News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[378]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2012 » Олунньу » 15 » Афанасий Максимовы, инньэ гынан, 7 сылтан 1 сыл 4 ыйы көҕүрэтэннэр – 5,8 сылга күлүүс хаайыытыгар уураахтаатылар.
Афанасий Максимовы, инньэ гынан, 7 сылтан 1 сыл 4 ыйы көҕүрэтэннэр – 5,8 сылга күлүүс хаайыытыгар уураахтаатылар.
15:37
15.02.2012 11:40 Харах баайыыта? Афанасий Максимов ааһыныытын кэнниттэн санаалар
Аартык.ру Бэҕэһээ, олунньу 14 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү суутун уораҕайыгар, ааспыт сыл ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат судьуйата - Степан Попов «Максимов дьыалата» диэн ааттаммыт улахан айдааны-мөҥүрүөнү таһаарбыт дьыалаҕа ылбыт тыйыс бириигэбэрин көтүттэрээри, ааһыныы көрүлүннэ. Санатар эбит буоллахха, Чурапчы-Таатта быыбардыыр уокуругуттан талыллыбыт норуот дьокутаата Афанасий Максимов «Саханефтегаз» НГ НХ президенинэн олорон «боломуочуйатын үрдэтиигэ», «уоран сиэһиҥҥэ» уонна «нолуоктан куотууга» буруйданан 7 сылга күлүүс хаайыытыгар, 1 мөл. 400 тыһ.солк. ыстараапка уураахтаммыта. Кини «куомуннаахтарынан» ол сылларга солбуйааччытынан сылдьыбыт - Игорь Чикачев 4 сылга уонна 700 тыһ. ыстарааптаммыта. «Ленанефтегазстрой» урукку генеральнай дириэктэрэ - Игорь Пахомов 4 сылга уонна 1 мөл. 200 тыһ. солкуобайга ыстарааптаммыта. «Якутгазпром» урукку кылаабынай буҕаалтыра - Владимир Рожин 2 сылга дьиэ хаайыытыгар ууруллубута уонна 400 тыһ. солкуобайга ыстарааптаммыта. Суукка ким кэлбитий? Суут, үгэс курдук, балай эмэ тардыллан саҕаланна. Төрүөтэ биллибэт. Урукку сууттарга холоотоххо, элбэх киһи кэлбит: кэргэттэрэ, оҕолоро, аймахтара, доҕотторо, биир дойдулаахтара, көннөрү өйүүр-өйдүүр дьон, ыччат. Чыыннаах-хааннаах дьонтон Ил Түмэн дьокутаата уонна Таатта түмсүүтүн салайааччыта - Руслан Платонов, Дьокуускай куорат дьокутааттара - Александр Данилов, Алексей Петров көстөллөр. «Арааһа, быыбар иннинэ дьыаланы көрүмээри гыннылар, дуу?» - диэххэ айылаах хойутаттылар. Ол быыһыгар Үрдүкү суут дьиэтигэр уот баран хаалла. Дьон «тугу түүйдэ» диэбиттии бэйэ-бэйэлэрин көрүстүлэр.Ким хайдах көрүҥнээҕий? 09 чааһы 45 мүнүүтэ ааһыытыгар, саала кэтэх аанынан түөрт-хас хомбуой арыаллаах Афанасий Максимов, Игорь Чикачев, Игорь Пахомов илии-илиилэриттэн наручниктанан киллэрилиннилэр. Афанасий Николаевич киирдэ-киирээт: «Дорооболоруҥ!» - диэн дорҕоонноохтук саҥарда. Дьон чочумча тугу хардарыан билбэккэ мух-мах буолан ылла, онтон өйдөнөн: «Дорообо! Дыраастый!» - диэн эҕэрдэлэһэн хаһыытастылар. Сууттаммыт дьону эрэһиэҥкэ эркиннээх килиэккэҕэ киллэрдилэр. Наручниктарын уһуллулар. Икки ыйтан чорбойор болдьох тыына-салгына кэмчи сиргэ хараллыбыт дьон кумааҕы курдук кубархайдар, хайдах эрэ дарбайан, кута курдук кулдьугур эттэммит-сииннэммит курдуктар. Алексей Еремеев «ол дойдуларыгар» өҥүрүк куйааска тоҥон өлө сыспыттарын кэпсээбиттээх. Түүнүк сииктээх түөрт таас эркин уоруйах уораана силиигэр диэри сыыйыллан киирэн дьагдьатарын, ханныа эрэ киһи тиийбэт сиригэр үөһээ оҥойор эрэ, эриһиэҥкэлээх түннүк куруук аһаҕаһынан аргыйарын ахтан аһарбыттаах. Тохсунньу томороон тымныытыгар, ама, хайаан сылыйбыт үһү... DSC04229Килиэккэ бэтэрээ өттүгэр албакааттар олороллор. Максимовы көмүскээччилэр – Смолягин уонна Тимофеева (саҥа албакаат). Уруттаан эттэххэ, Тимофеева «саҥа албакаат» диэтэххэ, бириигэбэр тахсыбыт холуобунай дьыалатын иҥэн-тоҥон үөрэтэн баран, икки түгэҥҥэ сокуон кэһиллибитин бэлиэтээн судьуйаларга хадатаайыстыба түһэрдэ. Ол - дьэҥдьиир оҥоһуллубут дьиэтигэр Афанасий Максимов прописката суоҕунан сибээстээн сокуоннайа суох дьаһал буолбутун уонна Максимов, норуот талбыт дьокутаата буоларын быһыытынан, оһуобай бэрээдэгинэн холуобунай дьыала тэриллиэхтээҕэ, силиэстийэ барыахтааҕа хаалбытын эттэ. Эрдэттэн үлэлээбит албакааттар – Смолягин уонна Кузьмина ол түгэни тоҕо «мүлчү туппуттара» эмиэ да туһугар дьикти соҕустук көһүннэ. Хадатаайыстыбаны судьуйалар ылыннылар. Чикачев албакаата – Гладких, Рожин албакаата – Холмогорова эмиэ бу иннинээҕи процесстарга кыттыбыт дьон. Оттон Пахомов албакаата уларыйбыт – Решетняк диэн эдэр киһи олорор. DSC04235Албакааттары уун-утары эмсэҕэлээччи өрүт интэриэһин туруулаһар «ятэктэр» - Мантров, Мансуров уонна Москубаттан кэлэ сылдьар доцент Чекулаев олороллор. Бу дьонуҥ Максимовтааҕы утары ыытыллыбыт уһун-киэҥ суут кэнниттэн ханна эрэ баран түөрт сыллаах сылааларын таһаарбыттар быһыылаах, анарааҥҥылартан тириилэрэ күҥҥэ «буспут» көрүҥнээх. Бэл, бытыктара даҕаны сынньанартан быыс булан хорумматахтарыттан бытыгырыы үүммүт дьүһүннээх. Кинилэри сэргэстэһэ, бириигэбэр тахсарыгар төһүү күүс буолбут, буруйдуур өрүт бэрэстэбиитэлэ мылаҕар эдэр кыыс Третьякова олорор. ***10.00 чаас саҕана саалаҕа судьуйалар киирдилэр: Кононов, Каратаева, Тарабукина. Ааһынааччылар ааттарын-суолларын, оҕолорун-урууларын, ханна регистрациялаахтарын уонна чахчы ханна олороллорун туоһуластылар. Максимов Таатта улууһагар Уус Тааттаҕа аҕатын аатынан уулуссаҕа дьонун дьиэтигэр пропискалаах эбит. Судьуйа Кононов: «Фактическое проживание?» диэн ыйыппытыгар, саала иһиттэн ким эрэ дьокутаат оннугар: «СИЗО!» - диэн