Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2010 » Олунньу » 13 » Анаарыы Уґуктуо±уІ
Анаарыы Уґуктуо±уІ
19:55
Омук Уола.
Анаарыы
Уґуктуо±уІ


Бас – кіс киґи ійі – санаата, тугу эрэ эппитэ – тыыммыта дойду оло±ор, бэйэтин ба±атынан, сыыйа – баайа туох эрэ уларыйыылары таґаарыыґы дуу диэн кірібµн. Ол курдук, президент Медведев быґа – хото этиилэрин кэнниттэн, туох эмэ тµбэлтэ та±ыстар эрэ, кыралаан хамсааґын баран эрэр.Бµтэй хаа иґигэр олорбут уопсастыба±а бу да µчµгэй дии саныыбын. Олохпут то±о маннык, астыммат буолуу суолугар киирбитин улахан эйгэ±э син ырытар (анализтыыр) буолан эрэллэр.
Да±атан эттэххэ, былырыыІІы элбэх киґи оло±ун былдьаабыт Саяно – Шушенскай ГЭС авариятын бастакы ханаалга «Человек и Закон» биэрии суолун – ииґин сонордоон туран, то±о маннык буолла диэн, иІэн – тоІон, атын ГЭС-тэри кытыаран туран, хаґан тµірэн – ырытан кірбµтµн тµмµгэр, 90-с сыллартан дойдуну салайыы систиэмэтэ бµттµµнэ ал±аґа – сыыґата арыллан та±ыста. Ону истэ олорон киґи куйахата кµµрэр. Дойду µрдµнэн баар 70-тан тахса (диэтилэр быґыылаах) ГЭС-тэр ТЭС-тэр туруктара бµгµкµннээххэ бары да биир хаахтыйбыт турукка киирэн тураллар диэн буолла.
Онон ититэр – уоттанар систиэмэбит барыта ресурсата бµтэн, хабах µрдµгэр олоробут. Тірµітэ туохханый? Уоту – кµіґµ Чубайс диэн киґи ылыа±ыттан бу систиэмэни кыахтаахтар µллэстэн баран, онтон бэйэлэригэр сыа – сыма таґаарар сир оІостоллор. Ґрдµттэн баар ремоннуур биригээдэлэри ыґан кэбиґэллэр, туораттан чэпчэкитик оІорор сатыыр – сатаабат дьону ыІыран ремонт оІоттороллор. Ол тµмµгэр кэнники оІоґуулара барыта буолар – хаалар тутуу – хабыы буолан тахсар.
 Ордоруммут µптэрин бу салайааччылар бэйэлэрин сиэптэригэр укталлар. Ол курдук олохпут бары эйгэтигэр маннык сыґыан – майгы сµµрбэнэн сыллар тухары хатыланан бара турар.  Хоруупсуйа саамай улахан алдьатыыта манна сытар.
Кыратык ырытан кірµі±µІ: Айах муІунан аатырдар МэІэ бырайыактарыгар ВСТО турбатынан ньиэби ыытааттарын кытта, хайыа утуу – субуу иккитэ авария буолан, ньиэп бі±і тохтон айыл±а, сир – дойду айгыраан эрэр. Онон буолла±ына Јлµінэ ірµспµт, дойдубут хорук тымыра, улахан кутталга киирэн турар. Атын дойду эбитэ буоллар бу тутууну иилиир – са±алыыр киґи улахан эппиэккэ тардыллыа этэ.
 Автоваґы ірі тардабыт диэн µтµмэн µп куппуттара да, биир киґилии массыына оІорон таґаардылар дуо? Оннук сура±ы истэ иликпин. Ол курдук суол тутуутугар бэриллэр харчы аІарын апчарыйар аатыраллар. Хайа да диэки хайыс, барыта итигирдик.
