Олунньу 27 к киэһэ 5ч уонна 8 ч. Өксөкүлээх киинигэр "Олоҕум тойуга" диэн Чолбон бөлөх кэнсиэрэ буолар. Кэнтиктэн
Чолбоҥҥо Туохтан
маннык эбитин Кыайан өйдөөн
тиийбэппин Сааһырдахпыт
аайытын Күн
сырдыга
кэрэтин... (Тумус.
«Кэнтик» бөлөх биир бастакы ырыата)
Сахаҕа биллэр-көстөр үгүс
ырыаһыттарбыт - мусукааннарбыт, бөлөхтөр - ансаамбыллар бэлиэ, дьоро
күннэрэ буолуталыы тураллар. Үгүстэр шоу – суоҕу бэрэлиир майгытынан
тута сөрөөн, улахан бэлэмэ суох хомуур кэнсиэртэри оҥордулар. Ким
хайдаҕа, хайдах эбитэ эмиэ онно
көһүннэҕэ... Олох суола түмүктэнэр
сирдэригэр Ыйытыаҕа
эйигиттэн баҕар
санааҥ Ааһан
сүппүт күннэр
суолталарын Ирдиэ
баҕар чопчу тутан,
кутуҥ-сүрүҥ...(Тумус.
1979
c.
«Кэнтик» бөлөх.) Бэлиэтиир сөп
буоллаҕа, дьыл – хонук, олох ааһан иһэр. Олорбут олох, сылдьыбыт сырыы,
үлэлээбит үлэ түмүктэрэ, айан-тутан ааспыт олох майгыта бу күн
эргиллэр, онно көрдөххө хайдах-туох эбитин сыана быһарга, махтанарга
тоҕоостоох. Күн сиригэр
төрөөммүт Күлэн
оонньоон
хоргутан Олороохтоон
ааһарбыт Кылгас
түгэн эбит ...(Кэнтик
1980
c/) Ити
сиэринэн Тумус Мэхээлэ "ЧОЛБОН» аан бастаан «Кэнтик»
диэн ааттаах эрдэҕинэ, айбыт ырыаларын сөргүтэн оҥорорго
былааннаммыта. Манньыйан
туруоҥ Уйадыйа
көрсүөҥ Кэмиҥ
ыган түүрэн
кэллэҕинэ Соргулаах
түгэн, соруммут
күнүҥ Кэтэспэх
күҥҥэр-дьылгар
кэллин Соргулаах
түгэниҥ Соруммут
күннэриҥ...(Соргулаах
түгэн) -Чолбоннор»
сөбүлэһэн, манна кэлэн дьарыктаммыттара. Түмүгэр түөрт түһүмэхтээх,
өтөрүнэн көрбөтөх кэнсэрбитин көрдүбүт. Истибэтэхпит ырааппыт да эбит
маннык таһымнаах оонньууну. Хайа да түгэҥҥэ мин талааны ытыктыыбын.
Чолбон кыаҕын иһинэн сүгүн кэнсиэртээбэтэҕэ олох
ыраатта Кыра элбэх
кыһалҕа Кыһалаҥа
бүппэккэ Атын
суолга
аралдьыйан Иҥэр
сүтэр
олоҕуҥ Таҥара
билэр бэйэтэ Туохтан оннук
буоларын Олох
элбэх
эндирин Биэтэк
тэҥниэ барытын...
(Кэнтик. «Таҥара
бэйэтэ
билэр) Чолбон
15 сылыгар Сэмэн Архипов, кэлин
«Чолбон-Легенда» диэн Карл Сергучев улахан
кэнсиэртэри тэрийэн тураллар. Онно сылдьан турабын. Бу курдук буолбатах
этэ. Тумус уоннна мин тэрээһиннэрбитигэр эмиэ кэлэн оонньообуттара.
