News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2008 » Бэс ыйа » 6 » Хайдах буоллубут, ханна баран иґэбитѕ
Хайдах буоллубут, ханна баран иґэбитѕ | 10:23 |
СИЭРКИЛЭ
http://uhhan.livejournal.com Уххан
Сиэркилэ
"Сиэркилэ" уонна ГУП "Мастер ТВ"
Мин "Сиэркилэбин" суруйбата±ым ыраатта. Бу 1989 с. ыла са±алаабыт анал рубрикам этэ. Маннык аатынан кинигэм тахсыбыта, маннык аатынан ГУП "Мастер ТВ"га анал авторскай биэриилээх этим. Онтубун куорат баайын µллэстиигэ ГУПтары МУПка кіґірібµт диэн ааттаан, мээрийэ радиотын, телевидениятын, ырыынактарын о.д.а суолталаах тэримтэлэрин былдьаспыттара. Ити 2003 с. ыам ыйыгар этэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин 481 №дээх дьаґалынан ГУП "Мастер ТВ" уонна "МиксМастер" радиокомпанияны мээрийэттэн былдьаан ылан Бэчээт Департаменын (Павлова Л.В)"ведениетыгар" (отнести к ведению) биэрбиттэрэ. Бэчээт Департамена дьарыктаммыта. Биир кµн иґигэр 56 киґи µлэтэ суох хаалбыппыт. Сорохтор "Столица ТВ"га , сорохтор НВК±а киирбиттэрэ, уоннаа±ылар бу дьаґал быґыытынан 2003 с. ыам ыйын 26 к. хоґуттан тэриллиэхтээх тэрилтэ хаґан µлэлиирин кэтэґэр буолбуппут. Сылы быґа кэтэспиппит. Ґлэґиттэр, Ґлэ Инспексиятыгар, арбитражнай суукка тийэ туруорсан тугу да ситиспэтэхтэрэ. Бэчээт департамена саІа директор буллахпытына, саІа устаап оІордохпутуна диэн уґатан испитэ. Сыл кэриІэ буолан баран, СР минимущуествотын кытта саІа ГУП "ТК Мастер ТВ " тэрийдибит диэн буолта. Рыбалко С.Г диэн саІа дириэктэр миэхэ: "эн былырыын "по собственному желанию" уурайбыккын бирикээс тахсыбыт трудовойгун кэлэн ыл" диэн соґутта. Мин сайабылыанньа суруйбата±ым, уурайар санаам суо±а, бирикээстэрин да булбатылар. Онтон ыла са±аламмыта икки сылтан ордук уґун унньуктаах сууттаґыы. Дьыалам, тіґі да µлэ сокуонун кэґии баарын Ґлэ Инспексията, прокуратура бигэргэппитин иґин куорат суутугар ( судьуйалар Шадрина Л.Е., Оконешникова М.М. Осипова А.А.) киирдэ да то±о эрэ мин иискэбин аккаастыырга диэн буолан испитэ. Бу сымыйа тэрилтэлэри тэрийбит Бэчээт Департаменын, госминимуществоны кыттыгастаах эппиэккэ тарда сатаабытым. ДьиІ буруйдаахтар кинилэр этилэр. Прокуратура±а бырабыыталыстыба±а тийэ суруйбутум. Е.А. Борисов дьоно сурукпун мин сууттаґа сылдьар киґибэр Бэчээт Департаменыгар Павлова±а быґаартара биэрэллэр. Кµлµµ гыммыт курдук. СаІа тэриллибит ГУП "Мастер ТВ" кумаа±ыга эрэ баар фиктивнай тэрилтэ буоларын бары билэллэрэ. Урукку оборудуванияларын, баайдарын дуолларын саІа тэриллэр "Алмаз ТВ" уонна "Столица ТВ" µллэстибиттэрэ. Соро±о ханна тиийбитин ким да билбэт. СР гражданскай дьыалаларга Ґрдµкµ Суута, Никитина М.Н бэрэссэдээтэллээх суута бастаан саІаттан кірµµгэ, онтон мин кырдьыкпын таґааран µлэбэр тіттірµ киллэрэргэ уураахтыыр. Фикивнэй, сымыйа тэрилтэни тэрийбит СР Бэчээтин Департамена уонна СР Минимуществота надзорнай жалоба суруйар. Ону СР ҐС судьуйата Александрова Р.С. µІсµµлэрин аккаастаан, мин туґабар ҐС уураа±ын оннунан хаалларар Хамнаспын кытта моральнайбын Осипова А.А. бэрэссэдээтэллээх куорат суута кірір, тэрийээччилэри Департамены, госминимуществоны эппиэтинэстэн таґааран куоттаран баран, ханна баара биллибэт, кэлиІІи сууттарга сылдьыбатах, билигин олох да суох, "Мастер ТВга" онтон "Алмаз ТВ"га бииргэ µлэлээбит, Суханов уонна Серкин диэн іріттірµ кытта Москва диэкки кµрээбит Е.Н.Зуева диэн дириэктирдээх, ГУП ТК "Мастер ТВ" сымыйа тэрилтэ±э, барытын билэн олорон хамнаспын 108 тыґ. тілµµргэ уурар. Бу суукка Департамен бэрэстэбиитэлэ, юриґа А.Р Фадеева эрэ кыттар. Департамен бэйэтэ анаабыт дириэктэрин кірдіін булан биэрэр ини диирбитигэр тийэбит. Трудовой киниискэлэр ДепартамеІІа сыталлар. Кµн бµгµн икки суут уураа±а туола илик. Трудовойбун да ыла иликпин, "Мастер ТВ"га эмиэ да µлэлиир курдукпун, хамнаспын да кыайан ылар кыа±ым суох. Суут бириистэбэ хантан тугу булан ыларын билбэккэ олорор. Дьэ итинник тµктэри быґыы, барыта . Билэбилэ тµікэйдээґин. Мин интэриэспин кімµскµіхтээх Бэчээтим Департамена бэйэбин албынныы, тµікэйдии сылдьара, бырабыыталыстыба бэйэтинэн киґиэхэ итинник сыґыана сµіргµ. Уонна хантан саламта±а эрэл, итэ±эл кэлиэйѕКуорат суутун бэркэ илиилэригэр ылбыттар. Суут бириистэптэрэ суут уураа±ын сатаан толорботохторуна салгыы сууттаґарбытыгар тийэр буоллубут быґылаах. Суукка киґи кырдьыгын булара іссі уустугурбут. Бу дойду µрдµнэн буола турар коррупциялаах быґыы майгы содула.
