Сахам кыыһын таптыыбын Сахам кыыһын таптыыбын Сымнаҕастай майгытын Сырдык ыраас мичээрин Сайаҕастай саҥатын Сахам кыыһын таптыыбын Уран нарын таһаатын Уйуһуйбат наҕылын Уостубаттай таптылын Сахам кыыһын таптыыбын Үлэ үөрэх үөһүгэр Үөрэ-көтө сылдьарын Үҥкүүлүүрүн ыллыырын Сахам кыыһын таптыыбын Эйэргэһиэн баҕардан Иһирэххэ сирдиирин Истиҥнэргэ илдьэрин Сахам кыыһын таптыыбын Туттар туспа тулуурун Туруулаһар эрэлин Туоххаһыйан ытыырын Сахам кыыһын таптыыбын Саппаҕырбат ыратын Саймаархайдыыр санаатын Сатабыллаах дьаһалын Кэлэр кэми киэргэтэр Кэрэ эйгэ кэһиилээх Кэтэһэрбит ахтарбыт Сахам кыыһа барахсан! Табар талар тапталым Талымастаах табыллыым Таайбараҥнаах таарымтам Сахам кыыһа барахсан! Туллар тутаах чахчыта Тумук сүрэх иччитэ Тула эйгэм ис дьиҥэ Сахам кыыһа барахсан! Күлэ сылдьар көлүччэм Аралы мичээр алааһым Айыым кыыһа айылгым Сахам кыыһа барахсан! Үөрүү төрдө үрүччэм Күлэр -үөрэр күнчээним Ырыам тыла ыйчааным Сахам кыыһын барахсан! Окко түспүт оҥоһуум Сиргэ түспүт сэбэрэй Сэгэттэйим оҕото Сахам кыыһа барахсан! Сахам кыыһын таптыаҕым Мичээр сырдык күлүмүн Харахтарын тырымын Минньигэстэй эбитин! Сахам кыыһын таптыаҕым Саастыыр үйэм тухары Саргылардаах сарсыммын Сарыал кыыһа кинини! Сахам кыыһын таптыаҕым Санаам экчи буоларын Ырам чахчы туоларын Ырыа курдук биэбэйбин! Сахам кыыһын таптыаҕым Хайа таппыт аҥаарбыт Хайҕаллаахай сэгэрбин Ханыылаһар доҕорбун! Сахам кыыһын таптыаҕым Орто дойду күөнүгэр Олорбутум аатыгар Оҥоһуубун төлкөбүн! Сахам кыыһын таптыаҕым Саха курдук сананан Сайаҕастай баҕаннан Сайар күннүү истиҥник! Саха дьахтара Саха дьахтарын саппаҕырбат сайдам санаата, Санаа тийбэт салбырҕастаах сатабыла, Күннээҕи олох күлүк буолар түбүгүттэн Күлүм чаҕыл, күлэр-үөрэр күнүскүнү түмэн, Кэлэр киэһэҕэ кэтэһиилээх киһи кини буолар. Кининнэн эрэ кэрэ эйгэтэ кэбэҕэстик кэлэр. Киһи киһилиитин киинэ - ийэ буолар. * * * Быстах остох да үлэннэн былдьаһыктаах олоҕу толорон Аччыктаабыты аһатан тохтообуту тоторон Буолар буолбат сырыыннан киэҥ хардыыны оһорон Иһили таһылы сылдьыыны иһигэр киллэрэн буһаран Олох оһуорун мандарын олус кэрэтик таҥар Тийбэти тэнитэн, сиппэти ситэрэр бүтэрэр-оһорор. Дьолу-соргуну түстүүр дьоһун саха дьахтара, * * * Саха дьахтара санаатын уурдаҕына сатаабата суох курдук, Иэрэҥ-саараҥ, илбиргэстээх,иэччэхтээх, иэҕиилээх, иэйиилээх Уурбут-туппут курдук уһун өрүүлээх санаалаах. Сатабыллаахтык салайтара, дьаныардаахтык дьаһайтара Бэриммит курдуга да билиэҥҥэ ылбыта баар, Барыта киниэнинэн буолар, санаабыта бары туолар. Ол курдук ордон тахсар оһуордаах оҥоһуулаах саха дьахтара. * * * Ийэ киһиэхэ иҥэр эбит дьикти дьоҕур, сайаҕас сатабыл. Барытын харыстыыр, араҥаччылыыр, Барыны бары аһынар, харайар талаан. Ааспыты ахтар, кэлбити кэрэхсиир Тулатын барытын тулаайахсыппат туһугар Оҕотун курдук саныыр, дьону барытын таптыыр. Иэримэ дьиэбит Иэйиэхситэ - ийэ буолар. Бары да, аҕалаах ийэттэн кэллэхпит, Атынтан кэлбит баарын билбэппин, Иһирэхпитин, истиҥмитин ирдэһиэҕиҥ Ийэҕэ эргиллиэҕиҥ - киһилиибитигэр киириэҕиҥ! Ийэ кут өйдөбүлэ иллэһиннэриэ иэгэйэр икки атахтааҕы! Ийэ айылҕа, Ийэ дойду, Ийэ тыл, Ийэ өйдөбүл, Ийэ итэҕэл - Иэйэр-куойар ис дьиҥмит, ис чиҥмит - Ийэ куппут! 2000 с. Уххан
|