Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Кулун тутар » 13 » Стахов күрүүрүгэр прок. Подласенко «Волгата» порка турарын көрбүттэр,ИДьМ Кошелев массыын. «майгынныыр» Land Cruiser 200 баара биллибит
Стахов күрүүрүгэр прок. Подласенко «Волгата» порка турарын көрбүттэр,ИДьМ Кошелев массыын. «майгынныыр» Land Cruiser 200 баара биллибит
12:28
11.03.2012 13:54
«Стахов ыстаана» - 2. Күрүөйэҕи ким атаарбытый?

 54Былырыын баччаларга, муус устарга, өрөспүүбүлүкэ Ис дьыалатын миниистирэ Яков Стахов Дьокуускай аэропордуттан Москуба туһаайыытынан көтөн күрүлэппитэ. Кини бу дуоһунаска РФ президенин уурааҕынан 2006 сыллаахха, эмиэ кэлии миниистири Александр Назаровы солбуйан  кэлбитэ.

Кэлии миниистирдэр, быраабы араҥаччылыыр уоргаҥҥа, сүгүн-саҕын үлэлээбэккэ барбыттара. Александр Назаров «Орто дойду» сынньалаҥ комплексын дириэктэрин Петр Андреевы эккирэтэ сылдьан кырбаан олохтоохтору улаханнык уолуппута. Ол содулугар аата алдьанан тэскилээбитэ. Уурайаатын кэриэтэ суол саахалыгар түбэһэн суорума суолланна диэн иһитиннэрии кэлбитэ. Генерал хайдах-ханна, тоҕо «суорума суолламмытын» араастаан эридьиэстииллэр.

Яков Стахов туһунан туспа сэһэн-сэппэн. Хоту командировкаҕа бара сылдьан буутун көп этин тэһэ ыттаран кэлэн араллааны тарпыта. Суруналыыс Виктория Габышева ону суруйан, саарбахтаан, эспэртиизэ түмүгүн хостоон таһааран улахан үтүргэҥҥэ түбэспитэ. Түмүгэр Габышеваны утары аҕыс (ол иһигэр холуобунай) дьыала тэриллэн мучумаан быһыы буолбуттааҕа.

Стахов аттестацияны барбакка дуоһунаһыттан босхоломмута.  Ол да буоллар мантан барарыгар, чыына-хаана үрдээн генерал-майор эппилиэтин иилиммитэ, Ол иннинэ Эр санаа уордьанынан наҕараадаламмыттааҕа, «Уопсастыбаҕа бэрээдэк олохтонуутугар уһулуччутун» иһин мэтээллээҕэ. Уордьан, мэтээл ИДьМ  үтүөлээх үлэһитин аттестацияттан быыһаабатах.

Быйыл кэлэн, кулун тутарга Стахов Дьокуускайга доппуруоска кэлбит диэн буолбута. Ол гынан баран СКР силиэдэбэллэрэ хоруупусуйаҕа буруйу тиэрдиэхтэрин иннинэ, Стахов Дьокуускайтан суһаллык күрээбит диэн этилиннэ. Инньэ гынан, Арассыыйа үрдүнэн ирдэбилгэ биллэриллибит.

Кулун тутар саҥатыгар генерал Стахов, Дьокуускайга СКР-га ыҥырыллыбыт. Кини утары РФ ХК 2 ч. 285 ыст. ("боломуочуйанан өттөйүү") дьыала  көбүтүллүбүт. Силиэдэбэтэллэр этэллэринэн, 2007 сыллаахха Стахов АЛРОСА хампаанньаҕа Саха сирин Ис дьыалатын массыыналарын, ол иһигэр Mercedes массыына. Омук сыаналаах массыыната ИДьМ балансатыгар букатын да турбатах массыына эбит. Стахов Москубаҕа бардаҕына онно таһар эбит.

Mercedes Ис дьыала хааһынатын суотугар ылыллан баран, ханнык эрэ  Сергей Дудиҥҥа 50 тыһ. солк. атыыламмыт. Ол Дудин кэлин Стахов суоппарын аатыгар доверенность суруйбут. Массыына атыылаһыллыбытын кэннэ икки сыл буолан баран ревизия буолар. Министиэристибэ баайын-дуолун ааҕар ревизор Mercedes массыынаны ирдээн туруо диэн массыынаны Дьокуускайга аҕалаллар. Аҕалан баланска туруораллар. Ревизия ааспытын кэннэ Mercedes (сабыс-саҥа) балансаттан уһуллар уонна генерал бас билиитигэр бэриллэр.

Стахов Дьокуускайга доппуруоска кэлэн баран, силиэдэбэтэллэр ыйытыыларыттан сүрэҕэ ыалдьыбыт аатыран, суһаллык Медицинэ национальнай киинигэр киирэр. Силиэдэбэтэл балыыһаҕа кэлэн буруйу тиксэрээри гыммытыгар генералын онно оҥос! Быраастартан сураһа сатыыр – мэлигир. Стахов манна түспүт көстүүнэйигэр – «Сонатаҕа» ирдээн тиийбиттэрэ – былыр үйэҕэ суола сойбут. Сөмөлүөт, поезд атыыламмыт билиэттэрин ирдээн ылан көрөллөр – Стахов аатыгар биир да билиэт атыыламматах. Ол гынан баран, генераллара номнуо Москубаҕа ойо-тэбэ сылдьарын истэн силиэдэбэтэллэр истэн соһуйаллар.

Биллэн турар, Стахов сиринэн Москубалаабатаҕ чахчы. Опердар аэропор харабылларын доппуруостууллар. Онно биллибитинэн, экс-миниистир чахчы сөмөлүөтүнэн көппүт буолан тахсар. Кини көтөр күнүгэр прокурор Подласенко «Волгата» порка турарын кытары көрбүттэр. Ону ааһан билиҥҥи ИДь миниистирэ Кошелев массыынатыгар «майгынныыр»  Land Cruiser 200 баара эмиэ биллибит. Виктор Кошелевтан суруналыыстар ону ыйыппыттарыгар: «Пусть язык отсохнет у тех, кто сказал такую глупость!» - диэннээҕэ.  

Суор хараҕын суор оҥмот диэн итини этэн эрдэхтэрэ…

Билигин СКР Яков Стаховка ирдэбил түһэрдэ уонна полиция генералы Дьокуускайга күүһүнэн аҕалалларыгар соруйда.

 

Kyym.ru
Views: 1510 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 102
Ыалдьыттар (гостей): 102
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024