Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2010 » Бэс ыйа » 14 » Суут уґуннук барбыта. Хаста эмэ кіґірүллэн, уґатыллан-кэІэтиллэн бу күннэргэ дьэ түмүктэннэ...
Суут уґуннук барбыта. Хаста эмэ кіґірүллэн, уґатыллан-кэІэтиллэн бу күннэргэ дьэ түмүктэннэ...
16:43
  Е.Михайлова дьокутаат Г.Артемьевы, эколог И.Бурцевы уонна Ухханы кытта сууттаспытын түмүгэ
11.06.2010 15:58 | Автор: Т.Сергеева-Сиккиэр |

11111111СЈ урукку вице-бэрэсидьиэнэ сылдьалларын туґунан бу иннинэ хаґыакка суруйан аґарбыттаахпыт. Санатар эбит буоллахха, Артемьев уонна Бурцев кинилэр иннилэринэ "Михайлова ХИФУ ректорынан үлэлиирэ сібі суох” диэн дойду бэрэсидьиэнэ Медведевкэ, премьер-миниистир ПутиІІа, үірэх миниистирэ Фурсенкоҕа аґаҕас сурук суруйбут Багдарыын Сүлбэни кытта сібүлэґэллэрин биллэрбиттэрэ уонна ону И.Николаев-Уххан интэриниэт-саай тыгар таґаарбыттара.

Бу аґаҕас суруктарыгар ааптардар Евгения Михайлова ректорынан талыллара сібі суоҕун дакаастыахтаах айылаах элбэх бірүкүтэ суох чахчылары аҕалбыттар этэ. Ол кэмІэ Саха Јріспүүбүлүкэтин вице-бэрэсидьиэнэ дуоґунастаах Евгения Михайлова ону кытта, биллэн турар, сібүлэспэтэҕэ уонна уталыппакка ИДь миниистирэ Яков Стаховка УххаІІа холуобунай дьыала кібүтүллэригэр, бу айдааннаах интэриниэт-саайт сабылларыгар туруорсубута. «Ааппын-суолбун, чиэспин киртиттилэр» диэн үґүіннэриттэн холбоон 1,5 міл. солк. сууманы моральнай хоромньу быґыытынан сууттаґан ыларга холоммута.

Суут уґуннук барбыта. Хаста эмэ кіґірүллэн, уґатыллан-кэІэтиллэн бу күннэргэ дьэ түмүктэннэ...

«Биир истиІ тылы эппэтэҕэ»
 

2003 сыллаахха Бүлүү Сыдыбылыгар оскуола умайан 22 оҕо уокка былдьаммыта. Онно Михайлова баґылыктаах бырабыыталыстыба хамыыґыйата тэриллибитэ. Оччолорго Евгения Исаевна СЈ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта этэ.

Суукка Георгий Артемьев: «Јріспүүбүлүкэ үрдүнэн траур биллэриллибитэ. Бэл, дойду бэрэсидьиэнэ кытта кутурҕанын эппитэ. Оттон биґиги бырабыыталыстыбабыт хотуна үґүс күнүгэр  быґылаан буолбут миэстэтигэр тиийэн олохтоохтору мунньан ыар мунньах тэрийэн учууталлары сирэй-харах анньыбыта. Оҕолорун сүтэрбит тіріппүттэргэ биир да истиІ тылы эппэтэҕэ... Салайааччы іттүттэн маннык бірүкүтэ суох быґыы-майгы тахсыа суохтаах этэ», — диэн эттэ.