Үрдүнэн-аннынан, сыыһа-халты, тийиммэт-түгэммэт быһыы-майгы элбэҕэ
бэрдэ . Бэрт былдьаһыы
бэрэтэ Ымсырҕаһыы
айдаана Ордугургуу
көрүүттэн Ууга
уокка
түсүһүү...(Таҥара
бэйэтэ билэр) Бу соторутааҕыта
Бороҕоҥҥо көс түһүлгэҕэ тахса сылдьан оонньообуттарыгар, ол 25 сыллаҕы
ырыаларыттан тэйбиттэрэ көстөн олороро. Тумуска
: -Дьэ хайдах оонньуугут?- диэн улаханнык саарбахтаан
ыйыппытым. -Дьарыктаннахтарына бэттэх кэлэллэр ини..- диэн
буолбута. Икки нэдиэлэ кэриҥэ эрэ хаалбыт этэ. Уолаттар Тумустуун
күүскэ дьарыктанан, эрчиллэн Бороҕонооҕу быһыыны кыккыраччы мэлдьэһэн
кэбиспиттэр. Куоластара антах, истэриттэн кыайан тахсыбат этэ, доҕоон,
ис сүр оонньуута да суоҕа.. сөхтүм, дьарык кэнниттэн барыта эргиллэн
кэлбитин. Ис күүстэрэ санаа буолан саҥардаҕа, этии буолан
эттэҕэ. Көхсүҥ иһэ
куччаан Кутуҥ
иэнэ
аччаан Санааҥ-онооҥ Түһэр
күнүн
көрсө Тэмтэрийэр
кэмнэргэр Тэбиэстэн
тураар Тирэх
буоллун
абаҥ-сатаҥ Туһааннаах
сорсунуҥ Соргуну
уунуоҕа Ээй,
соргуну
уунуоҕа...(Соргулаах
түгэн.) 1981-84 cc.
Тумус аан бастаан Кэнтиккэ сэбиэттии сылдьан «Кэнтик» диэн бөлөҕү
тэрийэр. Анатолий Иннокентьев-Сымпа бас
гитара, Киэсэ
Халанников,Юрий
Алексеев-ударнай. Онно Намтан Ылдьыын
Сааска, Үөһээ Бүлүүттэн Бахлай Дьууруй,
Грузин Сааска кэлэн оонньууллар. Оччотооҕуга эдэр ыччат
кутун туппут ырыалар: « Дьоллоох этим диэҥ,
баҕар», «Оҕо санам оонньуута», «Кэлин кэрдиис кэмнэргэ», «Элбэҕи
олохтон ирдээмэ», «Таҥара бэйэтэ билэр», «Хаһан эрэ», «Соргулаах
түгэн», «Санаатым бүгүн», «Тот үйэ дорҕооно», «Хаммат баҕа», «Дьон тыла
иҥниэ, баҕар диэн.», «Дьоро киэһэ», «Ындыар дьыала», «Илиигин
уунаар» Кэнтиккэ суруллубуттара. Тыллара
барытын кэриэтэ Тумус киэннэрэ. Тумус 1979 c. хоһоон суруйан саҕалаабыт
эбит. 1984-86
cc.
тохтобул. 1986 c. Намҥа мусталлар. Үс бырааттыы Намолий, Саша, Гриша
Ылдьыыннар киирэллэр, куолас хотон, бөлөххө Нам колхуоһун аатынан
«Чолбон» диэн
иҥэрэллэр. 1986-87
cc.
20 ырыаттан турар «Ый анныгар санаа» диэн альбому
суруйаллар, күүскэ гастроллууллар. 1988
c.
Тойук майгытыгар «Көстүүлэр», «Уһук хоту дойдуга»,
«Тыгын кырдьаҕас саҕаттан» диэн тойук-ырыалары
оҥороллор. Кэлин кэрдиис
кэмнэргэ Кэтии-маныы
сатыыбын Кэрэ кэскил
баҕатын Көрдөөн
була
сатыыбын...(Тумус.1980
с.) 1989
c. Тумус атын бөлөхтөргө
рок хамсааһыны тэрийэ, муусукаҕа сахалыы майгыны тэнитэ барар.
«Айталларга» тийэн ити дьыл «Санаалар»,
«Тайҕа уоттара» диэн альбомнары таһаарар. 1990
c.
