Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2009 » Ыам ыйа » 29 » Быдан дьылларга бырастыы...
Быдан дьылларга бырастыы...
22:50

Дойдум, дьонум туһа диэн

Быдан дьылга быралыйар бырастыы
Күн суолун тутуһуннарбыт,
Айыы аартыгар үктэннэрбит  
Ытык Учууталбыт Сайыына–Айыы Суола
Өр кэмҥэ бииргэ алтыспыт, үлэлээбит, күндүтүк саныыр, муҥура суох махтанар чугас киһибит, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Көмүлүөк» Духуобунас киинин директора Максимова Клавдия Ильинична – Сайыына ыам ыйын 23 күнүгэр эмискэ ыалдьан күн сириттэн барбытыгар оҕотугар Ньургуҥҥа, аймах-билэ дьонугар дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит.

   Ыам ыйын 23 күнүгэр Сайыына–Максимова Клавдия Ильинична айдарыллан, ананан кэлбит сирдээҕи олоҕун түмүктээтэ. Сайыына олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын, өйүн-санаатын үллэстибит чугас дьоно-сэргэтэ, аймах-билэ дьоно, элбэх ахсааннаах үөрэнээччилэрэ улахан Учуутал олоххо сыһыан хайдах буолуохтааҕын көрдөрбүт тиһэх уруогун сүрэхпитигэр сөҥөрөн, иһийэн, тулаайахсыйыы санаатыгар туттаран сылдьабыт.

   Саха аймах итэҕэлэ, өркөн өйүн билиитэ-көрүүтэ түмүллүбүт  сырдык күнүгэр – ыһыахха – бэлэмнэнии үлэтин үүннээн-тэһииннээн сарсыарда 9 чаастан киэһэ 4 чааска диэри Үс хатыҥҥа сылдьан баран, дьиэтигэр кэлбитин кэннэ, 7 чааһы 22 мүн. ааһыыта Сайыына олоҕу, дьону муҥура суох таптыыр уйан сүрэҕэ тохтоото...

  
Сайыына бэйэтин аналын чопчу өйдүүрүттэн уонна тулхадыйбат дириҥ итэҕэлиттэн олоҕун тиһэх түгэнигэр диэри дьонум-сэргэм, дойдум туһа диэн үтүөнү, кэрэни, сырдыгы эрэ тарҕатар күргүөмнээх үлэ үөһүгэр сырытта.

   Клавдия Ильинична 1949 сыллаахха муус устар 4 күнүгэр Сунтаар Түбэй Дьаарханыгар төрөөбүтэ. Ылбыт идэтинэн өр сыллар усталарыгар үтүө суобастаахтык оҕо-аймах эйгэтигэр библиотекаҕа үлэлээбитэ, үтүөлээх үлэһит аатын ылбыта. Кини айылҕаттан айдарыылаах, ананан кэлбит киһи буолан, саха аймах төрүт өйүн-санаатын, итэҕэлин ийэ кутугар илдьэ сылдьара. 

   20 сыл анараа өттүгэр дьон-сэргэ олоҕун хам туппут, үс кутун үрүө-тараа ыспыт «тиистээх-тыҥырахтаах тимир үйэ» ыар тыына халбарыйан, сырдык кыыма кыламнаабытыгар Сайыына бэйэтин сирдээҕи аналын толорон, дириҥ ис хоһоонноох, киэҥ далааһыннаах үлэтин саҕалаабыта. Бу билигин саха аймахха киэҥник биллибит «Бэйэни салайыы, сайыннарыы, чэбдигирдии» уһуйаана олох киэҥ аартыгар үктэниитэ этэ.

