News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2010 » Ахсынньы » 6 » «Эрэл» үлэтин уопутун кэтээн кірін, маннык тэрилтэлэри атын да улуустарга арыйар тоҕо кыаллыбата буолуой?
«Эрэл» үлэтин уопутун кэтээн кірін, маннык тэрилтэлэри атын да улуустарга арыйар тоҕо кыаллыбата буолуой? | 09:57 |
ЛТП: наада дуу, суох дуу?
03.12.2010 16:38 | Автор: КЫЫМ |
Урут, сэбиэскэй кэм саҕана, ЛТП-лар диэн тэрилтэлэр бааллара. Буор иґээччилэри онно мунньан, арыгыларын эмтииллэрэ, үлэлэтэллэрэ, киґилии кірүІнүүллэрэ. Биллэн турар, үгүстэр онтон тахсаат да, эмиэ урукку сырыыларыгар тінніллірі. Ол да буоллар, судаарыстыба арыгыны утары охсуґар биир ньымата этэ. Оннук ЛТП-лар Сэбиэскэй Сойууґу кытта суох буолбуттара быданнаата. Арай Ньурбаҕа, уруккута Марха сопхуос киинигэр Маарга, оннук тэрилтэни тэрийбиттэр.
Маннык бырайыагы граІІа анаан улуус баґылыга В.Прокопьев уонна баґылыгы социальнай боппуруоска солбуйар Г.Иванова буолан оІорбуттар. Ис хоґооно — олохторугар ыарахан балаґыанньаҕа түбэспит дьоІІо кімінү оІоруу (бу арыгылааґын содула эрэ буолбатах). Маар нэґилиэгин «арыгыґыттара элбэҕинэн» диэн буолбакка, улахан нэґилиэк буоларынан (1020 киґилээх) уонна Ньурбаттан 50 км. тэйиччи сытарынан талбыттар. Холобур, киин Ньурбаҕа бэйэтигэр арыллыбыта буоллар, киэІ сир дьалхаана, кэлии-барыы син биир биллиэ этэ диир баґылык Егор Иванов. Јссі онно ір быраҕыллан турбут сопхуос киин хонтуората баар эбит, икки этээстээх. Ону иґин-таґын оІорон, ититиитин холбоон, үлэҕэ киллэрбиттэр.
Онон «Эрэл» диэн эмтиир, чілгі түґэрэр киин үлэтин саҕалаан барбыт. Билигин «Эрэл» икки біліҕү таґаарбыт. Манна куґаҕан дьаллыктан босхолонуон, киґилии олоххо тіннүін баҕалаах дьон икки ыйтан алта ыйга диэри сытан, доруобуйатын кірдірүнэр, эмтэтэр, үірэнэр, үлэлиир, о.д.а. Штакка 9 үлэґит баар: сэбиэдиссэй, нарколог-быраас, психолог, социальнай үлэґит, медперсонал. Арай нарколог-быраас суоҕунан, испэсэлиис улуус кииниттэн кэлэн кірір-истэр. «ДьиІинэн, аттыларыгар мэлдьи баара үчүгэй буолуо этэ», — диир баґылык.
Бастаан бу дьон наркология балыыґатыгар сыталлар. Онтон кииІІэ кэлэллэр. Киин 20 миэстэлээх. Бастакы біліххі дьахталлары ылбыттар. Бастаан «Эрэл» киин улуус таґымнаах буоллаҕына, билигин регион таґымнаммыт. Бүлүү улуустарыгар наркологияҕа учуокка биллэринэн 600 киґи турар, онон хайдах курдук ирдэнэр тэрилтэ буоларын санаан кірүІ! Бастакы түґүмэххэ, чахчы «буор иґээччи» дэнэр дьон реабилитацияны ааспыт, билигин – «группа риска» сытар. Биллэн турар, олох дьэбэрэтиттэн киґилии олоххо тіннірір уустук. Киґи ону бэйэтэ баҕарыан, урукку олоҕуттан чахчы аккаастанабын диэн наада.