«Чорооннорго» :»Сыттыкка сытар санаа», «Дьэ буолан
эрдэҕэ», «Мин эйиэхэ тийиэҕим», «Хаһан баҕарар, кэлин даҕаны» диэн
композициялары оҥорор. 1992
c.
«Сэргэлэргэ» тийэн эмиэ биир композицияны
оҥорор. Киэҥ аартыгы
тэлэммин Киэҥник-куоҥнук
хардыылаан Ытыктабыл
ыламмын Иилиэм диибин
дьоннорбун Элбэх
санаа
кыымнара Эһиэннэрэ
миэннэрэ Сыска-буорга
тэпсиллэн Хаалаахтыыллар
халтайга...(Тумус.
Кэнтик.) 1992
c.
«Голос Азии» фестивалга Чороон, Чолбон, Айтал, Сэргэ,
Тумус кытталлар. Чороон финалга киирэр. 1993
c.
Финляндия. «Чороон» уонна «Айтал» Тумус «Алаас ырыалара» муз.
спектаклынан, «Маҥан ат» (Айталы)- Тумус композициятын оонньууллар.
Тыйаатыртан Симон Федотов, Афанасий Федоров, Степанида Борисова
кытталлар. 1994 с. «Айталы»,
«Чолбон» Тумус, С. Борисова, И.Дакаяров Франция-Италия аан дойдутааҕы
аатырбыт театральнай фестивалга кытталлар. Айталы «Сарыал тыына»
этничэскэй композицияны
оонньуур. «Чолбоннор» бу иннинэ
Санк-Питербурга, Москваҕа аатыра оонньууллар. Бары билинэллэр,
аат-суол, киэп-хаап бөҕө буолар. 1995
c.
«Чолбон» Гонконг-Финляндия дойдуларынан
гастроллуур. 1996-97 сыллартан
«Чолбон» мөлтөөн-ахсаан барар. Фонограмма үйэтэ кэлэр. Хата бу кэмҥэ
Тумус, Г.Сергучев тэрийбит «Дапсытын»
сахалыы тыыннаан таһаарар. «Таах саҥа», «Сарыал тына» диэн классика
буолар альбомнары суруйаллар. 2007
сыл тыыннаах муусука Саха сиригэр хаттаан эргиллэр дьыла
буолан эрэр. Тыыннаах муусука көс түһүлгэлэрэ үс улууска
буолла. Муус устар 4 к. Опера
уонна Балет театрыгар Тумус тэрийиитинэн Карл Сергучев режиссердаан
«Чолбоннор» дьикти, хатыламмат кэнсиэртэрэ буолла. «Айталлар»,
«Чорооннор» эмиэ юбилейдаатылар. «Чолбон» хантан
саҕалаабыттарыгар, бастакы ырыаларыгар төттөрү түһэн, уруккуну санаан
оонньуулларыгар кукка-сүргэ баар, долоҕойго хаалбыт уһуктан,
эттэрэ-хааннара уһуктан умайан таҕыста, тыын
кэллэ. Эргиллиэҕэ
эмиэ Самаан
сайын
кэлиэ Куккар-сүргэр
тыллыы
биэриэ Тубарсыйбыт
дууһаҥ Көҥдөйдөммүт
кэмэ Ааһан
барыа, иҥэн
сүтүө Тыллыаҕа,
ситиэҕэ Дууһаҕар
эйиэхэ...(Тумус.
1981c.
Соргулаах түгэн.) Тумус уонна
«Чолбоннор». Айар хомуһун алтыһыннарбыт айылҕаттан айдарыылаах
мургуннара уонна туйгуннара ыллаан-туойан ааспыт ырыалара тойуктара
оччотооҕу кэмҥэ кукка-сүргэ тийэрдии иһиллибитэ. Билигин да биһирэмэ
сүппэтэх, суолтата суураллыбатах. Кэнсиэр
бастакы түһүмэҕэр Кэнтик кэминээҕи ырыалар бардылар.
Иккискэ Чолбоннор иитэн такайан таһааран
эрэр, Үөһээ Бүлүүттэн үс саҥа тэриллибит бөлөхтөр оонньоотулар.
