран өрө тарааммыт, бэт мааны киһи. Туораттан көрө түспүт билбэт киһи хонтуора тойоно диэн сөп. Мотуор Дьөгүөр модьу-таҕа, күүстээх көрүҥнээх, кытаанах соҕус көрүҥнээх киһи. Лаппа күүстээҕин иһин Мотуор диэтэхтэрэ буолуо, үһүстэрэ Куртуйах Сүүрүкчүт куртуйах курдук кулугураан саҥарбыт, онон буолуо Куртуйах диэн аатырбыт, маҥан сирэйдээх сахаҕа орто уҥуохтаах киһи. Бары отучча саастаах, күннэригэр сылдьар дьон. Маар күөл диэн аттарын эрчийэн сүүрдэр сыһыыларын Арыҥах Арыылааҕын кытыытыгар баар сайылык пиэрмэҕэ түһүүлэнэн сыталлар. Икки күн түөрт аттаахтарын хаамтаран, сиэллэрэн баран үһүс күннэригэр боруоба диэн сүүрүү оҥороллор. Боруоба сүүрүү иннинэ Мотуор урал матасыыкылынан бидилитэн киирэн сыһыыны эргийэ сүүрдэр. Былыр былыргыттан боруоба сүүрүүгэ атын дойду үспүйүөннэрэ кэлэн кытыан анныгар саһа сытан эрэспиэккэлииллэр диэн буолар. Оннук эрэспиэккэһит дьон баарын суоҕун чуҥнаан көрөр. Дьэ Мотуор ол чуҥнуу сырыттаҕына кытыан төрдүгэр саһа сытан ким эмэ түбэһэрэ буоллар туох буолуо биллибэт этэ. Дьэ чуҥнааччы таҕыстаҕына, ким да суох диэн буоллаҕына киирэннэр дьэ түөрт аттарын түһэрэн көрөллөр. Бастакы күннэригэр биэрэстэ курдук сиргэ түһэрэллэр, онтон аттарын түһэрэр сирдэрин сырыы ахсын биэрэстэ аҥаарын уһатан иһэллэр.  Бүтэһик боруоба сүүрдүүгэ, алта биэрэстэҕэ Чуоҕуркаларын кытары биир маҥан аттарын түһэрэн субулуннардылар, биэрэстэ курдук баран кумахтаппыттарын кэннэ манаан туран иккис ат түһэн субулуннарда, биэтэккэ дылы балтараа биэрэстэ хаалбытын кэннэ аны Куртуйах кэтээн туран атын төлө тутан Чуоҕурка иннигэр түһэн ыалыкы курдук көтүттэ. Чуоҕурка биэтэккэ тахсыыга бу да аты тулуппата. Эбиэккэ чэйдии олорон Куртуйах - Оо дьэ, бу Чуоҕуркабытын Дьокуускайга тиэрдэн сырсан кумахтаппыт киһи баар ини, туох да атын тулутуо суох этэ - диэн кулугуруу охсон Мотуортан чуут кэтэххэ бэриллэ сыһар.

                                                                   Малыш уонна Усталаах

   Элгээйиттэн түөрт көстөөх Сиэйэ диэн сиргэ Мааркап оҕонньор Күүстээх Ньуулаайаптыын икки аты бэлэмнииллэр. Мааркап оҕонньор кыттыгаһа Күүстээх Ньукулаайап дьэ кырдьык күүстээх киһи. Сэрииттэн үс кыһыл сулус уордьаннаах, дьоруойга тэҥнээх киһи. Өссө да атын уордьаннардааҕын сороҕун аһыы-сии сылдьан сүтэртээбит эрээри онно эрэ улаханнык кыһаллыбат. Өссө биир аттары тутуһааччы-хабыһааччы эмиэ хас да уордьаннаах, сэриигэ снайперынан сылдьыбыт Ньукулаайаптан итэҕэһэ суох сүрдээх киһи Ис Хайытар Миитэрэй баар. Миитэрэй обургу балтараа харыстаах саха быһаҕын куругар иилинэ сылдьар буолан аһаан-сиэн ампаалыктаһыы буоллаҕына -Искитин хайыта тардан кэбиһиэм- диэн дьону куттаталаан куоттартыан да сөптөөх киһи. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ киһи киэнэ үтүөтэ кини буоллаҕа.