Хайдах буоллубут, ханна баран иґэбитѕ
Биґиги республикабыт саламтата сатарыйда. Бэйэбэйэлэрин тининиктэґии, самнарсыы, тµікµннээґин, бэрик, ньымаат, µбµ сиэґин µгэннээтэ. РФ Счетнай палататын бэрэбиэркэтин тµмµгµнэн 3 млрд. 350 міл. солк. бюджет сокуонун кэґии тахсыбыт, ол иґигэр угаайык (подставной) тэрилтэлэри туґаныы. Бастакы бирисидиэммит са±анаа±ы кэмнэри хаґыаттарга, "Сиэркилэ" кинигэбэр суруйбутум. 2000 сылтан оло±у "Санаа буолардаах, буолбаттаах" кинигэбэр киллэрбитим. В.А.Штыров тірµт сокуону РФ киэнигэр сіп тµбэґиннэриэх, сиртэн хостонор баай промышленноґын ата±ар туруоран баран, ПутиІІа туран биэрэх буолан бирисидиэн буолбута диэн тус бэйэм санаабын.
Тимир суол кэлиитэ, массыына суолларын сіргµтµµ, ниэп, гаас турбатын тардыы, µс сµрµн энергоисточниктары холбоон электролинияны со±уруу тардыы барыта сир баайын супту оборорго анаммыт киинтэн кэлэр оботтоох былаан олоххо киирэн эрэрин кэрэґэлиир. Сотору бирисидиэннэнэн таймаланан бµтэрбит буолуо оІоробунѕ
Мантан тіґінµ тіттірµ і±µйэн ылабыт диэн сыалсорук биґиги саламтабыт иннигэр турар. Бу µллэґик кэмигэр элбэх µпхарчы, сыаналаах кумаа±ы, дуоґунас, бэрикньымаат хамсаата, хамсыы турар. Саламта, чонуобунньуктар, бу, бµгµІІµ дуоґунастарын кыа±ын бэйэлэрин тустарыгар кµµскэ туґанарга µірэннилэр. Ґµнэтэґиинэ суох бардылар. Бэрик, ньымаат, былаат, откаат µгэннээтэ. Онноо±ор бэйэбит дьоммут бэйэлэрин тіріібµт дойдуларын харчы оІорор эйгэ курдук кіріллір. Олохтоохтор кыґал±аларын быґаарбыта буолан харчы кірін ону сииллэр. Тыа хаґаайытыбатыгар кірµллµбµт харчы аІаара аадырыґыгар тийбэккэ аара сіІірµн Ил Тµмэн хонтуруоллуур кэмитиэтэ дакылааттаабыта.
АІардас нуучча омугун уґулуччу, ураты тутар Москуба бэлиитикэтин олоххо киллэриигэ биґиги дьоммут умсатэннэ тµстµлэр. Арай Татарстан саламтата, депутааттара утары тыл кітіхтµлэр. (Неделя Якутии 10-03-06) Республика саламтата чопчуламмыт национальнай бэлиитикэтэ суох. Тірµт олохтоохтору харыстыыр кэскиллээх хамсааґына суох. Кµннээ±и мэрэппэрийээтийэннэн µлµґµйэллэр. Ыыраарда биллибэт ыйаахтар, ууга суруллубут уураахтар. Бирисидиэммит бырагырааммата олоххо кыайан киирбэт. Киґибит, АЛРОСА ны биэрэргэ боротокуолу илии баттаан баран, онтун норуоттан кистии сылдьан бэйэтин ійітіргі илии баттааґын ыыта охсор. Дьэ "ірµіл" диэтэ±иІѕ Хайдах, туох олоххо баран иґэрбитин ыраІалаабат. Ґчµгэй да, µчµгэй µлµгэринэн µлµґµйдµлэр. Кириитикэни тулуйан истибэттэр. ДьиІнээх информация, ырытыылаах санаа тахсыбат. СМИ уксэ эмиэ µллэґиллэн хонтуруолланар. Тыа сиригэр олохдьаґах, быґыымайгы кійгірін, омсолоох ірті элбээн иґэр. КииІІэ бэйэ бэйэлэрин сиэґэллэр. Илин эІээр, Бµлµµ улуустара диэн арахсыы дириІээн иґэр.
"ѕположение в улусах очень тревожное. С ростом пьянства и тунеядства растет и преступность, следовательно, увеличивается число осужденных" предс. ВС РС. Л.Т.Горева. Неделя Якутии 10-03-06. Ґлэтэ суох буолуу, аргылааґын, олох таґыма тµґµµтэ, тийиммэт буолуу, итэ±эл, эрэл эстиитэ тыа сиригэр ырылхайдык кістір. Норуот улугурда, най барда, туохха да кыґаммат буолла. Сотору кэминэн хас иккис республика олохтоо±о сууттаммыттар ахсааннарыгар киириэ диэн саба±алыыллар.
Тойотторбут онтон хаалсыбаттар. Бэйэлэрин иннигэр бэрэбинэ сытарын кірбіт буола харахтарын µµтэ бµлэммит саламтабыт, мээр Мэхэлчуугу сиэри аґаары, "корруупсуйаны арыйбыта" бэйэтин "бэрдэ" эмиэ тахсан кэллэ. Итинник буолуохтаа±а, µчэґэлэрэ туолара чугаґаата±а. Тумууґабы самнаралларыгар хайдах кэбилэммиттэрин бу баардыы ійдµµбµн.