хардарда. Куһаҕантан киһи да күлэр… *** Эрдэ сайтарга суруллубутун курдук, Максимовы, Чикачеву, Пахомовы уонна Рожины өйөөн илии баттааһын хомуллубута. Бэҕэһээ, ол илии баттааһын испииһэгэр 8200-тэн тахса киһи аата тиһиллибит диэн буолбута. Судьуйалар дьон-сэргэ өйүүр санаатын дьыалаҕа киллэрбэтилэр. Бастатан туран, буруйдуур өрүт «илии баттааһыны элбэтэ сатаан куоппуйалаабыттар, дьон аата-суола толору ыйыллыбатах, ханна олороллоро биллибэт, суукка санааны соҥнооһун кэриэтэ» диэн сыана быстылар. Иккиһинэн, судьуйалар «маннык илии баттааһын суут дьыалатыгар киирэрэ сокуонунан көрүллүбэт» диэн быһаардылар. Ол да буоллар, 8000-ттан прокурор ирдэбилигэр эппиэттиир 2000 да илии баттааһын баар буоллаҕына, ол да бэрт. Норуот «Максимов дьыалатыгар» санаатын, сыанабылын ырылхайдык көрдөрдөҕө эбээт. Хадатаайыстыба чааһыгар, туох да харгыһа суох «Саханефтегаз» НГ НХ аатыттан Андреева уонна Баишева түһэрбит хадатаайыстыбалара дьыалаҕа киирдэ. Андреевалаах Баишева «бу түөрт дьонтон «Саханефтегаз» тугу да ирдээбэт, хоромньу тахсыбатаҕа» диэбиттэр. Ол гынан баран Рожин албакаата Холмогорова этэринэн, «саханефтегазтар» тута надзорнай уоргаҥҥа үҥсүү түһэриэхтэхтэр эбит. «Билигин хойутаатыгыт!» - диэн общественнай көмүскээччи Н.И.Седалищевы хомуруйда. Дьиҥинэн, тустаах албакааттар Смолягин, Гладких, Решетняк уонна Тимофеева ону эрдэттэн тоҕо толкудаабатахтарай? «Саханефтегазтарга» этэн, сүбэлээн биэрбэтэхтэрэй? Эриэккэс… Судьуйалар 12.30 чааска хадатаайыстыбалары ылан баран 14.00 чааска диэри мунньахтыы, сүбэлэһэ бардылар. Эбиэт кэннэ Эбиэт кэнниттэн албакааттар уонна ааһынааччылар тыл эттилэр. «Буруй олоҕо суох тэриллибит, тэриллэр да эбит буоллаҕына арбитражнай суукка хаһаайыстыбаннай мөккүөр курдук дьүүллэниэхтээҕэ» диэн эттилэр. Дьиҥинэн, Афанасий Максимов дьокутаат, улахан политикаҕа умньамматах, норуокка ытыктаммат киһи эбитэ буоллар бу дьыала тэриллибит да түбэлтэтигэр бириигэбэр сымнаһыар буолуо эбит. Ону баара улахан араллааны тардыбытын инниттэн өлөрүөхсүттэрдээҕэр, күүһүлээччилэрдээҕэр тыйыс уураахха ууруллубута. Сокуону иһин-таһын билбэт, суут производствотын бэрээдэгин улаханнык удумаҕалаппат киһиэхэ албакааттар тыллара-өстөрө мүөт кэриэтэ кутуллар. Аны, буруйдуур өрүт бары нууччалар, албакааттар (Тимофееваттан ураты) эмиэ омуктар. Сууттан ыраатан эттэххэ, сокуон өттүгэр сахалар мөлтөхпүтүн ити көрдөрөр дуу диэҕи баҕарыллар. Улахан атааннаах-мөҥүөннээх дьыалаларга саха юристара кыттыбаттар. Таһыммыт намыһах? Билиибит мөлтөһүөр? Докумуону сатаан оҥорбоппут, онтон сылтаан тойотторбут «хоруупсуйаҕа» буруйданаллар, суут-сокуон иннигэр кыайан көмүскэммэппит, «ким хайдах көмүскүүрүн» хантан билиэхпитий? Покурордар тыл ыллылар. Төһө да санаабытынан дьоммутун харыһыйбыппыт иһин, көмүскүүр өрүт итэҕэс-быһаҕас, ситэтэ суох үлэтин «ыраас мууска» таһааран өрөһөлүү чохчолуулларын хайдах сыаналыахха сөбө эбитэ буолла… Ким эрэ судьуйалары буруйдуу саныа. Ол гынан баран, мин санаабар, бастакы сүһүөх – Дьокуускайдааҕы федеральнай суут судьуйата Степан Поповтааҕар, Үрдүкү суут судьуйалара икки өрүтү олус болҕойон олорон иһиттилэр. Кононов саамай тутулуга суох судьуйалартан биирдэстэрэ диэн ааттаах. Оттон Попов букатын да прокурордар сыҥаахтарын анныттан тахсыбат этэ, албакааттар, сууттанааччылар тыл ыллахтарына, хараҕын быс симэн, көстөр курдук дьааһыйбатах эрэ киһи диэбиттии нукуйан олороро. (Сурах быһыытынан, Максимовы көмүскүүр Смолягин, бу дьыаланы «дьаныһан туран» силиэстийэлээбит Дергилев-Меркибаевы кытары бииргэ үөрэммит дииллэр. Итини, хайдах эрэ, кэлин кырдьык дуу, диэн уорбалыыр санаа кииртэлиир. Хайдах эрэ уота-күөһэ суох курдук… тастан көрөргө…) ***Судьуйалар … Киһи дьылҕатын сууттуур, быһаарар ыарахан. Дьүүл - Таҥараҕа эрэ бэриллэр. Онон, судьуйа буолар улахан эппиэтинэс. Туох баар киһи быһыытынан уратыгын барытын умнан туран, дьыаланы көрүөхтээххин. Степан Попов сордоох (киһи итинтэн атын тылы туттуон кэрэйэр даҕаны) икки уот икки ардыгар түбэстэҕэ. Биир өттүттэн общественность ыгар-түүрэр, кырыыр-таныыр иккис өттүттэн идэтигэр быһаччы сыһыаннаах дьон туталлар-хабаллар, куттууллар... Пенсийэҕэ тахсара субу үтэн-анньан кэлбит киһи, урукку силиэдэбэтэл, арааһа ол кэмнэргэ буолуо - туох эрэ холуобунай дьыалаҕа эриллэ сысыпыт… Аны, биир өттүттэн, оҕото-уруута, аймаҕа манна бааллар, бэйэтэ саха аҥаардаах… «Ыстаппаан бу дьыаланы таах ылынна, түөрт сыл иһигэр киһи билбэт буола кырыйда» диэн билэр дьоно этэр сурахтаахтар. Буолуон сөп. Попов - кини бириигэбэрэ бастакы эрэ олук буоларын өйдүүр бөҕө буоллаҕа. Үрдүкү суукка ааһыналларын билэр. Онон, иһигэр кыратык да саарбахтаабыт буоллаҕына, «анарааҥылар» көтүрүөхтэрэ диэн эппиэтинэһи кинилэргэ халбарыппыт буолуо эмиэ сөп. *** Быһаарыы Үрдүкү суут судьуйалара, Максимов буруйданар үс ыстатыйатыттан – «нолуок төлөөбөтөх» диэни көтүрдүлэр. Дьон «отменить, оправдать» диэни истээт, бириигэбэр барыта көтүрүлүннэ диэн соһйуан үөрэн ытыстарын таһынан иһэн, Быһаарыыны салгыы истээт тохтоотулар: суох, ол биир ыстатыйа көтүрүллүбүт эбит. Афанасий Максимовы, инньэ гынан, 7 сылтан 1 сыл 4 ыйы көҕүрэтэннэр – 5,8 сылга күлүүс хаайыытыгар уураахтаатылар. Аны, судьуйа