Сүнньүнэн оскуола
оҕолоро. «Мохсоҕол» (сал. Гаврил
Сазонов-Соһуон Гончуос) Бахлай иитиллээччитэ. Баларга үчүгэй
гитаристаахтар эбит. Бу Соһуон өссө
«Тосхол» диэн Үөһээ Бүлүү оскуолаларыттан
хомуур састааптаах бөлөҕү «соһор» эбит. Баларга бас гитара
сэргэттэ. «Кэскил» диэн Ороһу
орто оскуолатын оҕолоро (сал. Роман Кыһылбаайыкап). Бу бөлөххө
солистарын бэлиэтии иһиттим. Эдэр бөлөхтөр Чолбону, бэйэ-бэйэлэрин
үтүктүспэккэ тус-туспа суол көрдүүллэрэ көстөр. Чолбоннор соҥнообокко
оҕолор бэйэлэрин буочардара туох тахсарынан такайаллар эбит дии
санаатым. ...Ол да буоллар
сэгэрдээр Баҕарабын мин
бүгүн Бары дьикти
кэрэни Элбэх-элбэх
тапталы Көрү-нары
тэрийиҥ Көхтөөх
буолуҥ эдэрдэр Уруй буоллун
оонньууга Дьоллоох буолуҥ
дьоннорум..(Тумус.1981с.
Бахлай бастакы
ырыата.) Үһүс
түһүмэххэ«103» уонна «Уран»
бөлөх «Чолбон» репертуарыттан оонньоон иһитиннэрдилэр. «103» эдэр бөлөх
«Чолбон» аатырбыт «Хотойун» уонна «Көмүс абылаҥын» толордулар. Хотойу
кыайбатахтара. Иккис ырыаны бэйэлэригэр сөп түбэһиннэрэн уратытык ааҕан
толорон сэргэттилэр. Ураннар «Мин ыллыырым эйиэхэ» диэн урукку
ырыаларын кыайан аахпатылар. Уонна Виталий Власов
«-72» тугу эрэ бэйэтин киэнин оонньоото, элбэх, кураанах
гынан баран тыастаах тыллары
эттэ. Көҥүл олох элбэх-талбах
кэрэтин Алта
харах куоһуругар
уураҥҥын Үчүгэйин,
үрүмэтин,
сүөгэйин Үрүт
өттүн
холбуйаҥҥын Үүйэ
тутан
олбуйаҥҥын Ылыам этэ
диэҥҥин Санаама-а...
(Хаммат баҕа. 1982
c.
Кэнтик.
) Төрдүс
түһүмэххэТолору састаап, бары бааллар. Манна
«Бүлүү», «Уруһуйдаан ыллыаҕым, «Дьоро киэһэ»,
«Килэмэн», «Ыллыам этэ», «Ындыар дьыала»,
«Хотой» диэн аатырбыт ырыаларын көрөөччүлэргэ
бэлэхтээтилэр. Туох диэн этиэҥий, көрөөччүлэр
куттарыгар-сүрдэригэр иҥэринэн, астыммыт-дуоһуйбут иэйиилэрин дохсун
ытыс тыаһынан биллэрэ олордулар. Түмүккэ саала барыта туран «Хотойу»
хос-хос ыллатан уҕараабат ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар. Көрөөччү
маннык, ырыа -тойук эйгэтигэр махтаммытын, астыммытын көрбөтөҕүм
ыраапыт да эбит. Чолбон диэн –
Чолбон! Хаһан эрэ күнүҥ
тыгыа Күлүмүрдүө,
күөлгэ
түһэн Көччүйүөҕэ
күөх
сирэмҥэ Кэрии
тыаҕа кэҕэ
этиэ Кэпсиэ-ипсиэ
кэрэ
кэми Миэхэ
буотах, миэхэ
буотах Миэхэ
буотах, атыттарга...
(Хаһан эрэ с.1979 с. Тумус бастакы
ырыата) Мусукааннар үгүстэрэ
сырыттылар, астыммыттар. Бу өрө тутуу, билинии бэлиэтэ. Анаан-минээн
тыаттан кытта тийэн кэлбиттэр. «Чолбон» үйэ чиэппэрин
бэлиэтээһинин кыра хобдоҕо диэн, биир да тойон-хотун суох, биир да киһи
эҕэрдэлээбэтэ. Былаас «Чолбоҥҥо» сыһыана урут хайдаҕый да уларыйбатах.