Ол мунньахха туох буолбутун, чахчы, илэ кулгаахтарынан истибит, харахтарынан кірбүт туоґулар элбэхтэр үґү да, мэлдьи да буоларын курдук, "хаґан кырдьыгы булаары” диэн матыыптаан, куттанан да, дуоґунастаах дьону кытта сууттаґа сатаабаттар диэн буолла.  Арай, култуура эйгэтин үлэґитэ Святослав Григорьев эрэ туоґу быґыытынан суукка кэллэ. «Мин оччолорго Дьокуускай куоракка култуура киинин дириэктэринэн үлэлии сылдьарым. Уопсайынан Сыдыбылга 16 сыл олорбутум. Бу оскуолаҕа ір кэм учууталлаабытым, дириэктэрдээбитим. Онон быґаччы сыґыаннаах киґи буоларым быґыытынан дьонум-сэргэм ыарахан кэмнэригэр кіміліґі, күүс-кімі, ійібүл буола диэн барбытым. Михайлова алдьархай буолбута үґүс күнүгэр тиийэн уопсай мунньах тэрийбитэ.  Мунньахпыт хара аантан буруйдааҕы була сатыыр, учууталлары сирэй-харах анньар, нэґилиэнньэни ірі туруорар міккүірдээх этэ. Быґата, ыгыы-түүрүү, күргүйдээґин, доппуруос, сааныы былаастаах мунньах буолан ааспыта. Михайлова, бэл, оҕолорун сүтэрбит тіріппүттэргэ биир да истиІ, сылаас тылы эппэтэҕэ, биир мүнүүтэлээх кутурҕаны биллэрбэтэҕэ. Мин онно бэйэм санаабын  эппитим. «Оскуолалар баґаартан сэрэхтээх буолалларыгар былаас іттүттэн туох да кімі оІоґуллубат, харчы кірүллүбэт» диэбиппэр Михайлова олус улаханнык іґүргэммитэ. "Туора киґи сылдьыа суохтаах” диэн миигин кулууптан үүрдэрэ сатаабыта. Онуоха олохтоохтор «бу оскуолаҕа хас да сыл үлэлээбит бэйэбит киґибит» диэн нэґиилэ хааллартарбыттара. Ол кэннэ санааҕа-онооҕо ылларан «Наше время» хаґыакка интервью биэрбитим. Бэйэм баҕа іттүбүнэн. Онтон іґүргэнэн Михайлова «Якутия» хаґыакка адьас атыны тиэрэ эргитэн таґаарбыт этэ. Онон, аґаҕас сурук ааптардара кырдьыгы хайдах баарынан эппиттэрин, ол интервьюттан тэптэрэн аґаҕас сурук суруйбуттарын саамай сіптііҕүнэн ааҕабын», — диэн Святослав Павлович  бэрэстэбиитэллэр ыйытыктарыгар хоруйдаата. Туоґуттан «Михайлова бохоруонаҕа баар этэ дуо?» диэн ыйыппыттарыгар: «Кини онно суох этэ. Оҕолор ілүктэрин кірдііґүнүнэн, хоруоптары сааґылаан туруоруунан биґиги дьарыктаммыппыт. Кини буолбатах», — диэн хоруйдаата.

Михайлова быйыл «Якутия» хаґыакка, аґаҕас сурук ааптардара «устроила самосуд» диэн этиилэригэр «учууталлары сирэй-харах анньыбатаҕым, биир да киґини буруйдаабатаҕым» диэн хардарбыт этэ.

Эколог Иван Бурцев суукка кірдірүүтүгэр, Михайлова Сыдыбылга сырыытын кэриэтиир, саралыыр ыстатыйалар іріспүүбүлүкэ, бэл, бырабыыталыстыба хаґыаттарыгар элбэхтик тахсыталаабыттарын эттэ (хаґыаттары суукка кірдірдүлэр).

Ол курдук, суукка этиллибитинэн, Михайлова үрдүк дуоґунаґын, былааґын туґанан икки сиэнэ умайан ілбүт кырдьаҕас киґиэхэ олус сэнэбиллээхтик сыґыаннаспыт, кэлин хаґыатынан "суобаґа суох эмээхсин” уо.д.а. дэтэлээбит. Ол іріспүүбүлүкэ хаґыатыгар сурулла сылдьар эбит. Кырдьаҕас кыахтааҕа буоллар бу да сырыыга суукка туоґу буолуохтааҕа хаалбыт.

