News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2010 » Ахсынньы » 7 » - «Я в этом году получу «Золотое перо». Хочешь, и для тебя что-нибудь выбью? Все схвачено, везде меня знают».
- «Я в этом году получу «Золотое перо». Хочешь, и для тебя что-нибудь выбью? Все схвачено, везде меня знают».
20:17
Поэтессаны «Ыстаастаах лох» оҥоруор диэри кулуттаппыт «Уой, да МИН!!!» суруналыыс уол оҕото!
07.12.2010 06:40 | Автор: КЫЫМ.ру «Туймаада уоттара» хаһыат бүтэһик нүөмэрэ атыыга тахсыбакка бүппүт. Эрэдээктэр Дьаакыбылап хаһыата «хамаҕатык баран» барыһы киллэрбититтэн төһө эрэ үөрдэ, эриэхсит! Ханнык ыстатыйаттан сылтаан «Туймааданан» «сүрэхтэппиттэрин» кини сэрэйэр. Хата, Өлөксөөндүр ону туһанан, аныгыскы хаһыатын нүөмэригэр эмиэ ол ыстатыйатын туруордаҕына сатанар. Оччотугар хаһыатын эмиэ кууһунан биирдэ лап гына атыылаһалларыгар тиийэллэр. Хаһан хармааннара хапсыйыар диэри сыһа-соһо сылдьан ол сордоох матырыйаалы бэчээттии туруохтаах. Балаһыанньатын лаппа көннөрүнүөн сөп! Уххан обургу, мучумааҥҥа муннугар сыттаах эристиин, Дьаакыбылап хаһыатын хаһааҥҥытааҕар да түргэнник «батарбыт» ыстатыйаны сайтыгар бэчээттии оҕуста. Суруналыыстыкаҕа сыһыана суох дьон, ким-кимниин аахсарын улаханнык сэргиэ суохтара. Оттон ити эргин сылдьааччылар саралааһын тахсыбытыгар үөрэн сэгэс гына түстүбүт. Бэчээт күнүгэр диэри ыстаһар «ыастанныбыт» эбээт диэтэҕиҥ! Венера Петрова -- поэтесса. Коля Кривошапкин – суруналыыс. Этэргэ дылы, уонна тугу булан ылыаххыный… Венера «талааннаах, эдэр, медалист, кыһыл дипломнаах» Коля Кривошапкины урут халлааҥҥа тиийэ арбаабыт ыстатыйатын бэчээттээбит уонна ол урукку санаата хайдах уларыйан-тэлэрийэн испитин, «вундеркинд»-суруналыыс кинини хайдах холуоһаҕа олордубутун туһунан уһуннук-киэҥник ойуулаан-дьарҕаалаан суруйбут. «Талааннаах суруналыыс» Коля-«мозгоед» үрдүк үөрэҕи бүтэрэр дипломун Венера «мин суруйан биэрбитим» диэбититтэн саҕалаан, эдэр эрээри эрдэ сатабылламмыт киһи сорудаҕынан, поэтесса, ким эрэ аатыттан кими эрэ хайҕаан суруйар идэлэммит. Ол соболоҥун Коля уол өр төлөөбөккө эрэйдээбит. Быһатын Кырбыһааҥкын литературнай негрдэммит. Дьахтар кулгааҕынан таптыыр дииллэрэ, уот харахха эбит. Дьиҥинэн, ити уол кимин-тугун аҕыйахта тыл бырахсаат да киһи өтө сэрэйэр ээ. Суруйарын да аахтахха, хайа диэки халыйыылааҕа тута биллэр. Сиэри таһынан кими эрэ арбыыр адьынаттаах. Икки атахтаах саамай уйан миэстэтин бу оҕо таба тайанан, наадалаах дьону кэмигэр «хаама сылдьар тыыннаах таҥараларга кубулутан» сылаас олбоҕун оҥоһуннаҕа. Ыстатыйатын геройун аатын уларытта да -- «шедевр» бэлэм. Ырыаһыт Саарыны сиэри таһынан (аһара омуннаахтык!) арбаан кинигэ суруйан эриллэҥнэтэн таһаарбыттаах. Көмүс куоластаах күөрэгэйбит, сатамньыта суохтук, олуонатык көхсүгэр кынат анньыбыттарыгар, бэйэтэ даҕаны кыбыстыбыт дииллэр. Тыыннаах киһи аата тыыннаах киһи буоллаҕа, саныыр санаалаах, сыыһалаах-халтылаах, хомойор-үөрэр кэмнээх. Оттон Коля геройдара, бары биир кэм (биир эпитеттарынан, метафораларынан суруллар) эргиччи уһулуччулар! Туох да кыырпах саха хара мэҥ сыстыбатах Таҥаралара. Эдэр дьону уопсай куолаан биир угунньаҕа -- «эрдэ сайдыбыттарга» анньар сыыһа. Син өйдөөх-төйдөөх, ону-маны удумаҕалатар дьон, олус элбээбэтэллэр да, бааллар. Уйан дууһалаах поэтессалар, айар үлэҕэ идеалы көрдүүллэрин дьиҥ олоххо «була» сатыыллар быһыылаах, ол иһин ити курдук «кривошапкиннарга» кэтиллэллэр. Сир киһитэ аһыан-таҥныан наада, түмүгэр харчыттан сылтаан атырдьах салаатыныы арахсар түгэннэригэр араҕас хаһыакка итинник «араҕас сибэкки» бэлэхтэһэллэр: -«Все говорят, что я умен, талантлив и чертовски красив. Ведь это правда?» – это он, стоя перед зеркалом. - «Я в этом году получу «Золотое перо». Хочешь, и для тебя что-нибудь выбью? Все схвачено, везде меня знают». - «Хочешь благословения самой Эдьий Доры? Напиши за нее «алгыс» и оно снизойдет и до тебя». - «Я хитрый. Я в своем уме», – для него других словно не существовало.
Views: 1858 |
Added by: uhhan2
Total comments: 4
Порядок вывода комментариев:
По умолчанию
Сначала новые
Сначала старые
4
санаайа
(2010-12-10 03:57)
сана тахсыбыт сурунаалларын пиардыыр бастын суолу тобулбуттар,итиччэ халын сурунаалы хас сыана5а хайдах батарыахтарын эрдэттэн уерэппиттэрэ дуу? аата эрэйин ини...
3
Да, кстати!
(2010-12-08 10:19)
Это же Кривошапкин написал книгу о Пестрякове ф.П., начальнике Департаемента печати!! Ясено тогда!
2
Эния
(2010-12-08 09:53)
Фу, все на то и шло, кажись. Это "оно" плохо, очень плохо воняет, "Кыым.ру" как-ни странно нормально отреагировало, думала, Кривошапкино защищать будут :)
1
Эр киьи
(2010-12-08 07:51)
"Уол о5ото" буолуо дуо?! "Оно" ини, дьэ дьаабы дьоннор, тіннµбµт торуохтэр!
Ааҕыылар
Баар бары (online): 35
Ыалдьыттар (гостей): 35
Кыттааччылар (пользователей): 0