News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2010 » Бэс ыйа » 30 » Тумусовтаах Эверстовы хайдах бутуйбуттарый? (Газеты "Кыым")
Тумусовтаах Эверстовы хайдах бутуйбуттарый? (Газеты "Кыым") | 20:43 |
28.06.2010 13:43
Тумусовтаах Эверстовы хайдах бутуйбуттарый? (Газеты "Кыым")
Госдума дьокутаата, «Сиэрдээх Арассыыйа» политическай партия региональнай салаатын салайааччыта Федот Семенович Тумусов бу күннэргэ дойдутугар кэлэ сылдьар. Түгэн көстүбүччэ «Кыым.ру» ыйытыыларыгар хоруйдаата.
- Федот Семенович, Госдумаҕа Саха сириттэн үс дьокутаат баар. Бэйэ-бэйэҕитин кытары төһө билсэҕит-көрсөҕүт, алтыһаҕыт? - Киһи быһыытынан сыһыаммыт эриэ дэхси. Этэргэ дылы, көрсүстэхпитинэ дорооболоһобут. Тус-туһунан партиялар бэрэстэбиитэллэрэбит. Михаил Эверстов, Юлия Песковская «Биир ньыгыл Арассыыйа», мин – «Сиэрдээх Арассыыйы» дьонобут. Юлия Анатольевнаны кытары элбэх боппуруоска бииргэ үлэлээн кэллибит. Үгүс боппуруоска санаа атастаһааччыбыт. Мин Госдумаҕа Саха сирин, сахалар бэрэстэбиитэллэрэ буоларым быһыытынан дойдум, дьонум интэриэстэрин күүһүм кыайарынан туруулаһа, туруорса сылдьабын дии саныыбын. Ол курдук дьокутааттыыр кэммэр түөрт уонтан тахсата тыл этим. Ол иһигэр уончата улахан трибунаттан өрөспүүбүлүкэ интэриэһин туруорсан тыл этим. Хас даҕаны сокуон барылын бэлэмнээн киллэрсибитим. Онтон иккитин Госдума дьокутааттара ылыммыттара. Биир сокуону уларытыы киллэрэн баран эмиэ үс ааҕыыны этэҥҥэ ааспыта. Олох соторутааҕыта уһук хотугу сирдэргэ эми-тому атыылыыры көҥүллүүр туһунан сокуон барыла бэлэмнээн киллэрбиппит. Бастакы ааҕыытын ааспыта. Сокуон барылын ис хоһоонун билиһиннэрэр эбит буоллахха, маннык. Кытыы, аҕыйах нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэргэ аптека диэн суох. Эми фельдшерскэй-акушерскай пууннар атыылыыллар (ФАП). Онтон сорох сиргэ ФАПтар да суохтар. Маннык түбэлтэҕэ эми-тому булуу олус улахан кыһалҕаҕа кубулуйар. Ол иһин биһиги, кырыы түөлбэҕэ үлэлиир медицинскэй үөрэхтээх специалистарга эми атыылыырга быраап биэриэххэ диэн туруорсабыт.
- Дьокутаат диэн үрдүк аат, чиэс-бочуот. Ол эрээри сорох дьокутааттарбыт дьүһүн-бодо диэҥҥэ наадыйбат курдук тутталлар-хапталлар. Холобур, эн коллегаҥ Михаил Ильич Эверстов туһунан сотору-сотору ол-бу араас бөрүкүтэ суох сурах-нуомас иһиллэр. Эн итини хайдах сыаналыыгыный? - Коллегабын – Михаил Ильиһи туох да диэн сыаналыыр, тэҥниир санаам суох. Ол гынан баран… Бэҕэһээ миэхэ «Новая газета» диэн Арассыыйаҕа биллэр-көстөр, ааттаах-суоллаах хаһыат кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччыта төлөппүөннүү сырытта. Ол кини эрийбитин төрүөтүн кэпсиир эбит буоллахха, үс нэдиэлэ анараа өттүгэр «Новая газета» Госдума дьокутааттарын ырытан ыстатыйа бэчээттээбитэ. Элбэх дьокутааттар быыһыгар Тумусовы ахтыбыттар: «Тумусов – является другом АЛРОСЫ». Хас эмэ абзац көтөн баран: «Тот самый Тумусов, которого упоминали выше» соторутааҕыта, ЕГЭ туттара барыахтаах оҕолор вертолеттарын былдьаан ылан бултуу көтөн хаалбыт. Инньэ гынан оҕолор экзаменнарын туттарбатахтар» диэбиттэр. «Саха сиригэр Тумусов кыыһын сыбаайбата общественность ортотугар улахан айманыыны таһаарда» диэбиттэр. Ону мин ааҕан баран кыыһырдаҕым дии: «Бу мин туспунан буолбатах, сыыһа тахсыбыт диэн бэчээттээҥ» диэн. Ону бэс ыйын 21 күнүнээҕи нүөмэргэ ол ыстатыйа тахсыбыт балаһатыгар «алҕас тахсыбыт, Тумусов буолбакка Эверстов туһунан суруллубут, Госдума дьокутаатыттан Ф.С.Тумусовтан бырастыы гынарыгар көрдөһөбүт» диэн таһаардылар.