Попов сордоох – Чикачеву - «салайар үлэҕэ үс сыл үлэлээбэт» диэн уурааҕын «сыыһанан аахтылар». Үлэлиэн сөптөөх үһү. Чикачев бу иннинэ 4 сылга уураахтаммыта, «үрдүкүлэр», албакаат Гладких көмөтүнэн 6 ыйынан сарбыйдылар, уопсайа – 3,6 сылга барар буолла. Рожин прокурордар туруорсан, Попов сыыһатын ыйан, дьиэтин хаайыытын биир күнүнэн эптэрдилэр. Пахомов албакаата Решетняк бириигэбэри кыайан уларыттарбата: 4 сыл+ ыстараап... Этэргэ дылы, кыайан дакаастаабатыҥ – хайыыр да кыах суох. Суут аата суут, эмоция манна тугу да быһаарбат. ***Тоҕо көмүскээбэтэ? Киһи барыта үрдүкү салалтабыт көмүскүө, биир хааннаахтарын быыһыа диэн эрэнэр. Политика кыттыспатаҕа эбитэ буоллар, кырдьык кинилэри быыһыырга судургу буолуо эбитэ буолуо. Максимов «олороругар» быраабы араҥаччылыахтаах уоргаттар бары интэриэстээхтэр. Хайа, түөрт сылы быһа тугу силиэстийэлээбиккитий, сууттаабыккытый диэн туруохтара эбээт. Оччотугар дьыала «сакааһынан» тэриллибит, Максимовы эккирэтии түөрт сылын тухары хааһына «суотугар» оҥоһуллубут буолан тахсар. Дьэ, оччотугар бэйэлэрин уоргантан муустаах ураҕаһынан кууһунан холдьоҕоллор. Наҕараада эрэ, чыын –хаан эрэ… Салалта «тугу да оҥорбот» диэхпит эрээри, ол «оҥорорун» киһи барыта билиэхтээх диэн ирдэбил ханна баарый? «Киһи билэрин курдук» оҥоһуллубута тугунан эргийэн тахсыбытай? Биһиги бэйэбит өйдүөхпүт, оттон атыттар токурутан сыбаан-саллатан таһаарбыттара эбээт. Тугу эрэ оҥорор буолан, киин бэчээккэ «урукку-хойукку аньыыны санатар» таас тамнааһыннар саҕаланнахтара. Сааныы, санатыы, сэрэтии бэрээдэгинэн. ***Мистика… Саха киһитэ – аһаҕас эттээх-сииннээх, түүллээх-биттээх. Ол сиэринэн, барыны-бары БЭЛИЭ курдук ылынар дьон этэллэринэн, Афанасий Максимов тула «туох эрэ» баарын этэллэр. Ылынар киһи ылынар, ылыммат киһи ылыммат. Биллэрин курдук, улахан хомуһуннаах ойуун Владимир Кондаков Максимовы сиэн быраата. Афанасий бэйэтэ биэрбит интервьюларыгар кини олоҕор таайын оруолун улаханнык суолталыыр. Владимир Алексеевич быстыан аҕай иннинэ, анаан-минээн Афанасийы ыҥыттаран кэпсэппит, сүбэ-ама биэрбит, кэриэс-хомуруос тылын эппит дэнэр. Кондаков өлбүтүн кэннэ сиэн быраат ойуун үлэтин хомуйан аарыма кинигэни бэчээттэтэр – «Аар Айыы итэҕэлэ». Чугас дьоно этэринэн, Максимов Аар Айыы итэҕэлин сүрэҕинэн-быарынан ылынар киһи. Итэҕэллээх киһи – сүрдээх. Сүрдээх киһи тостубат. Ол иһин даҕаны уһун-унньулуйбут ыгыыны-түүрүүнү тулуйан, өрө баран охсуһан тиҥиргэтэ сырыттаҕа. Дьыала-куолу уһун буолуоҕун сэрэтэллэр, холуобунай дьыала тэриллибит күнүн-ыйын ыйаллар - 08.08.08. Бириигэбэрэ 12.12.11., 