Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Уххан. "Туллуктар кэлбиттэр" ВИА-лар бэстибээллэрэ



« Туллуктар кэлбиттэр»

Бэрдьигэстээххэ оҕо вокальнай – инструментальнай ансамблларын (ВИА) 1-кы республикатааҕы бэстибээллэрэ буолан ааста.

Тыыннаах муусуканы сөргүтүүгэ «көс түһүлгэлэр» диэн ааттаан былырыыҥҥыттан Майаҕа, Бороҕоҥҥо, Бэрдьигэстээххэ, Чурапчыга, Дьокуускайга ВИА –лары көрүү-истии ыытыллыбыта. Ол туһунан суруллубута.
Соторутааҕыта бу тыыннаах муусука көс түһүлгэтин саҕалаабыт «Ый суола» ВИА Майаҕа бэйэтин бастакы сольнай кэнсиэрин ситиһиилээхтик көрдөрбүтэ.
Былырыын Бэрдьигэстээххэ буоларыгар эһиил оскуола саастаах оҕолор ВИА-рын мунньан бэстибээл ыытарга диэн буолбута.
Бэрдьигэстээх култуураҕа киинин дириэктэрэ «Дапсы» бөлөх бас гитариһа Николай Осипов бу тэрээһини ылыммыта уонна учугэй таһымнаахтык тэрийэн ыыттылар.
Дьүүллүүр Сүбэ: Тумус, Лүҥкүр, Лэкиэс, Бүөккэ Бөтүрүөп, Чээ Бааска уонна мин буолан үлэлээтибит. Бары анал биһирэбил бириистэри олохтоотубут.
Аттарыылаах доҕуһуол» Б.Бөтүрүп анал бирииһэ «Мохсоҕол» бөлөххө туттарылынна. (Үө.Бүлүү. сал. Сергей Иванов)

-«Көмүс куолас» диэн Анатолий Бурнашов  анал бирииһэ «Төлөн» бөлөх солиһа Шура Мироноваҕа тигистэ. (5 кыл. оҕолоро. Үө.Бүлүү Тамалыкаан)

-«Бастыҥ бас гитара  диэн Георгий Сергучев» анал бирииһэ «Кэскил» бөлөх Дьулустан Романовка (Үө. Бүлүү) туттарылынна.

-«Бастыҥ клавиша» иһин Бэрдьигэстээхтээҕи музыкальнай мастерской анал бирииһин «Ый суола» бөлөх клавишнига Проня Николаев ылла. (Майа)

-«Чулуу гитара» диэн Лэкиэс анал бирииһин «Ый суола» гитариһа Андрей Босиков ылла.
Лэкиэс «Аартык» студиятын «За творческий стиль» диэн иккис анал бириис-сертификатын «Стая» бөлөх гитариһа Игорь Жариков ылла.(Дьокуускай)

- «Ураты көстүү» диэн култуура управлениятын анал бирииһин Бэрдьигэстээх оскуолатын кыргыттарын «Сайыы» диэн ВИА –ла ылла.

-«Ырыа тыла-өһө» диэн Уххан анал бирииһин «Ый суола» бөлөх ырыаларын авторыгар Сеня Алексеевка туттардыбыт.

-«Чаҕылхай саҕаһыт» диэн анал ааты «Төлөн» бөлөх салайааччытыгар Владимир Федотовка туттарылынна.

-«Айар дьолуо» биһирэбил бирииһи «Дьүкээбил» бөлөх ылла (Үө.Бүлүү. сал Владимир Федотов.)

-«Чопчу тэтим» Лүҥкүр анал бирииһэ «Мохсоҕол» бөлөххө туттарылынна.(Үө.Бүлүү. сал Сергей Иванов)

-«Истиҥ бараан» диэн Василий Еремев анал бирииһин «Кэскил» бөлөх ылла.(Үө.Бүлүү сал.В.Федотов)

-«Чулуу бөлөх» аатын «Ый суола» сал. А.Босиков ылла.

Бэстибээл үчүгэй тэрээһиннээхтик ааста. Сылтан эрэ ордук кэм иһигэр оскуола оҕолоро ВИА тэринэн үчүгэйдик оонньуур, ыллыыр-туойар таһымнаммыттарын көрдөрдүлэр.
Бэстибээл иккис күнүгэр кэлбит идэлээхтар бары хайысхаларга ырытыы, сүбэ-ама оҥордулар.
Эһиил эмиэ маннык бэстибээл ыытыллара былааннанар.

Уххан
2008с.

Уонна урукку ыстатыйалар:

Тыыннаах муусука тыыннаах

Көс түһүлгэ - Горнайга

Тыыннаах музыка абылаҥнаах ахтылҕана

Category: Муусука | Added by: uhhan (2008-04-01)
Views: 2922 | Rating: 4.5/2 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 58
Ыалдьыттар (гостей): 58
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024