- Вячеслав Штыровы политическай утарылаһааччыҥ буоллаҕа. Болдьоҕун иннинэ президениттэн уурайбытын туох дии саныыгын? - Вячеслав Анатольевыһы киһи быһыытынан мин доҕорум диэххэ сөп. ССКП партиятын обкомугар икки сыл бииргэ үлэлээбиппит. Онтон Общественнай наукалар академияларыгар бииргэ үөрэммиппит. Этэргэ дылы, элбэх лиитэрэ ууну бииргэ истэхпит. Ол да кэнниттэн бэйэ-бэйэбитин ыарахан кэмҥэ өйөһөр этибит. Вячеслав Анатольевич президент буолуоҕуттан ылата бу күҥҥэ диэри үстэ көрсөн кэпсэтэн турардаахпыт. Президент быыбарын кэнниттэн үс хонон баран мин киирэ сылдьыбытым, «быыбар бүттэ, салгыы бииргэ үлэлиэххэ» диэн. Онуоха: «Мин эйигин билиэхпин да баҕарбаппын!», -- диэбитэ. Быыбар өргүөрэ бүтэ илик буолан, итиитигэр тылласпыт буолуохтаах диэн, сыл аҥаара буолан баран киирэ сылдьыбытым. Ону: «Эн Саха сириттэн букатын баран хаал!» - диэбитэ. Ол кэнниттэн үс сылы быһа үлэтэ суох сылдьыбытым. Онтон Ил Түмэн саҥа бэрэссэдээтэлэ – Ньургун Тимофеев үлэҕэ ыҥырбытыгар, Штыровка киирэн кэпсэтэ сылдьыбытым. Президент көҥүлэ суох, баһылаан олорор «Биир ньыгыл Арассыыйа» мин кандидатурабар куоластыыр кыаҕа суох. Ол онно кэпсэтэ сылдьыбытым уонна бүттэ. …Политическай өттүнэн утарылаһааччым. XXI-с үйэ бастакы уон сылын сүрүн политическай событията – 2001-2002 сыллааҕы СӨ президенин быыбара этэ. Онно Саха сиригэр сахалар баһылык буолуохтаахтар диэн санаанан салайтаран биһиги быыбарга бүтэһигэр диэри киирсибиппит. Ити историческай миссиябын мин тиһэҕэр диэри толорбутум дии саныыбын. Штыров биһикки сыһыаммыт тоҕо буорту буолбутай? Киһи информацияны ааҕан, көрөн, истэн ылар диэн. Мин информацияны ааҕан ылабын. Ааҕан баран ырытабын, анаалыстыыбын, ол түмүгэр «бүһарбыппын» кырдьык диэн ылынабын. Оттон Вячеслав Анатольевич информацияны истэн ылар эбит. Ол уратыта кини ыытар политикатыгар улаханнык мэһэйдээбитэ. Президент быыбарын кэнниттэн, аныгыскы быыбарга киирсэр баҕалаах, президент буоларга талаһар потенциальнай кандидаттар киирэ-киирэ В.Штыров кулгааҕар «дьэ, бу Тумууһап аныгыскы быыбарга киирсэр тирэҕин булла, сэрэхтэннэ» диэн сипсий да сипсий буолан улахан дьайыыны оҥорбуттара. Штыров кулгааҕар киирбитин дьиҥнээх информация диэн ылынарын өссө биир туоһутун холобурдуум. Мин «САПИ» президенэбин, кини – АЛРОСА. Төлөппүөннээтим да, хайаан да приемныыр этэ. Биирдэ Москватааҕы офиһыгар кэллим. Кини оруобуна онно уоппускаттан тахсан олорор. Сүрдээхтик уйуһуйан, абаран-сатаран олорор көрүҥнээх. Миигин көрдө-көрөөт: «Федот, Саха сиригэр