Алтан Харах диэн кимэ биллибэт интернет автор "Якутская власть обналичила бюджет" диэн айдааннаах матырыйаала та±ыста. Онно хаайыллыбыт мээрийэ чиновиктарын кытта бииргэ бюджет харчытын СР минфинин ніІµі Иван Яныгин диэн тµікµн киґи биир хонуктаах албын фирмаларын ніІµі элбэ±и аґарбыттар. (урут Сергей Яныгин диэн тµікµн министр финансов баар буола сылдьыбыттаа±а ол амыдайа дуу, айма±а дууѕ)
Барыта 126 араас тэрилтэ, ол иґигэр улуустар ФКУлара, УКСтара, араас МУПтар, ГУПтар ,КБлар, ОАОар,ЗАОлар, фондалар эмиэ тыыннаах харчы оІотторон ылбыттар, бу тµікµннµµ іІінµ туґаммыттар. 40 ча міл. сууммалаах нолуоктан куоппуттар. Билигин прокуратура бэрэбиэркэлии сылдьар
Тумсуларын дул±а±а соттуналлар. Куорат таґынаа±ы дул±а баранарыгар тийдэ. Ону µтµктэн улуустар баґылыктара , тэрилтэлэр тойотторо сіптііх дул±аны кірдµµр аакка тµспµттэр. "Бил баґыттан сытыйар", Эстэр ыал ына±а кэйиик буолар" , "Суор, суор хара±ын оІсубат" диэн саха іґµн хоґооннорун ис ійдібµлэ тийэн кэлэр.
Бу барыта буолбата±ына, µксэ откаат, бэрик, ньымаат, кіннірµ уоруу да харчыта буолуон сіп диэн хаґыаттарга саба±алыыллар . Ол эрэн ону дакаастыыр ыарахан. Ол наадатыгар хас суумма хас бырыґыаІІа тыыннаах харчыга кубулутуллубутун, ханнык дуогабырынан туох µлэ дьиІнээхтик оІоґуллубутун, тіґіті сымыйатын, ханнык банкекка тіґі аґы сиэбиттэрин, тіґі арыгыны испиттэрин, ханнык табаар атыылаґыллан ханна , кимиэхэ тиксибитин, харчыны кимиэхэ то±о биэрбиттэрин о.д. а. барытын бэрэбиэркэлиэхтэрин наада. Аны бу испиэґэк ситэтэ суох дииллэр. Урукку сыллар, сорох тэрилтэлэр толору испиэґэктэрэ прокуратура±а баар буолуон сіп курдук.
Туох да диэн куотуммуттарын иґин, саатар нолуоктан куотууга тµбэґиэхтэрин сіп. Бу бырабыыталыстыбабыт, µрдµкµ саламтабыт кірір истэр хонтуруоллуур тэрилтэлэрэ тіґі сатарыйбыттарын туоґута. Мээрийэни кытта сирэйдэрэ тэІнэґиэх бадахтаах.
Алтан Харах таґаарбыт информацията, мээнэ киґи булбат дьыалата. Бу µрдµк іґµілээхтэртэн тахсыбыт дьыала. Иґэ истээх , таґа тастаах. Ол эрэн билиІІи туругунан бу албын фирмалары туґаммыт уонна тыыннаах харчыны ылбыт дьон кимнээхтэрэ биллибэт. Кинилэр харчыны тµікэйдээбит суолларын омооно эрэ кіґµннэ. Силиэстийэ хайда±а быґаарыа. Суукка тийэрэ саарбах. То±о диэтэргит мээрийэ, да бу "обналичка" да дьыалата бµтµн Россия, СР иґиниэн буола турар, илэ баар кістµµ. Ол улуустарга, нэґилиэктэргэ тийэ киирдэ. Киґи куґа±аІІа тµргэнник µірэнэр.
Мин ыйытыыларым
Бу, "обналичка" туґунан матырыйааллары аа±ан, µп миниистирин, прокурор Шпаков эппиэттэрин аа±ан баран, миниистир А.С.Николаевтан, Ил Тµмэн бµддьуіткэ, нолуокка уона сыана бэлиитикэтигэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ А.С.Уаровтан, Ил Тµмэн Бэрэссэдээтэлэ Нь.С.Тимофеевтан бу дьыала±а санааларын этэллэригэр маннык биир ис хоґоонноох ыйытыктары барыларыгар бэлэмнээбитим. Ону хайдах баарынан биэрэбин. Нь.С. Тимофеевы эрэ кыайан таба туппатым, солото суо±а бэрт эбит. Кэлин кэпсэтиэх буолла.
Маннык ыйтыктары биэрбитим:
Уххан: Бюджет, нолуок кэмитиэтин бэрэсс. буоларгынан, нолуок, бюджет сокуонун, µпхарчы эргиирин бэрээдэгин билэр киґи буоларгынан, "Якутская власть обналичили бюджет" диэн интернет сайт иґитиннэриитин туох диэн быґаарыаІ этэй?
Уххан: Прокуратура, (А.Шпаков) манныкка майгынныыр испииґэк кинилэргэ баарын билинэр, дааталарыгар, суммаларыгар бэрэбиэркэ барыа диэбитэ (Наше Время хаґыат 10 №рэ) Ол аата бу матырыйаал чахчылаа±а кістін турар. Сиппэтэх буолуон сіп, урукку сыллар, эбии тэрилтэлэр , араас сууммалар эбиллэн биэриэхтэрин сіп дии саныыбын. Маны барытын µрдµкµ саламта, ол иґигэр Ил Тµмэн, инньэ Э.Березкин, ба±ар ол да инниттэн, билэн, туґана олорбут буолан тахсаллар. Бу тугуй, хайдах сыаналыахха сібµй?
Уххан: Уопсайынан ыллахха "биир хонуктаах", "угаайык" тэрилтэлэр ніІµі тыыннаах харчыны оІорууну, нолуоктан куотууну сокуон хара±а туох диирий?
Уххан: Биллэн турар тілібµрдэр сорохторо фиктивнэй µлэ оІоґуллубут дуогабардарыгар оло±урбуттара сэрэйиллэр, этэллэрин курдук бу µксэ, "откаат", бэрик, ньымаат, бюджет харчытын уоруу буолуон эмиэ сіп. Маны эн туох диэн сыаналыыгын?
