ҮТҮӨ ААТЫН ХАРЫСТЫАҔЫҤВиталий Обедин диэн бэрт эдэрчи суруналыыс.Өрүү ону-маны барытын суруйар.Ол быыһыгар төрүт билбэт суолун кытта уу тэстибэт гына ыпсаран кэпсиир-ипсиир эбит диэн санааҕа кэллим. «Якутск вечерний» хаһыакка «Якутия просит Медведева разрешить ей бога» диэн күлүү-элэк аҥардаах ыстатыйата бэчээттэннэ. Онуоха ааптар :"...Противоречие собственного культурного наследия, признанного всем миром, и желания иметь пантюркистскую религию, которая «древнее (а следовательно, и «мудрее»!) христианства, ислама и буддизма», привела к попытке создать собственную версию тенгрианства.
В 90-х годах группа якутской интеллигенции, идейными вдохновителями которой являлись поэт Уххан, ныне подавшийся в политические диссиденты, и филолог Лазарь Афанасьев, разработала теорию «возрожденной традиционной веры» — «веру Айыы». Проблему с многобожием, не укладывающимся в монотеистическую концепцию тенгрианства, новоявленные апостолы обошли предельно просто. Все якутские божества были объявлены всего лишь ипостасями (аватарами) единого бога-творца Айыы, который одновременно Тенгри. Пытаясь объять все, в каноны новой веры авторы заложили, казалось бы, даже такие несовместимые вещи, как обоснование шаманских обрядов наряду с почти христианским набором заповедей.
Через какое-то время идеологи новой веры, впрочем, рассорились друг с другом и переключились на дела, менее духовные. В 2000-х годах веру Айыы пытались реанимировать и приспособить под свои цели авторы шовинистической «Якутской газеты», но не преуспели."- диир. Сахалары пантюркизмҥа, шовинизмҥа күтүрээн туран, эбиитин Айыы итэҕэлин ити сымыйа буруйдааһыҥҥа сыбаата. Хантан ылан, туохха олоҕуран ? Бу үлэҕэ-хамнаска тугунан да умньамматах, ис төрдүн-төбөтүн билбэт эрээри. Кимнээх кигиилэринэн, ускайдааһыннарынан итинник ыараханнык тыллаһарый ?
Россия бүгүҥҥү былааһа православияны күүс өттүнэн соҥнуу олорор кэмигэр барыга бары саппай уопсааччы, «кутурук маһа буолааччы», илин-кэлин түсүһээччи элбээтэ. Балар, аны таҥараһыт аатыран, кириэһинэн дэйбиирдэнэн, дууһанан тыыннанар буоллулар. Киһини барытын кирдээх курдук сыһыаннаһан, «ыраастыыр үлэнэн» дьарыктаналлар. Онтулара ой бото харчы. Кинилэри итэҕэйэн ууга симиллээччи, уокка үтүллээччи дэлэйдэ. Бары араас кирдэрин-дьайдарын уу, уот иччитигэр тэбэнэр, сахсынар айдаана.Бу улахан аньыы. Кирдээх санаалаах, хара күлүктээх, ыар тыыннаах иччилэргэ киирии, Айыыларга чугаһыы, сыста сатааһын – сата баһын тардыы буолар. Бэл оҕоломмут дьахтары уокка, өлбүттээҕи ууга чугаһаппат буоларбыт. Онтубут баара итинник дьаабы. Дьэ диэ...
Бу тугунан дьиэлийэн тахсыан сэрэйбэттэрэ, куойуларыгар-маҥкыларыгар оҕустарбатара – эчи, сүрүн. Сүрүн даа! Дьүүлүн-дьаалытын араарбат үлүгэр. Ити буолар – киэҥ халлааны эрдии диэн. Бүгүн үрдүк күүстэргэ тымныы тыынынан тыына оонньообуккут кэлин дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр хара былыттаах халыан холоругунан тахсаарай ! Эһиги үөһээҥи үрүҥ күүстэргэ соҥнообут куһаҕан санааҕыт, аньыыгыт-хараҕыт бэйэҕитигэр төттөрү утаарылларын умнумаҥ. Айыылар, иччилэр – «ассенизатор» буолбатахтар.Айыы халлаана -- бөҕү сүөккүүр миэстэ буолбатах. Айыы киһитэ хаһан да итинник гыммат.
