News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Бэс ыйа » 5 » Эмчити, балыыһаны талыы туһунан
Эмчити, балыыһаны талыы туһунан | 11:07 |
Медицинаҕа "Пилотнай” бырайыак
04.06.2012 15:35 | Автор: Нина Герасимова | Кыым.ру
127Доруобуйа харыстабылын эйгэтин быыстала суох уларытан, бу эйгэ үлэтин-хамнаһын тупсарар туһугар үлэ бөҕө ыытыллар курдук. Былырыын «Страховкалааһын туһунан», быйыл «Доруобуйа харыстабылын туһунан» саҥа сокуоннар ылыллыбыттара. Ыам ыйын 29 күнүгэр СӨ ТФОМС (булгуччулаах медицина страховкатын территориятааҕы пуондатын) дириэктэрэ Василий Назаров пресс-кэмпириэнсийэҕэ саҥа страховкалааһын сокуонун, бу сокуоҥҥа олоҕуран туох сонун сүүрээн киирэн эрэрин, олохтоох нэһилиэнньэ онтон тугу күүтүөхтээҕин, туох бырааптанарын уонна да атын боппуруостары билиһиннэрдэ. ТФОМС араас хайысхаларга салайааччылара, сүрүннүүр испэсэлиистэрэ суруналыыстар ыйытыктарыгар хоруйдаатылар, быһаарыы биэрдилэр.
Ыйытык: Саҥа страховкалааһын туһунан сокуон киирбитэ биир сылтан орто, ол кэм устата туох уларыйыы таҕыста?
Хоруй: Саҥа сокуон төлөбүрэ суох эмп-томп өҥөтүн мэктиэлиир. Маны таһынан, гражданнар эмтэнэр тэрилтэлэрин уларытар бырааптарын бигэргэтэр, ыарыһах ыарыытын туругун туһунан кырдьыктаах информацияны ылар кыаҕын мэктиэлиир.
Страховка хампаанньата – «ньээҥкэ»
Саҥа сокуоҥҥа саҥа бырааптар баар буоллулар. Холобур, бу хампаанньалар страховкаламмыт дьонноругар «ньээҥкэ» оруолун толороллор. Атыннык эттэххэ, страховка хампаанньата билигин гражданин интэриэһин көмүскүүр, эмп тэрилтэтэ оҥорор көмөтүн кээмэйин, болдьоҕун, хаачыстыбатын хонтуруоллуур, гражданнар үҥсүүлэринэн уонна ыйытыыларынан үлэни ыытар, гражданнарга кинилэр бырааптарын быһаарар, эмп тэрилтэлэригэр бырааптарын быһааран биэрэр. Дьэ, ол иһин киһи страховкаланар хампаанньатын таларыгар бэрт эппиэттээхтик, болҕомтолоохтук сыһыаннаһыахтаах. Гражданин страховка хампаанньатын үлэтин астыммат буоллаҕына, уларытар бырааптаах. Ол уларытыыны кини сылга биирдэ оҥорор, сэтинньи 1 күнүттэн уһаппакка эрэ.
Ыйытык: Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ханнык страховка хампаанньалара үлэлииллэрий?
Хоруй: Биһиэхэ үс хампаанньа үлэлиир. «Сахамедстрах» ААУо, «Росгосстрах Медицина» ХЭУо салаата, «Капитал медстрах» САУо салаата. Туох баар информацияны ТФОМС тус саайтыгар көрүөххэ-билсиэххэ сөп, ону кытта СМИ-лэргэ информация эмиэ бара турар.
Страховкалыыр хампаанньаны талыахха уонна уларытыахха сөп
Ыйытык: Страховка хампаанньатын талан ылыы уонна уларытыы хайдах быһыылаахтык оҥоһулларый?
Хоруйа: Өскөтүн гражданин урут страховката суох, бастаан ОМС полиһын ылар буоллаҕына, дьэ, талар. Төрөппүттэр кыра оҕолорун ханна страховкалыылларын эмиэ бэйэлэрэ талаллар. Атын регионнартан кэлбит дьон эмиэ манна бэйэлэрэ талбыт хампаанньаларыгар страховкаланаллар.
Хампаанньаны уларытар түбэлтэҕэ киһи ырыҥалаан көрүөхтээх. Аны, саҥа сокуон быһыытынан, гражданин саҥа олорор сиригэр кэллэҕинэ, страховка хампаанньатын биир ый иһинэн уларытыахтаах.
Страховкалыыр хампаанньа үлэлээн бүтэр түгэнигэр, бу хампаанньаҕа сылдьыбыт дьон эмиэ атыҥҥа көһөргө күһэллэллэр.
Полис туһунан
Ыйытык: ОМС саҥа полиһын хайдах ылыахха сөбүй?