Уххан: Хас тутуу, ірімµін, матырыйаал, араас банкеттар, ас, мал атыылаґааґынын, бюджетка кірµллµбµт µбµн 10-30 % тийэ чиновниктар, бу µлэни эбэтэр іІінµ оІорбуттарын иґин ылар " бырааптаахтар" диэн суруллубатах сокуон харчылара буолуохтарын сіп дуо?
Уххан: Бу барыта Иван Яныгин эрэ тэрилтэлэрэ дуо? Кини кимий, ханнаа±ы киґиний? Урукку тµікµн министр финансов Сергей Яныгин быраата дииллэрэ кырдьык дуо? Маннык іІітµн иґин, "Харчыны тилиннэрээччилэр" тіґі % ылалларый? Хаґыакка суруйбуттарынан 50% кытта тийиэн сіп диэбиттэр.
Уххан: Минфин тіґі да элбэх порученияны аґардар, хас эмэ сыллар тухары ревизиялыыр управленията, араас кэтэбиллэрэ, манабыллара, уонна нолуок управленията баччааІІа диэри ити быґыыны майгыны билбэккэ олорбуттара буолуо диэ±и ким да итэ±эйбэт дьыалата. Минфин, хонуруолун, ревизиялыыр кэмитиэтэ бэйэтин иґинэн баарын омсолоох ірті кістін та±ыста буолбаат? Ил Тµмэн хонтуруоллуур кэмитиэтэ то±о маны арыйбата±ай?
Бу испиэґэккэ киирбит тэрилтэлэр, улуустар баґылыктарын сорохторун кытта кэпсэтэн кірдµм. Кинилэр Минфин туох диэбитин µтµктэ олороллор. Биґиги билбэтэхпит диэн. Маны хайдах сыаналыыгын?
Уххан: Аны, хайдах эрэ бюджет эрэ тэрилтэлэрэ итинник " обналичканнан" дьарыктаналлара бобулларын курдук хаґыакка быґаараллар, "ГУП уонна ГУ" диэни буккуйумаІ диэн. "Неделя Якутии" диэн хаґыакка. Мин санаабар нолуоктан куотан тµікµннээбит буоллахтарына кэтэ±иттэн, бюджет киэнэ буоларыттан тутулуга суох бары сокуон иннигэр эппиэттиэхтээхтэр буолбатах дуо? Маны хайдах быґаарыаІ этэй?
Уххан: Биґиги саламтабытыгар утарыта турсуу, бэйэбэйэни сиэґин "сфера влияния" µллэстии уруккуттан баара. Ол ордук Штыров олоруо±уттан µгэннээтэ, µµнэтэґиинэ суох барда. Ити барыта республика хостонор баайын туран биэриини кытта ситимнээх. Тумууґабы самнарыыны санаа. Онтон Михальчук µрдµгэр тµґµµ, "чымыдаанынан компроматы" хомуйдубут диэн аґа±астык суоґур±аныы эрдэттэн иґиллибитэ. Ол эрэн биир сиртэн, биир ситимнэнэн та±ыстылар буолбатах дуо? Ґрдµкµ салалта кіріристэр, хонтуруоллуур тэрилтэлэрэ бу испиэґэккэ бааллар. Кинилэр сокуон быґыытынан эппиэккэ тардыллыахтарын сіп дуо? Сирэйдэрэ тэІнэґэн та±ыста буолбат дуо?
Уххан: Дойдубутугар айдаан иирсээн буола турарын кірін истэн "бµібэйдээн" ситэрэнхоторон биэрэ𠵴µс кµµс баарын этэллэр, ол кимнээх буолуой? Семен Назаров хаґыакка интервьютугар: "Якутия ввергнута полосу непрекращающихся политических скандалов. Еще немного, и обьективно только внешнее "хирургическое" вмешательство может остановит эти негативные процессы." ЯВ. №10. Манна эн туох диэІ этэй?
Уххан: Бирисидиэн да мээр да дуоґунаґа сотору суох буолуо, республика статуґа уларыйан бідіІсµтµµгэ барыахпыт дииллэрэ кырдьык дуо? Ыйытыктары биэрдэ "Кыым" хаґыат корр. Уххан. 2006с. 3 ый. 10 к.
Ыйытыыларым хоруйдара
Миниистир А.С.Николаев Москуба±а сылдьан тіліппµінµнэн саба быра±ан маннык хоруйдаата: Мин нууччалыы хаґыаттарга быґаарбытым. Минфин баан курдук µлэлиир. Биґиги 450 тыґ. порученияны сылга аґардабыт. Ити испиэґэккэ уонча киирбит. Хас бырыґыана буоларый? Ити харчылары уорбуттар диэн суох. Биґиги бэрэбиэркэлээґиммитинэн дуогабар оІоґуллан сіптііх µлэни, сіптііх табаары ылбыттар. Аактар, табаардар бааллар. Яныгин тэрилтэлэрэ хайдахтарын мин билбэппин, ону прокуратуура быґаарыа. Бу тэрилтэлэргэ харчыны ыыппыт тэрилтэ нолуоктан куоппут диэн буолбатах , ба±ар харчыны ылар тэрилтэ нолуоктан куоппута буолуо, ону дакаастыахха наада. Салаппаан бакыакка харчыны а±алан биэрэллэр диэннэрин дакаастыахтарын наада, бюджет тэрилтэлэригэр оннук суох курдук кірібµн. Хаґыакка суруйалларыгар маны барытын минфин оІоро олорорун курдук таґаарбыттар, бу сымыйа. Биґиги онно туох да сыґыана суохпут, ол иґин сууттаґабыт. Чааґынай тэрилтэлэр нолуоктан куоппуттарын, куоппатахтарын силиэстийэ быґаарыа. Тэрилтэлэр сымыйа µлэ±э аакта, дікµмµін оІорон харчыны ылбытттара дакаастанна±ына салайааччылара эппиэттиэхтэрэ. Барыта откаат, бэрик, ньымаат, уоруу харчыта буолуо дииллэрин силиэстийэ дакаастыыр буолла±ана, дакаастыа. Ол Иван Яныгиннарын харахтаан кірбітіх киґим. Кини ЕРКЦны кытта ситимнээ±э кістір. Конкеретнай обналичевание баар буолла±ына сыыґа буолла±а. Ол эрэн билигин дьыала дакаастана илигинэ ол киґи, бу киґи буруйдаах диир эмиэ сыыґа буолуо. Пруговалаах дыалалара атын, ол эрэн кинилэр Яныгин тэрилтэлэрин кытта ыкса сыґыаннара манна эмиэ кістір. Силиэстийэ ЕРКЦ дьыалатынан бу "обналичка" дьыалатыгар та±ыста±а дии. Ол аата сокуону кэґии іттµгэр туох эрэ баар буолан та±ыстахтара. Ону быґаарыахтара. Биґиги силиэстийэ тµргэнник барарыгар, ким тугу оІорбутун быґаара охсоругар ба±арабыт. Ити Алтан Харах сайтын кытта тиґэ±эр тийэ сууттаґыахпыт. Итинник сымыйаннан былааґы холуннарааґын сыыґа.
