Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Муус устар » 15 » Саха Омук Ытык Билиитэ. МАНЫ БИЛ УОННА ТУТУС:
Саха Омук Ытык Билиитэ. МАНЫ БИЛ УОННА ТУТУС:
09:32
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2072953&f=149
Автор: Чаачар (80.83.238.124) 02.04.2012 (10:30) 
САХА ОМУК ЫТЫК БИЛИИТЭ

Т
ОҔУС СҮРҮН ТОСХОЛЛОРО.
1. Тулалыыр эйгэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыы, айылҕаны харыстааһын – тыыннаах буолар төрут үгэс.
2. Ийэ тылы билии, оҕону ийэ тылга үөрэтии, терут итэ5элгэ уьуйуу – саха омук салҕанар бэлиэтэ.
3. Үөрэхтээх, үлэлээх буолуу – үүммүт үйэ булгуччулаах ирдэбилэ, уйгугун уьанар сатабылынын.
4. Улэ5э эппиэтинэстээх сыьыан, сатабыллаах буолуу – оло5ун уйгутун уьаныы.
5. Ыал буолуу, алаһа дьиэни тэринии, о5ону теретуу уонна иитии ытык иэьин, туохха да тэннэммэт, сатаан сыаналаммат, сурэххэ саамай чугас ытык өйдөбуллэр.
6. Дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыан, эйэҕэс, сэмэй буолуу – сайдыыга тиийэр сурун ураты.
7. Сөпкө аһааһын, хамсаныы, эти-сиини эрчийии – уһун уйэлэнии мэктиэтэ.
8. Арыгы – эстии-кэхтии, эрэй-муҥ төрдө буолар. Арыгы биһиги аспыт буолбатах.
9. Тумсуулээх буолуу, төрөөбүт дойдуга муҥура суох таптал – уһун дьылҕаланыы аартыга.

ТОҔУС СҮРҮН СОРГУ:

1. Ырааһы, сырдыгы, кэскиллээҕи эрэ санаа.
2. Сэнэнимэ, сэнээмэ.
3. Таҥнарыма, туһэн биэримэ.
4. Тулуурдаах буол.
5. Түмсүүлээх буол.
6. Дьулуурдаах буол.
7. Таптаа, таптат.
8. Эрэн, итэҕэй.
9. Махтан, сыаналаа.


МАНЫ БИЛ УОННА ТУТУС:


Саха омук түҥ былыргы омук.
Саха омук үйэлэр устата муспут дириҥ билиилээх, дириҥ итэҕэллээх омук.
Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрэ биһиги итэҕэлбит буолар.
Саха итэҕэлэ - Айыы итэҕэлэ.

Олоҥхо саха омук кэс тыла буолар.
Олонхоҕо этиллэринэн…
"Саха киһитэ
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕа,
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн улууһун киһитэ" буолар.

Саха киһитэ Айыы итэҕэлин тутуһан айар-тутар, сиэрдээх майгылаах, туому толорор, айыы суолун тутуһар.
Саха буоларгынан киэн тутун. Саха омук аатын өрө тут. Саха омук кэскилин туһугар туруулас.
Өбугэлэрин үтүө үгэстэрин ытыктаа, бил, тутус.
Өбугэлэрбит этэллэринэн киһи Үс куттаах: Ийэ кут, Салгын кут, Буор кут.
Үс куткун бил, харыстаа, сайыннар.

      Салгыыта - Чаачар
    02.04.2012 (10:33) (80.83.238.124)   
    УОН ИККИ СҮРҮН ХАЙЫСХА:

    1. ДЬИЭ КЭРГЭН.

