Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2010 » Атырдьах ыйа » 5 » -- Мин санаабар, чеченнэри Сталин репрессийэтэ кыыллаан кэбиспит быһыылаах. 1953 сыллаахха эр дьонун үс гыммыт биирин сырса сылдьан өлөртөө
-- Мин санаабар, чеченнэри Сталин репрессийэтэ кыыллаан кэбиспит быһыылаах. 1953 сыллаахха эр дьонун үс гыммыт биирин сырса сылдьан өлөртөө
16:30
04.08.2010 12:20   
Чеченнэргэ кулуттаабыт саха киһитэ (ИА "Кыым.ru")

Иннибэр муус маҥан баттахтаах (дьиҥинэн 50 туола илик эбит ээ), уһун хатыҥыр уҥуохтаах, уҥа бэгэччэгин иилии шрамнаах, хара бэкир киһи олорор. "Ааппын суруйаайаххын. Чеченнэр диэн – чочумча саҥата суох нөһүөрэн олорор – ынырык дьон буоллахтара... Өс-саас ситиһэллэрин сөбүлүүллэр... Чечняҕа сылдьыбыт уолаттар тустарынан эмиэ эһиги (хаһыаччыттар диэн этэр) сэрэнэ соҕус суруйуох этигит. Соторутааҕыта снайперынан Чечняҕа сылдьыбыт уолу өлөрбүттэрэ дии… Мас хайыта турар уолу кэлэн ытан барбыттара".

Борис, «Борис» диэн ааттыаҕыҥ, өссө Сэбиэскэй кэм саҕана чеченнэргэ кулутунан сылдьыбыт киһи буолар. «Кэпсиэ этэ дуо?» -- диэн эдьийиттэн ыйыта сылдьыбыппар: «Ким билэр, доҕор. Олох кэпсээбэт ээ. Бастаан утаа ону-маны быктарар этэ да… Олус ыараханнык саныыр кэмэ быһыылаах, мээнэ айахтаппат», -- диэбитэ. Ол да буоллар, кимин-тугун ыйыа суох буолбуппар киһим сөбүлэстэ.

- 1984 сыллаахха аармыйаҕа барбытым. Онтон 1986 сылга бүтэн баран, дьиэбэр сүр ыксалынан төннөн, докумуоммун хомунаат да, БАМҥа үлэлии барбытым. Тыындаҕа, Ларба диэн станцияҕа үлэлээбиппит. Эһиилигэр түөрт киһини, ол иһигэр миигин Иркутскайга крановщик үөрэҕэр ыыппыттара. Уолаттарым Владивостоктан, Ростов-на-Донуттан, Тындаттан сылдьаллар.

Иркутскайга тиийбиппит крановщиктары бэлэмниир үөрэхпит туолан хаалбыт. Начальникпытыгар Тындаҕа Сан Саныч Поздняковка (ГАРЕМ – 28 салайааччыта) субуоннуубут. Киһибит «билиэккит төлөммүтэ, салгыы Ростов-на-Дону барыҥ, онно миэстэ баар» диэн дьаһайда. Биһиги онно тиийэн 4 ый үөрэннибит, икки ый практикаланныбыт. Ол сырыттахпытына БАМнааҕы тэрилтэбит ыһыллан, моҥкурууттаан хаалла. Сэбиэскэй Сойуус ыһыллар айдаана саҕаланна… Харчы суох… Мин дьоммор суруйа сатыыбын. Ким да хардарбат. Сордоох кэмбиэргэ маарка сыһыарылларын билбэппин. Ол иһин суругум тиийбэт эбит, аны санаатахха. Төттөрү аадырыһым суох, ону быраҕан иһэллэр буоллаҕа…

Аһыахха-таҥныахха наада, Ростов-на-Дону УМ №1 диэн тэрилтэҕэ үлэлии киирдибит. Тэрилтэбит сотору-сотору командировкаҕа ыытар. Биирдэ Чечняҕа командировачнай биригээдэ таҥнылар: 4 крановщик, 2 биригэдьиир, 1 прораб уонна путеецтар эҥин бааллар. Элбэхпит.