А.С.Уаров хас биирдии ыйытыкка чопчулаан буолбакка, сµнньµнэн, бµддьµіккэ, нолуокка сыґыаннаах ірµтµн быґаарабын диэтэ: Мин маны мээрийэ дьыалаларын кытта сибээстииибин. Яныгин угаайык тэрилтэлэрэ уонна Пругова тэрилтэтэ 5 сыл устата 150 ча міл. солк. "обналичи" гыммыттар уонна 40ча міл. солк. нолуоктан куотуу баар диэн суруйаллар. Прокуратуура дьарыктана сылдьар. Јскітµн бу барыта кырдьык буолла±ына, манна кіннірµ µпхарчы махинацията, µбµ сыаласоруга суох туттуу эрэ буолбакка, финансовай сокуоннары куруубайдык кэґии, криминал баар. УК ыстатыйаларынан барар дьыалалар. Онтон бу ыстатыйа тахсыбытыгар мин интэриэґиргээн, токкуйдаан кірдµм. Прокурор Шпаков бу испиэґэк баарын бигэргэппитэ. Ол эрэн минфини буруйдааґыІІа мин сібµлэспэппин. Мин бµддьµіт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэбин. Бµгµн бддьµітµ кылаастарга араарыы диэн саІа сокуон киирэн турар. Ол быґыытынан харчы хайдах барарый? Туох баар харчыны ылар бµддьµіт тэрилтэлэрэ ханнык да бааІІа счет аґар бырааптара суох. Минфин бµддьуіккэ илии баттааґын (роспись) диэни оІорор, ол аата кинилэр харчыны ханна ороскуоттууллара бµддьµіккэ суруллубут эрэ буолла±ына федеральнай казначейство±а счет аґыллар. Казначейство эмиэ барытын кірін олорор. Салгыы бу харчытын тэрилтэ±э ыытар. Онтон салгыы ханнык ба±арар схеманы µлэлэтиэххэ сіп. Тутуу, ірімµін µлэлэрин ыыттаралларыгар араас ньыма элбэх. Харчыны обналичи гынааґын, бэрик, откаат ылааґын уо.д.а. Холобура; Бµддьµіттэн µбµлэнэр ханнык эрэ иниститут ірімµін ыытар. Армяннар тэрилтэлэрин булан дуогабар тµґэрсэр. Ороскуота бµддьµіккэ кірµллэ сылдьар. Холобура, ол кірµллµбµтµн быґыытынан минфин 4 міл. ыытар. Армян тэрилтэтэ харчыны маннык счетка ыыт диир. Нолуоктан куотарга µгµс элбэх ньыма баар. Онон µлэлииллэр уонна тэрилтэ салайааччытыгар харчы ууран биэрэллэр. Тэрилтэ салайааччыта минфиІІэ суруйар, ірімµіІІэ харчы кірµллµбµтэ, барыта бэрэбиэркэлэммитэ, харчыны маннык счетка ыытыІ диэн. Харчы баран хаалар. Ол иґин прокурор Шпаков саамай сіпкі этэр: "ѕ билигин, эрдэ тµмµктэри оІорумаІ, барыта биллиэ±э" диэн. Суоллара барыта кісті сылдьар, быґаарыахтара. Минфин харчыны туора ыытыан да ба±арбыты иґин хайдах да ыытар кыа±а суох. Барыта бµддьµіт илии баттааґыныгар суруллубут буолуохтах. Маны таґынан РФ казначействота кинини хонтуруоллуу олорор. Тутууга эІин тендер ыыттарааґын урут 200 тыґ. буолла±ына барара. Билигин 60 тыґ. тендер барар. Онон діссі буккуур, діссі харчыны буккуйарга кыах элбиир. Эрдэттэн кэпсэтиилээхтэригэр тутуу, ірімµін ыыттарыахтара, ону эн хайдах да дакаастыыр кыа±ыІ суох. Харыларыттан харбаатаххына эрэ. Бэрик ылыы ыстатыйата УКка саамай уустук ыстатыйа дииллэр. Даккаастыыр олус уустук. Харытыттан харбаатаххына биирдэ дакаастанар. Холобур губернатор Аясковка бµддьµіт сокуонун кэґээґиІІэ холуобунай дьыала тэрийбиттэрэ. Бµгµн, бµддьµіт сокуонун , кылаастааґыны кэстиІ да прокуратуура холуобунай дьыаланы тэрийэр кыахтаах. Мин Иван Яныгины отой билбэппин. Сергей Яныгин диэни билэр этим. Кини миниистирдии сылдьан 5 млрд. харчыны республикаттан уоран турар. Мээрийэ дьыалатын кытта бу дьыаланы эн тэІнээмэ. Кинилэр олох харыларыттан харбатын тураллар. Минфин биир да чиновнига кинилэр курдук кытай суумкатыгар харчы хаалаан илдьэ сылдьыбытын дакаастыыр кыа±ыІ суох. Оннук суох. Шпаков эппитинии бэрэбиэркэ бара турар, ол барытын дьэІкэрдиэ, кыратык тулуйа тµґµІ. Дьэ ,кµн бµгµн, итинник эппиэттэри ыллым. А.С Уаровка, А.С.Николаевка махтанабын, ыйытыыбар хоруй биэрбиттэрин иґин. Сарсын дьыала хайа іттµнэн эргийэн тахсыа биллибэт. Тохтотон кэбиспэтэхтэринэ салгыытын аа±аарыІ.