Суут матырыйаалларыгар Евгения Михайлова Сыдыбыллааҕы быґылаан иннигэр үірэх миниистиринэн үлэлии олорбута, онон бу алдьархайга эмиэ эппиэтинэґи сүксүґүіхтээҕэ этиллибит. Оттон Михайлова Сыдыбыл иэдээнин кэннэ (2003 сыл муус устар ыйыгар) «Якутия» хаґыакка маннык хоруйдаабыт: «Будучи министром образования никакими приказами я не перекладывала персональную ответственность за выполнение возложенных на министерство задач и функций на своих заместителей. А вот контроль за исполнением, соблюдением и усилением работы по той или иной сфере деятельности Министерства образования возлагался на заместителей министра», «С точки зрения федеральных и республиканских законов «Об образовании» создание условий, строительство, обустройство – компетенция органов местной власти, то есть администраций улусов и городов».

Суукка киирсэр ірүттэргэ хайаларыгар да кыттыспакка ойоҕоґуттан кэтээн олорор киґиэхэ Евгения Михайлова бэрэстэбиитэлэ Стромыло диэн киґи (Евгения Исаевна бэйэтэ суукка суох) бэриллэр ыйытыыларга бука барыларыгар «билбэппин, мин ол кэмІэ суох этим» диэн саннын ыгдах гыннаран иґэрэ, биир туоґу буолбут киґини туох да ис хоґооно суох "кіІдій киґи” (пустой человек) диэн үіҕэн кэбиспитэ дьиктитик иґилиннэ. ДьиІинэн, кімүскүүр киґитэ хаґан тугу гыммытын син билиэн да сіп этэ.

Михайлова уонна 25 бырыґыан

 

Михайлова Саха Јріспүүбүлүкэтин үірэҕин эйгэтигэр эспэримиэннэри киллэриигэ ураты оруоллааҕа эмиэ этилиннэ. Михайлова Интэриниэккэ суруйааччылар кинини "...биир дайбааґынынан тыа сирин оскуолаларын 25 бырыґыанын сарбыйа сатаабытын Саха сирин норуоттара хаґан да умнуохтара суоҕа” диэн этиилэрин "чиэспин уонна дьоґуммун түґэрэр” диэн суукка үІсүґэр.

Оттон эппиэттээччилэр Михайлова бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлии олорон тыа сирин орто оскуолаларын 25 %-нын "реорганизациялаан” алын сүґүіх эбэтэр уопсай оскуолаларга кубулута охсор уонна ханнык оскуолалар "реорганизацияланалларын”, тіґі дьиэ-уот, харчы босхолонорун ыйан туран тута сабаан (биир күн иґигэр) биллэрэ охсоллоругар дьаґайар суругун суукка аҕалбыттар. Холобур, ол сурукка (08.11.06с.) бу курдук этиллибит: "... рекомендуем органам местного самоуправления провести в 2007  году следующие мероприятия по сокращению расходов по отрасли "образование” провести реорганизацию 25% средних общеобразовательных школ в основные и начальные... В срок до 09.11.06 г. необходимо подготовить предложения по вышеуказанным мероприятиям с указанием высвобождаемых средств, площадей”.

Эппиэттээччилэр этиилэринэн, Михайлова бу суруга тигээйи уйатын тоҕо тарпыт. Нэґилиэнньэ, уопсастыбаннас, оскуола учууталлара бырачыастаан, долгуйуу саҕаламмыт. Онтон сылтаан үірэх миниистирэ, бэл, бэрэсидьиэн илэ бэйэлэринэн нэґилиэнньэҕэ быґаарыы биэрэргэ күґэллибиттэр. Холобур, билигин суукка эппиэттээччи быґыытынан ыІырыллан кэлбит дьокутаат Георгий Артемьев оччолорго МэІэ ХаІалас улууґун баґылыгынан олорон эмиэ оннук бирикээґи туппут эбит. Ол туґунан дьокутаат суукка хайдах баарынан эттэ.

Оттон «Якутия» хаґыакка: «В письме Евгении Исаевны говорится о реорганизации средних однокомплектных общеобразовательных школ в основные или начальные для создания профильных полнокомплектных средних школ. Данное предложение также было связано с объективным снижением численности детей в связи с демографическим спадом. Таким образом, будучи заместителем председателя Правительства РС(Я) Е. Михайлова рекомендовала не сократить сельские школы, а усовершенствовать их в интересах прежде всего детей, которые должны получать качественное образование” диэн быґаарыы биэрбиттэрэ.