Аара поезка баран иһэн командировачнай харчыбытын иһэн-аһаан бүтэрэн кэбистибит. Харчыбыт суох. Чечняҕа тиийбиппит, били «тутуу бөҕөтө бара турар» диэн ыыппыт былаһааккалара кубус-кураанах. Туох да суох! Төннүөхпүтүн – харчыбыт суох. Айаҥҥа буолуохтааҕар, айахпытыгар да харчыбыт мэлигир. Иэдээн…

Дьэ, оннук кураанах былаһаакканы маныы сырыттахпытына, биир-биир чечен оҕонньотторо «Волганан» кэлэн бараллар. «Оннук үлэ баар, маннык үлэ баар, хамнас төлүөхпүт эҥин» диэн дьоммутун биир-биир ылаттаан илдьэ баран истилэр.

-- Сэбиэскэй саҕана кэтэх «Волгалаахтар»?..

-- Оо, ынырык баайдар этэ! Өссө биир от күөх өҥнөөх «Мерседес» баара. Куоталаһа-куоталаһа иккилии-үстүү этээстээх особняктары тутталлара.

-- Хантан харчыланалларый?

-- Биир да киһи хара үлэни үлэлээбэт. Арассыыйаҕа баран нууччалары үлэлэтэ-үлэлэтэ харчыларын кидайдаан кэлэллэр эбит этэ. Бары биригэдьиирдэр.

…Мин биир уоллуун «дьиэ тута» бардыбыт. Очхой Мартан (Урус Мартаны, Бесланы ааһаҕын) таһыгар «село Орехово» диэн аулга аҕаллылар. Онно тиийбиппитигэр пааспарбытын «пропискалыыбыт» диэн ааттаан ыллылар, ол кэнниттэн ити докумуоммун харахтаабатаҕым...

-- Кырбыыллар этэ дуу?

-- Кырбаан буо… Нууччалары олох киһинэн аахпаттар. «Вот бараны ходят…» дииллэр. Миигин нууччалары кытары сылдьаҕын, «друзьялаһаҕын» дии-дии накаастыыллар... Сүрдээх дьон. Ыалдьыбыт, кырдьыбыт кулуттар тыаһа-сыма суох биир-биир сүтэн иһэллэр этэ. Мин бастаан итэҕэйбэт этим ээ… онтум баара.

-- Эһиги курдуктар элбэхтэр?

-- Хас биирдии ыал кулуттаах. Ким кулута, хайа ыал хамначчыта буоларгын бары эндэппэккэ билэллэр. Оҕолор кэтии-маныы сылдьаллар. Куоттаххына ырааппаккын, сонно тута тараччы тутан аҕалан хаһаайыҥҥар төннөрөллөр. Куоппутуҥ иһин ибили кырбыыллар, сорохторун өлөрөн да кэбиһэллэр. Туох да бырааба суох харамай оҥороллор.

-- Сэбиэскэй кэмҥэ милииссийэ…

--Биир да милииссийэни, дьүрү, гаишнигы көрбөтөҕүм. Кырдьаҕастар сүбэлэрэ диэн баар – «Совет старейшин» тугу барытын ол сүбэ быһаарар. Биир киһи биэстээх уол оҕону массыынан түҥнэри көтөн өлөрөн кэбиспитэ. Ону кырдьаҕастар ол өлбүттээх ыалга «үйэҥ тухары хамнаһыҥ аҥаарын биэрэҕин» диэн уураахтаан кэбиспиттэрэ. Атын суут кинилэргэ суох. Дьахталларыгар олус кырыктаахтар. Биир дьахтары көссүүлэспит диэн күтүрээн, туох баар аул дьонун мунньан баран, көрдөрөн туран, сырса сылдьан тааһынан быһыта тамнаан кэбиспиттэрэ…

-- Бэйэлэрин дьонноругар оннук кырыктаах дьон… иэдээн эбит.

-- Биһигитини комбуойдуу сылдьаллар. Бэл, туалекка кытары соҕотоҕун ыыппаттар. Сылдьарыҥ былаһын тухары бэйэлэрин итэҕэллэрин соҥнуу сатыыллар. Хааллараары. Оннук мусульман буолбут нууччалар бааллар этэ. Обрезание оҥороллор уонна биир эмэ куһаҕан дьахтары ойох биэрэллэр.