 Ырааппакка, аІардас Дьокуускайбытыгар бара турар тутуулары ылан кірµІ. Ким тутан – хабан оІоро сылдьарый? Барыта кэлии омуктар тіґі кыґаллан – 쵴эллэн µлэлииллэрэ буолуо диигит. Бэйэбит тутуон – айыан ба±алаах тіґі эмэ сатабыллаах дьоммут µлэтэ суох сылдьаллар. Биир бэйэм ити кірµнньµк тутуулар тіґі ір туруохтарын дьэ билбэтим.
Аны туран, суолга тахсан, баайсан туран суоппардартан харчы былдьыыр, диэтэххэ табыллар, ГАИ µлэґиттэрэ тутулуннулар. Бу халабырдьыттар начальниктарыгар а±алан ілµµтµн биэрэллэр. Ол курдук булбуттара – талбыттара ыйга 150-ныы тыґынча тиксэ𠵴µ. Систиэмэбит хайда±ын бу тµбэлтэ дьэІкэтик кірдірір. Хайа да эйгэ±э барытыгар маннык сыґыан.
Ол гынан хара дьай былаас µрдµкµ араІатын диэки салаллар, тµмµгэр ханна эрэ тиийэн ситэ арыллыбакка симэлийэн сµтэн хаалар. Бил балык баґыттан сытыйар диэн сахалар тугу этэллэрэй? Бу то±о токура кіні илигинэ олохпут тупсубат.
Манан тугу этээри гынабын?
Ельцин кэнниттэн саІа сайдан эрэр демократияны сыыйа хам баттаан, симэлитэн сайдыбакка биир партия талбытынан айбардыыр тоталитарнай тутулугар тіннін кэлэн міхсі сатыы сылдьабыт. Ол тµмµгэр билиІІи салалтабыт кімітµнэн Сахабыт Сирэ ха±а эрэ хаалла. Аны билигин Грызлов эппитэ олоххо киирдэ±инэ, хаґан эрэ Арассыыйа Сибииригэр Саха республиката диэн баара, онно саха (якут) диэн омук олорбута диэн устуоруйа±а хаалара дуу суо±а дуу, ол да саарбахтардаах.
        Оннукка тиийбэт туґугар уґуктуохха наада. Харахпытын аґан, тула туох буола турарын ійдіін – дьµµллээн кірµіххэ, сµіґµ курдук батыґан эрэ иґэр санааны быра±ыахха.
Сал±ыы маннык баран истэхпитинэ сайдар суолбут тірдµн – тібітµн букатыннаахтык сµтэрэбит. Ону ійдіін, ыксаан президент ыІырыы оІорор. Аны туран, маннык систиэмэттэн туґанан байааччы – тайааччы алыс элбэх, онон бу быґыы – майгы тµргэнник уларыйа охсубатын билэрин эмиэ этэр.
Хайа салалта, ханнык партия сирдээн маннык олоххо кэллибит, ким кімітµнэн дойду экэниэмикэтэ эґиннэ? Кириисиґи ааґан иґэн кыайабыт диэн баран, кірдірін туран, Аан дойду биир хаалыылаах дойдута аатырдыбыт. Ол баар дьиІнээх кырдьыкпыт. Арай кыайыыбыт диэн арыгы, пиибэ туругурда, эмпит – томпут µксэ сымыйа аатырда уонна кэлэн атын сайдыылаах дойдулары хооґур±атары дьэ кыайа тутабыт. Оттон дойду иґигэр баар регион µксэ моІкуруут буолла.
Сахабыт Сирин бааллар баайдаах аатырара да эмиэ онно кытыардылар бу баар, оппозицияны барытын хам баттаан баран, биир ыраахтаа±ы уонна кини эргимтэтэ салайан – дьаґайан кэлбит бэлиитикэлэрин тµмµгэ. Биллэн турар µрдµкµ араІа уонна кинилэр уйалара, киин куораттар туґунан судаарыстыба буолан, туох да кыґал±ата суох ыллыы – туойа олороллор. Дьэ бу тіґі сіптііх бэлиитикэний?