12 чааска саҕаланар, 12 чааска СИЗОҕа илдьэллэр. Төрүт Сокуон күнэ, «Манчаары» - бастакы сахалыы тыллаах хаһыат тахсыбыт күнэ. Бээһээ Үрдүкү суукка ааһыныытын күнүгэр, Чурапчы-Таатта быыбардыыр уокуругар дьокутаакка киирсибит утарылаһааччыта балыыһаҕа сытан быстар. Афанасий Максимов олоҕор, быһаччы бэйэтэ да буолбатар, эмиэ сабыдыаллаабыт киһи дииллэр. Афанасий Максимов эр хоһуун санаалаах, өлбөт-үөстээх, көҥүлгэ тардыһыылаах, модун буулаҕа санаатынан норуокка Мэҥэ Бэлиэ буолбут - Манчаарыга холоммута ыраатта. Бэл, Штыров «Манчаары!» - дии-дии санныга таптайбыта биллэр. Манчаары – хаайыыта суох Манчаары буолбат. Кини модун санаата, төрөөбүт дойдутугар муҥура суох таптала оччотооҕу систиэмэ түүнүктээх түрмэтигэр хаайтарбатаҕа. Манчаары аата үс үйэ тухары норуот өйүттэн сүппэтэ – геннай память таһымыгар суураллыбаттыы иҥэ сылдьар. Онон, биир өттүнэн, Максимов Манчаарыга тэҥнэммит буоллаҕына, хаайыы ыар тыынын бэйэтин көҥүл тыынынан баһыйан тахсыахтаах. ***Салгыы тугуй? Общественнай көмүскээччилэр этэллэринэн, салгыы – суут уонна суут, ирдэһии уонна туруорсуу... Бэҕэһээҥҥи Үрдүкү суут быһаарыытын «кыайыы» диэн ааттыыллар. Дирбиэн-дарбаан да буолбатар, син биир кыра кыайыы. Кыра кыайыы улахан кыайыыга тиэрдиэ диэн эрэнэллэр. Туйаара НУТЧИНА. Официальный пресс-рел из ВС РС(Я): Обсудив доводы кассационных жалоб осужденных и их защитников, судебная коллегия по уголовным делам ВС РС (Я) определила приговор Якутского городского суда РС(Я) от 12 ноября 2011 г. - в отношении осужденного А. Н. Максимова изменить, окончательно назначить наказание в виде 5 лет 8 месяцев лишения свободы в колонии общего режима, со штрафом 1 млн. 400 тыс. рублей; - в отношении осужденного И.А. Чикачева приговор суда изменить, окончательно назначить 3 года 6 месяцев лишения свободы в колонии общего режима, со штрафом 700 тысяч рублей; - в отношении осужденного И.И. Пахомова приговор суда оставлен без изменения, которым было назначено 4 года лишения свободы с отбыванием наказания в колонии общего режима, со штрафом 1 млн. 200 тыс. рублей; - в отношении осужденного В.С. Рожина приговор изменить - исключить зачтенное время задержания в течение двух суток, в остальной части приговор суда оставить без изменения, которым назначено 2 года лишения свободы условно со штрафом 400 тыс. рублей. В части гражданского иска приговор отменен и направлен на новое судебное рассмотрение в суд первой инстанции.
Category: Суд-закон.МВД.Криминал |
Views: 1727 |
Added by: uhhan2
Ааҕыылар
Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0