Былаас бэйэтин «тапталлаахтарын» биэбэйдиир. «Чолбон» таптала-норуокка,
кинилэр айымньылара, ырыалара-тойуктара норуот өйүгэр-санаатыгар,
сүрэҕэр-быарыгар сөҥөн сылдьыахтара. Кэнэҕэски ыччат кинилэртэн
үөрэниэҕэ. Билигин сабардаан, өрө тутуллан сылдьар бааһынайдыы-хоролуу
майгы сиик курдук симэлийэн сүтүөҕэ. Киһи дууһатыгар туспа
эйгэни аҕалар ырыалар-тойуктар сэдэхтэр. Чолбон бу кэнсиэрин көрбүт
дьон, бу ахтылҕаннаах сырдык иэйиилэрин үйэлээх-саастарыгар умнуохтара
дии санаабаппын. Ол буолар «Чолбон» улуута! Хайа баҕарар
көлүөнэ илдьэ сылдьар истиҥнээх, иһирэхтээх, ис- дьиҥнээх, ис-чиҥнээх
буолар. Ол таһымнаах. Бэйэтэ ураты тыыннаах. «Чолбон» бэйэтин
көлүөнэтин тыынын илдьэ сылдьар. Култуура, искуустуба, литература
эйгэтигэр, көлүөнэ эйгэтин тыынын, истиҥин, иһирэҕин илдьэ сылдьар
бөлөхтөр, түмсүүлэр суохтарын тэҥэ, сэдэх көстүү. Билиҥҥи бааһынайдыы
маргынаал майгы ону аҕалбат. Төһө да уруйдаан, арбатан ону ситиспэккин.
Харчы. Былаас үрдүгэр үҥкүүлээн аат-суол ылыахтарын сөп, ылаллар
даҕаны. Олортон кут-сүр эйгэтигэр суохтар.
Тоттук үйэ
дорҕооно Туора
топпут
бэлиэтин Аргыстара
буоланнар Арыаллыыллар
олоҕу...(Тумус.Тот
үйэ дорҕооно) Тугу
этэбин: -Аныгы үйэҕэ, доҕуһуоллаах ырыа-тойук
классиката диэн баар буолар эбит буоллаҕына, онно «Чолбон» Тумус
айымньылара буолуохтара. Оннук да сыаналаныахтаах! Тумус искуустуба
деятэлин үтүөлээх аатын, Ылдьыын Сааска, Бахлай култуура, үтүөлээх
артыыс аатын ылыахтаахтар этэ. Тыыннаах классиктар
буоллаҕа. Ханнык сылаас
сымнаҕас Кэрэ
нарын
тыллары Булан
талан
билигин Этиэхпин
билбэппин...(Элбэҕи
олохтон
ирдээмэ) Уххан.
Дьуур
Бахылаай | "Түгэни ыытыма" |
Мондо
Һааска |
Суол буолан баран
дьуолката, Айан буолан баран
эркээйитэ суох буолбат Киһи олоҕун
суола кэннигэр субуллан анаараа ааспыкка хаалар. Сылдьыбыт сириҥ
элбэҕэ, эриирэ-буруура санааны муннарар. Арай, хаалларбыт эркээйилэриҥ
уонна суолгар охсубут дьуолкаларыҥ кылбаһан көстөн тураллар. Олору атын
киһи эмиэ көрөр. Онон эркээйилэргэ уонна дьуолкаларга ыраахтан көрөн
муммакка чопчу тиийэҕин. Суола оспут да буоллун. Кэм-кэрдии, обургу,
оннооҕор буолуоҕу сотор. Охсуллубут дьуолканы тыа быыһыгар булан, манна
атыттар сылдьан ааспыттарын билэҕин. Хаһан, хайа диэкки баран
иһэллэрин, тугу гына сылдьыбыттарын сылыктаан, сыаналыыгын. Айан
айымньылаах буолар. Айымньыларыҥ хааланнар атыттарга дьуолка буолан
көстөллөр. «Чолбон» бөлөх суола-ииһэ эмиэ оннук. Айымньы
эркээйилээх суоллаахтар. «Чолбон» хаһан да киминэн да өйөнүллүбэтэҕэ.