туох буолла?!» -- диэн ыйытта. «Ким эрэ ханна эрэ баран эрэр үһү, ким эрэ хантан эрэ кэлэн эрэр үһү» таһымынан сурах истэн кыыһыра-кыынньа олорор. Мин ону күлбүтүм: «Слава, это же слухи! Кто-то нарочно, адресованно пускает такие слухи». Мин өйдүүбүн, улахан транснациональнай корпорация салайааччыта уоппускаттан тахсан дьонуттан-сэргэтиттэн информация хомуйара бааламмат. Ол гынан баран! Сурахтан-садьыктан кыынньан-тымтан барар диэн – сиэри таһынан! Онон Штыров болдьоҕун иннинэ барбыта ити майгытын кытары сибээстээх. Кини тугу кэпсииллэрин, этэллэрин, суруйалларын олус омуннаахтык ылынар. Ол иһин ньиэрбэтин улаханнык кэбирэппит буолуохтаах.
- Оччоҕо «бэйэтин баҕатынан» барбытын итэҕэйэҕин? - Бэйэтэ көрдөһөн, туруорсан барда. Итиннэ саарбахтыыр сатаммат!
- Федеральнай таһымҥа дуоһунас биэрэллэр диэн этэ... - Федерация сүбэтин чилиэнэ – федеральнай дуоһунас буолбатах дуо? В.А.Штыровтан суруналыыстар ыйыппыттара: «Федеральнай былааска ханнык дуоһунас биэрэллэрий?» -- диэн. Онуоха: «Это зависит от того, кто станет президентом РС(Я)», -- диэн хоруйдаабыта. Ол онно мин тута, ол аата Федерация сүбэтигэр барар эбит диэн сэрэйбитим. Онтон Юлия Песковская вице-президент буолар үһү диэн сурах тарҕана сылдьыбыта. Онуоха, Песковскаяны Госдуматтан ылан баран, кини оннугар Штырову киллэрээри гыннахтара дуу дии санаабыттааҕым. Оннук да гыныахтарын сөп этэ, Медведев атын кандидатураны парламеҥҥа киллэрбитэ буоллар.
- 2012 сылга РФ президенин быыбара буолуохтаах. Үөс сиргэ сылдьар киһи көрдөххүнэ, онно төһө-хачча бэлэмнэнэнэллэр быһыылааҕый? - Бэлэмнэнии барар. Саҥа сокуон быһыытынан, аныгыскы президент болдьоҕо 5 сылтан 7-ҕэ диэри уһаабыта. Госдума дьокутааттара эмиэ үлэлиир болдьохторо түөртэн биэскэ диэри уһатыллыбыта. Бу икки быыбар болдьохторун билигин уларытар үлэ барар. Мин санаабар, парламент быыбарын инники диэки сыҕарытан биэрэллэрэ буолуо, 2011 сыл кулун тутарыгар Госдумаҕа быыбар оҥоруохтара.
- Президент быыбарыгар Путин барар дуу, Медведев дуу? - Бу икки дьонтон хайалара барара оруолу оонньообот. Хайалара да бартын иһин, кыайаыҕа уонна быыбар биир турунан бүтэрэ буолуохтаах. Саамай интэриэһинэйэ диэн, парламеҥҥа ханнык партия баһылыырыгар сытар. Эмиэ «единэйдэр» 70%-ны ылаллар дуу, 45%-ны дуу?
- «Сиэрдээхтэр» аныгыскы быыбарга эрэлгит улахан? - Олус улахан! Туйаара Нутчина
|
Views: 1845 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 27 Ыалдьыттар (гостей): 27 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|