«Мутугунан быраҕар муҥур үйэ» диир урааҥхай саха. Кырдьык даҕаны, номнуо 20 сыл ааһа охсубут. Эттэххэ дөбөҥ. Оттон дьиҥэр төһөлөөх элбэх киһи сирдээҕи олох ыарахаттарыгар оҕустаран, кэлэр сирдэрэ кэлии үүтэ, барар сирдэрэ баҕана үүтэ буолан, тиһэх кыахтарыгар эрэнэн, Сайыынаны булбуттара буолуой?! Ааҕан сиппэккин... Сайыына уһуйааныгар саха киһитин түҥ былыргы төрүт билиитэ-көрүүтэ, итэҕэлэ уһуктара, олоххо тардыһыыта күүһүрэрэ. Сүүрбэ сыл устатыгар «Көмүлүөккэ» үтүмэн элбэх матырыйаал муһунна – бу барыта Айыы оҕотун туһунан Сайыына кэс тыла. Маны өйдөөн сүрэххэ-быарга иҥэрии, аныгы олох ыарахаттарын туоруур сүдү ньымаҕа кубулутуу билиҥҥи көлүөнэ дьонун ытык иэһэ.

   Үйэлэр кирбиилэригэр саха аймахха таһаарыылаахтык үлэлээбит, киһи сырдыыр аналын толороругар, айар-тутар суолугар үктэннэрбит, тускулун туттарбыт Ытык Учууталбыт Сайыына–Айыы Суола олоххо сыһыанын, көрүүтүн салгыыр үгүс элбэх үөрэнээччилэрин үөскэтэн, тэнитэн кэннигэр хаалларда. Билигин тыһыынчанан ахсааннаах урааҥхай сахалар «дойдубут, дьоммут туһа» диэн санаанан салайтаран, олохторун оҥостоллор.



                    
«Көмүлүөк» Духуобунас киинин үлэһиттэрэ



Саха дьоно сырдыырын туһугар олоҕун анаан, «Бэйэни салайыныы, сайыннарыы, чэбдигирии» уһуйаанын тэрийэн, утумнаахтык, киэҥ далааһыннаахтык үлэлээбит, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Көмүлүөк» Духуобунас киинин директора Максимова Клавдия Ильинична – Сайыына ыам ыйын 23 күнүгэр эмискэ биһиги кэккэбититтэн туораабытыгар оҕотугар, чугас дьонугар, аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит


Сайыына уһуйаанын истээччилэрэ









Views: 5006 | Added by: uhhan1
Total comments: 6
6 uhhan1  
26/05/2009 19:15
Сайыына сырдык µ³рэ±э ³рµµтµн тыыннаах буолуо±а.

Клавдия Ильинична Максимова-Сайыына «Ки´и бэйэтэ бэйэтин салайыныыта, чэбдигирдиитэ, сайыннарыыта» диэн у´уйааны айбыт, сайыннарбыт уонна ³р сылларга утумнаахтык ыыппыт, тар±аппыт сырдык санаалаах ки´ибит орто дойдуттан барбытынан бары чугас дьонноругар, аймахтарыгар «К³мµлµ³к» ¥µнµµ-сайдыы би´игин µлэ´иттэригэр дири² кутур±аммытын тиэрдэбит.
Сайыына сырдык µ³рэ±ин кини утумнааччылара салгыахтара диэн эрэнэбит.
Клавдия Ильинична-Сайыына сырдык, кэрэ сэбэрэтэ, намыын куола´а, дири² к³рµµтэ-билиитэ би´иги сµрэхпитигэр ³рµµтµн тыыннаах буолуо±а.

Кутур±аны кытта Таатта улуу´уттан
Сайыына у´уйааныгар µ³рэммиттэр

26/05/2009 19:05
Ушла из жизни Сайыына

Государственный театр оперы и балета Республики Саха (Якутия) имени Д.К.Сивцева – Суоруна Омоллоона с глубоким прискорбием сообщает о скоропостижной кончине 23 мая сего года верного друга театра, духовного лидера нашего общества Максимовой Клавдии Ильиничны – Сайыыны, заслуженного работника культуры РС (Я), бессменного директора Центра духовности «Камелек» при Управлении культуры и духовного развития города Якутска.

Пресс – служба ГТОиБ

26/05/2009 19:23
Ытык-мааны ки´ибит

Ытык-мааны ки´ибит,
¥тµ³ сана аргыстаах
Сырдыкка угуйбут
Тэтиммитин т³лк³л³спµт
Сахабыт сирин сырдык сулу´а
Максимов Клавдия Ильинична-Сайыына

кµн сириттэн хомолтолоохтук ыарахан ыарыыттан со´уччу олохтон барбытыгар чугас дьонноругар, аймахтарыгар, до±отторугар, «К³мµлµ³к» µµнµµ-сайдыы киинин µлэ´иттэригэр дири² кутур±аммытын тиэрдэбит.

