News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2010 » Бэс ыйа » 2 » Афанасий Максимовы буруйдаары миигинэн киирэн, турба тутуллубатах, «масыанньыктаабыккыт» дииллэр.
Афанасий Максимовы буруйдаары миигинэн киирэн, турба тутуллубатах, «масыанньыктаабыккыт» дииллэр. | 22:16 |
«Туймаада уоттара», №6(11) ыам ыйа, 2010 с.
Игорь ПАХОМОВ: «Ыарахаттартан ча±ыйбаппын»
Редакция бµгµ²²µ ыалдьыта – Игорь Иннокентьевич Пахомов, Саха Республикатын Торговай-промышленнай палататын председателэ, «Витимская нефтяная компания» САО генеральнай директора. Кини «Ленанефтегазстрой» компания генеральнай директорынан 2006-2009 сылларга µлэлээбитэ. Быраабы харыстыыр органнар кинини «масыанньыктаа´ы²²а» кµтµрээн, СИЗО-±а сыл кэри²э хаайа сытыарбыттара. Туох да буруйдаа´ыны о²орбокко эрэ СИЗО-ттан та´аарбыттара. Бµгµн Игорь Пахомовы кытары а´а±ас кэпсэтиибитин, саха тыллаах бары аа±ааччыларга анаан, бэчээттиибит.
– ¥тµ³ кµнµнэн, Игорь Иннокентьевич! Кэпсэтиибит са±аланыытыгар аа±ааччыларга бэйэн тускунан били´иннэр эрэ. Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин?
– Мин 1967 сыллаахха Сунтаарга т³р³³бµтµм, онно оскуола±а киирбитим. А±ам ВПШ-±а Москва±а µ³рэнэ баран, дьиэ-кэргэнинэн Москва±а олоро сылдьыбыппыт. Ол курдук хас да сиринэн к³´³ сылдьан, араас оскуола±а µ³рэммитим: Москва±а 2-3 кылааска, 4-5 кылааска Дьокуускай 2-с №-дээх оскуолатыгар, 8-10 кылаастарга ¥³´ээ-Бµлµµтээ±и физмат-оскуола±а µ³рэммитим. Оскуоланы бµтэрээт Томскайдаа±ы политехническэй институкка программист идэтигэр µ³рэнэ киирбитим. Бастакы курс кэнниттэн армия±а баран, икки сыл сулууспалаабытым. Армия кэнниттэн µ³рэхпин уларытан, Благовещенскайдаа±ы тыа ха´аайыстыбатын институтун экономическай факультетыгар киирбитим. Биэс сыл µ³рэнэн, кы´ыл дипломунан бµтэрэн «экономист-организатор сельскохозяйственного приозводства» диэн идэни ылбытым.
Дойдубар кэлэн Тас экономическай сибээстэ´ии министерствотыгар биир сыл µлэлээбитим. Ол кэнниттэн бизнескэ баран, «Крым-Саха» диэн акционернай тэрилтэ±э толорооччу директорынан µлэлээбитим. Правительство с³бµлэ´иитинэн Крым²а тыа ха´аайыстыбатын бородууксуйатын переработкалыыр собуоттары тутуунан дьарыктаммыппыт. Ол кэм²э араас уларыйыы-тэлэрийии буолбута. Нефтяной инспекция диэн тэриллибитэ, материальнай-техническэй ресурсалар Министерстволарын и´инэн, онно µлэ±э киирбитим. Барыта сэттэ сыл µлэлээбитим, к³нн³рµ специали´ынан са±алаан баран, салайааччы солбуйааччыта буолан барбытым. Эмиэ бизнескэ µлэлээбитим: «ЯКОЛ»-га толорооччу директорынан, «Саханефтегаз» тэрилтэ±э, «Якутгазпром²а» директоры солбуйааччынан µлэлээбитим. Бµтэ´ик µлэм миэстэтэ «Ленанефтегазстрой» тэрилтэтэ, онно генеральнай директорынан µлэлии сылдьыбытым. Кылгастык итинник.