Маннык дьаґыныы содулугар кістµбµт кыґал±а барыта норуот санныгар сµктэриллибитэ кубулуйбат. Итинник уот – кµіс систиэмэтэ нэґиллиэнньэттэн икки бµк сыананы сµлэн ыла олорор диэн буолла да, ол уларыйбат, іссі ыарыы турар. Дьиэ – уот, сир сыаната син эмиэ ол курдук барыта µллэн – баллан баран, сіпсіґін олоробут.
Салайар – дьаґайар аппарат бэйэтигэр табыгастаах – туґалаах быраабыла – сокуон оІосто олорор. Ол тµмµгэр µлэ – хамнас сыаналаа±а, дьиэ – уот µчµгэйэ син биир «бэйэ дьонугар» тиксэр. Ити туґунан элбэхтик сурукка – бичиккэ тиґиллэр, ырытыллар буолла. Сокуону араІаччылыыр эйгэ±э тµктэри быґыы – майгы арааґа баара уруккута – хойуккута, билиІІитэ син сырдатыллар буолла.
Ол курдук соторутаа±ыта эмиэ ТВ-га кістµбµт док. киинэ±э кэпсэнэринэн 80-с сылларга Ю.Андропов былааска кэлиитэ биир быстах тµбэлтэттэн буолбут эбит. Ол са±ана Москуоба куорат милииссийэлэрэ µµнэ – тэґиинэ суох бас – баттах кіІµл баран, санаатахтарын аайы талбыт киґилэрин  ыт курдук ілірір буола кыыллыйа сылдьыбыттар.
 Оннук ундуустарга КГБ майора тµбэспит, ілµµ тµбэлтэлээх, суумкатыгар буокка, ханньаах арыгылаах эбит. «Эрэттэр» бу быйаІар ымсыыран, докумуонун кірдірбµтµн µрдµнэн, тутан илдьэн ибили кырбаабыттар, ылалларын ылан баран, ыыппыттар да, киґилэрэ, кырбанан тµІ – таІ баран тахсар сири булбакка, кыґыытыгар, тіннін кэлэн µіхсµбµт, сааммыт. Бу сырыыга ійµн булбат оІоро кырбыыллар уонна тойоннорун ыІыраллар. Ол тойон кэлэн іліріргі уураахтаабыт. Суолларын муннаран, КГБ даачаларын аттыгар илдьэн бу киґини тібітµн тимиринэн то±ута сынньан іліріллір. КГБ-лар обургулар бу дьыаланы арыйан, онтон сылтаан урукку – хойукку хараІа дьыалалар кібін тахсаллар.
 Ол тµмµгэр муІур ыраахтаа±ы буолан олорбут милииссийэ миниистирэ бэйэтигэр тиийинэр, оттон КГБ тойоно Андропов биирдэ «кµірэс» гына тµґэр. Бу тµбэлтэ арыллыбата±а буоллар, туох – хайдах буолуо эбитэ буолла диэн ыйыталлар.
Маны кэпсээн туран, этиэм этэ, ійбµт – санаабыт уґуктарыгар, тµктэри быґыы – кэмэлдьи уодьуганнанарыгар бастатан туран СМИ µлэтэ кµµґµрµін наада. Хайа ба±арар хараІа дьыала кистии – саба кµлµккэ оІоґуллар. Онон олохпут µчµгэйэ – куґа±ана барыта тіґінін аґа±астык сырдатыллар да, оччонон ким барыта, хайа ба±арар хардыыны ыараІнатан кірін, толкуйдуу тµґэн баран оІоруо этэ буолбатах дуо?  Соторутаа±ыта «Тірдµс былаас баар дуо?» - диэн «Харах далыгар» биэрии кірдірді. Дьэ, бу µчµгэй биэрии. Манна кістір ійбµт – санаабыт хайа таґымІа сылдьара. Тірдµс былаас хайаан да баар буолуохтаах, ону таґынан саамай кырдьыктаах уонна кµµстээх буолуохтаах.