  Малыш диэн аттара аатын курдук быыкаайык, киһи сүүрүк диэбэт көрүҥнээх, кыһыл буулур өҥнөөх  ат.
  Малыш хайдах ат буолан сүүрүк буолан тахсыбытай диэтэххэ онтуҥ эмиэ туһунан кэпсээн. Биэс уон сэттэ сылтан, Сиэйэ, Элгээйи сопхуоска киириэҕиттэн дизельнэй, уот биэрэр станция турбута, дэриэбинэ иһигэр нууччалар кэлэн уот лиинийэтэ тардыбыттара. Онтон көс курдуктаах Хомсомуол пиэрмэтигэр уот лиинийэтин тарда сылдьар нууччалар атах гынарга миинэр ат көрдөөбүттэригэр ким да миинньэ илик кыыл соноҕостору
- Бэйэҕит айааһанан ат гыныҥ- диэн биэрбиттэрэ. Өр буолбатаҕа нуучча уолаттара обургулар кыһыл буулур быыкаа соноҕоско сороҕор икки, сороҕор үс буола мэҥэстэн, туох да ыҥыыра таймата суох, сыбыдахтыы көтүтэн кэлэр буолбуттара. Соноҕосторун маҕаһыыҥҥа киирэллэригэр босхо ыытан кэбиһэллэрэ кэтэһэн наҥнайан турар буолар. Ас-үөл бөҕөтүн ылан тахсаат үрдүгэр түстүлэр да тэһиинин эрийэ тутан Хомсомуол диэки бөтөрөҥ былаастаах сэлииннэн түһэрэ тураллар. Быа-туһах түспэтэх кыыл соноҕоһу хайдах оннук түргэнник айааһаабыттарын-сыһыппыттарын туох да билбэт. Ол быыкаа аттарынан матасыыкылынан сылдьар курдук сырыылаах уолаттар Хомсомуолга ойутан тиийдилэр да суларын кытары устан баран сыһыыга ыытан кэбиһэллэрэ, наадыйдылар да иһиирэн сырылаттахтарына утары сүүрэн кэлэрэ, онно саахар биэрэн баран сулардаан, үүн кэтэрдэн таптаабыт сирдэригэр көтүтэллэрэ. Нууччалар үлэлээн бүтэн баралларыгар Малыш Сиэйэ сылгыһыттарыгар хаалбыта. Сылгы сырсарга туох да уһуу куотуган сылгыны куоттарбат буолан кэпсэлгэ сылдьар ат буолбута. Дьэ Мааркап оҕонньор сылгыһыттарга үчүгэй ат баар буолбут диэни истэн баран көрөр, - Бу дьүһүннээх сылгы тугу сүүрэн куоппут үһү -  диэн  сэнии санаатар да дьон кэпсээнэ бэт буолан боруобаҕа диэн Усталаах диэн сүүрүк атын кытары биэрэстэ курдукка түһэрэн көрөллөр. Онто доҕоор, Малыштара көрүҥүттэн отой таһыччы ат буолан биэрэр, хаптайа-хаптайа түһүөлээн илин туйаҕын кулгааҕыттан ылан барар, аатырбыт сүүрүктэрин таһы-быһа куотан кэбиһэр. Сүүрдээччи Күүстээх Ньукулаайап -Тоҕо бэрдэй доҕор, сир-халлаан элэҥнээн, субуллан олорор, аппын кыбыйан иһэр атаҕым мэктиэтигэр сиргэ охсулла сыһар курдук- диэн оҕонньорго сөҕөн кэпсиир.
Дьэ бу икки аттарынан Мааркап оҕонньордоох Сиэйэ этдэлиэнийэтин аатыттан улуу ыһыахха сырса бараары бэлэмнэнэн бараллар. От киэнэ күөҕүнэн, бурдук да бастыҥынан аһаталлар. Иһэр ууларын биэдэрэннэн кэмнээн иһэрдэллэр. Мааркап оҕонньор билэрэ бөҕө, аттарыгар биирдии биэдэрэ уу биэрэн иһэрдитэлээн баран кыҥначчы туттан толкуйдаан турбалыыр онтон эбии биирдии улахан курууска уу кутан эбэн биэрэр. Саахтарын ылан истиэнэҕэ быраҕан көрөр. Истиэнэҕэ быраҕалаабыт саахтара ыһыллан хааллаҕына - Ситэ иликтэр эбит - диэн ботугуруур.