– Соторутаа±ыга диэри эн нефть-газ эйгэтигэр µлэлээн тиийэн кэлли². ¥лэ²-хамна´ы² ку´ана суох, элбэ±и эрэннэрэр бырайыактар бааллара. Ол ту´унан, ба´аалыста, кэпсээ эрэ.
– Билигин ВСТО тутуллан, нефть хостуурга кыахтар баар буоллулар. Аукционнар буолаллар, сир атыыта буолар. Билигин биллэр-к³ст³р тэрилтэлэринэн «Сургутнефтегаз», ону сэргэ «Сунтарнефтегаз» тэрилтэ буолаллар. Хомойуох и´ин, норуот депутата Афанасий Максимов салайар тэрилтэтэ µгµс мо´оллору к³рс³р. Ону икки салайааччы – Штыров уонна Максимов ³йд³сп³кк³ сылдьалларыттан тахсар дии саныыбын.
«Саханефтегаз» тэрилтэ 1999 сыллаахха нефть турбатын тутуутун са±алаабыта. Правительство этиитинэн, барыта боротокуолланан, ити турбаны олоххо киирэн, Талакаантан Витим²э дылы кэлиэхтээ±э. 2006 сыллаахха 108 километрдаах турбаттан 90-тан тахса км тутуллубут этэ. Ол эрээри итэ±э´э элбэх этэ. Онно «Ленанефтегазстрой» тэрилтэни µлэлэтэн, технадзор тэрилтэтэ булбут итэ±эстэрин туоратан, µлэни практически бµтэрбитим. Ити 2007 сыллаахха этэ. Турбаны продувкалаан, бэрэбиэркэлээн туттарбыппыт. Онно барытыгар Ростехнадзор µлэ´иттэрэ сылдьыспыттара, тургутан к³рµµ – испытание актарын баттаспыттара.
– Дьэ оччо±уна эйигин туохха буруйдаан, хаайа сыттылар? Ол буруйдаа´ыннара олохтоох дуу, суох дуу?
– Барыта Афанасий Максимовы буруйдаары миигинэн киирэн, турба тутуллубатах, «масыанньыктаабыккыт» дииллэр. Санаан к³р, «мошенниктаа´ын» диэн ³ск³тµн туох да тутуллубатах буолла±ына, харчыны ылан баран кµрээн хаалбыт тµгэ²²э этиллиэн с³п. Бу µлэлэр «Саханефтегаз» харчытыгар, кини сакаа´ынан о²о´уллубуттара. Газ Витим²э тиийэн кэлбэтэ±эр мин бы´аччы Штыров эппиэтинэстээх диибин. Ити курдук, билигин быра±ыллан турар, туруга хайда±а биллибэт. «Саханефтегаз» тэрилтэ±э Поляков диэн салайааччыны а±албыттара. Дьи²эр, «Саханефтегаз» тэрилтэ мин салайар «Ленанефтегазстрой» тэрилтэбэр туох эмэ претензиялаах да буолла±ына, икки ха´аайынныыр субъектар бы´ыыларынан, м³ккµ³р Арбитражнай суутунан бы´аарыллыахтаах этэ. Санаан к³р, итинник суутунан бы´аарсыллыахтаах дьыаланы хара ма²найгыттан быраабы харыстыыр органнарга бы´аччы соруйсан, дьыала тэрийбитинэн бараллар. Т³рдµттэн сыы´ата к³ст³н турар буолбатах дуо? Ити барыта Афанасий Максимовы хаайыыга олордо сатаа´ынтан тахсар дии саныыбын. Манна АЛРОСА хайа эмэ ³ртµнэн эмиэ кыттыгастаах, то±о диэтэххэ кини ³сс³ урукку салайааччыта Ничипорук нефть-газ эйгэтигэр µлэлэ´эбин диэн, киэ² ара²а±а кэпсээн турар. Ол тµмµгэр «Саханефтегазка» Поляков диэн ки´и кэлбитэ. Миэхэ аан бастаан 2008 сыл атырдьах ыйын 28 кµнµгэр µлэлии олордохпуна тиийэн кэлбиттэрэ. Итинтэн ыла «Ленанефтегазстрой» µлэлээбэтэ±э. Бастаан УБОП-тары ыыппыттара, онтон налоговай управлениеттан бэрэбиэркэлээччилэр кэлбиттэрэ.