Багдарыын Сүлбэни кытта
 

Интэриниэккэ суруйбут дьон (Бурцев, Артемьев) "Багдарыын Сүлбэ РФ салалтатыгар Е.Михайлова саІа тэриллэр университет ректора буолар кыаҕа суоҕун суруйбутуттан іґүргэнэн, вице-бэрэсидьиэн сурук ааптарын сонордоґууну тэрийдэ, ытыктанар киґини аґаҕастык үіхтэ. Ити кини киґи быґыытынан култуурата суоҕун, этика нуормаларын аахсыбатын туоґулуур..." уо.д.а. диэн этиилэрин тула эмиэ ірүттэр санааларын этиннилэр. Санаттахха, Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэ сааґын тухары муспут топонимикаҕа картотеката кини дьиэтигэр баппат буолбутун, онон сибээстээн маны харайар дьиэ-уот наадатын туґунан урут элбэхтик этиллэн турар. Евгения Михайлова тюрколог бу кірдіґүүтүн "оҕолоругар дьиэ кірдүүр” диэн бэрт судургутук "быґааран кэбиспитин” ылыммакка Багдарыын Сүлбэ биґиги хаґыаппытыгар эмиэ суруйа сылдьыбыта. Багдарыын Сүлбэ суукка санаатын ирэ-хоро этинээри кэлбит да, кытыннарбатылар. Судьуйа батан кэбистэ.

 

Саарбахтааґын...

Евгения Исаевна – педагогика билимин дуоктара. Оттон аґаҕас сурук ааптардара кини дьиІнээхтик науканан дьарыктаммытын улаханнык саарбахтыылларын биллэрбиттэр (сиэр быґыытынан, университеты билим эйгэтигэр киэІник биллэр улахан учуонай киґи салайыахтаах). Исаевна ону эмиэ суукка үІсэн суруйбут. Холобур, кини билиминэн дьарыктаммытын «Якутия» хаґыакка маннык диэн быґаарар: "решением Высшей аттестационной комиссии от 16.06.2000 г. №26д/64 мне присуждена ученая степень доктора педагогических наук. Мною опубликовано более 180 публикаций, включая статьи в научных журналах и монографии”.

Дьокутаат Георгий Артемьев суруйбут суруга сиэрдээҕэр саарбахтаабатын, олоҕун кэнники сылларын барытын миниистир, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, вице-бэрэсидьиэн курдук эппиэттээх дуоґунастарга анаабыт киґи хайдах да быыс булан науканан дьарыктанар кыаҕа суоҕун эттэ. Михайлова биир да күн үрдүк үірэх кафедратыгар, НЧИ лабораториятыгар үлэлээбэтэҕин, научнай үлэлэрэ суоҕун санатта.

Суут түмүгүнэн, Михайлова кыайыылаах хаалла. Судьуйа Удалова, саат куттарыы сууматын 10-20 тыґ. тиийэ кыччатан биэрдэ. Санаттахха, бастакы суума 1,5 міл. этэ.

Суут барытын быґаарбыт курдук буолла эрээри, ірүттэр хайалара да бэйэлэрин санааларын тілірүппэккэ, тиґэҕэр диэри кырдьыктарын дакаастаґар санаалаах тарҕастылар. Быґата, били ханнык эрэ былыргы муударай дьон эппиттэригэр дылы, "ким кырдьыктааҕын устуоруйа бэйэтэ быґаарыа”.

 

Ким кими: Е.Михайлова дуу, Г.Артемьев, И.Бурцев дуу?
28.05.2010 20:38 | Автор: КЫЫМ.ру
 105«Кыым.ру» вице-президент Е.Михайлова уонна коммунист Г.Артемьев, эколог И.Бурцев иирсээннэрин туһунан суруйан турар. Ыам ыйын 20 күнүгэр бу дьыала суукка иґитиннэриитэ буолан ааспыта.

