News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2009 » Бэс ыйа » 16 » Омук Уола. Тиһэх эрэл – депутааттарга.
Омук Уола. Тиһэх эрэл – депутааттарга. | 15:07 |
Тиһэх эрэл – депутааттаргаӨскөтүн «көҥүл өттүнэн холбоспут уруккулаах» буоллаххына хаһан да арахсар бырааба суох буолан тахсаргын аан дойду (ХНТ) бырааптара, сокуоннара этэллэр. Ол иһин «арахсыбат сорҕо буолар сокуону» оҥороору ити көннөрүүнү киллэрэн эрэллэр. Сирэй көрбөх буолуу сиэри таһынан буола сатаан баран, олохпут Төрүт Сокуонугар киирээри гыммытын сөрү диэн сөҕөн, дьиктиргээн – дьиибэргээн туран бу туһугар санаабын этэбин. Дойдутун туһугар ыалдьар хас биирдии киһи маннык быһыыны – майгыны хайдах да саҥата суох хаалларыан сатаммат. Бу курдук быһа – хото тыллары этэн баран тоҕо итинник санаалаахпын быһаардахха табыллар. История диэн - дьиҥ чахчыны баарынан суруйан хаалларыы буолуохтаах этэ да, биһиги туспутугар кубулҕат дьахтар курдук уларыйан – тэлэрийэн биэрэр. Төрүт Сокуоммутун эргитэ сылдьан куҥ этиттэн элийэ сатаан баран киирии тылыгар «Принимая во внимание добровольное присоединение в XVII веке Якутии к Российскому государству…» - диэн киһи өйүгэр баппат сымыйаны аҕалан сыбаары бырайыак оҥорбуттар. Бу туһунан историческай наука доктора, профессор Егор Алексеев этиитин биһирээтим. - XVII-с үйэҕэ өбүгэлэрбит сахалар нуучча судаарыстыбатыгар баҕа өттүнэн холбоһуу суоҕа. күүс өттүнэн сэриилээн ылыы баара диэн. Салҕыы ааҕабыт: «Баҕа өттүнэн холбоһуу» диэн кэнсиэпсийэ 1957 сыллаахха КК соҥнообут бэлиитикэтинэн киллэриллибитэ. . Онон маннык этии Төрүт Сокуон аан тылыгар киирэрин төрдүттэн утарабын » - диэн («Кыым» хаһыат 20 №(21912)) суруллубута. Бары билэбит: 1957 с дылы дьиҥнээҕинэн «Колонизация Якутии» (С.А.Токарев о.д.а) историческай кэнсиэпсийэ, историяҕа, инньэ ыраахтааҕылаах Россия саҕаттан 1957 с дылы туох-хайдах баарынан билиниллэн , үөрэтиллэн кэлбитэ. 1990 сылларга «Күүс өтүнэн холбооһун» кэнсиэпсийэтэ дьиҥнээҕэр төннөрүллэн, суверинитеты биллэрии, ылыныы историческай төрүөтүнэн буолбута Эмиэ бу хаһыакка юридическай наука доктора, профессор, Арассыыйа үтүөлээх юриһа Макар Яковлев: «…биһиги урут ситиспиппититтэн төннөн эрэбит. Оннооҕор АХШ биирдиилээн штаттара биһигиннээҕэр ордук бырааптаах курдуктар» - диэбитэ эмиэ оруннаах суол. Аҥардас биир тыл, балыырдаах добровольное - диэн тыл Төрүт Сокуон аан тылыгар киирдэҕинэ мин сыанабылбынан билигин баар көлүөнэ сахалар ыччаппытыгар, кэлэр көлүөнэбитигэр республикабытыттан аккаастаммыт, инники көҥүлү быспыт таҥнарыахсыттар курдук көрүллэн саакка – суукка барабыт. Тыл киһини өлөрөр да тириэрэр да сүдү күүстээх диэн мээнэҕэ эппэттэр. Бу түбэлтэҕэ бу биир тыл, биир киһини буолбакка, норуоту бүтүннүүтүн кэскилин сотор суолталаах. Икки атахтаах иннинэн сирэйдээх баарын тухары норуот –омук диэн ааттанар киһи – аймах араҥата сырдыкка – кэрэҕэ, кырдьыкка, көҥүлгэ талаһар айылгылаах. Хомолтото диэн ол талаһар кырдьыкпыт биһиги суох буолбуппут кэннэ хаһан эрэ күөрэйэр идэлээх. Соторутааҕыта 1-кы канаалга «Охота на Берию» - диэн история чахчытын арыйа сатыыр киинэ буолан ааста. Сокуону