Дьылҕата оннук буолуо. Сахалар талааннаах дьоннорунан
тамнаналлара, кинилэргэ наадыйбаттара, өрө тахсан иһэри сонун
тэллэҕиттэн түҥнэри тардан түһэрэр ураты кыдьыктаахтар. Ол
биллэр. Ити өнүйбэт омук бэлиэтэ. Чэ, ити
хааллын. «Чолбон» айымньыларынан күүстээх. Билигин сааһыран,
көҕүрээн, тарҕаһан бөлөҕүнэн оонньуу уурайа тамнаабыта ыраатта. Билигин
чолбоннор биирдэ эмит түмсэ түһэн оонньуу түһэн ылаллар. Кэнники
ырыаларын хомуурунньуга «Көмүс ардах» диэн этэ. Тахсыбыта ыраатта. Ол
кэннэ уу чуумпу буолбута. Арай, былырыын 25 сылбытын бэлиэтээн оонньоон
ылбыппыт. Онно Кэнтик эрдэхпитинээҕи ырыаларбытын сэлбийэн дьон
дьүүлүгэр таһаарбыппыт. Куоратынан, тыаннан тус-туспа баран
бииргэ түмсэр уурайбыта быданнаата. Ырыаҕа убаммыт ырыаттан
ырааппат, тойукка туулайбыт тойуктан арахпат диэбиккэ дылы чолбоннор,
син биир, ырыаларыттан арахпаттар. Ханна араҕыаххыный? Иитиллэн,
оонньоон кэлбит эйгэҥ буоллаҕа дии. Кыра эмит кыах баар буолла
да ырыаны өрө туппутунан сылдьаллар. Хаарыаннаах талааннар
харыһылтата суох таах хаалыахтарын хара күүстэринэн хардарыта бэрсэн,
искэ баар мөккүөрдүүн мөккүһэн, баччааҥҥа диэри
кэллилэр. Быйылгы дьыл «Чолбон» оонньуутугар кыра уларыйыылаах
буолла. Дьуур Бахылаай (Юрий Васильев) уонна Мондо Сааска
(Александр Ильин) буолан бэйэлэрин туспа хомуурунньуктарын Ньурба
«Долгун» Владимир Гуляев устуу-дьиэтигэр устан, оҥорон-тутан
таһаарбыттарын аҕалан, миэхэ иһитиннэрдилэр. Кинилэр соһуон гынан
иитэ-үөрэтэ сылдьар бас-гитара Гоньчуос Соһуонап (Гаврил Сазонов)
оонньоспут. Хомуурунньуктарын аатын «Түгэни ыытыма» диэн
бастакы ырыаларын аатынан быспыттар. Хомуурунньук уон түөрт ырыаттан
турар. Тыыннаах доҕуһуоллаах ырыа Саха сирин үрдүнэн тахсыыта
олус сэдэх буолбута ыраатта. Онон быйылгы дьылга бу улахан сонун быһыы
буолар. «Тыыннаах» толоруулаах диискэни истибэтэх быданнаата.
Барыта «ньаах» курдук, массыына оҥорбут доҕуһуолунан аныгы кэм туолан
турар. Онон бу сонун хаһыакка, иһитиннэрэр тэрилтэлэргэ хайдах
да бэлиэтэммэккэ хаалара табыгаһа суох. Баҕар ити «даҥ» доҕуһуоллаах
ырыалар ортолоругар соҕотох тыыннаах толоруу сүтүөн сөп. Бөх ырыа
быыһыгар түстэҕинэ ким да көрбөккө, истибэккэ хаалыаҕа. Ол
иһин суруйа сатыы олоробун. Суруйар, иэһим да курдук,
буолуо. Бииргэ оонньоон, биир өлүүгэ өлөн баччааҥҥа диэри
истэхпит дии. Бэйэм дьонум, диэн була сатыы-сатыы хайгыы
олоруохпун санаам буолбат. Хайдах баарынан быһыта
этиэлиибин. Уолаттар бэйэлэрин оонньууларын булбуттар.