Кулун тутар 16 к. 2006 с.
(Бу ыстатыйабын ханна да таґаарбатылар, интернеткэ киирэн иґэн сµттэ)
СИЭРКИЛЭ
Тірдµс былаас баар дуо ? (Аґа±ас кэпсэтиигэ ыІырыы сиэринэн)
КэмІэ кэрдиигэ тиириллэн, сахам омугун дьыл±атын ытык суруга ыйаммыт, добун доло±ойго, іспіт ійгі, ілбіт сµбэтин ійдібµлэ иІэриллибит ѕ БµгµІІµ бµгµрµ саха±а Бµтэр уґук кэлбитинии бµтэй оІоґуулаах, бµлгµрµ тутуулаах Ыраахтаа±ылаах сиртэн ыйыллыбыт ыйылыннары баайыылаах Ыстыырап ыйаа±а ыйаммытѕ
Бирисидиэммит В.А. Штыров болдьо±о бµттэ. Кэлэр болдьоххо кини хаала𠵴µ, Путин: " эйигиттэн ордук хандьытаат суох, сайабылыанньа±ын суруй” – диэбит µґµ диэн суруйаллар. Бу республика баґылыга ким буолар бопуруоґун туґунан. "Ґґµ” да "µґµ” µґµѕ Штыров бэйэтэ Ил Тµмэннэргэ :- Путин кими туруорар да ол иґин "ѕкак миленькие проголосуетеѕ” диирин быктараллар. Уруккута эбитэ буоллар кэм да эрдэттэн хайдах олоххо олорон кэллибит, тугу ситистибит, тугу сыыстыбыт, тіґінµ ыґыгынныбыт, тіґінµ эбиннибит, ким бирисидиэн буолар, бырабыыталыстыба уларыйар дуо диэн ырытыґыы, киэІ кэпсэтии, быыбарга бэлэмнэнии барыахтаа±аѕ ССРС ыґылларыгар, РФ иґигэр баар регионнартан Саха сирэ бэйэни дьаґаныыга, ырыынакка киириигэ саамай µчµгэй балаґыанньалаах, кыахтаах этэ, бары іттµнэн. Саха сирэ сиртэн хостонор баайынан аан дойду кылаастаах дойдуга киирсэр. Ол биллэн турар бастакынан аламааспыт. Бµддьµіппµт 75% этэ буолла±а. Сувернитет кэнниттэн маны политика оІостон балачча туґаммыппыт. Николаев са±ана элбэх политическай, экономическай, социальнай, култуура±а кіІµл баара. Кумаа±ыга да буоллар, приватизация ыытан акциялары таґааран, тэрилтэлэр дьыала±а тэриллиилэрин кірµІµн уларытан, ырыынак экономикатыгар киирэргэ тірµт олохтоммута. Ол эрэн тыа сиригэр отуур сири, даача сирин туґаныыга биэрииттэн, квартира приватизациятыттан ырааппатахпыт. Бу кіІµлбµтµн, бырааппытын кэмигэр толору туґаныыга, бэйэни салайыныыны киллэрэ охсон, муниципальнай тэриллиилэри, норуоту кытта µллэстэн, тірµт олохтоох сиригэр - уотугар иІэрбэтэхпит. Самоуправления±а Россия±а саамай кэнникиннэн, хойутаан киирбиппит. Киирэрбитигэр иІэриэхтээх кіІµлбµт кірµнньук кіІдій кіхсі эрэ хаалбыта. Билигин ону хагдаІ отунан толорон чуучала оІоробут. Ис дьиІэ, ис хоґооно, баайа- дуола, бырааба, кіІµлэ суох бэйэни салайыныыѕ Штыров са±ана бу экономическай политикабыт кыайтаран алмаастан ыларбыт аІаарыттан а±ыйаабыта. Ханнык политиканы талбыппытый?.Биґиги иннибитигэр сиртэн хостонор баайы туґаныыттан саха сирин туґатыгар рента ылыы боппуруоґа турара. Ил тµмэн икки палататын тохтотон, биир "толоругас” палатаны хаалларан урут тµґэрсиллибит дуогабардары Россия туґатыгар кіннірµµ, СР тірµт сокуонун РФ тірµт сокуонугар сіп тµбэґиннэрииттэн саІа µйэ сата±ай µлэтэ са±аламмыта. Сокуон , быраап уонна болномуочуйа іттµнэн тирэ±э суох оІорон баран барытын тіттірµ ылыы, былдьааґын, атыылааґын барбыта. Атыыланыы уонна бэйэ±э барыыґа суох атыылааґын. Ол барыта Россияттан соІнонор диэн буолбута. СР уонна РФ икки ардыгар сир баайын бас билии, хостооґун, туґаныы, тииґинии боппуруостара хайдах быґаарылларыттан инники кэскилбит тутулуктаммыта. СР сиртэн хостонор баайын хонтуруоллууругар олох кыра, "баґаарынай уонна санитаарынай” хонтуруоллар тобохторо хаалбыта. Маны барытын Штыров Россия былааґын кытта "сіп тµбэґиннэрэн” оІорбута. Элбэх уордьан, мэтээл, аат суол тиксибитэ. Ыра ба±а санаабытын ырыынакка ыган, ыччат кэлэр кэскилин ыстаана суох хаалларбытын иґин Россия биир туйгун менеджерэ аатырбыта. Саха сирин олохтоохторо тымныыны кытта охсуґарбытыгар олохпут µтµітэ, кµµспµт-уохпут баранар. Саха сирэ электроэнергияны, гааґы, неби,чо±у, атын омук сирдэригэр атыылыырга тийэ оІорор буолла. Ол эрэн олохтоохтор онтон туґаналларын иґин тілібµрдэрэ эбии улааттар, улаатан иґэр, µгµстэр олох да туґамматтар. Ол баар, айыл±аны айгыратан сиртэн хостонуллар баайбыт биґиэхэ іІіті. Туркмен-баши олохтоохторугар энергияны тіліттірбіт µґµ диэни истэ-истэ сымыйа остуоруйа курдук саныыбыт. Татарстан, Башкорстан сиртэн хостонор баайдарыттан тіґінµ туґаммыттарын киґи ымсыыра эрэ истэр. Республика баайын- дуолун, кіІµлµн туран биэрии тактикатыгар; Россия барытын ылар буолла, тугу да кынар кыахпыт суох, суукка биэрэн ону туруорсабыт, маны киирсэбит диэн норуот хара±ар "оонньуу” са±аламмыта. Стратегиятигар; Аан дойду Азия Тиихэй акыйаанын регионугар Сибиир, Дальнай Восток сиртэн хостонор баайын атыылаан Россия хааґынатын хаІаттар, энергетичэскэй, транспортнай политикатыгар киллэриллибиппит. Саха сириттэн тиэйэн ыларга тимир суола, супту оборорго газ, ниэп турбалара, электролиния тутуулара тэтимнээхтик са±аламмыттара, сал±аммыттара. Мантан тииґинэр дохуоппутунан инники кэхтибэт кэскилбит тµстэниэ диэн буолбута. Штыров кэмигэр, урукку бырааптарын, кіІµлµн кµрµлµµр кµнµс кірін олордохторуна, бэйэтин µрдµкµ былааґын "сіп тµбэґэн биэрэр” кыґамньытынан былдьаппыт норуот политикаттан олох тэйбитэ, кэлэйбитэ. Партияларбыт, общественнай хамсааґыннарбыт, айар сойуустарбыт быыбарга эрэ тиллэн кэлэр ыарыылаахтара ити кістір. Анааґын буолбутугар олох да саІалара иґиллибэт. Бигэ туруктаах хамсааґын да баара кістµбэт. Айар сойуустар, ордук суруйааччылар идеология±а чугас буолаллара. Ол сойуустар сойбуттара ыраатта. Суруйааччылар омуктарын иннин туруулаґар саІалара сµттэ. Тыґытыйыыбыт, хоротуйуубут холобурунан, табыллыбатах олохтоох дьахталлар ытааґыннара соІооґуннара, эр киґи куґа±ана аныгы µйэ уус-уран чулуу айымньытын быґыытынан сыаналанар буолла. Онтон атынын сиэкис уонна абааґы аралдьытар. Култуурубут шоуга кубулуйда. Ким да туохха да кыґаммат. Иґитиннэрэр биллэрэр эйгэ±э барыта µµт-тураан олох. Буолар буолбутун кэннэ иґитиннэрии -биллэрии, барыта µчµгэйин туґунан. Тиис-уос бараммыт, куолас иґиллибэт, СМИ сибигинэйэр эрэ. ДьоІІо тийэрдиллэр олох кырдьыга оннук. ДьиІэ атын. Норуот эмиэ най барда. Барыта бµттэ, дьэ хайдах буолан иґэр, утаран да туґа суох, ким да саІарбат дэґэллэр. Эмиэ да атын регионнарга холоотоххо олохпут таґыма ордук курдук диэн буолар. Штыров олорор кэмигэр иґитиннэрэр-биллэрэр эйгэ±э (ИБЭ - СМИ) улугуруу диэбиккэ дылы дьиІнээх улугуруу барда. ИБЭ бµтµннµµ былаастан быґаччы тутулуктанна. Государственнай да кэтэх бас билии да іртµнэн. Кэтэх бас билиилээх хаґыат да араадьыйа да, сурунаал да буоллун барыта былаастан тутулуктаах. Былаас дьоно баайдар, кинилэр хаґыаттаналлар тойдоноллор. Биґиэхэ бэчээт тутулуга суох тірдµс былаас быґыытынан туох да саІаны, баар кырдьыгы этэр суолтата сµттэ. Хоруупсуйа, атыыланыы, бэрт буолааґын, сіп тµбэґии, билсии – кіссµµ барытын быґаарар. Штыров бу болдьоххо олорбутун тухары саха сирин баайын дуолун, кіІµлµн сокуон да, бас билии да іртµнэн тірµттэрин, акылаатын барытын туран биэрдэ. Сувернитеттана сылдьыбыт кэммититтэн 90 кыраадыс туора эргилиннибит. Бары эйгэ±э барытыгар. Дьэ ол саамай сіптііх суолу тутустубут диэн буолар. Иннибитигэр туох баара биллибэт, хара±ы саба баанан баран "улахан убай” кэнниттэн тук курдук батыґыыѕ АЛРОСА– ны биэрэн илии баттаан бµтэн баран, биэрбэтэх буолан, уоппуска±а сылдьар аатыран, бэйэтин ійітін илии баттааґынын ыыттара турбута да баар. Бу холобур миигин улаханнык кэлэппитэ. Итинник сирэйэ-хара±а суох дьону албынныыр, сэниир быґыы-майгы тугу оІоруо суо±ай! Саха сирэ сырьены хоро таґан атыылыыр холуонньа±а кубулуйда. Таас чо±у, руданы атын да сир баайын таґарга тимир суол, газ, ниэп турбатын тардыы, электролинияны тардыы, ГЭС-тэри эбии оІоруу, буортулаах собуоттары тутуу о.д.а. барыта сиртэн хостонор баайы супту оборуу политиката. Аны сиртэн хостонор баайдаах сирдэри бас билиилэригэр биэрии иґигэр, дириІэр киирэн бара турар. Холобур: бастаан АЛРОСА- тан киирэр нолуогу былдьаспыттара, онтон акциятын, онтон баайын-дуолун, онтон сирин-уотунѕНоруот сиртэн хостонор баайын политикатыгар кыттыспат буолла. Ол аата Былаас уонна норуот икки арда муннарар ыраахха кубулуйда. Бу муннарыыны, бу туманы тірдµс былаас -Бэчээт дьай±ардан тыалырдан, ырааґырдан, бэйэ-бэйэни кытта утарыта кірсін олорон ійдіґµµ туругар тийэрдэн, ыстаан, ситимнээн биэриэхтээ±э. Биґиги ИБЭ-бит улугуруу, сіп тµбэґэ сатааґын, бэрт буолуу туманыгар харааччы мунан хаалла. Россиябыт Азия, Чуумпу акыйаан дойдуларын, ордук кытайы кытта куомуннаґыытыгар Дальнай Востогу, Сибиири туран биэриэхтээх. Сµµґµнэн мілµйµін кытай олоро µлэлии кэлиэхтээх. Биґиги биир да мілµйµін кытай кэллэ±инэ омук быґыытынан симэлийэ суураллыахпыт. Ханнык да олоІхо бырагырааммата быыґыа суо±а. Омукпут, дойдубут инники дьыл±атыгар тµґээн да баттаппатах олохпут кэлэн иґэр. Ону билэр буолан урукку бирисидиэммит Николаев "Ґс хочо” резервациятын тутарга этии киллэрэ сырытта. А.