Хоруй: Саҥа полиһы ылыыга саҥа бэрээдэк олохтоммута. Саҥа полис болдьоҕо суох бэриллэр. Билигин кумааҕы полистары туһанабыт, сотору электроннайдар баар буолуохтара. Урут бэриллибит полистары уларыта охсорго тиэтэйимэҥ, полиһы уларытыы сыыйа, 2014 с. диэри ыытыллыа. Атын үлэҕэ көстөххө, эбэтэр үлэлээбэт буоллахха, ОМС полиһын уларыта сатыыр наадата суох.
Маннык нүөмэринэн эрийэн, мэлдьи ыйытыаххытын, мунаарар боппуруостарга быһаарыы ылыаххытын сөп:
8-800-100-14-03 уонна 400-403
Бу төлөбүрэ суох сүбэ.
Эмчити, балыыһаны талыы туһунан
Страховка уонна доруобуйа харыстабылын туһунан саҥа сокуоннарга этиллэринэн, эмтиир тэрилтэни уларытар, талар быраап ордук бастакы сүһүөх медицинскэй көмөнү оҥорор тэрилтэлэргэ – поликлиникаларга – сыһыаннаах. Оттон идэтийбит улахан тэрилтэлэргэ, холобур, Медкииҥҥэ, маннык боппуруос турбат. Биир эрэ кииннэммит балыыһа баар улуустарыгар бу эмиэ кыаллыбата өйдөнөр. Маннык быраабы улахан куораттар туһаныахтарын сөп.
Биири бэлиэтиир наада: ыарыһахха олорор сиринэн көрөн өҥө оҥоһуллар. Холобур, бу киһи бэйэтин поликлиникатын сирэн атыҥҥа көһө сатаатаҕына, анарааҥҥылар кини ыраах олорорун иһин кэлиэхтэрэ суоҕа. Онон, атын поликлиниканы талыах иннинэ, барытын анааран көрүөхтээххит.
Атын балыыһаҕа көһүөн дураһыйар киһи, бастаан, ол поликлиника кылаабынай бырааһын аатыгар сайабылыанньа суруйуохтаах. Кылаабынай быраас поликлиника ноҕурууската улаханын, эмчиттэр аҕыйахтарын уо.д.а. иһин аккаастыыр толору бырааптаах. Бу аккаас хайаан да матыыптаах буолуохтаах.
Чааһынай клиникалар уонна ОМС
"Чааһынай клиникалар ОМС-ы кытта үлэлииллэр дуо?”, "Чааһынай клиникаларга төлөбүрэ суох эмтэниэххэ сөп дуо?” диэн элбэхтик ыйыталлар
Хоруй: ОМС систиэмэтигэр эмп-томп өҥөтүн оҥорор кыахтаах медицинскэй тэрилтэлэр бары, бас билиилэрин көрүҥүттэн тутулуга суох, үлэлиэхтэрин сөп. Ол наадатыгар эмп-томп тэрилтэтэ сайабылыанньа биэрэр. Чааһынай тэрилтэ ОМС тиһигэр киириэн соччо баҕарбат. Төһө да килийиэнин ахсаана элбиирэ үчүгэйин иһин, өҥө сыаната намтыыра кинини тохтотор. Билигин баар намыһах тарифтар эмп тэрилтэтин ороскуотун толуйбаттар. Билигин ОМСка баар тариф 5 эрэ ыстатыйаны көрөр – хамнас, аһылык, эмп-томп, сымнаҕас инвентарь. Атын ороскуоттары: хомунаалынайдары, тырааныспары, баайы-дуолу көрүүнү уо.д.а. – бас билээччи бэйэтэ толунар. Онон үгүс чааһынай медицина тэрилтэтин ити астыннарбат. Түмүгэр, чааһынай эмп-томп тэрилтэлэрэ ОМС тиһигэр киирэ сатаабаттар.
Биир ханааллаах үбүлээһиҥҥэ уонна бары ороскуоттар ыстатыйаларын көрөр тарифка көһүү олохтонноҕуна эрэ, кинилэр манна сыстан барыахтарын сөп.
Үбүлээһин саҥа көрүҥэ
Арассыыйаҕа өлүү уонна төрөөһүн хайдах таһымнаахтарын бэркэ билэбит. Билигин тэҥ-тэҥэр кэриэтэ сылдьаллар... Биһиги Африка саамай хаалыылаах дойдуларын көрдөрүүтүн иэл-тиэл көрдөрүүлээхпит. Оттон доруобуйа харыстабылын сүрүн сыала-соруга – өлүүнү аччатыы. Бу туохтан тутулуктааҕый – үбүлээһинтэн!