«Чолбон» киэниттэн чыҥха ураты. Ол уратылаһыы төрдө чыыстай
гитарнай оонньуулаах доҕуһуол буолбутугар уонна гитараҕа оонньооһун
хаамыытыгар, сүллүүтүгэр олоҕурбуттара буолар. Гитараны истэн-истэн
кэлбит киһибин. Сол курдук, сөбүлүүбүн. Эдэр сааһым кини дорҕоонноругар
бигэнэн ааспыта. Ураты буочар үөскэппиттэринэн эҕэрдэлиэхпин
сөп. Саҥа оонньуу диэбэппин эрээри уратыйыы баар. Ол Мондо
Сааска оонньуур өҥүн үтүөтэ. Ураты гитараһыт. Туох диэххиний? Диир кыах
суох. Диирдээҕим буоллар диэм этэ. Онтум суох буолан истэн
астынабын. Хомуурунньугу сахалыы баҕайы барыылаах диэхпин
санаам олох буолбат. Ол оннугар Дьуур Бахлаай бэйэтин кимиэхэ
да суох туспа бараана баар. Омуктуу «drive» диэн. Ырыа барыыта,
бараана, киһини хамнатыытын аата. Дьуур Бахлаайга матыып «drive»-та
айылҕатыгар баар. Онтунан дьону хамсатан баччааҥҥа диэри ыллаан-туойан
кэллэҕэ. Хомуурунньукка 1-2 оннук хамсатыылаах ырыа баар буоллаҕына
хомуурунньук сэргээһини ылар. Бу хомуурунньукка оннук ис сүмэлээх
ырыалар хастар даҕаны. Өйдөөн истээриҥ эрэ. Сорох ырыаларга
сиэрэ суох элбэх ураты хаамыыларга охтуулар бааллар. Дойҕохтуур
«фантазия» аһары киэҥ. Элбэх хаамыы ырыа бараанын сыппатар. Көннөрү
истээччигэ оннук. Оттон муусукаһыт киһи истэр буоллаҕа дии. Элбэх
хаамыы, ырытыылаах, толкуйдаах буолар. Ол эмиэ ырыа сүмэтин
оҥорор. Мин истэрбэр бараанннаах ырыалар «Сэбирдэх ибирдээн»,
«Эрэл», «Кыах баар дуо?», «Атыммын диэмэ»
диэннэр. Хомуурунньук биир өссө уратылаах.
Өтөрдөөҕүтэ Умсуура диэн хоһуйааччы хайдах эр киһини бастаан
билбитин уонна дьахтар буолбутун туһунан хоһоон суруйан таһааран дьону
соһутан турардаах. Кэлин ол хоһоону уу иһэ-иһэ
хайҕаабыттара. Куһаҕан - сутуйуулаах диэн өс хоһооно баар.
Оннук «сутуллан» Владимир Гуляев диэн Ньурба хоһуйааччыта ырыа тыла
суруйбутун, бу хомуурунньукка «Олоххо олоҕу түстүүбүт» диэн «эротика»
ырыата киирбит. Ырыа эйгэтигэр бу бастакы «эротиканы»
аһаҕастык толоруу буолар. Куһаҕан да, үчүгэй да, диэбэппин. Сыһыан
аҥыы-аҥыы. Хайдар. Бэйэҕит истэн сыаналыаххыт. Ырыа тыллара,
ити «эротика» ырыа тылларыттан уратыта, ис хоһоонноохтор. Хоһоон
сиэригэр барсаллар. Арыый куормалара тутахтара ис хоһоонунан, син
бэрсэллэр. Чэ, кылгастык ситигирдик. Дьуур Бахлаайы,
Мондо Саасканы саҥа тыыннаах оонньуулаах хомуурунньуктара тахсыбытынан
эҕэрдэлиибин. Санныттан санаа сүгэһэрэ түстэҕэ. Буоларынан
буола, барарынан бара турдун.
Тумус
Мэхээлэ
|