Үҥсүү-харсыы іссі дириІээн, муостанан-туйахтанан, хааґыта хойдуох курдук буолан эрэринэн сибээстээн, суут аны бэс ыйын 3 күнүгэр кіґірүлүннэ. Дьэ, правовой судаарыстыбаны тутар дьон, хайыахпытый, бэйэ-бэйэбитин суукка соскойдоһор буоллахпыт. Бас-көс дьоммут суутунан иирэ сырыттахтарына, ама биһигинньиктэр иирсэрбит бааланыа үһүө?! Эйэ-илэ суохтары түргэнник хам баттыыр дөбөҥ.

Е.И.Михайлова муус устар 30 чыыһылатыгар «Якутия» хаһыакка айдаан төрүөтүн бэйэтэ хайдах сыаналыырынан көрөн интервью биэрбитэ. Онно кини  билиҥҥи СГУ ректора Анатолий Алексеев "ХИФУ президенэ буолуон бэйэтэ баҕарарын”, онтон Евгения Исаевнаны тэриллэн эрэр үөрэх кыһатын учредителэ Н.Булаев "ректор буол” диэн аан бастаан эппитигэр, "аккаастаммытын” уонна "ректорынан Анатолий Николаевич хаалара ордук диэн Булаевы тылыгар киллэрбитин”, өссө аһара баран "Штыровка кытары Алексеев кандидатуратын өйөөбүтүн” кэпсиир. Ол гынан баран, В.Штыров: "Ректором СВФУ должна стать только Евгения Исаевна... этот мегапроект №1 поручить  больше некому”, -- диэн быһа-бааччы эппитигэр сөбүлэспит.

 

Евгения Исаевнаны "Сыдыбыл алдьархайыгар буруйдаабыттарыгар” ончу өлөрдүү өһүргэммитин этэр. Г.Артемьев уонна И.Бурцев "суут истиитэ буолуон биир күн иннинэ Е.Михайловаҕа сурук суруйбуттар”. Онно Сыдыбыл олохтоохторун "оспот баастарын тыытымыахха”, "үҥсүүгүн төттөрү ыл” диэн эппиттэр. Вице-президент "бэйэлэрэ бастаан саҕалаан баран чугуруйаллар” диэн сөбүлээбэтэх. Өссө "бог вам судья” диэбиттэрин, "коммунистар таҥараҕа туох сыһыаннаахтарый” диэн ыйыппыт. (Евгения Исаевна, хаһан эрэ былыр эмиэ бу баартыйаттан үүнэн тахсыбытаҕа дуо? – "К.р”).


Салгыы Сыдыбыл алдьархайыгар Е.Михайлова  "учууталлары сирэй-харах анньыбатаҕым, сууттуур мин быраабым да суох” диэн бу кэпсэнэр дьон "устроила самосуд” диэбит кэриэтээһиннэригэр хардарар. Быһылаан кэнниттэн биир да учуутал "буруйга-сэмэҕэ тардыллыбатах”.

(Ити саҕана Дагестаҥҥа эмиэ оҕолор өлүүлээх баһаар тахсыбыта. Онно дойду салалтатын кытары быһа эфиргэ тахсыыга Кавказ омуктара улаханнык кыһыйан-абаран туран үрдүкү салалтаны мөхпүттэрэ-эппиттэрэ. Түбэһэн туох баар кыһалҕаларын барытын   быһааттарар курдук кэпсэппиттэрэ. Онтон... Саха сирин правительствотын бэрэссэдээтэлэ баһылыктаах "Сыдыбыл олохтоохторо” "төрөөбүт правительстволарыгар махтана турбуттара”... Туораттан көрүүгэ киһини сонньуйуох олуона хартыыната этэ).

Артемьевтаах Бурцев: «Биир мааҕынан тыа оскуолатын 25%-нын саба сатаабыта» – дииллэригэр, Евгения Михайлова хардарар: "Тыа оскуолатын сабар туһунан эппэтэҕим, бастатан туран, оҕолорго хаачыстыбалаах үөрэҕи биэрэргэ этии киллэрбитим”.
Онтон куорат үөһүгэр миитинниири, демонстрациялыыры бобон баран "сааттаахтык суукка хотторбута” диэбиттэригэр, Михайлова "хоппутум” диэбит. (Хайаларын итэҕэйэбит?)