Бу эйгэ±э, биллэн турар, сайдыылаах, дьиІнээх демократия баар дойдуларыгар тиийэрбит ыраах эрээри, кыралаан хамсааґын баар курдук, ол биир холобура бары баары аґа±астык суруйар «Туймаада уоттара» - хаґыат баар буолбута, интернет сайтара сайдан иґэллэрэ. Норуот хара±а кыра±ы, хайа да суруйууга ким хайдах – туох санаанан салайтарара син биир биллэн – кістін тахсар онон хас биирдии суруналыыска этиэм этэ, сакааґынан суруйаргытыгар бµтэґик сыананы бар – дьон бэйэтэ быґар, ааккытын – суолгутун харыстааІ диэн.
 ДьиІнээх ис санаатын эппэт суруналыыс сымыйаччы, сирэй кірбіх аатын ылар. Маннык аат хаґан да сотуллубат. Хаґыаттары ырытан кірдіххі, былаас туґатыгар баары – суо±у буккуйан, барытын баар оІорон суруйуу олус элбэх. Суруналыыс улахан эйгэ±э, норуокка анаан суруйар, онон бэйэни албыннанан дьону албыннаан суруйуу суох буолара буоллар диэн ба±а санаабын этэбин.Јґµргэниэххит эрээри хаґыаттарга бэрт буола сатааґын алыс элбэх.
 Мин тус бэйэбэр суруналыыс эталона – Виталий Обедин (ЯВ - хаґыат), хамсааґын кэрэґитэ – саІа тахсыбыт «Туймаада уоттара» хаґыат буолла, оттон интернеткэ туох баар сахалыы, нууччалыы кырыылыыр кырдьыгы µлэтиттэн µµрµллµбµт Уххан сайтыгар булуохха сіп.
Сахалыы хаґыаттарга кимтэн да толлубакка  кырдьыгы баары – баарынан  сырдатан иґэллэрэ буоллар. Биґиэнэ буолан барыта туттунуулаах – тардыныылаах, этэн иґэн эппэппит, саІаран иґэн саІарбаппыт. Ол тµмµгэр сµµйтэриилээх боростуой норуот хаалар. Сымыйа былаастаах иґитиннэриинэн тотон олоробут.
Президент Медведев сайдыы туґугар этэрин эттэ да, национальнай бэлиитикэ±э сыґыаннаах биир тылы эппэтэ. Мин кірдіхпµнэ, бу баар билиІІи олохпутугар биир сытыы боппуруос. Дойду иґинээ±и национальнай боппуруос туой туора туран хаалар. Ол эбэтэр баґылыыр – кіґµлµµр улахан омук µгµс – элбэх Арассыйа кыра омуктарыгар сыґыана. Бу сыґыан аахайыыга киирбэт буолбута букатын ыраатта. Ол тµмµгэр Сахабыт Сирэ республика статуґун сµтэрдэ. Бу ааспыт сылларга республикабыт туох баар национальнай тутулун былдьатта, ону хайдах да мэлдьэґэр кыах суох. Ил тµмэн диэн аата эрэ хаалла, Биир да тµптээх сокуону оІорор кыа±а суох, барыта µіґэттэн ыйаах быґыытынан.
Оччо±о дьокутааттар диэн дьоммут туох туґалаахтарый?  Сура±а Ил тµмэн дэммит ааттара да сотуллара чугаґаабыт курдук . Дьокутааттарбыт «ээ±и» кытта сылдьалларын тµмµгэр баардарын – суохтарын барытын сµтэрдилэр. Бµгµкµннээххэ биир дьаґайар µбэ суох хааллылар. Ґбµ - харчыны барытын баґылык илиитигэр ылла диэн буолла. Арыый да ама дьокутааттардаахпыт буоллар итинник баламат быґыыга тиийиэ суохтаах этибит. Ити барыта тугу этэрий? ДьиІнээх норуот дьоно, сµрэхтиин – быардыын ыалдьан туран дойду туґун туруулаґааччылар былааска кыайан тахсыбаттарын, норуот дьиІнээх бэйэтин дьонун талар кыа±а суо±ун.