Кири –дьайы, ыарыы төрдүн абааһыларга үтэйэр оннугар таҥараһыттар бүгүҥҥү күҥҥэ түөрэтин Айыыларга, иччилэргэ салайа олороллор. Инньэ гынан алгыстаах үрүҥ күүһү дьонтон-сэргэттэн киэр хайыһыннардылар. Үүннэрэр үрүҥ тыыны, куту-сүрү кэҕиннэрии бара турар. Эбиитин тиһэх тыһыынчанан куттууллар. Бу түмүгэр кута-сүрэ суох, иччитэх дьон, «тыал буолбуттар», «өйдөрө көппүттэр» күн-түүн үксүү тураллар.
Өссө 1705 сыллаахха Амстердаамҥа тахсыбыт сахалыы алгыска «Айыыбыт биһиэнэ Мэҥэ Таҥара үрдүгэр» диэн этэн турардаахтар. Мэҥэ Таҥара үрдүгэр диэн.Ол аата үрүҥ, сырдык күүс , үүннэрэр күүс Мэҥэ Таҥаратааҕар - халлааннааҕар өссө үрдүккэ баар диэн этэллэрэ. Айыыга - Творцу, Үрүҥ Айыыга - Белому Творцу сүгүрүйүү оччолорго олус күүстээҕэ. Бу туһунан аатырбыт теософ Елена Блаватская «Разоблаченная Изида» үлэтигэр кытта ахтан турардаах. Онно кини сахалары ааттаан туран, бу курдук диэбитэ. «Они имеют главного или верховного бога Айы - Тойона, который ... властвует над творениями всех миров. Он пребывает в девяти небесах, и только начиная с седьмого неба другие меньшие боги – его слуги – способны проявляться перед своими творениями».
Айыы бары таҥараттан үөһэ турарын аан дойду теософтарын биир биллэр адепта итинник бигэргэтэн турар.
Таҥара диэн тугуй ? Танра, таҥара диэн ортодоксальнай буддизмтан арахсыбыт тантризм сүрүн өйдөбүлэ. Тантризм - духовнай, психофизическай үөрэх. Бу үөрэх этэринэн, Айыылар анал көстөр бэлиэ буолан, халлаанынан сиргэ түһэллэр эбит. Оннук таҥыллан сиргэ көстөр бэлиэлэри «танра, таҥара - переплетение» диэн ааттыыллар. Маны монголлар, түүрдэр ылыммыттара.
Тантризм букатын эрдэ манихействоны, христианствоны кытта силлиһэн, Киин Азия , Сибиир норуоттарыгар тенгрианство дэнэр буолбута. Бу итэҕэл практическай техникаларыгар сиэкис, арыгы, наркотическай тэриллэр туһаныллар буолбуттара. Ити иһин буддистар маны «хара итэҕэл» диэн ааттаабыттара.
Оннук ааттаабыттарын атын төрдө-төбөтө өссө маннык. Москватааҕы Соборга гректэр 1666 сыллаахха Айыылар пантеоннарын уларыппыттара. Айыыны Христос таҥаранан солбуйбуттара. Айыы оннугар өлбүт киһи уобараһа өрө тутуллар буолбута.
Маны утарыы Нуучча сиригэр, чуолаан, Соловецкай манастыырга, Сибиир норуоттарыгар күүскэ барбыта. Сибииргэ утарсыы муҥутуур чыпчаала 1681-1682 сылларга буолбута. Татаардар, башкирдар сэбилэниилээх өрө турууну оҥорбуттара. Биһиэхэ Дьэнник салайыытынан хаҥаластар 1682 сыллаахха бу хамсааһыҥҥа кыттыбыттара...
Уопсайынан греческэй христианствоҕа сыһыан букатын эрдэттэн көһүүн этэ. Египтяннар уонна арабтар 451 сыллааҕы Халкидоннааҕы соборга Христоһу таҥара оҥостууну утарбыттара уонна тэйэн биэрбиттэрэ.
Саха сиригэр тантризм көстүүтүн чинчийээччи Якоб Линденау 1742 сыллааҕы экспедиция үлэтигэр киллэрбитэ. Бу экспедиция анаан-минээн итэҕэл төрүттэрин билэр-үөрэтэр соруктаах этэ. Онно сурулларынан Аар Тойон, Таҥара ойуун, Ыһыах ойуун диэн бааллара этиллэр. Ханнык да Үрүҥ Аар Тойон, Аар Айыы Тойон оччотолорго ахтыллыбатах.