Манна хайдах түмүгү күүтэллэр? Холобур, Арассыыйаҕа: эмтэммит дьонтон 30%-на чахчы эмтэннэҕинэ, үчүгэй кірдірүү дэнэр. Оттон «Эрэллэр» бастаан 50% ситиґиэхпит дии сылдьыбыттар...
Манна сыппыт дьону тахсыбыттарын да кэннэ кэтээн кіріллір. Социальнай үлэґиттэр бу дьон сүппүт докумуоннарын чілүгэр түґэрэн, үлэ булан биэрэ сатыыллар. Сорохтор, тахсаат даҕаны, иґэн кэбиґэллэр – олоххо араас буолар. Сорохтор билигин да сылдьаллар.
«Эрэл» Ґүнэр кілүінэ пуондатыттан үбүлэнэр. Ол үп 2009-2011 сс. эрэ кірүллэр. Аны, үс эрэ ыстатыйаҕа: хамнаска, дьиэҕэ-уокка уонна аска-үілгэ. Эмкэ — суох. Оттон бу дьон доруобуйалара айгыраабыт буолан, эмкэ-томІо наадыйыылара улахан, бэйэлэрэ атыылаґан эмтэнэнэллэр.
«АІаардас «арыгы куґаҕан» диэн тылынан эппэккэ, арыгыттан аккаастаммыт дьон бэйэлэрин холобурдарын кэпсииллэрэ, хайдах быыґаммыттара — арааґа, ол ордук дьайыылаах. Маннык алдьатыылаах суолга туран, дьэбэрэҕэ түспүт, туох эрэ ситиґиилэрин мүччү туппут дьон ис дууґаларын, бүччүм санааларын арыйан, кэпсииллэрэ – ол күүскэ сабыдыаллыыр», — диэн санаатын үллэстэр Егор Егорович.
Бу — сабыылаах тэрилтэ. Ол да буоллар бу дьон дэриэбинэ олоҕуттан туора турбат. Холобур, кэнсиэргэ эІин кыттар. Эр дьон уопсастыбаннай үлэлэргэ кыттан, хамнас аахсаллар. Бааннай-прачечнай комплексы тутуспуттар.
«Кинилэри куруук биир дьиэҕэ хаайан олорпокко, онно-манна сырытыннаран, дьону кытта алтыґыннарыахха наада. Кинилэр профтехучилищеҕа араас идэҕэ үірэнэллэр, дьахталлар – асчыт киэнигэр, эр дьон – суоппар идэтигэр.
Бу, уруккунан, ЛТП кэриэтэ, онон нэґилиэнньэбит бастаан «бэйэбит арыгыґыттарбыт аҕыйахтарын курдук, тоҕо манна арыйаҕыт?» диэн ыараханнык ылыммыта. Ону «бу тэрилтэ үс сыл үлэлээн баран, бэйэтин кірдірдіҕүнэ, нэґилиэк бүддьүітүгэр дохуот киллэрэр тэрилтэ буолуо, аны, нэґилиэк элбэх тэрилтэлээх буоллаҕына, дьоно үлэлээх-хамнастаах буолар, оччоҕуна нэґилиэк сайдар» диэн ійдітір үлэни ыыта сатаабыппыт. Билигин нэґилиэнньэ бэйэтэ кіміліґі сатыыр. Холобур, бастаан, бэл, оронноро суоҕа, ону нэґилиэнньэттэн 20 орону, дьиэ малын-салын хомуйбуппут. Онон билигин бу киэІ-куоІ, сүрдээх үчүгэй дьиэ буолла.
Кэнэҕискитин бу киини судаарыстыбаннай гынарга туруорса сатыыбыт. Ол эрээри Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ билигин балыыґаларын сабыталыы олорор. Онон ыллаҕына, Ґлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ ылан, сайыннарыан сіп этэ», — диир баґылык Егор Иванов. «Эрэл» үлэтин уопутун кэтээн кірін, маннык тэрилтэлэри атын да улуустарга арыйар тоҕо кыаллыбата буолуой?
Нина Герасимова.
|
Views: 1549 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 57 Ыалдьыттар (гостей): 57 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|