Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Муус устар » 20 » Манна туох көстөрүй? Фабрика кирэдьиитин иэһин бүддьүөт харчытынан сабарга холонуу чахчы баар эбит.
Манна туох көстөрүй? Фабрика кирэдьиитин иэһин бүддьүөт харчытынан сабарга холонуу чахчы баар эбит.
21:46
http://www.kyym.ru/index.php/olox/economika/6410--xxi-----6
Саханы XXI үйэҕэ куурусса аатырдыа дуо-6?
20.04.2012 11:19 | Автор: Владимир Степанов |
212_copyХаһыакка тахсыбыт ыстатыйаларга олоҕуран, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ В.Н. Басыгысовтан Нерюнгритааҕы көтөр фабрикатыгар 200 мөл. солк. бэриллэрин-бэриллибэтин быһааран биэрэригэр көрдөспүппүт. Хоруйу туттубут. Кини сорудаҕынан суругу Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтэ бэлэмнээбит. Манна эбии мунньахтар стенограммалара эбии угуллубут. Ил Түмэн хоруйун кэлэр нүөмэргэ сиһилии суруйуохпут. Бу күннэргэ элбэх дьону кытта кэпсэттибит. Тыа дьоно, сүрүннээн, хаһыат суруйууларын өйүүлэрин биллэрэллэр. Ол курдук, "бастатан туран, саха төрүт дьарыгар болҕомтону сөпкө туруорсаҕыт. Иккиһинэн, үп-харчы киһи билбэтинэн үөһэнэн араас суолларга тарҕанан дьоҥҥо тиийбэтин өйдөөтүбүт” дииллэр.

Урут түһэн эттэххэ, Ил Түмэнтэн ылбыт хоруйбутугар бу иннинэ "Кыымҥа” таһаарбыт матырыйаалларбыт бигэ олохтоохторо ырылыччы көстөр.

Мантан салгыы Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр кэмитиэтин кулун тутар 24 күнүнээҕи мунньаҕыттан быһа тардан биэрэбит.  СӨ премьерин солбуйааччы А.А. Стручков дьокутаат Д.Ф. Наумов "Нерюнгри фабрикатыгар бэриллиэхтээх 200 мөл. солк. туһунан туох быһаарыыны ыллыгыт?” диэн ыйытыытыгар маннык хоруйдаабыт (стенограмма сыыһа өйдөбүл тахсыбатын диэн тылбаастаммата):

«С учетом рассмотрения проекта закона в аграрном комитете Государственного собрания, с учетом того, что в Правительстве мы посоветовались, было принято решение не корректировать в этой части 200 млн рублей. Соответствующую поправку Правительство РС (Я) вчера внесло в Государственное Собрание. Поздно вечером внесли, наверное, до вас  оно не дошло. Мы оставляем статус как есть, не увеличиваем уставный капитал Нерюнгринской птицефабрики. Этот вопрос мы будем решать отдельно, вне рамок бюджетного финансирования, по крайней мере на данном этапе с учетом того, что у акционерного общества, 100 процентов акций которого принадлежит Правительству РС (Я), в конце июня текущего года возникает обязательство по возмещению краткосрочной кредитной линии в объеме 300 миллионов рублей – это «Россельхозбанк». Нам прежде надо разобраться с дальнейшей реализацией проекта, которая требует дополнительных источников, примерно 600 млн. рублей, и «а» – это по использованию уже ранее принятых в том числе Государственным Собранием решений по увеличению уставного капитала. Поэтому, резюмируя, скажу, что мы приняли решение, что не будем...».

Манна туох көстөрүй? Фабрика кирэдьиитин иэһин бүддьүөт харчытынан сабарга холонуу чахчы баар эбит.