Аар Тойон буддийскай тантризмҥа өлбүт сибэтиэй манаах дууһата, ол дууһа хаттаан «тиллиитин» көрдөрөр өйдөбүл. Бу өйдөбүл уонна Христос биир суолталаах буоланнар православие уонна тантризм (тенгрианство) сол кэмҥэ дьүөрэлэспиттэр эбит. Ол оннугар Айыыны, Үрүҥ Айыыны аһаҕастык ааттаабат буолбуттар. Тоҕо диэтэххэ, Айыылары таҥаранан уонна Христоһынан солбуйар туһугар Тойон, Бахсы, Дархан уустарын ХVII үйэҕэ сахалартан лаппа садаҕалаабыттара. Инньэ гынан саха дьоно үрдүкү духовнай сословията суох хаалбыта.
Алгыстаах үрүҥ ойууннар, Айыы удаҕаннара дьабыннарыгар «барбыттара».Ол курдук Лабыҥха Сүүрүк, Ойуун Уол, Аан Чуонах Хотун дьонтон-сэргэттэн кэлэйэн, хаһан да эргиллибэтии сүппүттэрэ. Оччотооҕу улахан духовнай трагедияны норуот итинник өйдөөн хаалбыт. Сол кэмтэн ыла биһигини, саханы - «духовное тело» дэнээччини түүр тыллаахтар «йох кут» - кута суох диэн ааттыыр буолбуттара. Үрүҥ итэҕэлтэн аккаастаннылар, Айыыларын, иччилэрин таҥнардылар, куту-сүрү алгыһынан сиргэ-дойдуга үөһэттэн кыйан түһэрбэт, ылбат буоллулар диэн. Хайдахтаах курдук дириҥ ис хоһоонноох тылый, «якут - йох кут » ! Оччолорго да саха аҕыйаҕын, йох кут элбэҕин иһин итинник диэтэхтэрэ. Кырдьыга да оннук.
Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлүгэр» мээнэҕэ даҕаны маннык эппэтэх буолуохтаах :
«Сайсары сыһыытыгар Самныбыт санаалаах, саах балаҕаннаах Саха диэн омук саһан олоотто үһү. Дьокуускай уобаласка дьокуут диэн дьох омук дьон буолан иһэн, дьоҕуланан хаалта үһү...»- диэн.
Төһө да үс куттаах курдук сананнарбыт -- ол суоҕа бэрт. Тоҕо диэтэххэ, Айыыларбытын, иччилэрбитин харыстаабат, кинилэри ыраастык туппат кэннэ туох кэлиэй ?! Туох кэлиэй, үрдүк үрүҥ күүстэргэ быыкаа даҕаны сырдык санаа кыымынан хайыһар, кинилэргэ үчүгэйдик сыһыаннаһар өйө-төйө суох сылдьан ! Умнаһыт, кэрээнэ суох, ньүдьү-балай, туохха барытыгар сирэйэ-хараҕа суох сыһыаннаах буолбут кэннэ ?! Куттаах буолуу диэн буддизмҥа хутагт дэнэр. «Хутагт-исполненный святости, святой ; высший сан буддийского духовенства.» Саха үрүҥ ойууннара былыр этэн хаалларбыттарынан, киһи тыыннаах сылдьар кэмигэр куттаах-сүрдээх буоларга дьулуһуохтааҕа. Өлбүтүн эрэ кэннэ дууһаҕа кубулуйар дииллэрэ. Саныаҕыҥ эрэ, Эрилик Эристиин «Уйбаан Дууһа» сэһэнин. Тыыннаах сылдьар киһини туора топпут баай киһи сэнээн, Уйбаан Дууһа диэн ааттаабытын ?! Дьону, норуоту тыыннаахха холуйбат буолуу төрүтэ итинник дириҥ. Ол да иһин омук аатын билиммэт, төрөөбүт тылынан саҥарар-үөрэнэр быраабын быһыы, баайтан-дуолтан тэйитии, тыыннаах буолуу туһун тутуһар итэҕэлбитин - Айыы итэҕэлин боборго, суох гынарга дьулуһуу бэлиитикэнэн утумнаахтык ыытыллар...
