Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Тохсунньу » 5 » Штыров иккис болдьоххо барарын Магомедовтар көтөн кэлэн быһаарбыттар»/ (&Борисов президент буоларыгар сыһыаннара эмиэ биллэр...)
Штыров иккис болдьоххо барарын Магомедовтар көтөн кэлэн быһаарбыттар»/ (&Борисов президент буоларыгар сыһыаннара эмиэ биллэр...)
12:33
http://v-yakutia.ru/?id=20719
Афанасий Максимовы ким «сакаастаабыт» буолуон сөбүй?

«Максимов дьыалата» диэн ааттанар айдаан төрдүн-төбөтүн ыйдаҥардан бардахха дьулаан хартыына субуллан тахсар.
Дойдубут истиин-хоойдуун «хоруупсуйа» диэн дьэбэрэҕэ өрүһүнэр кыаҕа суохтуу хам ылларбыта сөхтөрөр да, дьиксиннэрэр даҕаны. Айсберг -- толуу муус көһөҥө киһи хараҕар 1/8 биирэ эрэ көстөрүн курдук, баай былдьаһыытын, харчы тыырсыытын сэриитэ боростуой дьон хараҕар көстүбэт. Дьокутаат Афанасий Максимов утары тэриллибит сойуолаһыы баара суоҕа – «уу үрдүнээҕи чалбаныы» эрэ буолан тахсарыгар тиийэр.
Саха сирэ урут да, аны да сырье эрэ таһымыгар туһаныллар «былчархай». Сирин баайа адьырҕалар хадьырыйар «астара». Онно «олохтоохпун» эҥин диэн быраапкын туруорсан «чыып-чаап» саҥараҥҥын тугу да туһаммаккын. Хаһыытыыр халыҥ үптээхтэр тыалларыттан охтуоххун, салгыннарыттан тумнастыаххын сөп. Ол оннугун Афанасий Максимов да холобуругар ырылхайдык көрдүбүт.

Хара маҥнайгыттан былааска туох эрэ «хараҥа дьыалалаах киһини» олордоллор диэн этэллэр. «Хонтуруоллуурга дөбөҥ буоллун» диэн бэйэтэ да баҕарабатаҕын үрдүнэн хайа талбыт аньыыга-хараҕа үктэннэриэхтэрин сөп.

Ыар тыыннаах ырыынак кэмигэр - харчы харчыны кытары күөнтэһэр, клан кланы кытары киирсэр. Афанасий Максимов -- сахалар ортолоругар бэйэтин кыаҕынан бизнес эйгэтигэр киирбит уонна ситиһиилэммит соҕотох киһибит.Норуот төһөнөн элбэх баай дьонноох да, утарылаһар күүһэ үрдүүр. Биһиэхэ хааһына харчытыгар олорсон байбыт эрэ дьонноохпут. Ону даҕаны биһиги кыараҕас ыырбытыгар «баай» буолан көстөллөр. Миллиард дуолларынан мохсуо бырахсар омуктар ортолоругар киирдэхтэринэ, биһиги «мас мөлүйүөммүт» баһылыктара -- баҕа силин кэриэтэ буоллахтара. Тугу дьайыахтарай, тугу утары тыллаһыахтарай?

Афанасий Максимовы аан бастаан «дьыалаҕа эрийбит» киһинэн урукку президент Вячеслав Штыров ааттанар. Штыров өрөспүүбүлүкэни аҕыс сылы быһа салайан олорбута. Иккис президент историяҕа «Саха сирин сүрүн актыыбын атыылаан киирдэ» диэн этээччилэр аҕыйаҕа суохтар. Көмүстэн, таас чохтон саҕалаан сибээскэ тиийэ – ньылбы атыыламмыта.

Барыта силистээх-мутуктаах, төрдүлээх-төбөлөөх буоларын быһыытынан, Штыров соҕотоҕун бу маны барытын тэрийбит диирбит тутах соҕус. Кини кэннигэр булгуччу кимнээх эрэ туралларын сабаҕалыахха сөп. Штыров илиитинэн Саха сирин баайын-дуолун үллэһиннилэр диир оруннаах буолуоҕа.

Афанасий Максимов дьыалатыгар эмсэҕэлээччи оруолун «ЯТЭК» ААУо толоро сылдьар. «ЯТЭК» - урукку «Якутгазпром».

«Якутгазпром» судаарыстыбаннай тэрилтэттэн ханнык суолунан эргийэн кэтэх бас билиигэ баран «Якутская топливно-энергетическая компания» ААУо-га кубулуйбутун сиһилии ырыта барыллыбат. Араас сайтар суруйалларынан сылыктаатахха, бөрүкүтэ суох хараҥа эргитиинэн чааһынай бас билиигэ көспүт.

"Банк Москвы" аналитига Денис Борисов суоттааһынынан, «ЯТЭК» иэһин-күүһүн аахпатахха, $500 мөл. сыанаҕа турар тэрилтэ.

«ЯТЭК» ААУо-ну ким бас билэрий?

«Якутуголь», «Алданзолото», «Сахателеком» атыыта дьоҥҥо-сэргэҕэ иһиллибит эбит буоллаҕына, «Якутгазпромы» атыылааһын сир-буор аннынан 2007 сыллаахха ыытыллыбыт. Атыылаһааччы – «Сумма» Бөлөх.

«Сумма» Саха сиригэр өссө Сардаана диэн сибиньиэс уонна сыыҥка баайдаах сири бас билэр эбит. Ону таһынан Новай Земляҕа сибиньиэс уонна сыыҥка (саппааһа уонна кыаҕа — 21,4 мөл. т) хостонор сирин хаһаайына. «Сумманы» кытары Роснедралар бу сири былдьаһа сатаан баран кыайбатахтар. Роснедра курдук улахан хампаанньаны «тобуктатар» буоллахтарына, алдьархайдаах дьон буолан эрдэхтэрэ.

«Сумма» тэрийээччитэ уонна сүрүн баһылыга – Зиявудин Магомедов. «Ведомости» (18.08.2011) хаһыат суруйарынан, З.Магомедов Новороссийскайдааҕы муора пуордун, сыыҥка, сибиньиэс, гаас хостонор сирдэрин, ньиэп уонна гаас бөдөҥ турбаларын ситимин, телекоммуникацияны о.д.а. баараҕай баайы-дуолу бас билэр. «Сумманы» Арассыыйа саамай сабыылаах чааһынай тэрилтэтинэн ааттыыллар.

Арассыыйааны ааһан киһи-аймах таһымыгар улахан суолталаах Большой Театры өрөмүөннүүргэ миллиардынан суума көрүллүбүт. Өрөмүөннүүр быраап туһугар элбэх баараҕай корпорациялар киирсибиттэр эрээри, тиһэҕэр өрөмүөнү «Сумма» оҥорбут.

Forbes сурунаал ааҕыытынан 2010 сыллаахха Магомедов баайа $750 мөл., оттон «Финанс» ааҕыытынан —$3 млрд тэҥнэһэр. Ити барыллаан да сыыппара таһымыттан көрдөххө, З.Магомедов саха кыайан санаабат даҕаны баайын-дуолун хаһаайына. Оттон ким халыҥ хармааннаах – ол билигин баҕарбытынан дьаһайар кэмэ эбээт.

«Транснефть» уонна «Сумма» былырыын кыттыһан Арассыыйа саамай улахан муоратын пуордун – Новороссийскайдааҕы пуорду бүтүннүү атыылаһан ылбыттар. «ЯТЭК» бу пуорка тохтуур суднолары уматыгынан хааччыйыахтаах диэн этэллэр.

