News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Тохсунньу » 10 » биэрэпис түмүгүнэн, 450140 киһи саха тылын төрөөбүт тылынан ааҕар эбит
биэрэпис түмүгүнэн, 450140 киһи саха тылын төрөөбүт тылынан ааҕар эбит | 11:55 |
450 тыһыынча киһи сахалыы саҥарар
Саҥа дьылы көрсө, 2010 с. ыытыллыбыт бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис түмүгэ дьэ таҕыста. Ол түмүгүнэн, 142 мөл. нэһилиэнньэлээх Арассыыйа олохтооҕун ахсаанынан аан дойдуга 8-с миэстэ буолла. Кытай (1 млрд 335 мөл.), Индия (1 млрд 210 мөл.), АХШ (309 мөл.), Индонезия (238 мөл.), Бразилия (191 мөл.), Пакистан (165 мөл.), Бангладеш (147 мөл.) кэннилэриттэн. Бүгүҥҥү Арассыыйа олохтооҕун 74 %-на куораттарга, 26 %-на тыа сиригэр олорор эбит. 1 мөл. ордук нэһилиэнньэлээх куорат ахсаана – 12. Дойдуга дьахталлар ахсааннара эр дьону 10,8 мөлүйүөнүнэн куоһарар. РФ олохтооҕун орто сааһа – 39 (2002 сылга 37,7 этэ). Дойдуга 33 мөл. ыал баар.
Омуктарынан ылан көрөр буоллахха: нууччалар ахсааннара 111 мөл. (2002 с. 115,8 этэ), татаардар – 5,31 мөл. (2002 с. – 5,55), украинецтар – 1,92 мөл. (2,94 мөл.), башкирдар – 1,58 мөл. (1,67 мөл.), чуваштар – 1,43 мөл. (1,63 мөл.), чеченнэр – 1,43 мөл., (1,36 мөл.), армяннар – 1,18 мөл. (1,13 мөл.), авардар – 912 тыһ. (814,4 тыһ.), мордвалар – 744,2 тыһ. (843,3 тыһ.), казахтар – 647,7 тыһ. (653,9 тыһ.), азербайджанецтар – 603 тыһ. (621,8 тыһ.), даргинецтар – 589,3 тыһ. (510 тыһ.), удмуртар – 552,2 тыһ. (636,9 тыһ.), марилар – 547,6 тыһ. (604,2 тыһ.), осетиннар – 528,5 тыһ. (514,8 тыһ.), белорустар – 521,4 тыһ. (807,9 тыһ.), кабардалар – 516,8 тыһ. (519,9 тыһ.), кумыктар – 503 тыһ. (422,4 тыһ.), сахалар – 478 085 (443 852), лезгиннэр – 473,7 тыһ., (411,5 тыһ.), бүрээттэр – 473,7 тыһ. (445,1 тыһ.), ингуштар – 444,8 тыһ. (413 тыһ.), ньиэмэстэр – 394,1 тыһ. (597,2 тыһ.), тывалар – 263,9 тыһ. (243,4 тыһ.), карачайдар – 218 тыһ. (192,1 тыһ.), калмыктар – 183,3 тыһ. (173,9 тыһ.) уо.д.а. буолбуттар.
Мантан көрдөххө, нууччалар уонна Поволжье омуктарын (татаардар, башкирдар, мордвалар, марилар, комилар, чуваштар, удмуртар) ахсааннара бытааннык гынан баран эрэллээхтик көҕүрүүр суол төрдүгэр үктэммитэ көстөр. Онно холоотоххо, Хотугу Кавказ ислам итэҕэллээх омуктара (чеченнэр, ингуштар, авардар, лезгиннэр, даргинецтар, карачайдар, кумыктар) бэрт балысханнык элбии тураллар. Арай, христианыы итэҕэллээх осетиннар эбиллиилэрэ бытаан курдук.
Көстөрүн курдук, сахалар ахсааммыт 478 тыһ. буолбут. Ол эбэтэр, 8 сыл устата 34 тыһ. 233 киһинэн эбиллибиппит. Ыаллыы олохтоох бүрээттэрбит 2002 сыллааҕы биэрэпискэ биһигини 1 тыһ. киһинэн куоһарар эбит буоллахтарына, билигин кэннибитигэр ыраах хаалбыттар. Атыннык эттэххэ, сахалар мантан антах Сибиир саамай элбэх ахсааннаах төрүт олохтоох омуга буоллубут уонна, ахсааммытынан 19-с миэстэҕэ тахсан, "Арассыыйа 20 саамай улахан норуотун” кэккэтигэр хааллыбыт. Аны уонча сылынан буолуохтаах биэрэпискэ да, кимҥэ эрэ куоттаран, кими эрэ "ситэн”, 20 улахан омук ахсааныгар сылдьар чинчилээхпит.
Эбэн эттэххэ, 2010 с. биэрэпис түмүгүнэн, 450140 киһи саха тылын төрөөбүт тылынан ааҕар эбит. (Ол дьон бары саха буолбатахтарын санатабыт). Кыым.ру
|
Category: Саха |
Views: 1759 |
Added by: uhhan2
|
Total comments: 1 | |
1
Хата диэ
(2012-01-11 10:49)
Учугэй сонун!!! сахалар элбии эрэ туруоххайын!
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 73 Ыалдьыттар (гостей): 73 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|