    1. 1. Дьиэ кэргэн туохха да тэҥнэммэт, сатаан сыаналаммат, сүрэххэ саамай чугас ытык өйдөбүл буолар.
    1.2. Дьиэ кэргэн бары өттүнэн бөҕө туруктаах, нус-хас буоллаҕына, норуот сайдар.
    1.3. Дьиэ кэргэн өйдөбүлүгэр ийэ-аҕа, оҕолор, бииргэ төрөөбүттэр, аймахтар, чугас ыаллар киирэллэр.
    1.4. Дьиэ кэргэҥҥэ бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаах сыһыан, үтүө санаа, хардарыта көмөлөһүү–өйөһүү өрүү баар буолуохтаах.
    1.5. Дьиэ кэргэн сүрүн уйата ийэ-аҕа буолар. Ийэ-аҕа дьиэтин көрүү-харайыы ытык иэскэ киирэр.
    1.6 Олус уһаабыта дьиэ кэргэҥҥэ сылга биирдэ мустуу, дьиэ кэргэн кэрэ бэлиэ түгэннэрин ахтан-санаан ааһыы үтүө үгэскэ кубулуйуохтаах.
    1.7. Дьиэ кэргэн төрүттэрин билии, уруу-аймах төрүччүтүн оҥоруу, ону кэлэр көлүөнэҕэ тарҕатыы эрэйиллэр.
    1.8. Ийэни-аҕаны кырдьар саастарыгар көрүү-харайыы - төлөрүйбэт ытык иэс.
    1.9. Дьиэ кэргэн аатын-суолун киртитии буруйу оҥорууга тэҥнээх.

    2. ЫАЛ БУОЛУУ.

    2.1. Ыал буолуу ытык иэс, кэскил тэринии сиргэ кэлбит ытык иэс буолар.
    2.2. Сүрэх сөбүлэһиитэ эрэ ыал буолууга тириэрдэр.
    2.3. Отут сааска диэри ыал буолуу, алаһа дьиэни тэрийии эрэйиллэр.
    2.4. Ыал буолбакка соҕотоҕун олоруу, дьиэ кэргэнтэн тэйии – айылҕа сиэрин кэһии.
    2.5. Кылгас кэмҥэ билсиһээт, ыал буолуу – быстах быһаарыныы.
    2.6. Уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук. Атын улус дьонун-сэргэтин кытта уруурҕаһыы биһирэнэр.
    2.7. Сокуонунан холбоспокко олоруу кытаанахтык сэмэлэнэр.
    2.8. Арахсыы биһирэммэт, үһүс төгүлүн ыал буолууттан туттунуллуохтаах.
    2.9. Аналлаах кэргэнтэн атыҥҥа барыы – аньыы.

    3. ЭР КИҺИ, ДЬАХТАР СЫҺЫАНА.

    3.1. Эр киһи, дьахтар тус-туспа айылгылаах, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр, бииргэ буолар оҥоһуулаах дьоннор.
    3.2. Кэргэнниилэр икки ардыларыгар бэйэ-бэйэҕэ дириҥ ытыктабыллаах, эйэ дэмнээх үтүө сыһыан өрүү баар буолуохтаах.
    3.3. Эр киһи дьиэ кэргэн өҕүллүбэт өһүөтэ, айгыраабат акылаата, эрэллээх эркинэ, аҕа баһылыга буолар. Эр киһиэхэ оннук сыһыан, эрэмньи, тулааһын курдук көрүү булгуччулаах.
    3.4. Эр киьи булар–талар, ойоҕун, оҕолорун туох баарынан хааччыйар ытык иэстээх.
    3.5. Эр киһи дьахтары харыстыыр, көмүскүүр аналлаах. Дьахтары атаҕастыыра кытаанахтык сэмэлэнэр.
    3.6. Дьахтар анала – ийэ буолуу, дьиэ холумтаныгар сылааһы, сырдыгы иҥэрии.
    3.7. Дьахтар дьиэ кэргэн нус–хас олоҕун түстүөхтээх, сүрүн болҕомтону оҕону иитиигэ ууруохтаах.
    3.8. Дьахтар эр киһиэхэ субэлиир-амалыыр, өйөбүл, тирэх буолар, үөһэ таһаарар үрдүк оҥоһуулаах.
    3.9. Дьахтар кэргэнин тылын истибэт буолуута, кэргэнин туһунан куһаҕаны саҥарара кытаанахтык сэмэлэнэр.