                                               Хамдьыык уонна Сэлиик боруода атыыр
 
   Угут-күөл бөһүөлэр, ыһыахтыыр сир үрдүгэр да үс аты бэлэмнии сыталлар. Хамдьыык, Кубалыыр уонна үһүстэрэ Сэлиик боруода атыырдара. Хамдьыыгы сылгыһыт Баһылай, Кубалыыры Макаарап Өлөксөй, Сэлииги Маппыыһа сүүрдэллэр. Сэлииктэрэ адаарыйан улахана да бэт. Бөтөрөҥ ыытан куугунаттахтарына били аатырбыт сүүрүк Хамдьыык Кубалыырдыын ыраах, сир ортотугар хаалан кэлэллэр. Саха аттарын курдук мөҥө хайыы сатаабат, хата онно холоотоххо Хамдьыыктаах сүүрэр күннэригэр иирэн хаалаллар. Баҕар сэлииктэн саллыбыттара бэт буолан эбитэ буолуо. Ол иһин Сэлииктэрин ыраах кэннилэриттэн сырыһыннаран ыыталлар. Хамдьыык көгөччөр өҥнөөх, Тиэлмэн диэн былыр кэлэ сылдьыбыт Баай Барылаан Туонускай боруода атыырын хос сиэн, сахатыйбыт ат. Ыһыахтарга бастаабатар да бастыҥнары кытары иэл-тиэл сырсар ат. Кубалыыр үүт кэрэ өҥнөөх, модьу-таҕа улахан сылгы, Сэлиик атыыр үүт маҥан үрдүк сылгы. Бу дьонтон иккитэ сылгыһыттар,  биирдэрэ пиэрмэ үлэһитэ. Сылгыһыт Баһылай сырдык хааннаах, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, хааман -сиимэн баһырхайбыт, түргэн-түргэн саҥалаах, баһырхай соҕус киһи, Маппыыһа кыра соҕус, төрүттэрин батан буолуо, мап маҥан эттээх-сииннээх, чачархай сырдык баттахтаах, дьон кэпсииринэн бэйэтин аһара кыанар киһи, ыһыахтарга атаҕынан сүүрэн бириис ылааччы. Сүүрэн суурук Дьаакыбылапка эбэтэр сүүрүк Саабаҕа эрэ алҕас, эрчиллиитэ суох буолан куоттарыан сөп. Биирдэ аҕыйах күн эрчийэн баран Дьокуускай куоракка улахан күрэхтэһиигэ илдьэн сүүрдүбүттээхтэр. Биэс биэрэстэҕэ сүүрэн куһууран кэлэн баран фиништэригэр быа турарын үрдүнэн көтөн ааспыт. Финиш быатын быһа көппөтөх киһини хайыахтарай. Хата үһүс миэстэ биэрбиттэр. Бэккиһээн буолуо арааһа. Маппыыһа аатырбыт сүүрүк Кынаачыйаптар хаан бырааттара. Бииргэ төрөөбүт убайдарын Уйбаан Пиэрбэй уола.  Маппыыһа мээнэ саҥата суох, дьон саҥатын истэн атын сири көрөн олорор буолар. Макаарап Өлөксөй эмиэ кыра уҥуохтаах онно-манна биллэ көстө сатаабат эрээри сөбүгэр сытыы-хотуу эдэр киһи. Дьэ бу икки сылгыһыт дьон атыырдарын үөрүн таһаарар сайылыктара инньэ Улуу Хоро сирин уҥуордаан Тыа Бээкимдэҕэ таһаарар буоланнар ырааҕа бэт. Бокуойдара суох буолан биирдэ эмэ боруоба сүүрүү оҥороллор. Үксүгэр Өлөксөйдөрө пиэрмэҕэ ынах үлэлээх буолан ыам ыккардыгар эбэтэр сарсыарда эрдэ аттарын холбонон хаамтартыыр.
