Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Муус устар » 6 » Бу нэдиэлэни уталыппакка СӨ Общественнай палатата эмиэ "Максимов дьыалатыгар" общественнай истии түмүгүнэн Быһаарыы ылыахтаах.
Бу нэдиэлэни уталыппакка СӨ Общественнай палатата эмиэ "Максимов дьыалатыгар" общественнай истии түмүгүнэн Быһаарыы ылыахтаах.
09:45
Афанасий Максимов утары холуобунай дьыаланы көбүппүт силиэдэбэтэл сокуону кэспит дуо?

Бу күһүҥҥүттэн саҕалаан, Дьокуускай куорат федеральнай суутугар "Афанасий Максимов дьыалата" диэн ааттанан айдааннаах дьыала уһун синньигэстик салҕанан барар, көстөр түмүгэ, бүтэр уһуга баар буолуо дуо?
Афанасий Максимов, Игорь Чикачев, Игорь Пахомов уонна кинилэргэ кэлин самыы тутуллубут Владимир Рожин утары холуобунай дьыала 08.08.08 сыллаахха тэриллибитэ. Баҕар чыыһыла суолтата таайбыта эбитэ дуу, бу дьыала кутуруга-сиэлэ уһаан-диэлийэн барбыта билигин да тохтуур санаата суох.
Бу күннэргэ, Афанасий Максимов уонна Игорь Чикачев "ИДьМ силиэдэбэтэлэ, юстиция капитана Кесарева Т.А. сокуону толоостук кэһэн туран" холуобунай дьыаланы көбүппүтэ" диэн үҥсүү түһэрбит дьыалалара дьүүллэнэ сылдьар. Дьыаланы Дьокуускай куорат суутун судьуйата Николаев көрөр.
СИЗОттан Максимовтаах Чикачев аҕалыллан суукка кытта сылдьаллар.

Эппиэттээччи Кесарева эмиэ баар.

Суут саалатыгар сууттаһааччылар, билигин хаайыы дьоно буолбут Максимовтаах Чикачев аймахтара, доҕотторо бааллар.

Бэҕэһээ, муус устар 4 күнүгэр судьуйа икки өрүт санаатын истибитэ. Бэҕэһээҥҥи суут дьүүлүттэн кылгастык саамай "сүмэтин" билиһиннэрэр эбит буоллахха, силиэдэбэтэл Кесарева 2008 сыл атырдьах ыйын 8 күнүгэр "сарсыарда 07.00 чааска үлэтигэр кэлбит, икки чаас матырыйаалы үөрэтэ охсон баран, номнуо 09.00 чааска холуобунай дьыала көбүтэр туһунан быһаарыы ылбыт". Кесарева, оччотооҕу ИДьМ миниистирэ, билигин бэйэтэ хара дьыалаҕа умньанан баран ирдэбилгэ сылдьар Стахов миниистир быһаччы дьаһалынан холуобунай дьыаланы тэрийбит буолан тахсар. Оттон Стаховка урукку өрөспүүбүлүкэ президенэ Штыров, АЛРОСА АК президенэ Выборнов, "Якутгазпром" ААО генеральнай дириэктэрэ Абурагимов аатыттан үҥсүү киирэн холуобунай дьыала тэриллибит төрүөтэ саҕаламмыт.

Бастатан туран, Штыров - президент, сокуон быһыытынан, кими да утары сайыбылыанньа биэрэн холуобунай дьыала тэрийтэрэр бырааба суох. "Президент - Төрүт Сокуон мэктиэһитэ, онон биирдиилээн дьону суукка үҥсэр бырааба суох", диэн депутат общественнай көмүскэһээччитэ Николай Седалищев сокуоҥҥа сигэнэн этэр.

(Санатар эбит буоллахха, Седалищев, норуот депутатын аатыттан, итинник балаһыанньаны үҥсэн суукка эмиэ үҥсүү түһэрэ сылдьыбыта. Эппиэттээччи Штыров суукка кэлбэтэҕэ).

Аны Штыров да, Абдурагимов, Выборнов да сайабылыанньаларын дьиҥнээҕэ суох, куоппуйалар. "Ким баҕарар, хайдах баҕарар илии баттаан, бэчээт ууран ким баҕарар үҥсүөн сөп" диэн адвокаттар этэллэр. Кесареваттан "дьиҥнээх сайабылыанньа ханна баарый" диэн адвокаттар ыйыталлара хардата суох салгыҥҥа ыйанан хаалар. Стахов Кесареваны, чуолаан, бу дьыаланы эрэ тэрийтэрээри биир күн отдел начальнигынан аныы сылдьыбыт. Дьыаланы көбүтээт да, сарсыныгар бу эдэрчи дьахтар "начальник эбээһинэһин толорон" бүтэр. "Дьиҥнээх" диэбиккэ дылы, дьиҥнээх начальник дьыаланы көбүтэртэн аккаастаммытын иһин биир күн Кесареваны "дуоһунастаан" ылбыттар.