оҥорооччуларбыт бу да киинэни көрөн өй ылыа эбиттэр. Хара балыыр, сымыйа хаһан эрэ синэ биир арыллар, норуот хараҕа кыраҕы. Ону өйдөөн президент Медведев историяны сымыйанан суруйууну утары хамыыһыйа тэрийдэ. Дьэ дьээбэ, ол хамыыһыйа ити добровольное - диэн тылы туох диэн сыаналыа эбитэ буолла? АХШ-гар төрүт омуктар баттаммыттарын туһунан кэлии омук туох да мөккүөрэ суох билинэн баран син туох да буолбакка олороллор эбээт. Оттон биһиэхэ ити тоҕо кыаллыбата эбитэ буолла? Хайа да омук баһылыыр – көһүлүүр омукка баҕа өттүнэн хаһан да холбоспот, ол кыһалҕаттан эрэ буолуон сөп. Сэбиэскэй Союз ыһыллыытын араастаан быһаара сатыыллар, кими эрэ буруйдууллар даҕаны да мин саныахпар сүрүн биричиинэтэ итиннэ сытар. Оттон Сахабыт Сирин историятын ылан көрдөххө республика быһыытынан баар буоларга хаһааҥҥыттан да ыарахан кэм кэлэн турар эбит. Үөһэттэн баттааһын олус күүстээх, онно эбии бэйэбит салалтабыт улгумун, сөп түбэһэн биэрэрин оҕото сыттаҕа. Конституция диэн айар - тутар, олох олорор Төрүт Сокуом мут буоллаҕа. Ол сокуоммут аан тылыгар саамай угаайылаах албын тыл киирэн биэрдэҕинэ салҕыы хайдах буолан иһэрбит дьэ биллибэт. Саха Сирэ диэн хаарыан дойду, кини төрүт олохтоох омуга - саха сир үрдүгэр баар буолара улахан саарбаҕалааһыҥҥа киирэригэр тиийэр. Өскөтүн «көҥүл өттүнэн холбоспут уруккулаах» буоллаххына хаһан да арахсар бырааба суох буолан тахсаргын аан дойду (ХНТ) бырааптара, сокуоннара этэллэр. Ол иһин «арахсыбат сорҕо буолар сокуону» оҥороору ити көннөрүүнү киллэрэн эрэллэр. Ол гынан баран диэххэ, ама да буолтун иһин оннук буолбат ини, депутаатарбыт – норуот бэйэтин быраабын итэҕэйэн туран талбыт дьоно, көрөн туран, дойдулара хаһан эмит көҥүл буолар быраабын төрдүтэн соппот инилэр диэн эрэл кыымнаахпын. Уонна кинилэртэн бу тыын боппуруоска ким хайдах куоластаабытын аһаҕас куоластааһынтан билиэхпит диэн суруйуубун түмүктүүбүн. Туох да диэхпин билбэппин, тыл тиийбэт, ити сааттаах, инники көҥүлү төрдүтэн эһэр тылы Төрүт Сокуоммутугар киллэрбэттэр ини диэн тиһэх эрэли иитиэхтии хаалабын. Омук Уола Бэс ыйын 1күнэ 2009 сыл.
|
Views: 2050 |
Added by: uhhan1
|
Total comments: 4 | |
4
Хоъуун
(2009-06-07 15:53)
Дьэ саха иннэ суох хаалла.
|
3
санаайа
(2009-06-06 22:09)
Кимиэхээ оччо5о эрэнэбит ?
|
2
Хайыр
(2009-06-06 21:34)
Депутаттаргыт уксулэрэ бэйэлэрин эрэ инилэрин к8рунэллэр оннук дьонтон киhи дьоhуннаа5ы кууппэт.
|
1
санаайа
(2009-06-05 17:55)
Барыта эрдэттэн толкуйданан оцоhулла турар. Бюджет харчыта терут олохтоохторго уонна республика таhыттан кэлэн улэлии сылдьар дьоццо теhелуу тиксэрин аа5ынар кыахтаахпыт буоллар, Россия регионнара биhиэхээ иэстээх хаалыа этилэр. Маныахаа, республика таhыттан улэлии кэлэр дьоццо "виза" кэмигэр ыарыахтаах этэ, республика таhыттан салаллан олорор тэрилтэлэргэ нолуок урдуехтээх этэ дии саныыбын. Кыаммат-тиимэт регион буолбатахпыт, балыйтара олорор регион буоларбыт чахчы. Омук уолун суруйуутун ейуубун, эрэл барыта депутаттарга.
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 5 Ыалдьыттар (гостей): 5 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|