- Аттаргар бүгүн биирдии биэдэрэ уу биэрэҕин, баччалыы от, баччалыы бурдук - диэн икки баайааччы Өлөксөйдөрүн дьаһайыы бөҕөтө. Сөп буола-буола аттарын сааҕын истиэнэҕэ быраҕан көрөллөр. Сороҕор - Биир улахан хомуос уута эбэн биэрээр, эбэтэр бүгүн ууларын аҕыйатаар - диэн дьаһайаллар.

   Дьэ итинник кэтэһиннэрэн-күүттэрэн ыһыахтарын күнэ тиийэн кэллэ. Угут күөлгэ, ыһыахтыыр сиргэ киһи бөҕө тоҕуоруста. Хотуттан-соҕурууттан сүүрүк аттаахтар субуһан кэлэн, анаммыт, нэһилиэктэринэн араарыллан, анаан Элгээйи, Кутана, Хоро, Күндэйэ диэн суруктардаах аттарын далыгар киллэртээн аттарын баайталаан, далларын иһигэр балаакка туруорунан, кулуһун оттон ас-үөл буһарынан, улуу Угут-күөл сыһыытыттан  сүүрүк аттарыгар соргу  көрдөһөн ас кээһэн, айах тутан бардылар.
  Бу тухары Хочо ааттаах аттаахтара айаннаан иһэр сурахтара иһиллибэт.
Хочолор икки ааттаах аттарын, Мас Хараларын кытары Бааска Сиэрин ыһыах иннинээҕи күн массыынаннан аҕалыахтаах этилэр, ону дохсун ардах тоҕу түһэн суол алдьанан тыраахтыр да буксуйар бадараана буолар. Дьиҥэр эрдэ оннук буолуон билбиттэрэ буоллар Маар Күөлүнэн курдары түстэхтэринэ баара суоҕа алта эрэ көс сир буоллаҕа. Аттарын сынньата-сынньата икки күнүнэн тааҕы налыччы хаамтаран тиийиэхтэрин сөбө. Ыксал буолар, дириэктир Элгээйи сопхуос дириэктиригэр Журавлевка - Ардахха суол алдьанан кыайан барбат буоллубут - диэн төлөпүөннүүр. Биирэ нуучча нуучча курдук судургу. - Сибилигин сөмөлүөт ыытыам, аттаргытын онон аҕалтааҥ- диир. Дьэ сөмөлүөттэнэрэ тугунан сүүрүк аттарыгар дьайыан билбэт Тойбохой сопхуос дириэктирэ
 - Ээ дьэ бэт эбит, субу мантан, дьиэбит таһыттан сүүрбэ мүнүүтэннэн аттарбытын илдьэ аатырар Угут Күөл ыһыаҕар биирдэ баар буола түһэр эбиппит - диэн үөрэ түһэр.  
  Сарсыҥҥыттан дьэ ыһыах, киэһэ алта чаастан аттар сүүрүүлэрэ саҕалар онон сөмөлүөт сибилигин кэлиэн наада. Журавлев обургу дьаһал биэрэ охсор, бэлэм турбут сөмөлүөт Угут Күөл ыһыахтыыр сирин анныгар баар пордуттан көтөн тахсан арҕаа диэки хайысханнан көтө турар. Өр гыныа дуо? Тойбохой кытыытыгар турар портка түһэн лаглас гынар. Бу саҕана сөмөлүөттээҕэр буолуох массыына да аҕыйах. Дьон дэҥҥэ көрөр сэптэрэ. Онон сөмөлүөт кэлэрин уонна сүүрүк аттары сөмөлүөккэ хайдах тиэйэллэрин көрөөрү дьон сэргэ бөҕөтө портка тоҕуоруһар. Бэйэтэ туһунан ыһыах киһитэ мустар. Порт устунан сүүрбэлээн, дьоҥҥо көрдөрөрдүү күүскэ күүскэ газтаталаан хаһыырда түһэн баран аҕыйахтык сөтөллөр курдук пыс-пас гынан баран эргийэн куһуура турбут сөмөлүөт бэрэпиэлэ тохтоон, умуллан ньимис гына түһэр.