Муома улуу´уттан
«Тэтим» тµмсµµ
26/05/2009 19:02
Ньурба улууьун дьаьалтата

От имени Администрации МР «Нюрбинский район» и Нюрбинского районного Совета выражаем глубокое соболезнование в связи с уходом из жизни уважаемого человека, народного целителя, заслуженного работника культуры РС (Я)
Максимовой Клавдии Ильиничны-Сайыына
её родным, близким и коллегам. Светлая память о ней будет вечно жива в сердцах и памяти её благодарных слушателей и всех тех, кто соприкоснулся с этим замечательным человеком.
За время своей плодотворной деятельности Клавдия Ильинична-Сайыына помогла и вылечила очень многим людям, была ярким примером добродетели.

I заместитель главы МР
М.С. Семенов


5 Камелек  
Ньурба улуу´уттан

Саха омук киэн туттар, айыл±аттан у´улуччу айдарыылаах, сµдµ талааннаах, дири²ник ытыктыыр ки´ибит – Максимова Клавдия Ильинична – Сайыына орто дойдуттан барбытынан дири² кутур±аммытын тиэрдэбит.
Муус устар ыйга Ньурба±а кэлэн, ³йбµтµн санаабытын саа´ылаан, уйул±абытын у´угуннаран, эппитин-хааммытын чэбдигирдэн, инникигэ бигэ эрэли са±ан, сайдарбытыгар уонна кэскилбит кэ²ииригэр киэн аартыгы арыйбытыгар махталбыт му²ура суох. Кылгас кэм²э бу сµдµ Ки´илиин алты´ан ааспыппытыттан бэйэбитин дьоллоо±унан аа±ынабыт.
Т³р³³бµт норуотун чэлгийэ сайдарын, бар±арарын ту´угар дьаныардаахтык ылсы´ан µ³рэппит дьонугар, кини сырдык м³ссµ³нэ сµрэхпитигэр, ³йбµтµгэр-санаабытыгар мэлдьи тыыннаах буолуо.

Ньурба куоратын «Кыталык»
култуура киинин µлэ´иттэрэ
уонна семинар истээччилэрэ

25.05.09 г., Ньурба куорат.


4 Камелек  
Дойдутуттан, Сунтаар улуу´уттан

Сунтаар улуу´а муниципальнай тэриллии уонна улуустаа±ы депутаттар Советтара биир дойдулаахпыт, норуот эрэнэр, дири²ник ытыктыыр, исти²ник и´ирэхтик саныыр ки´итэ Максимова Клавдия Ильинична – Сайыына ыам ыйын 23 кµнµгэр со´уччу ыалдьан кµн сириттэн барбытыгар о±отугар Ньургун²а, аймах-билэ дьонугар дири² кутур±аммытын биллэрэбит.
Клавдия Ильинична 1949 сыллаахха муус устар 4 кµнµгэр Сунтаар оройуонун Тубэй-Дьаархан нэ´илиэгэр т³р³³бµтэ. Талан ылбыт библиотекарь идэтинэн Дьокуускай куоракка о±о библиотекатыгар та´аарыылаахтык ³р кэм²э улэлээбитэ.
Кини айыл±аттан айдарыллан кэлбит буолан, Саха омук, омук бы´ыытынан сайдарыгар, ки´и айылгыта бэйэтин айыл±атынан сайдарыгар улахан бол±омтотун уурбута уонна оло±ун 20 сылын онно анаабыта. Кини µ³рэппит, у´уйбут дьонноро кини µ³рэ±ин салгыы туруохтара.
20 сыл устата Клавдия Ильинична сирдээ±и аналын толорон, Саха омукка киэ²ник биллибит «Бэйэни бэйэ салайыныыта, бэйэни бэйэ чэбдигирдиитэ, бэйэни бэйэ сайыннарыыта» у´уйаанын дьон-сэргэ ортотугар тар±аппыта, олоххо улахан сэргэхсийиини киллэрбитэ, сырдык сµµрээни олохтообута. Кини дьарыгар сылдьыбыт дьон билигин бэйэлэрэ эрэ буолбакка учууталларын µ³рэ±ин дьо²²о-сэргэ±э тириэрдэ сылдьаллар.
Дойдутугар Сунтаарга кэллэ±инэ куруук дьон-сэргэ оло±ун интириэ´иргиир уонна бэйэтин тылын-³´µн, сµбэтин-аматын куруук дьо²²о аныыра.
Сунтаарга буолбут у´уйаан истээччилэрэ «¥рµччэ» тµмсµµµ тэринэн кини суолун баты´ан, нэ´илиэнньэ±э араас элбэх ³рµттээх µлэни-хамна´ы, Саха ки´итин т³рµт билиитин-к³рµµтµн, итэ±элин, олоххо тарды´ыыны т³ррµттµµр.
Кµндµ ки´ибит Клавдия Ильинична-Сайыына кµн сириттэн барбытыгар улаханнык кутуруйабыт, ³рµµтµн би´иги ³йбµтµгэр-санаабытыгар куруук баар буолуо.