…Кыыһы, дьахтары көрүө да суохтааххын. Таарыйдаххына -- өлөрөллөр.

…Биирдэ хаһаайын уола, 9-ка үөрэнэр уол, миэхэ сүгэнэн түстэ. Мин сүгэтин былдьаан ылан баран, ытыспынан сирэйгэ охсуолаатым. Ол бириэмэҕэ аҕата киирэн кэллэ. Мин этэбин: «Эһиэхэ да, биһиэхэ да бэйэҕинээҕэр аҕа киһини убаастыыбыт», -- диэн. Ону миигин «мусульманнарга тэҥнэһээри гынаҕын дуо, неверный, крещенайыҥ буолуо» диэн баргыытыыр. Мин христианын буолбатахпын, язычникпын, ойууну-абааһыны итэҕэйэбин диэн быыһаммытым.

…Аварецтар диэн эриэккэс, дьикти омуктар бааллара. Чеченнэргэ үлэлии киирэллэр уонна булгуччу (Борис баһын быһа илгистэр, күлэр – аапт.) кыыстарын уоран илдьэ бараллар. Көрдөөн бөҕөтө буолаллар. Хайаттан хантан булан ылыахтарай? Онтон кыыстара икки-хас оҕоломмутун кэннэ дьэ хайаттан түһэллэр. Хайыахтарай, сиэннэрин аҕата суох хаалларыахтара дуо? Эбэһээт уораллар…

…Биир 45-тээх киһи саҥа учууталлыы кэлбит 18-таах кыыһы күүһүлээбитигэр улахан айдаан тахсыбыта. Кыыс убайдара, бырааттара кэлэннэр ол киһини ибили кырбаабыттара уонна «ойох ылбатаххына, өлөрүөхпүт» диэн сааммыттара. Күһүнүгэр сыбаайба тэрийбиттэрэ.

Хаанымсах омуктар. Иэстэһэллэрин сөбүлүүллэр. Соторутааҕыта Мииринэйгэ биир чечени кырбаабыттарыгар Москваттан бүтүн сөмөлүөт чечен кэлбит диэбиттэрэ, истибитиҥ? Бүтүн сөмөлүөтү атыылаһан кэлэллэр. Алмаас тойотторо ол дьону нэһиилэ төттөрү ыыппыттар үһү.

-- Төһө өр кулуттаабыккыный? Онтон хайдах быыһанныҥ?

-- Мин Ростов-на-Дону уолун кытары хамначчыттаабытым. 1-1,5 сыл курдук сылдьыбыппыт (1990-91 сс..). Хаһаайыттар кыыстара, Яха диэн ааттааҕа, 70 солк. биэрэн, таҥас атыылаһан, көмөлөһөн куоппуппут. Туус, килиэп ылан баран чыыстай саадынан айаннаан куоппуппут. Суолга таҕыстыҥ да тутуллаҕын. Үлэлии баран иһэн мүлчү туттаран куоппуппут. Баран иһэн мастан-талахтан фрукта тура тардан ылан сии-сии айаннаабыппыт. Биһиги барбыппытын кэннэ ол кыыс эрэйдээҕи кэһэппиттэрэ буолуохтаах.

-- Кавказ омуктарын кытары ыкса алтыһан баран, саамай кырыктаахтара чеченнэр диигин. Эн санааҕар тоҕо оннугуй?

-- Мин санаабар, чеченнэри Сталин репрессийэтэ кыыллаан кэбиспит быһыылаах. 1953 сыллаахха эр дьонун үс гыммыт биирин сырса сылдьан өлөртөөн кэбиспиттэр үһү. Нууччалары туох да ынырыктык абааһы көрөллөр!

-- Оттон чечен сэриитэ туохтан саҕаламмыт дии саныыгын?