– Дьэ ол кэм²э араас СМИ-лэр суруйбуттара дии: Нерюнгриттан Карелин диэн следоваетль кэлбитин, киниэхэ республика салалтата квартира биэрэн эрдэ±инэ, СМИ-гэ биллэн хаалан, тохтообута диэн…
– Оннук баара. Следователлэр кэлэн буруйдуур ис хо´оонноох араас ыстатыйа±а т³рµ³т була сатаабыттара. Холобур, сокуоннайа суох предпринимательство, нолуоктаа´ынтан куотуу, онноо±ор лиценционнайа суох компьютернай программалары ту´ана±ыт диэн эмиэ. Бµтэр у´угар «мошенничество» диэ²²э тохтууллар. Би´иги сууппут системата ситэтэ суох диэн этиэххэ наада. Холобур, хаайалларыгар прокурор «хаайыма²» диир, ону истибэттэр. «Силиэстийэттэн куотуо, туо´уларга давление о²оруо», – диэн онуоха с³бµлэспэттэр, суутунан уураахтатан, СИЗО-±а миигин хаайан кэби´эллэр. Дьи²эр, мин куотар, са´ар санаам урут да суо±а, эгэ билигин инньэ гыныам дуо? Инньэ гынан миигин 2009 сыл тохсунньу 22 кµнµгэр Марха±а баар СИЗО-±а олордон кэби´эллэр. Сыл кэри²э буолан баран Са²а дьыл эрэ иннинэ, ахсынньы 25 кµнµгэр биирдэ та´аарбыттара. Онуоха диэри буруйдаа´ыны о²орботохторо. То±о эрэ µгµс кэпсэтиитэ, тыа´а-уу´а суох та´ааран кэбиспиттэрэ. Мин ону били Магнитскай диэн юрист Бутырка±а сытан ³лбµтµттэн туох эрэ хамсаа´ын тахсан, итинник гыммыттара буолуо дии саныыбын. Куттаммыттар бы´ыылаах этэ. Эппитим курдук, миэхэ туох да обвинениены о²орботохторо, арай следователлэр кэлэ-кэлэ а´а±астык: «Максимовка к³рд³рµµтэ биэр, оччо±о эйигин кµн сарсын та´аарыахпыт. Сарсын бу бириэмэ±э дьиэ±эр чэй и´э олорор буолуо²», – дииллэрэ. Араа´ынан киирэн, миигин СИЗО-±а олордон эрэ буолбакка, дьиэбэр чµµччэйии о²орон, дьиэм аанын алдьатан киирэн э²ин – араа´ынан барытынан давление о²орбуттара.
– Буруйа суох ки´ини хаайа сыппыттарыгар ким да эппиэттээбэт дуо?
– Итиннэ барытыгар суут бы´аарыыта баара, силиэстийэлиир кэм²э хаайарга диэн. Иккилии ый буола-буола хаайыллар болдьохпун у´атан испиттэрэ. Олох букатын буруйа суо±ум дакаастанна±ына, биллэн турар, хоромньубун тустаах тэрилтэттэн т³л³тт³р³р санаалаахпын. СИЗО-ттан тахсарбар силиэстийэлээ´ин тохтообото±о, билигин «под подписку о невыезде» сылдьабын.
– Бай, дьэ оччо±о дьыала тугунан туолуйан тахсыа биллибэт эбит дии! – Оннук.
– Силиэстийэлээччилэр бу дьыалаттан салгыбакка, у´уннук эрийсэр эбиттэр дии. Доппуруостуулларыгар ки´илии сы´ыанна´аллар дуо?
– Кэлин то±о эрэ ньиэрбинэйдиир буолбуттар.
– Юрий Козий диэн респубика±а хара²а со±ус дьыалаларынан биллэр предприниматель ки´и, эйигинниин биир камера±а сытан, эйигин кырбаабыт, илиигин, сы²ааххын то´уппут диэн «Якутск вечерний» ха´ыакка суруйбуттара. Хайдах ки´и этэй? Уопсайынан, хаайыыга туох аанньа буолуой, ол эрээри ол хайдах буолбутун саха тыллаах аа±ааччыларга, бэйэбит дьоммутугар кэпсии тµспэккин ээ.