Билигин Арассыыйа Украина±а туох буоларын, былааска ким тахсарын ырыта ахан олорор. ДьиІинэн ар±аа сайдыылаах дойдулар содулларынан Украина±а аныгылыы сайдыы баран эрэр. Ону Арассыыйа араас іттµттэн ырыІалыыр да, Украина демократия чааґыгар бигиттэн таґыччы таґымІа тахсыбыта кістін турар. Оттон биґиги иннин диэки харса суох баран иґэр дьону силии – силии кµнтэн кµн кэннибит диэки тіннін иґэбит.
Билигин аны модернизация, инновация дии – дии ыстаІалааґын буолла да, ити барыта сымыйа. Демократията суох – хайа да сайдыы суох. Оттон ол этэр демократиябытыгар норуот бэйэтэ уґукта илигинэ хайдах да тиийбэппит.
Президент бэйэтинэн суол ыйа сатыыр, ону ійдіін олохпут тупсарын туґугар алларааттан кµµстээх хамсааґын тахсыан наада ол хамсааґыны ким са±алыырый? Биллэн турар, суруналыыстар. Норуоту уґугуннарар ійдітір Тірдµс былаас баар. Бастакы, иккис, µґµс буолбатах аллара – тірдµс, ол да буоллар былаас диэн ааттанар. Былаас буолла да туох эрэ этэрдээх буолуохтаах.
Тµмµгэр кэлэн бу кµннээх олохпут саамай тутаах  ураты суолталаах киґитэ дьиІнээх итэ±эйэр былааспыт суруналыыс буолан тахсар. Норуоту уґугуннардахха, хара±ын аґан кірді±µнэ, норуот диэн биир киґи буолбатах, элбэх киґи тібіті сіптііх суолу тобулуо этэ. Ґрдµкµ былаас бу ааспыт сылларга аІардастыы сабардаан элбэ±и эттэ – тыынна да±аны, хайа диэки сирдээн иґэрин бэйэм кірµµбµнэн кэпсии сатаатым.
 Ґрдµкµ былаас саамай тутаах киґитэ сыыґа суолунан баран иґэрбитин бэйэтинэн билиммитин кэннэ, олохпут тупсарын туґугар биґиги эмиэ этэрбитин этэн иґиэххэ. Барыта µчµгэй дии дии маннык олордохпутуна, кэлэр кілµінэ±э; о±олорбутугар, сиэттэрбитигэр ордук ыарахан буолаарай? О±олуун – уруулуун, дьахтардыын арыгы дьайыгар сутуллуу, ньэґилиэнньэ µгµс араІата дьадайыыта, тыа сирэ быстыыга быра±ыллыыта, элбэх киґи ілµµлээх быґылааннара, бэйэ±э тиийинии, буор – кут буорайыыта, айыл±аны айгыратыы, сайдыыны иилиир – са±алыыр ійдііх дьон дойду тас іттµгэр талаґыылара, суут – сокуон хара±а ыраа±ы кірбіт буолуута, µлэтэ суох буолуу, дьиэтэ – уота суох киґи элбээґинэ, µірэ±ирии эйгэтигэр ітірµнэн кімміт сыыґа – халты хардыылары оІоруу, судаарыстыбаттан кімµскэлэ суох хаалыы, µрдэ сулх киґи быраабын кэґиллиитэ, бµттµµнµ бµрµµкээбит бµрэкирээт, барыны ыпсарар ылсыы – бэрсии, аахтахха быстан бµппэт олохпут хараІа – ыарахан ірµттэрэ, тµктэри быґыылара бу суруйуубар таарыллыбакка хааллылар.
 Онон суруналыыстарга этэрим диэн; норуот барыны киэргэтэн – кырааскалаан ойуулууртан сал±ыбыта ыраатта. Албыны – кілдьµнµ аа±артан, кіріртін хал буолла. Бар дьон  хайдах да буоллар эґигиттэн кырдьыгы эрэ эрэйэр. Оло±у илэ хара±ынан кірір кэм кэллэ. Сіптііх утуйуу буолла. Уґуктуо±уІ! 
Суруйуубун хоґооммунан бигэлгэтэбин:
   Толлума, умнума, турума