    4. ОҔО, ОҔОНУ ИИТИИ

    4.1. Оҕолонуу - удьуору салгыыр, норуоту тыынныыр сиргэ кэлбит ытык иэһиҥ буолар.
    4.2. Оҕото суох олоруу – удьуору сарбыныы, утуму быһыы.
    4.3. Аҕыйаабыта үстэн итэҕэһэ суох оҕолонуу эрэйиллэр. Элбэх ыччаттаныы – улуу дьол.
    4.4. Оҕону иитии биһиккэ сытарыттан саҕаланар. Оҕону үтүө санааҕа, аһыныгас буолууга, төрүт үгэстэргэ иитии сүрүн сорук.
    4.5. Оҕону иитиинэн ийэ-аҕа иккиэн дьарыктаналлар. Уол оҕону иитиигэ аҕа, кыыс оҕону иитиигэ ийэ ордук чугас.
    4.6. Оҕону сиэри таһынан ачаалатыы, санаабыт санаатын барытын толоруу – кини киһи буолар кэскилин сарбыйыы. Оҕо таһылыннаҕына киһи буолар.
    4.7. Оҕо бэйдиэ сылдьыытын хааччахтыыр, тосту-туора быһыыланыытын сэмэлиир, кэмигэр салайан биэрэр сөптөөх.
    4.8. Оҕо кыра да ситиһиитин бэлиэтии көрөргө, бэйэтэ толкуйдууругар, инньин дьаһана улаатарыгар кыах биэрэргэ дьулуһуохтааххын.
    4.9. Оҕону уопсай иитиигэ биэрэр, тастыҥ дьоҥҥо найылыыр биһирэммэт.

    5. СӨПКӨ АҺААҺЫН

    5.1. Ас – олох тыына, сөпкө аһааһын чэгиэн-чэбдик олох төрдө буолар.
    5.2. Арыгы – киһини кулуттуур, өйү сүүйэр алдьатыылаах ас. Арыгы биһиги аспыт буолбатах.
    5.3. Төрүт ас – көмүстээҕэр күндү, өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх.
    5.4. Элбэхтик ыстаан, ас амтанын билэн, бытааннык аһыыр ирдэнэр.
    5.5. Олус тото аһыыр, өр аһаабакка сылдьар, минньигэһинэн, туустааҕынан үлүһүйүү охсуулаах.
    5.6. Ыраас ууну иһии – уһун үйэлэнии мэктиэтэ.
    5.7. Аһыы олорон куһаҕаны саныыр, кэпсэтэр, айдаарсар – аньыы.
    5.8. Аска ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыы, ас хантан кэлэрин оҕоҕо өйдөтүү булгуччулаах.
    5.9. Аһы ыһар-тоҕор, сиргэ-буорга тэпсэр сэттээх-сэлээннээх.

    6. ЭТИ-СИИНИ ЭРЧИЙИИ, СӨПКӨ ХАМСАНЫЫ.

    6.1. Эти-сиини эрчийии, сөпкө хамсаныы чэгиэн-чэбдик олох төрдө буолар.
    6.2. Кыччааабыта күҥҥэ уон биэс мүнүүтэ кэриҥэ эти-сиини эрчийии, уһугуннарыы эрэйиллэр.
    6.3. Эти-сиини эрчийии, спордунан дьарыктаныы - аһыыр-таҥнар, суунар-тараанар курдук, үтүө үгэскэ кубулуйуохтаах.
    6.4. Сарсыарда эрдэ туруу, киэһэ эрдэ утуйуу төрүт үгэс буолар.
    6.5. Сарсыарда, киэһэ ыраас салгыҥҥа дьаарбайыы, сүүрэн кэлии - өйү-санааны чэбдигирдэр.
    6.6. Аһыыр, үлэлиир, сынньанар, утуйар кэми сөпкө аттаран туруоруу олоҕу сүрүннүүр.
    6.7. Саҥарыах иннинэ саныыр, оҥоруох иннинэ толкуйдуур – дьоһуннаах киһи майгыта.
    6.8. Дьыл кэминэн көрөн сөпкө дьаһанан, таҥнан-саптан сылдьар наада.
    6.9. Кыра да түгэни туһата суох аһарар сүүттэриилээх.

    7. ҮП-ХАРЧЫ.