– СИЗО, хаайыы систиэмэтэ диэн – отой атын, ураты эйгэ. Итиннэ биирдэ киирбит ки´и онно ³йдµµн-санаалыын хаалан хаалыан с³п. Ордук ыччат, подросток о±олор психологиялара тµргэнник уларыйыан с³п. СИЗО-±а хаайыыга олоро сылдьыбыт, олорботох да дьону барыларын бииргэ олордоллор. Итини сыы´а дии саныыбын. Урут олорбут дьону туспа, са²а дьыала±а эриллэр дьону туспа олордуохха с³п бы´ыылаах. Саастаах дьону мээнэ тыыппаттар, оттон ыччаты араас «понятиеларын» ³йд³рµн начаас бутуйаллар. СИЗО диэн т³´³тµн да и´ин хаайыы буолбатах. Кими да мээнэ кырбаабаттар, арай дьи²нээхтик тугу эрэ сыы´аны о²орбут ки´ини кырбыахтарын с³п. Миэхэ бииргэ олорбут дьонум сы´ыаннара µчµгэй этэ. Экономическай буруйга кµтµрэнии диэн син уратылаах буолла±а. Сокамерниктарбын араас юридическай боппуруостарга консультациялыырым. Биллэн турар, СИЗО-±а бары кэриэтэ «буруйа суохпут» диир дьон буоллахтара, ол и´ин µ²сэргэ-харсарга, дьыала-куолу толорорго а´ара наадыйаллар. Мин т³´³ кыалларынан кинилэргэ к³м³л³´³рµм, ол и´ин убаастыыллара.
Олох атын ³ртµн к³рбµтµм – миэхэ олохпор улахан опыт буолла. Ону-маны анааран к³рµµм, олох ту´унан толкуйум уруккутаа±ар ³сс³ дири²ээтэ. Ырытан к³рд³хх³, буруйу о²ороо´ун µксэ арыгылаа´ынтан тахсар эбит. Ыччат быстах дьыала±а тµбэ´эн, хаайыыга барар. Ол курдук арыгылаан баран охсуспуттар, ким эрэ кими эрэ кырбаабыт, сотовайын былдьаабыт, уо.д.а.. Наркотик дьыалатыгар эриллибиттэр элбээбиттэр. СИЗО-±а олорооччулар саастара араас, 14-тэн 85-тээх о±онньорго тиийэ бааллар. Омугунан арахсыы диэн онно суох, ханнык да омук буол – ки´ититтэн к³р³лл³р. СИЗО а´ылыгын олус ку´а±ан диир кыа±ым суох. Урут чахчы ку´а±ан эбитэ µ´µ. Кµ²²э биирдэ прогулка±а та´аараллар.
Юрий Козийы кытта биир камера±а олорорбор µ´µ³ этибит, ³сс³ биир Алдантан сылдьар кавказец ки´и баара, эмиэ экономическай буруйдаа´ы²²а кµтµрэнэр. Козийы кытта икки ый кэри²э бииргэ олорбутум. Туох да атаанна´ыыбыт суох этэ. Козий СИЗО администрациятыгар ол-бу ха´аайыстыбаннай дьыалаларга к³м³л³´³р буолан, ураты со±устук к³рµллэрэ. Араа´а, «к³рд³рµµ биэрбэт, онон кэ´эт» диэн кикпиттэрэ буолуо, биирдэ утуйа сыттахпына, миигин охсубута. Бэлэмэ суох сытар ки´ини охсубута аанньа буолуо дуо, сы²аа±ым тостубут этэ. Туран, охсу´ан киирэн барбытым, ол сылдьан аны илиибин эчэттэрбитим.
– А±ыйах хонуктаа±ыта ол Козий ³л³н хаалла. Ветчиналаах бутербродка харан ³лл³ диэтилэр. Эбэтэр соруйан ³л³рбµттэрэ буолуо дуо? Хайдах аска харан ³лµ³ххэ с³бµй? Онноо±ор и²сэлээх ыт да харан ³лб³т дии.