Томтосов 40 сылынан саха суох буолуо диэн хаґыакка эппитэ дииллэр. ЮНЕСКО эмиэ оччо кэминэн саха тыла ілір диэн испиэґэккэ киллэрбитэ. Былаас, бэчээт то±о бу туґунан тугу да саІарбат? Тірµт олохтоох омуктар бу уларыйыыларга хайдах буолабыт, хайдах тыыннаах хаалабыт дуу, дьµґµн кубулуйан устунан умуллар уґукпут кэлэр дууѕБылааспыт хайдах олоххо тийэрдэрин, ханна сирдээн иґэрин то±о чуолкайдык, чопчулаан, чахчылаан саІарбатый? Партиялар, общественнай хамсааґыннар туґунан эттэххэ, Эдиинэйдэр эбэтэр, " биир сомо±о ньыгыллар” Путин олорор кэмигэр былааґы барытын тµмэн, россиянин сырайдаан, РФ регионнарын "биир сомо±о ньыгыл” оІорорго µлэлээтилэр. Ол тµмµктэрэ биґиги республикабытыгар хайдах кістірµн ити µіґээ эттим. Бу партия бэйэтин кэмин империя хабааннаах, великорусскай шовнизм тыыннаах сыалын соругун сµнньµнэн ситистэ. Итэ±эстэрин оґорунарга "национальнай бырагырааммалар” киллэрилиннилэр. Норуот эмиэ тулуйар уонна кэтэґэр эрэлэ µіскээтэ. Путин бирисидьиэннээн бµтэн да баран, сµрµн быґаарар оруолу ыґыктыам суо±а диэн "уоскутар”. Дьэ ол онно бэлэмнэнэн "Справедливая Россия” диэн саІа партияны тэрийэр. Тойоттор, "сіп тµбэґээччилэр”, бюджеттан тутулуктаах олохтоохтор партиялара буолуо±а. Аныгы сиэмэх µйэ±э, сиртэн хостонор баайынан эрэ тыыннаах хаалар кыахтаах биґиги республикабыт тірµт олохтоохторугар, экологтар партиялара уонна ханан эмэ туґалыан сіп аграргниктар партиялара баар дии саныыбын. Ордук экология боппуруоґунан аІардас айыл±а эрэ буолбакка, духуобунас, култуура, киґи, омук, тірµт олохтоох экологиятын киллэрэн кэІэтэн биэрэн аан дойду таґымынан киирсэн туґаны а±алыахпытын сіп дии саныыбын. Аныгы µйэ±э сурунаал, хаґыат, ТВ, радио таґынан интернет информацияны ылыыга, тийэрдиигэ оруола кµн-тµµн улаатан иґэр. А±ыйах сылынан кини сµрµн буолуо. "Ытаабат о±ону эмсэхтээбэттэрѕ"
Хайдах туох буолабыт?
Бу буоллун хааллын сыґыаннаах бутуур ытыыр кэмІэ Бу, мэлэкэ тэлэкэ майгылаах мэлдьэх мээнэ тутулга Бу атыыланар албын аІаах муІаах турукка Хайдах, туох буолабыт хайа айан суолун тутабыт Хайа харам хараан хаґаас сµбэтин булабыт?
Мі±µллэ этиллэ, мірійдінір мілтіх мікµ тµгэннэргэ Міґµлгэ міккµірэ міІµрээтэ кілµінэ ілµірэ кі±µрээтэ. Ким кимэ, туох туга туокката суолтата тутахсыйда Тулаайах илээйэх санаа±а тус туґа эрэ туругурда. Дойдулаах, тірµт олохтоох дьоґун суолтата тµстэ Омук уратыта, дьиктитэ уталыйбакка эмиэ бµктэ.
Хаґыырар харчылаах харалтата µігµлµµр µптээх салалтата Баґылыыр кіґµлµµр балыыра баламат бардам сабардама. ЭппитиІ эппиэтэ иґиллибэт саІарбытыІ да тиґиллибэт Ґіґээ кіні былааска µітэн тийбэккин ол ыраахха. Бэйэ±ин бэйэІ дьаґанаргар бэрсибиттэрэ кыракатын Санаа±ын сайа салайынаргар сатамньыта суо±а эбитин
Тµµлээн тордоон сиэрилэр Тµµтэх сокуону суруйаллар Барытын баґылаан бараннар балыырдаах оло±у тµстµµллэр Биири биэс кынар оннугар бииртэн сэттэтин ылаллар Олохпун оннук дэґэ дэґэлэр онон манан олуйаллар ыгаллар. Оґорунар, эмтэнэр кыах биэрбэккэ сµґµрдэн сэтэритэн иґэллэр.
Бу буоллун хааллын сыґыаннаах бутуур ытыыр кэмІэ Бу, мэлэкэ тэлэкэ майгылаах мэлдьэх мээнэ тутулга Бу атыыланар албын аІаах муІаах турукка Хайдах, туох буолабыт хайа айан суолун тутабыт Хайа харам хараан хаґаас сµбэтин булабыт?
(Бу ыстатыйаны "Кыым”, "Ил Тµмэн” хаґыаттарга биэрэн кірдµм, таґаарбатылар)
7-11-2006.
|
Category: Коррупция |
Views: 1994 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 13 Ыалдьыттар (гостей): 13 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|