О±о±ун, ойоххун, олоххун
Ким ханна сирдиирин билэ±ин?
Инники кэскилгин, сиэннэргин
Барытын кимиэхэ эрэнэ±ин?

Хайа былыт эн сиргин ньµілсµтэр,
Ханнык тыал бурдуккун кітµтэр?
ХаллааІІар хайа суор халаатыыр,
Ханнык тыл булбуккун харыстыыр?

Ким сирин µрдµгэр тура±ын,
Туох хайдах салгыны тыына±ын?
Сарсыарда эрдэлээн тура±ын,
То±о наар хамнаскын мыына±ын?

Эбэтэр эйигин ким эрэ
Бур±алдьы кэтэргэ 굴эйэр?
Эбэтэр сµрэ±иІ бу «кэрэ»
Олохтон тугу эрэ эрэйэр?

Ханнаный хаґааммыт килиэбиІ,
Алмаастан тіґінµ амсайдыІ?
Кірдірµµй килэйбит киэлигин
Хамсатыый халыйбыт хаґа±ын.

Албыны амсайдыІ ини да
Јссі да топпотох курдуккун.
Сымыйа сэмсэни бµгµн да
СыІалыы сатыыллар, кірбіккµн.

Ойуунускай, Омуоґап, Бараахап
Суолларын омооно ханнаный?
Хайа диэки хайыґан барыахтаах
Хайысхаттан халыйан хааллаІый?

Ґрдэ суох сир баайдаах эрээри
МоІкуруут дойдулаах кимІиний?
Суола суох ханна эрэ тиийээри
АйаІІа турунан тииґэ±иний?

Ким эрэ тугу эрэ биэрэрин
КэтээІІин илиигин уунума.
Эйиэхэ тиксиэхтээх туох баарын
Ирдииртэн букатын толлума.

Киґи диэн эн µрдµк ааттааххын
Хаґан да ханна да умнума .
О±о±ун, ойоххун, олоххун
Кимиэхэ да эрэнэн турума.

Омук Уола
Олунньу 10 кµнэ 2010 сыл
Дьокуускай к.

Јлµінэ±э кілµінэлэр

Сахам Сирин халлаана.
Сулустарын тырыма
Эллэй эґэбит са±ана
Маннык буолуо дуо ама.

Киґи аймах µµнэр – сайдар
Айыл±аттан айылгыта.
Инникини айар – тутар
Айыылартан анала.

Хас биирдии кілµінэ
Тус туґунан суоллаах,
Арай Улуу Јлµінэ
Биир кэм устар уулаах.

Очуостарын аннынан
Устубута Тыгын Дархан,
Бµгµн сыыдам аалынан
Элэстэтэр бэйиэт Уххан.

Оччолортон бу сахха
Олорбута манна саха,
Туймаада±а урааІхай
Тутуулара баара±ай.

СаІа сайдар µйэ±э
Ону олох умнумуохха,
Ґµнэр µтµі кілµінэ±э
Јйдітµіххэ, санатыахха.

Јбµгэлэр диэн ійдібµл
Јлбіірбітµн туґугар,
Јлµінэ±э ірµµтµн
Јрігійдµµр туґугар.

Саха саргылаах санаата
Самныбатын хаґан да,
Саймаархай саІата
Сатараатын µµнэ – сайда.

Јлµінэ±э кілµінэлэр
Солбуґаллар, сайдаллар.
Арай улуу ібµгэлэр
Сµрэхтэргэ хаалаллар.

Јксікµлээх іті кііртµн
Бµгµн санаан кэлэбит.
Јйдµіх бара ірµµтµн
Улуу киґи эппитин.

Харыстыахха дойдубутун,
Сµтэн эрэр тылбытын.
Анаарыахха, аа±ыахха
Хаґыа буолан хаалбыппытын.

Охтуу буоллун, туруу буоллун
Оґуокайга тутуґуохха.
Самныы буоллун, сайдыы буоллун
Саннылартан тайаныахха.