– Бу ыйытыыга ³с хо´оонунан эппиэттиэм этэ: «о мёртвом человеке говорят или хорошо, или ничего».
– С³п, буоллун. Салгыы кэпсэтиэх. Билигин салайар Торговай-промышленнай палата² ту´унан тугу кэпсиэ² этэй? Тугунан дьарыктана±ыт? Сµрдээх улахан суолталаах тэрилтэ дииллэр дии.
– Торговай-промышленнай палата (ТПП) общественнай тэрилтэ буолар. Сµрµн сыалбыт-сорукпут – предпринимателлэр интэриэстэрин к³мµскээ´ин, бизнес уонна государство бииргэ µлэлээ´иннэригэр табыгастаах усулуобуйаны µ³скэтии. Россия та´ымыгар ТПП-ны дойду урукку премьерэ Евгений Примаков салайар. Би´иги µ³´ээ²и тэрилтэбитин кытта сибээстээхпит, бииргэ µлэлэ´эбит. Ол эрээри бы´аччы кини структурата буолбатахпыт, туспа юридическай сирэй буолан µлэлиибит-хамсыыбыт.
ТПП суолтатын дьон µчµгэйдик ³йдµµрµн наадатыгар, тас дойдулар холобурдарын а±алыахпын ба±арабын. Сайдыылаах омук сиригэр ТПП µгµс государственнай функциялары толорор, холобур аччыгый, б³д³² тэрилтэлэр регистрацияларын боппуруо´ун кытта бы´аарар. Ол тµмµгэр государство чиновниктарын бюрократтаа´ыннарыттан быы´анар, оннук чиновниктар да±аны а±ыйыыллар. ТПП баарын, µчµгэйдик µлэлиирин тµмµгэр бу дойдуларга тас экономическай сибээстэ´иилэр министерстволара, предпринимательство министерстволара э²ин диэннэр суохтар. Би´иги республикабытыгар бу ааттаммыт министерстволар бааллар. Ол эрээри кинилэр предпринимателлэри кытта µлэлээ´иннэрэ быстар м³лт³х диэн этиэххэ наада. Чиновниктарга дьон итэ±элэ суох. Онон ТПП сµрµн сыала-соруга – итэ±элэи ылан, общественно´ы кытта ыкса µлэлээ´ин.
Бµгµ²²µ кµ²²э республикатаа±ы ТПП 61 чилиэннээх. Устаап бы´ыытынан бу тэрилтэлэр усунуос т³лµµллэр. Аччыгый тэрилтэлэр 5, 10 ты´ыынчаны, оттон «АЛРОСА» курдук улахан тэрилтэлэр 60 ты´ыынча±а тиийэ. Биллэн турар, би´иги усунуос эрэ хомуйар буолбатахпыт. Ол суотугар би´иги специалистары наймыла´ан, тэрилтэлэргэ бухгалтерскай, юридическай ³²³л³рµ о²оробут, сокуон ³ртµнэн к³мµскэллээх буолалларыгар к³м³л³´³бµт. Холобур, тэрилтэлэргэ бюджет иэ´ин т³л³т³рг³ юридическай к³м³ о²оробут. Биир сµрµн µлэбит – государственнай уонна муниципальнай сакаастарга анаан ыытыллар аукционнарга кыттыы. То±о диэтэххэ, чиновниктар сакаастары бэйэлэрин эрэ дьонноругар биэрэ сатыыллар. Оннук буолбатын диэн, аукцион чиэ´инэйдик барарын туруорсабыт, видео±а да устабыт. Тутуу хайысхатыгар строительнай экпертиза диэни киллэрдибит, ол эбэтэр тэрилтэлэр араас тутуу формаларын толороллоругар, расчёттары, экперт-тµмµктээ´иннэри о²ороллоругар к³м³л³´µµ.
– ТПП-ны салайаргар кэккэ мэ´эйдэр бааллар, араас бэрэбиэркэ µ³´э бэрэбиэркэ барар дииллэр. Ким уонна то±о мэ´эйдэ´эр дии саныыгын?
