News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2009 » Олунньу » 16 » Тумус Мэхээлэ. Уххан дьыалатын көрө-истэ олоробут
Тумус Мэхээлэ. Уххан дьыалатын көрө-истэ олоробут | 19:04 |
Уххан дьыалатын көрө-истэ олоробут
«Былаастар Уххан Уйбааны хаайаары дьыала тэрийэ сылдьаллар үһү» диэн сурах Саха сирин тилийэ көппүтэ ыраатта. Онтон бэттэх ити сурах хоп-сип буолан дьоҥҥо-сэргэҕэ сылдьар. Туох кэпсээннэр онно баалларый? Арааһынай кэпсээн баар. Сурах-садьык, хоп-сип майгыта ураты майгылаах. Ону хайдах да салайбаккын. Тугунан да туппаккын. Сурах-садьык кимтэн тугу да ыйыппат. Кимиэхэ да наадыйбат. Кини туман курдук. Таптаабытынан устар. Санаабытынан сураҕынан суорҕан курдук бүрүйэр. Онто сорҕото ыыс-буруо, куруубай куруһун. Сорҕото хоп-сип хоруо-ириэ. Сорҕото сэтэрээн сиир уот. Онно ыыр-дьаар эбии-сабыы буолар. Быһа-хайа тартан кэпсии түстэххэ маннык саҥалар бааллар.
Бастакы кэпсээн: Борустуой дьон таһымыгар кэпсэтии. Былаастар Уххан Уйбааны хаайа сатыы сылдьаллар диэн сураҕы истээт: - Бай!? Ол тоҕо?! - Ээ, Былаастар Саха сирин баайын-дуолун атыылаабыттарын, норуокка тугу да тиксэрбэтэхтэрин, «мэҥэ бырайыактары» утарсар үһү. - Ол, хайдах былаастары утарсыбытый? Саа саадах тутан сэриилэспит дуо? - Ээ, суох, доҕор. Суругунан сэриилэһэ олорор үһү. Былаастар Саха сирин атыылыылларын, уоран сиэн байа олороллорун, айылҕаны букатыннаахтык алдьатыыга туруммуттарын саралыы тардан интэриниэккэ суруйар үһү. Ону сөбүлээбэккэ былаастар Ухханы сырсаллар үһү. - Оттон кырдьыктарын этиттэрэн сырсан эрдэхтэрэ дии! Мин, Уххан эбитим буоллар ханна эрэ «хайыһардаан» хаалыа эбиппин. Хайыһардаан да диэн, син биир ситэн сиир буоллахтара дии. Бээ-бээ, ол хаһааҥҥыттан Ухханы «норуот өстөөҕө» дуу, «тороскуус» дуу гыммыттарый? - Ээ, ыраатта. Дьыала тигэ сатыы сылдьаллар үһү. - Уххан Ыстыырабы ыыстаатаҕа. - Кинини. - «Ыстаалын кэмэ» эргийэн эрдэҕэ. Уххан тылынан баппакка онно киирэн биэрдэҕэ. Дьэ, эн даҕаны сэрэнэ сырыт. Уххан дьыалатын туһунан мээнэ кэпсии-ипсии сылдьыма. Кэбис, тылгыттан иилиэхтэрэ. Бу иирбэ-таарба олох ханна, туохха тиэрдэр?.. диэн өрө тыыналлар. Бастаан итинник курдук кэпсэтии барар этэ. Салгыы бардаҕын аайы кэпсэл сайдан барар. Иккис кэпсээн: Арыый билиилээҕимсийэр дьон таһыма. - Уххан, эмиэ, сүмэҕэ баппатах. Кинини утары Ньукулаайап туруммут үһү. - Хайаа?!! Мэхэйиил Эпиимэбис бэйэтинэн дуо? - Ээ, һуох. Били урут САПИ-га Тумууһапка үлэлээбит, кэлин «Эргиэнбаан» тойоно буолбут киһи. Билигин Ыстыырап көмөлөһөөччүтэ. - Хайа, эдэр баҕайы киһи этэ буолбат дуо? - Эдэр даҕаны билигин улахан тойон. - Ыстыырабы көмүскээн Ухханы утары туруннаҕа. Хайыай кыраны-хараны дьаһайсыбакка. Былыр, Лөгөй нууччаны көмүскээн саханы эһиспитигэр дылы дьыала буолаарай, доҕоор. - Оннук курдуктаах. Уонна Манчаары икки Чоочо икки майгыта күөрэҥнээн тахсан кэлээри гынар. Уххан дьыалата үүт-үкчү баран иһэр Уххан Уйбаан Манчаары Баһылай буолаары гынар быһыылаах. Бэйэтин арбанаары, дьоруой аатын ылаары угаайылаах майгыга былааһы үктэттэ. Былаастар онно киирэн биэрдилэр. Ухханы саха омугун аныгы Манчаарыта оҥороллоро буолуо. Уххаҥҥа сотору таас хайгыа пааматынньык тутарбыт буолуо. Дьыала онно баран иһэр. Бэйэҕит көрүҥ:
Уххан аныгы Манчаары буолар оруола:
Саха омугун көмүскээччи. Саха сирин айылҕатын харыстааччы. Кыра-хара омук сирин баайыттан-дуолуттан маппатын араҥаччылааччы. Ол туһуттан хаайыыга да барарын кэрэйбэккэ, соҕотоҕун омугун аатыттан былааһы утары турааччы.