Јлµµ буоллун, тиллии буоллун
Ортотунан айанныахха.
Бµгµн буоллун, сарсын буоллун
Сахабытын умнумуохха.

Јлінэ±э кілµінэлэр
Уларыйа тураллар,
Арай улуу ібµгэлэр
Ґйэлэри туорууллар.



Ол Улуу ойуурга
(Ґгэни µтµктэн)

Эґэ, бірі туґунан
Ґгэ элбэх да буоллар,
Онтон – мантан хомуйан
Кэпсээн кірµіх, дьо±ойон.

Хахай – муІур ыраахтаа±ы
Кырдьыбытын билиммит,
Ґµнэр СаІа дьыллаа±ы
Санаа этэргэ тэриммит.

Эппит – тыыммыт быґа – бааччы;
«Мин барабын, баалаамаІ,
Эґиилгиттэн салайааччы
Эґэ буоллун, саараамаІ».

Хара тыаны барчалаан,
Тиийэн кэлбит хагдаІ Эґэ,
Сыыйа – баайа баґылаан,
Элбээн барбыт этэрэ.

Сирин – уотун тµілбэлэргэ
Кэрчиктээбит – араарбыт,
Илин эІин эІэргэ
Сур Бірінµ анаабыт.

Уґук хоту дойдуттан
Ас – таІас тахсыан билбит,
Олохтоо±у ууратан,
Сиэнчэр Сиэгэни туруорбут.

Сиэгэн сиэмэх, тииґэ элбэх,
Ыстыыр буолла да ыыппат
Сиэгэн бор – тор, мэлдьи сэрэх
Сытыганы да антах аспат.

Ойуурдаа±ы куобахтар
Сиэгэн сытын сирбиттэр,
Ол эрэн хайыахтарай,
«Ээх» - эрэ дииргэ тиийбиттэр.

Сиэгэн µлэтин µллэрэн,
Солбуйааччылары булуммут,
Сэлэ кітіллірµн сібµлээн,
Саґыллары туруорбут.

Эґэ тойон былааґын
Биллэ – кісті кµµґµрдµбµт,
Хоту диэки кікіттірµн
Сотору – сотору ыыталаабыт.

Сиэгэн ону сирбэтэх,
Кікіттірµ кµндµлээбит.
«Бэрэбиэркэ» - диэбиттэргэ
Бэлэх бі±і бэртэлээбит.

Саґыллар тойоІІо ньымааттаары
СырбаІнаґа сырсыбыттар,
Кыайардыы куобахтары
Ыган – тµµрэн барбыттар.

Ол аайы куобахтартан
«Ґс тириини» сµлбµттэр,
Кыґыннары сордоохтору
БороІ сонноох хаалларбыттар.

Иэскэ – кµµскэ киирэн,
КуруІнарын кэрдибиттэр,
Сэниэлэрэ адьас эстэн,
Јлір аакка тиийбиттэр.

Сиэгэн иэґи ыпсараары
Тыатын маґын кі±µрэппит.
Сібµлэспэт, утарсааччы
Тула іттµгэр элбээбит.

Ол да буоллар Эґэттэн
Синэ биир сэмэлэммит,
Утарбыты уора – кісті
ҐІсэн биэрэр µгэстэммит.

Эґэ сылаас ар±а±ыттан
Биирдэ эмэтэ ор±остор,
Буруйдаа±ы булан ылан,
Ырдьыгынаат, оройго охсор.

Ча±аардара элбииллэр –
Тыатын аайы бірілір,
Хахайдаа±ар ірі тутан
Хай±аан ахан бі±ілір.

Сотору – сотору ыйаах тахсар,
Сокуоннарын уларытар,
Ол аайы тыа±а кыыллар
Айахтара сарбыллар.

Ытыс са±а кумаа±ыга
Ыраахтаа±ы ыйаа±а;
«Толорботох былаахыга
Моойдоох баґа барыа±а.»