Иккиһинэн, фабрика уочараттаах тутуута, инники олоҕо барыта бүддьүөт суотугар иитилиннэҕинэ эрэ тыыннаах хаалар кыахтааҕа көстөр. Бүддьүөт үбүн кэмчилииргэ, «хос айах” судаарыстыба суотугар иитиллэрин тохтотон «оптимизацияны» ыытарга улахан уопуттаах А.А. Стручков «куурусса боппуруоһугар» кэлэн саараабыт. Сарбыйар оннугар, утары уунарга дураһыйар курдук буолбут. Алексей Александрович иннигэр быйыл чахчы уустук кыһалҕа турбут. Кини премьер бастакы солбуйааччытын быһыытынан, Нерюнгри фабрикатыгар МИЛЛИАРД кэриҥэ солкуобайы «булан биэрэр иэскэ киирбит» курдук. Ол эбэтэр, бүддьүөтү өрө-таҥнары сыымайдаан, ким эрэ ылыахтаах харчытын сарбыйан дуу, атын сиртэн булан дуу, 300 мөл. солкуобайынан "Россельхозбаан» кирэдьиитин сабыахтаах. Итиннэ эбии (иккис уочарат тутуутугар буолуо) өссө 600 мөл. солк. эбии булуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, Нерюнгри фабрикатын аахсыйаларын бырабыыталыстыба 100 бырыһыан бас билэр. Төрөтүллүбүт "оҕо” көрүүнү-харайыыны эрэйэр. Бу тэрилтэ хаһан эрэ атаҕар туран бэйэтин бэйэтэ дьаһанар таһымҥа тахсара биллибэтин да үрдүнэн...

Манна А.А. Стручков "урут Ил Түмэнинэн устаап хапытаалыгар барбыт үбү үөрэтиэххэ баара» диэбитэ киһини мунаардар. Хайаан да 200 мөл. солк. бүддьүөттэн ылан бэрдэрэр санаалаах курдук. Туохтан инньэ диэн саныыгыный? Нерюнгри фабрикатын устаабын хапытаалыгар былырыын бүддьүөттэн барбыт 100 мөл. солк. туттуллуутун  бэрэбиэркэлэтэллэр. Атын харчы хаамыытын, холобур, "Россельхозбаан” кирэдьиитэ ханна барда диэн хаһыспаттар. Бэрэбиэркэ, ол аата "100 мөл. таах сиэниллибэтэх" диэн түмүк оҥорон аҕалар соруктаах ыытыллар. Бэрэбиэркэ кэнниттэн билигин көрдүүр "200 мөл. солкуобайдарын  эмиэ дьыалаҕа барыаҕа” диэн бүддьүөтү иккиһин атаакалаан бэрдэриэхтэрин сөп.

***

ТХ миниистирэ И.И. Слепцов «Якутия» хаһыакка муус устар 6 күнүгэр тахсыбыт интервьютугар «Кыымҥа» тахсыбыт суруйуулары «ымсыы санааттан уонна сакааһынан» суруллубут диэн сыаналаабыт. Биһиги куурусса этигэр туох диэн ымсыырыахпытый, төрүт аспытын көмүскэһэр буоллахпыт. Ыйааһын хараҕар норуот дьылҕата ууруллар боппуруоһун «сакаас» диир табыллыбат ини.

Миниистир куурусса иитиитин федеральнай киин өрөспүүбүлүкэҕэ түһэрбит булгуччулаах эбээһинэһин курдук эппитэ соһуччу: «...В РФ реализуется целевая программа Министерства сельского хозяйства РФ «Развитие птицеводства в РФ на 2010—2015 годы». Она направлена на создание условий для обеспечения продовольственной безопасности страны в соответствии с указом Президента РФ «Об утверждении Доктрины продовольственной безопасности РФ»... В нашей республике птицеводство — одна из важнейших отраслей животноводства, вошедшая в Госпрограмму РС(Я) «Развитие сельского хозяйства и регулирования рынков сельскохозяйственной продукции, сырья и продовольствия на 2012-2016 годы» диэн «дэлби куттаабыт». Миниистир «булгуруйбат” диир сорудаҕын көрдөххө, 2020 сылга Арассыыйа хас биирдии олохтооҕо сылга 35 киилэ куурусса этин сиирэ хааччыллыахтаах эбит.

ТХМ федеральнай киин соругун толороругар Саха сиригэр өссө төһө куурусса этэ оҥоһуллуохтааҕый? Нэһилиэнньэни ортотунан 900 тыһ. киһи диэн ылан 35 киилэҕэ төгүллүүбүт –31,5 тыһ. туонна. Эчи, элбэҕин!

Ити үбүлээһинэ билиҥҥиттэн кыайтарбат фабрика иккис уочарата үлэҕэ киирдэҕинэ да, Москуба сорудаҕа туолар кыаҕа суох эбит, баара-суоҕа 6,3 тыһ. т. куурусса этэ оҥоһуллуон сөп. Оччотугар "31,5 тыһ. туонналаах сорудаҕы" ситиһэр туһугар тыабыт хаһаайыстыбатын атын салааларын имири эһэрбитигэр тиийэбит дуо?

 
Category: Экономика и СЭР | Views: 1480 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 52
Ыалдьыттар (гостей): 52
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024