Дьэ Тойбохойдор икки ааттаах аттарын сөмөлүөккэ киллэрээри сиэтэн кэлэллэр. Сөмөлүөт ат таһарга анала суох сэп буоллаҕа, киирэр аана кыараҕас да, үрдүк да эбит.    
- Суох, аттары илдьиэ суохпут - диэн санаа отой кимиэхэ да киирбэт. Начаас ыккардыгар ат сөмөлүөккэ киирэр үктэлин оҥороору ДТ тыраахтыр сыарҕатын соһон аҕалан сөмөлүөккэ сыһыары анньа охсоллор. Дьэ дии, ол кэннэ аттарын киллэрэ сатаан сосуһуу бөҕөтө кытаанаҕа буолар. Хаһан ол сөмөлүөккэ киирбит аттар буолан киириэхтэрэй. Массыына да аҕыйахтык көстөр буоллаҕа. Дьэ аттара хараҕын тиэрэ көрөн, тиэрэ түһэ-түһэ тардыһыы, киирбэт буола сатаан чирэһии, өрө тура-тура тиэрэ түһүөлээһин, туора ыстанан сыарҕаттан түһүү бөҕөтө буолар. Киллэрэн баран төннөрдүү санаммыт элбэх дьон ас кыныыһылар дуо, албастара да элбэҕэ, уһун көнтөс быаннан лаппыйа-лаппыйа тардан, кутуругун анныттан хас эмэ киһи быаннан тардан мөхтөрбүтүнэн Мас Хараларын сөмөлүөт хабыынатыгар ньылбы соһон ыллылар. Аттара харса суох мөҕө, утарылаһа сылдьан туйаҕын үрдүнэн туохха эрэ, тимиргэ буолуо таарыйан  быһа тэбэн кэбиспитэ хаан ыһылла түстэ. Ат киирэрин кытары - Иккис аты иккиһин кырынан ылыахпыт - сөмөлүөт аанын лап гына сабан кэбистилэр.  Ол кэннэ сөмөлүөт өрө таҥнары хаһыыра-хаһыыра сүүрбэлээн баран өрө көтөн салгыҥҥа дагдас гына түстэ. Ол саҕана сөмөлүөттэн аттааҕар буолуох дьон да куттанар, дэҥҥэ көрөр кыыла буоллаҕа. Аатырбыт сүүрүк Мас Хара сөмөлүөт сүүрэн үллэҥэлээбитигэр куттанан сүһүөх сүһүөҕэ босхо баран, куттанан сап- салыбырас буолар. Ол үлүгэрдээх кутталтан ат сүрэҕэ хайдах тэппитин, дууһатыгар туох оонньообутун туох билиэй?, ону кини сатаан этэр кыаҕа суох. Чаас аҥаарынан сөмөлүөт Угут Күөл пордугар кэлэн түспүтэ, сүүрбэлээн баран киэҥ сыһыы биир кырдалыгар турунан кэбиспитэ. Куттанан сүһүөх-сүһүөхтүүн бүтүннүү сап-салыбырас, ньылбы көлөһүн буолбут Мас Хараны кыараҕас сөмөлүөт иһигэр эргитэ тутан аһаҕас ааны көрдөрбүттэригэр аан төһө да үрдүк буоллар түргэнник таһырдьа ыстанан кэбиспитэ.
  Аатырбыт сүүрүк Мас Хараны сөмөлүөккэ бу чаас аҥаара көтүтэн аҕалыылара сүрэҕин хайыппыта, дууһатын да, соргутун да тоһуппута диэххэ сөп. Маннык көтүтэн Бааска Сиэрин аҕалбыттара, ол да көтөн кэлии Мас Хара кэлиититтэн туох атыннаах буолуой эмиэ майгылыын-силиктиин бүтүннүү тостон, сүрэҕэ хайдан кэлбитэ, иккиэн сүүрэр туруктан тахсыбыттара эрээри дьоҥҥо ону этэр тыллара суоҕа.
   

   
Category: Ыһыах, олоҥхо | Views: 82 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2025  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2025