Онтон Е.Михайлова научнай истиэпэннээҕин саарбаҕалаабыт табаарыстарга кини "Үрдүк аттестационнай хамыыһыйа быһаарыытынан (16.06.2000 г. №26д/64) педагогическай наука доктора учуонай истиэпэнэ анаммытын” тоһоҕолоон бэлиэтиир. "180 научнай үлэтэ ааптара” буоларын санатар. Билигин даҕаны наука эйгэтигэр үлэлиирин этэр.

Түмүккэ интервью ылбыт суруналыыс "РФ премьерэ Путин Е.Михайлованы ректорынан бигэргэтэн бүппүтүн кэннэ” тугунан сулуйдугут диэн олуйбут. Сыдыбыл иэдээнигэр Е.Михайлова "икки нэдиэлэ аат айаҕар сылдьыбытын”, ол айылаахха похоронаны тэрийбитин, төрөппүттэри-учууталлары эйэлэһиннэрбитин ахтыбыт. (Кырдьык, туох да диэбит иһин, ыарахан күннэр-түүннэр турдахтара эбээт).

Е.Михайлова ынырык түбэлтэҕэ "син биир буруйдана саныырын”, онон ааспыт сэттэ сылы быһа сыдыбылларга көмөлөһөрүн эппит. Ыччаттар үөрэххэ-үлэҕэ киирэллэригэр көмөлөһөр эбит. Саҥа оскуола, суол тутуутугар кыттыһар, салайар эбит. "Төрөппүттэр Е.Михайлованы көмүскэһэн Путиҥҥа кытары суруйбуттарын” ахтар.

"Г.Артемьев Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгынан олорон Исаевна аатын (оччолорго үөрэх миниистирэ) улуус бочуоттаах кинигэтигэр киллэртэрбит”, билигин кэлэн "олох атыны туойа сылдьарыттан” ыстатыйа ааптара "сөрү диэн сөхпүт”. (Баһылык тутулуктаах киһи  буоллаҕа, араастаан хайҕаан, ньымааттаан тугу эмэ улууһугар ыһыгыннарар. Г.Артемьев эмиэ "сыыры” оннук ньыманан ыла сатаатаҕа).

Евгения Михайлова хайдах-туох санаалааҕын иһиттибит-биллибит. Онтон "сталинскай кэм донуосчуттара сыттаах” суруксуттар тугу этэн эрэллэрий?

«Кыым.ру» корреспондена И.С.Бурцев уонна Г.М.Артемьев суукка бэрэстэбиитэллэрин кытары Федор Винокуровтыын сэһэргэстэ. Манна диэн бэлиэтээтэххэ, "кыһыллар” суукка икки бэрэстэбиитэллээхтэр: Федор Винокуровы кытары Евгений Мыколаенко диэн киһи.

-- Бастатан туран, суут Сыдыбыл дьыалатын сыныйан кіріргі быґаарынна, -- диэн Ф.Винокуров этэр. – Ґірэҕирии тэрилтэтигэр оҕо ілүүлээх баһаар, Сыдыбылга эрэ буолбакка, ОдьулууІІа эмиэ тахсыбыта. ("К.р”: Одьулуун алдьархайын туһунан Е.Михайлова эппиэтэ: "Управление профтехобразования до 2000 г. напрямую подчинялось правительству. И в апреле 2003-го я уже не работала министром образования. Зачем же говорить и писать неправду?”).

Ити быґылааннарга элбэх киґи үірэх миниистирин Евгения Исаевна Михайлованы буруйдуу санаабыта. Ол дьыала буолбута ырааппыта эрээри, билигин хос кірүллэр буолла, -- диир.

 

Үөһэ эридьиэстээбит Михайловабыт интервьютугар олоҕуран, аны, Артемьевтаах Бурцев утары үІсүү бэлэмнээбиттэр диэн буолла.

Ф.Винокуров:

-- Артемьевтаах Бурцев утары үІсүүлэрин ис хоґоонун кылгастык билиґиннэрдэххэ, үксэ Е. Михайлова «Якутия» хаґыакка «Пусть знают правду!» диэн ыстатыйатыгар суруллубукка олоҕурар.