90-с сылларга Афанасий Максимов «Якол» тэрилтэтэ Кыһыл сыырдааҕы гаас таҥастыыр собуотун сөргүтэр. «Игорь Корневтыын кыттыһан бэйэм харчыбар оҥотторбутум» диэн кини интервьютугар этэн турардаах. Билигин ити собуот «ЯТЭК» бас билиитэ буолан турар. Хайдах быһыылаахтык онно барбытын эмиэ сабаҕалыыр эрэ кыахтаахпыт. Баҕа санаа хоту «атыыламматаҕа» чуолкай.

Урут «Якол» 12 уматыгы кутар ыстаансыйалаах эбит. Биир АЗС сыаната, билэр дьон ааҕалларынан, 1 мөл. дуолларга турар. Максимов интервьютугар «туохпун да хаалларбатылар, барытын былдьаатылар» диэн этэр. Оччотугар быһа холоон аахтахха, 12 мөл. дуоллар сыаналаах заправкаларын барытын «ЯТЭК» апчарыйбыт буолан тахсар, өссө онно сөп буолбакка «500 мөл. солкуобайга эмсэҕэлээтим» диэн суут нөҥүө төлөттөрөргө көрдөһөр. Дьыаланы көрбүт судьуйа - Степан Попов ол «көрдөһүүнү» толорор, эбиитин 7 сылга күлүүс хаайыытыгар уурар.

Соторутааҕыта, правительство бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта П.Маринычев салалталаах «ЯТЭК» үлэтин-хамнаһын отчуоттуур мунньах тэриллибитэ. Чааһынай тэрилтэ хайа өттүнэн таарыллан правительствоҕа отчуоттуура биир дьикти.

Иккис өттүнэн, «ЯТЭК» пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн: «П. Маринычев также отметил, что, с учетом перехода в 2013-2014 гг. на угольное топливо котельных республики, разрабатывая планы на перспективу развития и создания топливно-энергетического баланса необходимо уделить особое внимание ОАО «ЯТЭК». (...) В этой связи требованием времени является совместное создание энергетического баланса с использованием в выработке тепловой энергии СПБТ (смесь-пропана бутана технических), производимого ЯТЭК». Өссө бу айылаах кыахтаах чааһынай тэрилтэҕэ өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан үп көрүллүөхтээх. Төһө үчүгэйий?

Аны бу З.Магомедов диэн киһи кимий диэн ыйытыы төрөөн тахсар. Дьэ, сыымайдаатахха, сурастахха иэдээннээх уот абытай киһи эбит. Бэйэтэ 1968 сыл. Дагестаҥҥа төрөөбүт, убайа Смоленскай уобаластан сенатор - Магомед Магомедов киниттэн биир эрэ сыл аҕа. ИА "Руспрес" биллэрэринэн, Зиявудин Магомедовы урукку ФСКН тойоно, билиҥҥитэ Сэрии сэбин атыылыыр федеральнай агентство салайааччыта Виктор Черкесов өйүүр эбит. Оттон Черкесовы бэйэтин «личный друг Владимира Путина» диэбиттэр. Бүттэхпит ол...

Штыров былааска тахсыыта


В.Штыров былааска кэлбитин «ойуулууллар»: Штыров президент буолаары федеральнай кииҥҥэ «АЛРОСАны» анньан биэрбит диэн. Ол иһин Михаил Николаевы туораталлар уонна кинини президенинэн оҥороллор. Штыров иккис болдьоххо барарын эмиэ Магомедовтар «Дьокуускайга бэйэлэрин сөмөлүөттэринэн көтөн кэлэн быһаарбыттар». «АЛРОСА» атыыланарын утарбыт Ничипорук дуоһунаһыттан ууратыллыбыт уонна кини оннугар Андреев анаммыт.

«Якутгазпром» атыыланарыгар Олег Дерипаска интэриэһиргии сылдьыбытын 2008 сыллаахха «Коммерсант» хаһыат суруйар. Онно Штыров «тус бэйэтин баайын атыылыыр курдук туруулаһан торгууйдаспытын» сөҕөллөр. Дерипаска кэлин «Штыровы кытары киһи сатаан кэпсэппэт киһитэ эбит» диэн кэлэйэн «Якутгазпромтан» аккаастаммыт.