    7.1. Үп-харчы аныгы олоҕу хамсатар аарыма күүс буолар. үптээх-харчылаах буолуу биһирэниэхтээх.
    7.2. Үбү-харчыны олоххо сүрүн сыал-сорук курдук буолбакка, сыалы-соругу ситиһэргэ тирэх курдук өйдөнүллүөхтээх.
    7.3. Үбү-харчыны үҥэр таҥара оҥостуу, харчыга хараҥарыы, үпкэ үлүһүйүү киһини дьоллообот.
    7.4. Үбү-харчыны ыһар-тоҕор, туһата суохха барыыр түктэри быһыы.
    7.5. Дьон-сэргэ баайыгар-дуолугар ымсыырар, ордургуур – алдьатыылаах суол.
    7.6. Үп-харчы киириитин-тахсыытын былаанныыр, бэрээдэктиир, хонтуруоллуур сөптөөх.
    7.7. Үп-харчы уон гыммыт биирин үтүө дьыалаҕа аныыр, дьиэ кэргэҥҥэ үбүнэн-харчыннан көмөлөһөр - махталлаах суол.
    7.8. Күчүмэҕэй кэмҥэ анаан хаһаастаах буолар ордук.
    7.9. Харчы киһи-аймах көлөһүнэ буолар. Үбү-харчыны сыаналыыр, харчы хантан кэлэрин оҕоҕо өйдөтүү булгуччулаах.

    8. ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУ.

    8.1. Төрөөбүт дойду - туохха да тэҥнэммэт, сатаан сыаналаммат, ытык өйдөбүл буолар. Төрүт буордаах – дьол.
    8.2. Төрөөбүт дойду бары өттүнэн бөҕө туруктаах, чөл буоллаҕына, киһи халбаҥнаабат тирэхтээх, уһун тыыннаах.
    8.3. Төрөөбүт дойду өйдөбүлүгэр алаһа дьиэҥ, улааппыт тиэргэниҥ, төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгиҥ, улууһуҥ, кини дьоно-сэргэтэ, төрүттэриҥ сирдэрэ-уоттара киирэр.
    8.4. Төрөөбүт дойдуга көмөлөһүү, көмүскээһин - ытык иэс буолар.
    8.5. Төрөөбүт дойду ааспыт олоҕун билии, ону кэлэр көлүөнэҕэ тарҕатыы - ытык иэс.
    8.6. Төрөөбүт дойдуттан тэйиччи олорор, сылдьар буоллахха, төрөөбүт дойду тус үүтүгэр киирии, үс сылгэ биирдэ төрөөбүт дойдуга сылдьыы эрэйиллэр.
    8.7. Төрөөбүт дойдуннан киэн туттуу, ыччаты оннук өйгө-санааҕа иитии булгуччулаах.
    8.8. Атын дойдуну, омугу сэниир, атаҕастыыр, билиммэт буолуу – атааннаһыы, өстөһүү төрдө.
    8.9. Төрөөбүт дойду аатын-суолун киртитии - буруйу оҥорууга тэҥнээх.
          Салгыы - .
        02.04.2012 (10:34) (80.83.238.124)   
        9. ҮЛЭ.

        9.1. Үйэлээх олох булгуччулаах ирдэбилэ – үлэлээх-дьарыктаах буолуу.
        9.2. Үлэлээбэккэ быар куустан олоруу – сиэргэ баппат сааттаах быһыы.
        9.3. Үлэни эҥкилэ суох толоруу, үлэ кэмин тутуһуу - сайдыыга тириэрдэр.
        9.4. Кылгас кэм иһигэр үлэттэн үлэҕэ көһөр, үлэҕэ үҥсүһэр-хасыһар биһирэммэт.
        9.5. Үлэ кыһалҕатын дьиэҕэ аҕалар, дьиэ кыҕалҕатын үлэҕэ илдьэр сатаммат.
        9.6. Үлэннэн олус үлүһүйүү, үлэни үҥэр таҥара оҥостуу - наһаа барыы буолар.
        9.7. Дьон үлэтин сыаналыыр, ытыктыыр, онтон туһалааҕын ылынар сөптөөх.
        9.8. Үлэ миэстэтин таһаарар, дьону-сэргэни үлэннэн хааччыйар махталлаах суол.
        9.9. Оҕону кыра сааһыттан үлэҕэ иитиллиэхтээх. Үлэни билбит оҕо сөптөөх иитиилээх буолар.