Санатар эбит буоллахха, бу атааннаґыы биэс пуун тула ырытыллар: Е. Михайлова "Сыдыбыл иэдээнигэр учууталлары буруйдаан сирэй-харах анньыбыта”, "Биир дьаһалынан тыа орто оскуолатын 25%-нан аччата сатаабыта”, ону тэІэ «Дьокуускай киинигэр пикеттары, демонстрациялары, миитиннэри бобор дьаґал таґаарбыта» уонна Багдарыын Сүлбэ сордоох суругун кэнниттэн "сойуоласпытын”, "устар үйэтин тухары муспут картотекатыгар дьиэ кірдіібүтүн – оҕолорун дьиэлээри сорунар” диэн тус интэриэскэ кубулуппута”, "Михайлова научнай истиэпэнигэр” улаханнык "саарбахтаабыттара”.

Ити пууннартан Артемьевтаах Бурцев Е. Михайлова "2007 сыл алтынньытыгар Дьокуускай киинигэр пикеттары, демонстрациялары, миитиннэри бобор дьаґал таґаарбытыгар” тохтообуттар. Бу дьаһал "политическэй хамсааґыннар бырааптарын, кіІүллэрин уонна демократическэй бириинсиптэрин кэґэр” – дииллэр. Итини Евгения Исаевна утаран «Пусть знают правду!» - диэн суругар: «КПРФ уонна «Справедливай Россия» партиялара ити дьаґал федеральнай сокуону утарар диэн суукка үІсүү киллэрбиттэрин, Саха сирин Ґрдүкү суут дьыаланы кіріргі аккаастаабыта, онон мин ол сууту кыайбытым, дьаґал билигин даҕаны баар» – диэн суруйбут.

Дьэ, итини Артемьевтаах «Евгения Исаевна ситэ быґаарбакка» суруйбут дииллэр. Ґрдүкү суут кіннірүллүбүт, иккис дьаґалы кірбүт. Онон сууттаґарга туох да тірүіт суох диэн быґаарбыт эбит. Оттон Артемьевтаах Бурцев быґааралларынан, Дьокуускай куорат киинигэр демонстрациялары, пикеттары, миитиннэри боборго  атын дьаґал чахчы баара дииллэр.

Маны таґынан, Евгения Исаевна үІсүүтүгэр утары үІсүү быґыытынан, Георгий Михайлович дьокутаат уонна киґи быґыытынан аптарытыата киртитиллибитин  эмиэ таарыйар. ("К.р”: Евгения Исаевна "Ил Түмэн дьокутаата сокуону билбэт эбит” диэн Георгий Михайлович "аатын баґааҕырдыбыт”).

 

Дьэ, буолан-хаалан иһиэхпит...  Этиһии-охсуһуу кэмигэр үөс сиртэн олох атын киһини аҕалан "лөглөтөн” кэбиһиэхтэрэ. "Сахалар баҕайылар бэйэлэрин икки ардыгар хааһылана сырыттыннар” диэбит курдук. Хата, ыраахтан көрөн саатыыр, күлүү-элэк оҥостор буолуохтаахтар.

Бу дьону, мультикка курдук, "ребята, давайте жить дружно” диэн ыҥырбатыҥ чахчы. Этэргэ дылы, былыр-былыргыттан силис-мутук тардан кэлбит өһөөбүт өстүйүү-өсөһүү буоллаҕа.

Михайлова суукка кыайар түгэнигэр, саат куттарыытын Саха сирин олохтоохторо, бары хомуйар түбүккэ түһэр буолуохтаахпыт. Бэлиэр оннук ыҥырыылар иһиллитэлээн эрэллэр. Ол пенсиятыгар эрэ олорор Иван Бурцев, ханнааҕытынан мөлүйүөн аҥаарын ууран биэриэй? Өссө дьокутаат киһи син кыаныа даҕаны...

 

Үөһээ тыыныылаах "Кыым.ру” суруналыыстара.
Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 2030 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2010  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 35
Ыалдьыттар (гостей): 35
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024