Өлбүт дьону сибэтиэй оҥостуу кэнниттэн муҥутуур муҥур былааһы таҥара оҥостуу, чуолаан ыраахтааҕыны Үрүҥ Аар Тойон, Үрүҥ ыраахтааҕы диэһин баар буолбута. Бу туһаайыы инньэ православие үөскүөҕүттэн ыла баар. Оттон Москва судаарыстыбатын политическай култууратыгар маннык майгы монголлартан тиксибитэ.Холобур, Иван Грознай бэйэтин «Үрүҥ ыраахтааҕынан» биллэринэн, сиргэ Таҥара курдук туттубута. Бу туһунан Швецияҕа куотан тахсыбыт Григорий Котошихин диэн чиновник кэпсээн турардаах.
ХХ үйэ саҕаланыытыгар Россия тиһэх Үрүҥ Аар тойоно, император Николай 11 үтүмэн үбү бас билэн олорбута : 19 миллиард 153 мөлүйүөн доллар сууммалаах кыһыл көмүс саппааһын. Оннук барҕа баайтан норуоту матаран дойдуну туохха тиэрпитэй ? Туохха тиэрпитин бэркэ диэн билэбит.Оттон оннук Үрүҥ Аар тойоҥҥо бүгүҥҥү былаас уонна православнай церковь сибэтиэй курдук сыһыаннаһар. Хайдаҕый ити ?..
Төһө даҕаны Үрүҥ Айыыны араастык суох гына сатаабыттарын үрдүнэн ити кыаллыбатаҕа. Россияҕа император Александр 1 киллэрбит либеральнай реформаларыгар инородецтар бэйэлэрин бэйэлэрэ салайынар бырааптара көҥүллэммитэ. Саха дьоно аан бастакынан Үрүҥ Айыыны хаттаан юридическай докумуоҥҥа сенатынан бигэргэттэрэргэ дьулуспута. Ити 1823 сыллаахха буолбута...
Либеральнай реформа хам баттаммытын кэннэ Айыы итэҕэлэ эмиэ үтүргэҥҥэ түбэспитэ.Таҥара, Үрүҥ Аар тойон былааһа баһылаабыта. Таҥара, Үрүҥ Аар тойон былааһын норуот суулларбытын кэннэ аны тугу да итэҕэйбэт майгы үөскээбитэ.Итинник олох тутула эмиэ уһаабатаҕа. Сотору сууллубута.
Сууллубутун кэннэ 1990-ҥа тэриллибит Кут-сүр оскуола 1993 сыллаахха балаҕан ыйыгар эмиэ Үрүҥ Айыыны, Айыы үөрэҕин, Айыы итэҕэлин юридическай өттүнэн бөҕөргөтөр суолу тутуспута. Айыы итэҕэлин атаҕар туруорбут Кут-сүр кыһа сүүрбэ сыл устата үлэлээн кэллэ.Айыы итэҕэлигэр аналлаах научнай-практическай конференциялары, Айыы тайылҕаннарын тэрийии, Айыы хосторун, балаҕаннарын арыйан үлэлэтии, республикатааҕы араадьыйаҕа «Айыы илдьитэ» биэриини олохтооһун, Айыы ыһыахтарын Дьокуускайга ыһыы , «Айыы суола» хаһыаты таһаарыы -- бүттүүнэ общественнай хамсааһын күүһүнэн оҥоһуллубута.
Ол былаһын тухары былаас, биллэр-көстөр салайааччы дьон өйөбүлэ «чыычаах да тумсун саҕа» суох. Кут-сүр туһугар кинилэр ааннара мэлдьи сабыылаах.Сыһыаннара олус дьэбир. Хата төттөрү өттүгэр иэҕии, харгыстааһын өттө күүстээх. Айыылары, иччилэри, куту-сүрү суох гына сатааһын, абааһы көрүү тэрээһиннээхтик барар.