        10. ҮӨРЭХ.

        10.1. Үөрэх-билии сайдыыны аҕалар, бараммат баай-дуол тэҥэ буолар.
        10.2. Үөрэҕэ суох киһи кыната суох чыычаахха, күнэ суох халлааҥҥа тэҥнээх.
        10.3. Ийэ-аҕа оҕолорун үөрэхтииллэрэ – төлөрүйбэт ытык иэс.
        10.4. Үөрэх-билии муҥура суох биллибэт сыаналаах. Үөрэххэ үбү-харчыны кэрэйэр сатаммат.
        10.5. Өй-санаа, сүрэх ылыммат үөрэҕэр үөрэнии буортулаах.
        10.6. Үөрэҕинэн олус үлүһуйүү, үөрэҕинэн эрэ олоруу омсолоох.
        10.7. Ийэ тылы таһынан икки омук тылын эҥкилэ суох билии – аныгы кэм ирдэбилэ.
        10.8. Икки салаа үөрэхтэнии - өлбөт үөстэнии, уостубат уйгуланыы көҥүл кынаттаныы тэҥэ.
        10.9. Дьоҕурдаах оҕону өйөөһүн, өрө таһаарыы махталлаах суол.
                    
        11. ҮТҮӨ САНАА.

        11.1. Үтүө саҥа дьоллоох-соргулаах, сиэрдээх олох төрдө буолар.
        11.2. "Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үтүө санаа быдан күүстээх".
        11.3. Үтүө саҥа тугу барытын кыайар, сатамматы сатыыр, суоҕу баар гынар.
        11.4. Үтүөнү оҥорбутуҥ уон оччонон төттөрү бэйэҕэр эргийэр суруллубутах сокуона баар.
        11.5. Үтүө санаалаах буолуу, дьоҥҥо-сэргэҕэ ис сурэхтэн үтүөнү оҥоруу махталлаах суол.
        11.6. Дьон-сэргэ үтүө сыһыаныгар үтүөннэн махтаныы дьолу түстүүр.
        11.7. Үтүө санаан хааччыйар үрдүк Күүс баарыгар ис сүрэхтэн итэҕэйэр, эрэнэр наада.
        11.8. Үтүө санаанан кэлтэччи туһанар сиэрэ суох дьонтон сэрэнэр, тэйэ туттар сөптөөх.
        11.9. Оҕону үтүө санааҕа, аһыныгас буолууга иитии – сиэрдээх олох сал5аныыта.

        12. ЭДЭР, КЫРДЬА5АС ДЬОН СЫҺЫАНА.

        12.1. Эдэр, кырдьаҕас дьон быстыбат ситимнэрэ сиэрдээх олоҕу хааччыйар.
        12.2. "Эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан алгыһын ыл" диэн өс номоҕо дириҥ ис хоһоонноох.
        12.3. Эдэр киһи кырдьаҕас киһиэхэ муҥура суох ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар, күүс-көмө буолар ытык иэстээх.
        12.4. Эдэр кырдьаҕас киһини тосту-туора утары саҥарара, үтүө тылын-өһүн истибэт, аахайбат буолуута кытаанахтык сэмэлэнэр.
        12.5. Эдэр киһи кырдьаҕас киһи олоххо сыыһаларын кэлтэччи буруйдуура, сэмэлиирэ сиэргэ баппат быһыы.
        12.6. Эдэр киһи кырдьаҕас киһи иннин быһа хаамара, аахайбакка ситэн ааһара биһирэммэт.
        12.7. Кырдьаҕас киһи сүбэтэ дьолго тиэрдэр. Кырдьаҕас киһи эдэр киһиэхэ олоххо сыаналаах сүбэ-ама биэрэр, сөптөөх хайысханы булларар ытык иэһэ буолар.
        12.8. Кырдьаҕас киһи эдэр киһи иннин быһа этэрэ кытаанахтык сэмэлэнэр.
        12.9. Кырдьаҕас киһи эдэр киһиэхэ тэҥнээҕин курдук сыһыаннаһыахтаах.