– Мин ТПП председателинэн 2008 сыллаахха буолбутум. Бу сыл муус устар 28 кµнµгэр хаттаан талыллыбытым. Республикабыт µрдµкµ салалтата мин ТПП-ны салайарбын с³бµлээбэтэ±э диэн бы´аччы этэбин. Холобур, государственнай сакаас аукционун талбыттарынан ыыталлара тохтуурун с³бµлээбэттэрэ биллэр. Араас бэрэбиэркэ µ³´э бэрэбиэркэ са±аламмыта, Минюст кэлэн бэрэбиэркэлээн, араас сыы´а-халты баар диэн, олору туоратарга ыйыбыта. Уон сыл устата сµгµн µлэлээбэтэх палата проблемата элбэх буолла±а, холобур, уопсай иэ´э-кµµ´э 1,5 м³л. солкуобай. Бу ыарахаттартан мин куттаммаппын, итэ±эстэри туоратыахпыт, иэспитин т³лµ³хпµт диэн эрэллээхпин. Специалистар бааллар, эбии т³л³бµрдээх ³²³л³рµ эмиэ о²орор кыахтаахпыт.
– Республика салалтатын, чуолаан президент Штыров уонна правительство председателэ нефть уонна газ хайысхатыгар ыытар политикаларын туох дии саныыгын? Афанасий Максимовы уонна эйигин соруйан сойуолаа´ын барар дуу, хайдах дуу?
– Уопсайынан, нефть уонна газ хайысхатын сайыннарыы – олохпут ирдэбилэ буолар. Производствоны диверсификациялаа´ын хайаан да наада. Бачча сир баайын µрдµгэр олорон, би´иги дотационнай регион буолан бµтµ³хпµтµн наада. АЛРОСА-ттан ураты атын производствоны эмиэ тэрийэн, бастатан туран нефть-газ хайысхатыгар, сити´иэхтээхпит. Били²²и тэрээ´иннэр тµмµктэрэ аны 10-15 сылынан, бэйэлэрин хостуур сирдэрин бэрээдэктээн, инфраструктуратын тэрийэн, нолуоктарын толору т³лµµр буоллахтарына, биирдэ биллиэ±э. Итини кытта сэргэ бары хайысха±а аччыгый уонна орто бизне´и тэ²²э тутан сайыннарыахха наада. Оччо±о дьон дьарыктаах буолуо, бэйэтин хааччынар усулуобуйата µ³скµ³ этэ.
– Республика µрдµкµ салалтата, чиновниктара поэт УХХАНЫ кытары суутта´ыыларын ту´унан эн истэ-билэ сылдьа±ын дуо? Туох дии саныыгын?
– Поэт Иван Николаев-Уххан – саха норуотугар биллэр, убаастанар поэт. Кини, бэйэтэ а´а±ас уонна чиэ´инэй ки´и бы´ыытынан, бэйэтин Интернет сайтыгар коррупцияны саралыыр матырыйаалы та´аарбыта. Чиновниктар онуоха хайдах ³л³рдµµ ³´µргэнэн реакциялаабыттара, ол ыстатыйалар, араа´а, кырдьыктаахтарын к³рд³р³р. Общество±а тустаах хайысха±а сы´ыаннаан бэйэлэрин санааларын маннык а´а±астык этэр дьон, общественнай тµмсµµлэр, бизнес бэрэстэбиитэллэрэ элбэх буолуохтаахтар. Бу, бастатан туран, былаас кинилэри истэригэр уонна ал±а´ын к³нн³р³рµгэр, икки´инэн, норуот кинини куруук хонтуруоллуурун билэригэр наадалаах. Оччо±о эрэ би´иэхэ дьи²нээх демократическай общество баар буолуо.
– Ил Тµмэн быыбарыгар эн Сунтаар улуу´угар кыттан, бэрт элбэх куола´ы ылбыты². Быыбардааччылар: «Административнай ресурса мэ´эйдэспэтэ±э буоллар, депутат буолуохтаах этэ», – дииллэр. Ону хайдах бы´аара±ын?