Айыы ыһыахтарын тохтотон, өлбүттэри үбүлүөйдүүр үрдүк тэрээһиннэргэ кубулутан, күлээҥкэ оҥордулар. Ис хоһоонун суурайдылар. »Айыы илдьитэ» араадьыйанан биэрии аатын сөбүлээбэккэ «Аламай күҥҥэ айхал» дэттэрдилэр. Кут-сүр кыһаны Дьокуускай куорат суутунан бобуу, Дьокуускайга норуот күүһүнэн тутуллубут Айыы балаҕанын турар миэстэтиттэн көһөртөрө сатааһын – киһи ааҕан сиппэт хааччаҕа. Бу барыта биир-биэс харчыта суох буор босхо үлэлэнэр үлэҕэ, норуот дьулууругар сыһыаннара оччоттон-баччааҥҥа диэри итинник. Биэс сыллааҕыта Дьокуускайга Айыы балаҕанын тутууга Ил Түмэн депутаттарыттан көмө көрдөспүккэ суос-соҕотох Александр Уаров эрэ өйөөбүтэ. Уоннааҕылар истэ-истэ истибэтэҕэ, билэ-билэ билбэтэҕэ курдук туттубуттара. Саҥата-иҥэтэ суох хаалар барыыстааҕа чахчы. Кыайар-хотор өттүгэр инники күөҥҥэ көстө үөрэммиттэр «кыраҕа тоҕо кыбыллан өллөхтөрөй» дии санаабытым, ол сахха. Билигин даҕаны оннук саныыбын. Таҥарабытын көҥүллээ диэн Дьох кут уйатын түөрт уон алта дьокуут-аата бүгүҥҥү «Үрүҥ Аар тойонтон» көрдөһө-ааттаһа ,суон харытын сиэҕин өрө ньыппарынан, биэстии тарбаҕын сараадыччы адаарыппыта мээнэҕэ буолбатах. Ити биһиги туһабытыгар буолбатах.
Бу барыта православияны киллэрэ сатааһыны, өлүү культун, муҥутуур муҥур былааһы өрө тутууну кытта ыкса сибээстээх. Маныаха суруналыыс Виталий Обедин өс киирбэҕэр, билбэтигэр тэптэрэн, саха ытык киһитин Роман Дмитриевы таҥараһыт уонна кини Айыылары, иччилэри, куту-сүрү билиммэт этэ диэн өйдөбүлү үөскэттэ.
Роман Михайлович Дмитриев аатын саха барыта үрдүктүк тутар. Мин да ону намтатар, түһэрэр санаам суох.Төттөрүтүн бүгүн харыстыахпын, араҥаччылыахпын баҕарабын : бары тиэр-маар сыаналааһынтан, буоларга буолбакка сымыйанан-кырдьыгынан сыһыара сатааччылартан.
Ким да этиэ суоҕа, «Роман Михайлович таҥараһыт этэ, өлүү культун өрө тутара, муҥутуур муҥур былаас ылгын уола этэ» диэн.
Кини саха киһитин сиэринэн сир-дойду иччитигэр, айылҕа үүнэр-күүһүгэр кукка-сүргэ, үрдүк Үрүҥ Айыыга, ыһыахха чугас этэ диэбиттэрэ буоллар, быдан итэҕэтиилээх буолуо этэ. Ким итэҕэйиэ диэн итинник тыллаһаахтыыллара, саныыр санаабыт диэн саҥара олороохтууллара буолуой !? . Киһи эҥин арааһы истэр. Сонньуйабын эрэ... «Аан дайды айхалын Алдьатан аатырбыт, Улуу дойду уруйун Умсаран улуутуйбут, Соҕотоҕун суотуйбут Үрүҥ ыраахтааҕы Төрүөхтүүн түгэҕинэн түөрүлүннэ. Үгүс дьон өрөгөйө үрдээтин, Бар дьон саргыта салалыннын, Саҥа олох саргыланнын, Кэлэр олох кэнчээрилэннин,- диэн Аан дайды иччитэ Айхалынан дьалыһыйда, Улуу дойду иччитэ Уруйунан онолуйда,» -
диэн Алампа убайбыт амалыйан хаалларбытын, ама умнарбыт түргэниэн...
Айыы санааны бүк баттаан турбут таҥара дьиэтин, Үрүҥ Аар тойон былааһын сүүрбэһис үйэҕэ норуот сөбүлээбэккэ суулларбытын, иккистээн тилиннэрэргэ баҕатыйыы баар. Онно сөрөнөн, чычырбас ычалаахтар бэйэлэрин бигэргэтинэ, көстө-биллэ сатаан, бары үүттэн-хайаҕастан быгыалаан, бычыахтаан эрэллэр. Улахан балкыыр кэмигэр уу түгэҕинии ньаҕара, ньамах буор будулуйа өрүкүйэринии..
Бу былдьаһыктаах күҥҥэ-дьылга Айыыларбытын саныаҕыҥ, иччилэрбитин араҥаччылыаҕыҥ, сиргэ-дойдуга куту-сүрү иҥэриэҕиҥ, саха ытык киһитин Роман Дмитриев үтүө аатын оҕуруктаах политическай оонньуулартан харыстыаҕыҥ диэн ыҥырабын.
А.Павлов-Дабыл
|