      Кэскиллээх тыллар тумуллубуттэр. - сахамин9 Ссылка на блог *
    02.04.2012 (10:39) (94.245.175.205)   
    Маны ыал аайы тар5атан саха омук онкулун оноруохха сеп.
          Саха ЫТЫК БИЛИИТЭ - Уйулга
        02.04.2012 (13:01) (85.26.241.183)   
        Маны арыый тэнитэн, чопчулаан, Саха Айыы итэҕэлин эбэр наада.
        Уонна, хас биир дьиэҕэ, оҕоҕо, киьиэхэ тириэрдэн сомоҕолоһууну киһини киһититэн иитиигэ тэнитэн САХА НОРУОТ быһыытынан БЫСТЫБАТЫН оҥкула БУ БААР - диибин.
              - - - Чаачар
            02.04.2012 (22:31) (80.83.238.121)   
            Күн күбэйэ ийэбит,аар тойон аҕабыт арыаллыахтара да буоллаҕа...
                  . - Чаачар
                03.04.2012 (06:50) (80.83.239.93)   
                      Бу ЫТЫК БИЛИИГЭ ессе - Уйулга pager
                    04.04.2012 (22:51) (85.26.241.54)   
                    Оҕону хайдах иитиини киллэрэр, бу этиллибит онкуллары тэнитэн, быьаарыы, чуокайдааьын онорор буоллар хайдах буолуо этэй? Сурун темалырын туспа Раздел курдук тэнитэн быьаарыыны туох диигит?
                    Холобур: "Таптал", "Махтал", "Дьуьун, бодо суолтата", "Сиэр, сигили", "Дьону кытта алтыьыы", "Бэйэ этин-сиинин салайыныы", "Бэйэ иэйээнин ( эмоцияларын) салайыныы, "Суру - тэтими кууьурдуу", "Эр ойох сыьыана", "Тереппут уонна о5о сыьыаннара", "О5ону айылгытыгар чугаьатан, сааьынан арааран иитии", "Уол о5ону Айыы санаалаах Эр киьи гынан иитии"... Оччо5о
                    туьата ордук урдуе этэ, буолбат дуо? Туох дии саныыгытый?
                    Ессе ханнык Раздел киирэн тэнитиллиэн себуй?
                          Бэрт үчүгэй этии буолла! - Чаачар
                        05.04.2012 (17:55) (80.83.239.71)   
                        Итиннэ иһирдьэ киирэн истэххэ, суола ииһэ дириҥээн иһиэн сөп.Бу ытык билиини(базовай)киирии курдук туттан баран,салгыы разделларга хайыталаан киирэн барыахха сөп,ити Уйулҕа эппитин курдук ааттаталаан, ыллык(ссылка)оҥортоон,чопчу билиэн баҕалаах киһи,чопчу булар ылар гына оҥордоххо бэртээхэй буолуо этэ,барытын биир сирэйгэ кутан кээспэккэ(дьону куттаабат гына).
                              Утуе киэьэнэн! - санаайа67
                            05.04.2012 (22:14) (46.48.237.183)   
                            Уйул5ан уонна Чаачар олус наадалаах теманы таарыйа5ыт. Суруннээн син киирбит курдук хайысхалар. Арай мин биири эбиэм этэ: билинни ыччаттарбытын кердеххе, кыыс иитиитигэр бол5омто тиийбэтэ, кыыс о5о дьиэ кэргэн туллар тутаа5а буолара, кыыс уолтан уратыта кыыска ейдетуллубэтэ арылыччы кестер буолла. Онон кыыьы уолтан арааран иитиигэ бол5омто ууруллара наада.
                                  Кыыс оҕоҕо биллэн турар туһунан раздел баара ордук - Чаачар
                                05.04.2012 (22:40) (80.83.238.105)   
                                Далбар хотун диэбит курдук...

 
Category: Саха | Views: 3233 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 85
Ыалдьыттар (гостей): 85
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024