-- Чечня, сэрии иннинэ, Арассыыйа авиауматыгын 72%-нын биэрэ олорбут. 20% уматыгы Украина хааччыйар эбит. Онтон Сойуус ыһыллар, Украина арахсар, Чечня эмиэ арахсабын диэн айдааран турар… Арассыыйа авиацията уматыга суох туран хаалар буоллаҕа. Уонна чеченнэри кытары ыаллаһар регионнар үҥсэллэр эбит, чеченнэр аҥардастыы айбардыыллар диэн. Дьонун кулуттаталлар, сүөһүлэрин хаһыытаппытынан үүрэн бараллар…


Борис Саха сириттэн 84 сыллаахха армияҕа баран баран, 1995 сыллаахха эргиллибит. Ол тухары дьоно уолларын ирдэһэ сатаан баран өлбүт диэн көмөн бүтэ сылдьыбыттар.

Чечняттан куотан баран биэс сылы быһа дойдутугар төннө сатаабыт. Пааспара, туох да докумуона суох киһи хаста да Новосибирскайга кэлэ-кэлэ төннүтэлээбит. Ол эрэйин-муҥун күлэ-күлэ кэпсээтэҕинэ, киһи сүрэҕэ ыалдьар. Уоһа күлэр, хараҕа ытыыр.

Кумааҕыта суох киһи киһи буолбаккын.

-- Сөмөлүөтүнэн барбаккын, харчыҥ да суох, докумуонуҥ да суох. Ол иһин поеһынан айанныыгын. Эрэй-муҥ бөҕөтө көрөн суолгун ортолоппутуҥ кэннэ милииссийэлэр тутан ылаллар уонна төттөрү ыытан кэбиһэллэр. Бу диэки ыытыҥ дии сатыыбын. Соруйан анараа өттүгэр ыыталлар. Аара түһэр кыаҕыҥ суох, поезка купеҕа хаайан кэбиһэллэр уонна биирдии-биирдии түүн станцияларынан тарҕаталлар.

-- Биир да саханы көрсүбэтэҕиҥ дуо, ускул-тэскил сылдьарыҥ тухары?

-- Новосибирскайга биир Узбекистаҥҥа баран иһэр уус киһини көрсүбүтүм. Кини Саха сиригэр барар массыынаны булан онно олордон биэрбитэ. Суоппарым аара туалекка таһааран баран мэлис гынан хаалбыта. Бүттэҕим ол.

Ойуурга киирэн тэллэй хомуйабын. Опята диэн кыра тэллэйдэр бааллар. Ону трассаҕа таһааран атыылыыбын. Уонна сатыы түһүнэн иһэбин. Биир эмэ КАМАЗ тохтоон олордор. Ол оннук айаннаан иһэн эмиэ милииссийэлэргэ түбэһэн төттөрү ыытыллыбытым.

-- Дьонуҥ хантан булбуттарай?

-- Пензаҕа 10 сууккаҕа хаалла сыттахпына булбуттара. Ол кэмҥэ, тастыҥ убайым пааспар отделыгар үлэлии киирбит кэмэ эбит. Онно киниэхэ Пензаттан запрос кэлбит «маннык-маннык киһи баар этэ дуо» диэн. Дьэ, онуоха дьоммун атаҕар туруоран, Пенза милииссийэлэрин кытары сибээстэһэн, миигин ханна да ыыппакка тута сыталларын курдук кэпсэтэн, булсуһан дойдубар төннүбүтүм.

-- Ол иннинэ запрос оҥорботтор эбит дуу?

-- Оҥороллор эрээри, уон хонноро-хонноро ыытан иһэллэр буоллаҕа. Ол саҕана интернет диэн суох, почта өр айанныыр. Саха сириттэн хаһан эппиэт кэлиэр диэри миигин таһаарбыттара быданнаабыт буолар. Хантан булан ылыахтарай? Уонна ол миигин ким да ирдии барыаҕай?

-- Олорбут олоххун хат эргитэр буоллар хайдах олоруоҥ этэй?

-- Үөрэниэм этэ. Кэргэннэниэм, оҕолонуом этэ.

Кыра киһи олоҕо бүтүн бириэмэлэр, үйэлэр уларыйыыларыгар түбэһэн, ытыктыы ытыйыллыбыт туоһутунан Борис дьылҕата буолар.
Views: 1762 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2010  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 21
Ыалдьыттар (гостей): 21
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024