– Сунтаар улуу´угар Ил Тµмэн быыбарыгар кыттан, быыбардааччылар 47 % куоластарын ылбытым. Улаханнык кыайтардым диир кыа±ым суох, дьи²эр, кыайбытым диэхпин с³п. Административнай ресурса диэн урут да баара, билигин да баар, µ³рэнэн да хааллыбыт. Ол эээри бу омсолоох к³стµµ суох буолуохтаах. Тµгэнинэн ту´анан, миэхэ куоластаабыт бары быыбардааччыларбар махтанабын. – Кэлэр ³ртµгэр Ил Тµмэн быыбарыгар кыттыа² дуо?
– Кэлэр быыбарга кыттыам дии саныыбын. Сунтаар сайдарыгар, чуолаан гаазтаа´ы²²а, бэйэм кылааппын хайаан да киллэрэр ба±а санаалаахпын.
– Олох-дьа´ах, дьыл±а ту´унан кэпсэтиэх. Эн а±ан республика±а биллэр салайааччы этэ. Иннокентий Осипович Пахомов республика сайдыытыгар элбэ±и онорбут ки´и. Кини такайан та´аартаабыт дьоно элбэхтэр эбит ээ. Холобур, кини Сунтаар райкомун бастакы секретарынан олордо±уна Александр Акимов киниэхэ баара-суо±а совхоз эрэ управляющайа эбит… А±а², ийэ² оруоллара эйиэхэ улахан дуо?
– Олус улахан оруоллаахтар. Дьонум миигин ха´ан да бобон-хаайан µ³рэппэтэхтэрэ. Самостоятельнай буоларга, µлэлииргэ кыра эрдэхпиттэн µ³рэппиттэрэ. Ийэм врач бы´ыытынан дьон ытыктабылын ылара, а±ам салайааччы бы´ыытынан миигин чиэ´инэй буоларга такайбыта.
– Сахабыт сирин сайдыытын эн хайдах к³р³±µн?
– Тус бэйэбэр сы´ыаннаан эттэхпинэ, ТПП-ны Саха сиригэр кµµскэ µлэлэтэн, республика сайдыытыгар бэйэм кылааппын киллэрэр санаалаахпын. – Инники былааннары² ту´унан кэпсээ эрэ.
– Инники былааным диэн, нефтегазовай хайысхаттан син-биир туораабатым буолуо. Специалист бы´ыытынан балачча опыттаахпын, онон ³сс³ да µлэлиэм-хамсыам диэн эрэллээхпин. – Бар-дьо²²ор, аа±ааччыларга ба±а санаа²?
– Билигин олохпут кµн-тµµн ыараан и´эр курдук. Ол эрээри араас бырайыактар олоххо киирэллэрэ кэтэ´иллэр. Тимир суол кэлиитэ, сир баайын хостоо´ун уо.д.а.. Сайдыы итинэн эрэ му²урданыа суохтаах, холобур, неби уонна га´ы бэйэбит переработкалыах тустаахпыт. Бу салаа±а бэйэбит ыччаппыт µлэлиэхтээх. Бастатан туран, саха салайааччылара баар буолуохтаахтар. Кинилэр саха ыччатын µлэ±э т³´³ кыалларынан ылыа этилэр. Атыттарга эрэнии – ту´ата суох дьыала. Ол да буоллар олорон хаалбакка кµµскэ, бииргэ сомо±оло´он µлэлиэхпитин наада. Оччо±о эрэ олохпутугар тугу эмэ сити´иэхпит.
Кэпсэттэ Александр ЯКОВЛЕВ. (Интервью 29.05.10 ылылынна. Икки хонон баран В.Штыров астаапка±а барбыта)
«Туймаада уоттара», №6(11) ыам ыйа, 2010 с.
|
Views: 1731 |
Added by: uhhan1
|
Total comments: 1 | |
1
Сахастаан_
(2010-06-04 12:32)
Бэртээхэй кэпсэтии эбит. к8р, Ыстыыраптан куттамматтах дьон урут да бааллар эбит. арай хорсуннар дьэ билигин к8сту8х курдуктар, Ыстыырап куоппутун кэннэ. ээ?
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 35 Ыалдьыттар (гостей): 35 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|