Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2009 » Ыам ыйа » 4 » М. Тумус. Сардаана Осипова саамай үчүгэй кэнсиэрэ!
М. Тумус. Сардаана Осипова саамай үчүгэй кэнсиэрэ!
18:18
Сардаана Осипова саамай үчүгэй кэнсиэрэ!

    Сардаана Уоһукаба саха дьахталларын биир биллэр, туспа суоллаах ырыаһыта. Сүтэ сылдьан баран бу кэлиҥҥи сылларга, эмиэ, киэҥ эйгэҕэ тахсан үлэлээн, ыллаан-туойан эрэр.
    С. Осипова бэйэтэ туспа истээччилээх. Кини тыннаахтыы оонньонор доҕуһуолунан толорбут соҕотох кэнсиэрдин, бу соторутааҕыта түбэһэн көрдүм. Үчүгэй баҕайытык сынньанным уонна дуоһуйа майгыйдым.
    «Попсаа» диэн ааттыыр ыал аайы баар ырыаһыттар эйгэлэрин уруккаттан баарды гыммаппын.  «Попсаа» кэнсиэртэн дуоһуйа майгыйбыппын, сынньана истибиппин өтөр-наар өйдөөбөппүн.
    Баҕар, ол, бэйэтэ туспа төрүөттэрдээх буолуо.
    
Олор манныктар:

    Сардаана Осипованы инньэ «Сэргэ» бөлөххө ыллыы сылдьыаҕыттан истэбин. Кини тыыннаах доҕуһуолга биһиги саҕаттан ыллыы үөрүйэх.
    Бу сырыыга онтун салҕаан «Ый суола» диэн Майа оҕолорун Саха сиригэр биллэн- көстөн  эрэр бөлөҕүн кытта үлэлээн бииргэ ыллаата.
Бу тыыннаах доҕуһуолунан ыллаан дьоҥҥо-сэргэҕэ тахсыы өйдөөх хаамыы.
    Истээччини албынныы сатааһын суох. Дьиҥнээхтик ыллааһын. Аныгы ырыаһыттары ханна эрэ баран истиэх кэриэтэ дьиэҕэ сытан ыллыыр тэрили холбоон истибит көнө. Сиикэйи туттаралларын сөбүлээбэппин.
    Аныгы ырыаһыттар тыыннаах доҕуһуолунан саҥа ыллыы сатыыр буолан эрэллэр.
    Тыыннаах доҕуһуолунан кэнсиэр биэрбит аҕыйах.
    Дуоһуйуум биир төрдө онно сытар. Ол чуолкай.

    С. Осипова бэйэтэ туспа ыллыктаах ырыаһыт ахсааныгар киирэр.
    Саха дьахталларыттан бастакыннан симиктик тыҥаахтаан, тыҥатытыгар дорҕоонноон, ачаалыы майгылаан ыллааһын суолун маҥнайгыннан тыырбыта.
    Кини суолун майыарын батан, салҕаан тыҥааҕыргаан ыллыыр ырыаһыттар бааллар. Холобур, Ый кыыһа. Эмиэ тыҥаахтаан, ачаалаан ыллыыр. Онтунан тахсан ыллыы сылдьар.
    Оттон оҕону, дьахтары ачаалатар майгы хас биирдии киһи иһигэр айылҕатынан баар. Онон тыҥаахтаан ыллааһын киһи дууһатыгар эппиэт, хоруй булар. Истээччигэ тиийэр.
    Бу тыҥаахтаан ыллааһын суолун маҥнайгыннан тыырыы С. Осипованы ураты оҥорор.
    Кини нарын, симик тыҥаахтыыр куолаһын истэр баҕалаах киһи хайаан да баар.
    Кэнсиэркэ С. Осипова куолаһын доҕуһуоллуурга «Ый суола» бөлөх таба тутан доҕуһуоллаата.
    Оҕолор идэтийбит таһымҥа тахсарга биир хардыыны иннилэрин диэкки оҥорбуттар. Ырыаһыты убаастыыр, кини майыарын алдьаппакка көрөөччүгэ тиэрдии бу улахан ситиһии. Хайа баҕарар доҕуһуолдьукка оннук. Итигирдик, салгыы бэйэлэрин сайыннаран истиннэр.
    С. Осипова ырыаларын толоруута бэйэтин таһымынан оруобуна орто, иһирэх майгыннан уу сүүрүгүн курдук барда. Доҕуһуолу кытары алтыста. Кэнсиэрт итинник биир кэм, биир барыыннан толоруллуута эмиэ туспа табыллыы. Үлэ түмүгүн көрдөрөр. Оннооҕор, бу майгы улахан бөлөхтөргө мээнэ табыллааччыта суох. Билэр дьыалам.

    С. Осипова барыта этэҥҥэ буоллаҕына ыллыыр идэтин салҕаан сайыннарар майгыларын толору булуммут.
    Тыыннаах доҕуһуолу кытары үлэтин саҕалаабыт. Онто салгыы хаһан баҕарар салҕанан барар олукка киирбит. Доҕуһуолдьуттара бэйэтин тастарыгар баар буолбуттар. Хаһан баҕарар саҥа тыыннаах доҕуһуоллаах кэнсиэрди оҥорон ыллыахтарын сөп буолбут.
    Аны, С. Осипова бэйэтэ «кэтэх» бэйиэттээх. Кинини кытары Саха биир биллиилээх ырыа-хоһоон суруйааччыта Р. Плотников ыкса үлэлиир. Онон С. Осипова толорор ырыалара хаһан баҕарар таһымнаах, ис хоһоонноох буолаллар.
    Аны, доҕуһуолун аттаран оҥорооччута кэнсиэрдин аттаран ыытааччыта А. Босиков эмиэ аттыгар баар. Салгыы бииргэ үлэлиир кыахтара хара баһаам.
    Маннык тэриллиилээх модун кыах саха сиригэр хайа ырыаһыкка баарый?  Баар буолуон саарбахтыыбын.
    Ити ситим быстыбакка үлэлии турар буоллаҕына С. Осипова салгыы хайдах ыллыа суоҕай? Арай, бэйэтэ ыллыыртан кыккыраччы  аккаастаннаҕына эрэ инники үлэ кэскилэ суох буолуон сөп курдук.
    Ити барыта холбоһон кэлэр кэмнэргэ Р. Плотников ырыаларын, А. Босиков доҕуһуолларын, муусукатын, «Ый суола» бөлөх идэтийбит таһымҥа оонньуутун, Сардаана Осипова нарыннык тыҥаахтаан ыллыыр ырыаларын салгыы, сэргии истэргэ кыах баарын этэр.
    Үчүгэй. Тыҥаахтаан ыллааһын ырыаҕа бэйэтэ туспа сүмэ. С. Осипова ыллыыр майыарын уларыта сатыырыгар баҕарбаппын. Суолун тутан ыллыы-туойа сырыттын. Истээччини, син биир, булуоҕа.

М. Тумус.

    
    

    



    

Views: 2024 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2009  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 10
Ыалдьыттар (гостей): 10
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024