Магомедовтар Башкирияҕа кэлэн президеннэригэр – Муртаза Рахимовка нефтехимическэй комплекстарын биэрэллэрин модьуйбуттар диэн эмиэ суруйаллар.

Ини-биилэр былааска тахсалларыгар төһүү күүс буолбут киһинэн Алексей Френкели ааттыыллар. Френкель «Диамант», «ВИП-банк, «Содбизнесбанк», «Европроминвест» бааннары тэрийбит киһи. Френкель Центробанк салайааччыта Андрей Козловы өлөрүүгэ «сакаасчыт» быһыытынан оруоллаах диэн официальнай версия этэр. Ол гынан баран «сакаасчыт» Френкель буолбатах диэн саарбахтыыр дьон эмиэ баар. Бу дьыалаҕа бырааттыылар кыттыгастаахтарын «ыйаллар».

Ини-биилэри «таһаарбыт» дьон ортотугар Семен Вайншток («Олимпстрой», «Транснефть», «Лукойл-Когалымнефтегаз», «Лукойл», «Лукойл-Западная Сибирь») аата ахтыллар. «Лукойлы» чунуобунньуктар уонна криминальнай элеменнэр кыттыһан тэрийбиттэрэ биллэр. Бу икки араҥа былаас былдьаһыытыгар бэйэ-бэйэлэрин сиэспит ахан дьон. Вайншток 1999 сылтан «Транснефть» президенинэн анаммыта.

Магомедовтар уонна Вайншток кыттыһан билигин Арассыыйаҕа тэҥнээҕин булбатах телекоммуникационнай тэрилтэ хаһаайыттара. Тендерэ суох быһа частоталары атыылаһалларыттан көрдөххө, муҥур үөһэттэн өйөбүллээхтэр диэн киһи кырдьык итэҕэйэр.

Дьон хараҕа туолбата сүрдээх. Ити айылаах миллиардарын тугу гынан барыыр буоллахтарай дии саныыгын. «Бэтэрээ» дьону да ылан көрдөххө, холобур, «сытыйа байбыттар» ыччаттарыгар табыллыбаттар. Наркоман да буолаллар, ыалдьаллар даҕаны, бысталлар даҕаны… Оччотугар бу ким туһугар «муҥнанан» эрдэхтэрэй?

P.S.: Ини-биилэр Черкесов хонноҕун анныгар сылдьаллар диэн буолла. Черкесов Путин чугас доҕорор. Сотору быыбар. Быыбарга Путины утары биир эрэ киһи киирсиэх курдук – Прохоров. Прохоров «Правай дьыалатыгар» Афанасий Максимов Саха сиринээҕи салаатын салайарга кандидат быһыытынан сылдьыбыта. Хаста да баран сирэй көрсүбүтэ биллэр. Туох эрэ ураты дьайыылаах киһини туоратарга бастаан кини дьонун «ылгыыр» үгэстээхтэр. Афанасий Максимов Прохоровы утары хампаанньа кыра олуга буолуон эмиэ сөп курдук.

Туһаныллыбыт матырыйааллар интернет-аадырыстара:

http://www.vedomosti.ru

http://www.kyym.ru/index.php/olox/politika/4468--l8-r-

www.kommersant.ru

www.summagroup.ru

http://www.rospres.com/specserv/4753/

http://www.vedomosti.ru/companies/news/1343278/summa_rastit_kapital.

http://www.compromat.ru/page_22757.htm

http://www.compromat.ru/page_28930.htm

"Паритет-медиа"

council.gov.ru

Блогояр

(Аартык.ру - 04.01.12)

http://aartyk.ru/sobitiya/item/567-afanasiy-maksimovy
-kim-sakaastaabyt-buoluon-s%D3%A9b%D2%AFy?
Category: Коррупция | Views: 1683 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 36
Ыалдьыттар (гостей): 36
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024