Баар батталтан, балыыртан
Тыа±а кыыл – сµіл ыксаабыт,
«Ыраахтааа±ы наґаалаабыт» -
Сурах – садьык ырааппыт.

Эґэ аймах элбээбит
ЭІин дииллэр эбит этэ,
Эмиэ да мойбордоох Эґэ
Эбиллибит дэґэллэрэ.

Ол Улуу ойуурга
Туора киґи муна𠵴µ,
Тыыннаах хаалаары бу дьылга
Ырыппат ордук µгµґµ.

Ґгэ диэ±и тµмµгэ
Ґгэс курдук буолбатах,
Ґйэ устар сµµрµгэр
Ґґµ - таамах бµппэтэх…



Тойон кыыл тойуга

Тойон кыыл очуостан одуулаан олордо,
Ґтµмэн µрдµктэн µгµґµ да кірді.
Кынатын даллатан, хатаннык хаґыытаан,
Кыґыытын – абатын аллара ыґыахтаан,
Сµдµ кыыл сµтµктээх ырыатын ылаата,
Хотой кыыл хараастыы тойугун толордо:

«Бултаабыт буомнарым буруонан туолбуттар,
Тыымпы – кµіх тыаларым хараара хаппыттар,
Дьэп – дьэІкир ууларым будулу* буолбуттар,
Кіччµйбµт сирдэрбин кµрµілээн ылбыттар.
Хампа – кµіх дойдубун хайыта тэпсэннэр,
Хаарыаннаах ыырдарбын хаалларан эрэллэр.

КіІµлбµн былдьаары кірµлээн биэрэллэр,
Кырдьыкпын ылаары сырбаґа сырсаллар.
ТыІырах тостуо±а, тумуґум туллуо±а,
Ол эрэн туох иґин тыынарым тухары
Кынатым баарына кµірэйиэм µрдµккэ,
КіІµлµм баарына кыырайыам сырдыкка.
 
Сатыылыах кэриэтин тµІ ииІІэ киириэ±им,
Сарбыллыах кэриэтин олохпун биэриэ±им» -
Тойон кыыл очуостан одуулаан олордо,
Хотой кыыл хараастыы тойугун толордо.
Ону баара, дьолго, сирдээ±и дьоннорго
Бааллар ээ, уоланнар холоонноох хотойго.


    Будулу* – хойуу туман курдук бутумах, хараІа (мутный, тусклый, как густой туман).

 
Омук Уола
Дьокуускай куорат


Views: 1720 | Added by: uhhan1
Total comments: 1
1 R01R54  
Мин керербунэн улахан сыыьыбыт, СТАТУСПУТУН сыыьа ылан кээспиппит ПАРАД СУВЕРИНЕТОВ ЭЙФОРИЯТЫГАР- онтон сиэттэрэн элбэх многочленнаах уравнение5а сеп тубэьэн маннык дьыл5аланныбыт- общий знаменатель принципыгар.
2009с Хабаровскай, Бурятия дьон бутуннуу оруйуоннарын барытын места компактного проживания кро кмнс федеральнай реестрыгар киллэтэри ситиспиттэр, бу тубэлтэтигэр 225-ФЗ " Соглашение о разделе продукции" кыттыьар кыахтана туьэллэр....
Биьиги ол сахха атын ааны аьан атын салааска5а олорсон хаалбыппыт, биьиэхэ суверинет буолбакка абориген статуьа туьалаах этэ. Хас биир туоьун охсуна охсуна Мин Сахабын дэнэр эрэт хааныгар 30 бырыьыан тонус хааннаа5ын отой билиммэт аккаастанар, улуу ТЮРК буолар ба5ата урдук тутуллар, арай Саханы ол хааныгар сылдьар 30 быраьыан Тонуьун хаана баланс буолан Саханы Саха онорбут буоллун, ону билиммэт тубэлтэтигэр Саха итак тердугэр Эллэй татаар составнойдаах сылдьар киьи, отой да ХААЧЫК буолан хааларыгар тиийэр буотах дуо?

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2010  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 34
Ыалдьыттар (гостей): 34
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024