Иккис күн. Муус устар 5 күнэ.

Прокурор "сокуону кэһии тахсыбатаҕа, Кесарева сөпкө дьыала көбүппүт " диэн киирии тылыгар этэр. Онуоха Максимов саҥа адвоката Ольга Тимофеева прокурор киниэхэ "наадалаах" эрэ ХК ыстатыйаларын эрэ ааттаталаата, "атыттары" тумнубутун "санатта".

Афанасий Максимов утары тыл этэригэр, "дьыала сакаастаммытын, соруйан сойуолаһан туран кинилэри буруйдаабыттарын уонна хаайбыттарын" эттэ. "Бу дьыаланы силиэстийэлээбит силиэдэбэтэл Карелин икки квартираланна, сыаналаах омук массыыналанна, дагестанецтары ("ятэктэри" кытары) кытары рестораҥҥа лезгинкэни үҥкүүлүү сылдьар запиһа кытары баар!" диэн эттэ. Боростуой силиэдэбэтэл хантан харчыланан Москубанан-тайынан дьиэлэнэрий-уоттанарый? Lexus сыанатын уйунар хамнастаахтар дуо?

Аны, дьыаланы бэрт киитэрэйдээтибит диэн "в отношении неустановленных лиц" диэн тэрийэллэр. Депутаты утары холуобунай дьыала тэриллэрэ чыычый дьыала. Үрдүкү суут үс киһилээх мунньаҕа эрэ быһаардаҕына, норуот талбыт киһитин утары холуобунай дьыала тэриллэр. Биллэн турар, оннук суолу тутуһан маччааккаламмакка, "быһалыы баран" "биллибэт дьону утары" дьыала тэрийэллэр.

Седалищев суукка туруорсар: "Дьыаланы "биллибэт дьону утары" тэрийбиттэр эрээри, чуолаан, хара маҥнайгы күнтэн Максимовы - депутаты сойуолаһан, дьэҥдьийэн бараллар. Депутат бэйэтин хайдах да көмүскэнэр кыаҕа суох балаһыанньатын оҥороллор: ирдиир үлэни ыытабыт дии-дии дьэҥдьийэллэр, араас "жучок" быраҕаллар, төлөппүөнүн уоран истэллэр, ол быыһыгар киин прессэҕэ аатын хараардар ыстатыйалар тахсыталыыллар - бу барыта соруйан оҥоруу буолар. Өскөтүн чопчу "Максимов А.Н. утары холуобунай дьыала тэрилиннэ" диэн ааттаан тэрийбиттэрэ эбитэ буоллар, Максимов адвокат тута наймылаһан сокуон быһыытынан быраабын көмүскэнэн барыах этэ. Ону баара "биллибэт дьону утары" дии-дии сокуоннай быраабын толоостук кэһэн тахсаллар!"

Ааспыкка, Общественнай палаата истиитигэр, Игорь Чикачев кэргэнэ - Бережнова кэргэнинээн баран истэхтэринэ саанан ытыалаабыттарын, СӨ Урбаанын сайдыытын миниистирэ Екатерина Кормилицына В. Грабцевич "сүбэтин" тиэрдибитин, Чикачевы хайдах курдук СИЗОҕа накаастаабыттарын кэпсээн турар. Игорь Пахомовы эмиэ "Максимовы утары көрдөрүү биэр" диэн араастаан кырбаабыттарын эмиэ суруналыыстар суруйан тураллар.

Дьикти үйэ, дьикти дойдутугар олоробут. Хаһан бу дойдуга киһини КИҺИ курдук көрөр буолаллара эбитэ буолла..

Сарсын 10.00 чаастан, муус устар 6 күнүгэр, Дьокуускай куорат суутугар, судьуйа Николаев бу дьыалаҕа - Кесареваны утары үҥсүүгэ түмүктүүр Быһаарыы ылыахтаах.

Бу нэдиэлэни уталыппакка СӨ Общественнай палатата эмиэ "Максимов дьыалатыгар" общественнай истии түмүгүнэн Быһаарыы ылыахтаах.

Оттон муус устар 7 күнүгэр быраабы араҥаччылыыр уорган ортотугар коррупцияны утары миитин ыытыллыахтаах.

Хайдах дойдуга олоруохпутун баҕарабытый? Сокуон тутуһуллар, быраап араҥаччыланар дойдутугар. Онтон атыны ким да ирдээбэт эбээт.

***

(Аартык.ру - 05.04.12)


http://aartyk.ru/sakha/item/964-afanasiy-maksimov-utary-holuobunay-dyalany-k%D3%A9b%D2%AFpp%D2%AFt-siliedebetel-sokuonu-kespit-duo?
Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 1462 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 77
Ыалдьыттар (гостей): 77
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024