Ыстыырап аатыттан А. Ньукулаайап Чоочо буолар оруола:
Саха сирин баайа атыыланыытын араҥаччылааччы, кыра-хара норуокка тугу да тиксэрбэт туһуттан атын кэлии дьоҥҥо тугу барытын туран биэрии, Саха сирин айылҕатын алдьатыыны өйөөһүн ол туһуттан норуот уолун хаайыыга уктарыы. Уххан билигин биир эрэ баҕалаах. Аныгы Манчаары буолар санаалаах. Манчаары эмиэ хаайыыга барбыта. Ойуунускай көҥүл иннигэр эмиэ хаайыыга өлбүтэ. Киниэхэ болуоссакка тулаһаҕа таас хайгыа турар. Саха тыйаатырын иннигэр. Уххан Саха Дьоруойа буолар муучуну ааһар баҕалаах. Норуотун иннигэр хаайыыга да барарын кэрэйбэт киһини ким ытыктаабат буолуой? Кэнэҕэски Уххан Уйбаан аата номоххо сылдьыаҕа. Кини туһунан норуот ырыа ыллыа. Оттон угаайыга киирэн биэрбит А. Ньукулаайаптаах норуот ыыһыгар-кырыыһыгар, киһи санаата хоноругар киирэн биэрэн эрэллэр. Дьылҕа киирэн биэрии кинилэргэ тус бэйэлэригэр үчүгэйи аҕалбат. Чоочо иилии эстибитэ. Оннооҕор Ыстаалынтан туох да суох. Мэтириэтин кытта тэпсибиттэрэ. Туох гынаары итинник дьылҕа угаайытыгар илэ өйүнэн киирэн биэриэххэ сөбүй? Сыыҥа сыраана, ыыра-дьаара сыта-сымара тыыннаах туххары батыһа сылдьарын билэ-билэ. Олоҕо инники, оҕолоох-уруулаах эдэр киһи киирэн биэрбэт абааһы дьыалата. Сыыһыы барда! Угаайы түмүгэ Уххаҥҥа эрэ туһалаах. Манчаары буолбат киһини Манчаары гына сатаан эрэҕит. Соруйан оҥоро сатыылллар дуу, хайыыллар дуу? - Чэ, дьаабылана сырыттыннар. Биһиги дьыалабыт кыра. Киһи көрү көрөөрү олох олорор. Көрөн иһиллиэ буоллаҕа дии. Итинник дойҕох кытта баар. Норуот хараҕа кыраҕы. Сыыһа дойҕохтообот. Дьыала саҕаланан эрэ турар. Көннөрөр кыах толору баар. Уххан Манчаары буолуон кэриэтэ дьыала тохтуохтаах. Тарбахтан эмэ сатаан буруйдуу сатыыр туһата суох. Туох да буолбатаҕын курдук, олох салгыы барыахтаах. Олох бэйэтэ көрдөрүө. Атын суол тобуллуо. Туораттан кыттыһар санаам суох этэ. Хойох дьыалатыгар биккиллиэхпин баҕарбаппын. Маннык сүллүүннэн барар буоллаҕына дьыала салгыы дириҥиир туруктаах. Былаас уонна норуот икки аҥыы буолуута дириҥиир. Ону санатан ааһаары суруйабын.
Тумус Мэхээлэ
|
Category: Моё дело |
Views: 4211 |
Added by: uhhan
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 30 Ыалдьыттар (гостей): 30 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|