Сунтаар МТ ба´ылыга В.И. Тихонов
Улуустаа±ы депутаттар
Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Б.Е. Герасимов


3 Камелек  
ПОСТОЯННЫЙ ПРЕДСТАВИТЕЛЬ ПРИ ПРЕЗИДЕНТЕ РОССИЙСКОЙ ФЕДЕРАЦИИ, ПЕРВЫЙ ЗАМЕСТИТЕЛЬ ПРЕДСЕДАТЕЛЯ ПРАВИТЕЛЬСТВА 25 мая 2009г. №168

Примите слова глубокого соболезнования от имени постоянного представительства Республики Саха (Якутия) при Президенте Российской Федерации, от меня лично в связи с безвременной кончиной любящей матери, заслуженного работника культуры Республики Саха(Якутия), директора Центра духовности «Камелёк» Максимовой Клавдии Ильиничны - Сайыыны. Клавдия Ильинична - Сайыына была и навсегда останется в нашей памяти человеком преданным своему призванию, неутомимая созидательная деятельность которой оставили яркий след в республике. Скорбим вместе с Вами. Это невосполнимая утрата для всех нас, знавших её как творческую личность, талантливого и чуткого человека преданного идеалам созидания на благо своего народа. Выражаем искреннее сопереживание в этот трудный час всем родным, близким Клавдии Ильиничны - Сайыыны.

А.К.Акимов
Постоянный представитель
Республики Саха (Якутия)
при Президенте РФ.


2 Камелек  
с. Соморсун Амгинского улуса

Выражаем глубокое соболезнование родным и близким по поводу скоропостижной кончины Клавдии Ильиничны Максимовой – Сайыына. Проведенный семинар в нашем селе будет вкладом в духовном развитии и благополучии родного села.

МО «Соморсунский наслег»


1 Зоя Тумусова  
Соьуччу кутур5ан сурах дойдубуттан тиийэн кэллэ...Сахан сайынын керсеетун, Сайыына, Эн сурэ5ин тэбэрэ тохтообут...Айыыьытын аата таба таайыллан инмит эбит эйиэхэ...
Ула5ата кестубэт,кинкиниир киэн Куйаарга Эн нарын-намчы куоласкар уйдаран айанныыр этибит биьиги...Эн уьуйааннар сылдьаммын, Эн уерэххин ылынаммын, уйда дии мин сурэ5им ыар кутур5ан соьуччу тиийэн кэлбитин. Хааллардын эн биьигини - омукпут оло5ун дьоьуннук оностунуохтаах айанын суолугар уктэннэрээт...Еруутун еспеттук инэринним мин : Куйаарга ,Сирдээ5и олоххоТапталы,сахалыы мындыр,куустээх санааны.Махтал Эйиэхэ! Бырастыы! Тапталлаах дойдун сирэ-уота Эйиигин сылаастык кистээтин уйэлэргэ!

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2009  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 11
Ыалдьыттар (гостей): 11
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024