Билигин Арассыыйаҕа доруобуйа харыстабылыгар биир ханааллаах үбүлээһин киирдэ. Ол эбэтэр – урут медицина хас да сиртэн үбүлэнэр эбит буоллаҕына, билигин бары ТФОМС-тан үбүлэнэр буолуо. Үп-харчы барыта онон ааһар. РФ сорох регионнарыгар, холобур, Челябинскай уобалаһыгар, биир ханаалынан үбүлээһин 2009 сылтан киирэн сылдьар. Уобалас губернаторын солбуйааччы Н.Шевчук бу бырайыак олус үчүгэйин Интэриниэккэ суруйар, кини этэринэн: "Үбүлээһин балыыһалар үлэлэриттэн – оҥоһуллар өҥө кээмэйиттэн уонна хаачыстыбатыттан – быһаччы тутулуктаах. Уобалас салалтата үбүлээһин кээмэйэ стационарга куойка ахсааныттан, поликлиникаларга дьон сылдьар ахсааныттан тутулуктамматын туһугар үлэлиир».
Бу Шевчук "биир ханаалынан үбүлээһин тэрээһини, медицина өҥөтө дьоҥҥо тиийимтиэтин, оҥоһуллар көмө хаачыстыбатын биллэ тупсарар” диир. Үбүлээһин барыта үлэ түмүгэр, хаачыстыбаҕа олоҕурар, хас киһи эмтэнэ кэлэн барбытынан, ыарыһах хас күн балыыһаҕа сыппытынан буолбатах. Холобур, сайын балыыһаҕа сылдьыы биллэ аҕыйаабыт кэмигэр, балыыһалар көҕүлүүр чаастан харчы ылар кыахтаналлар – үлэ хаачыстыбатын иһин.
Дууһанан үбүлээһин
Бу пилотнай бырайыак эмиэ Челябинскай уобаласка ситиһиилээхтик олоххо киирэ сылдьар. Билигин поликлиникаҕа төһө элбэх киһи сылдьыбыта буолбакка, эмтээһин, сэрэтии үлэтэ төһө хаачыстыбалаахтык барбыта, төһө киһи эмтэммитэ учуоттанар. Ыарыыны эрдэттэн сэрэтэн, баалатыыны аҕыйатан, харчыны кэмчилиэххэ сөп дииллэр. Оттон экэниэмийэлэммит үбү кэлин үлэһиттэри көҕүлүүр хамнас быһыытынан туттуохха сөп.
Дьокуускайга –пилотнай бырайыак
2012 сыл иккис аҥаарыттан Дьокуускай куорат поликлиникалара дууһанан үбүлээһиҥҥэ (подушевое финансирование) көһүөхтэрэ, оччоҕо поликлиника хас биирдии ыарыһахха «интэриэстээх» буолуо. Тоҕо диэтэххэ, харчы ыарыһаҕы «сырсыа». Онтон кэлэр сыл тохсунньутун 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ барыта онно көһүө.
Туох куттал баарый?
Билиҥҥитэ, эмтээһин хаачыстыбата тупсуо, эмчит ноҕурууската биир тэҥник тарҕанан биэриэ диэн бу үбүлээһин үтүө өрүттэрин күүтэр курдукпут. Ол эрээри, үөрэх эйгэтигэр маннык ньыма эмиэ баарын санатабыт. Бастаан уу иһэ-иһэ хайҕаан баран, билигин быһа-быһа ыкка быраҕабыт. Онно эмиэ "харчы кэмчилэниэ” диэн сыал-сорук баар курдуга. Харчы, баҕар, кэмчилэммитэ буолуо, ол гынан баран бу дьаһал түмүгэр тыа сиригэр сүүһүнэн оскуола сабылынна! Буруйдара – «дууһалара аҕыйах”!
* * *
«Дууһанан үбүлээһин доруобуйа харыстабылыгар туох кутталлаах буолуон сөбүй?» – диэн чопчу ыйытыкка Розалия Васильева, Управление сэбиэдиссэйин солбуйааччыта бу курдук хоруйдуур:
– Куттал, биллэн турар, баар. Ордук улуустар дьаарханаллар. Тыа сирин, хоту улуустар нэһилиэнньэлэрин ахсаана аҕыйах. Маннык үбүлээһин киирдэҕинэ, эмчит ноҕурууската хайдаҕа ырылыччы көстөн тахсыа буоллаҕа. Билигин эмчиккэ – нуорма быһыытынан 1800 киһи сыһыарыллан сылдьар. Оттон биһиэхэ биир хоту улуус нэһилиэнньэтэ онтон эрэ арыый элбэх киһилээх буолуон сөп. Ити түмүгэр «бу улууска соҕотох, чэ, икки да буоллун, учаастак бырааһа хааллын» диэхтэрэ турдаҕа. Оннук куттал баар. Биһиги ону эрдэттэн көрөн, ону солбуйар атын ньымалары толкуйдуохтаахпыт. Бэлэм буолуохтаахпыт. Билиҥҥитэ СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытта үлэ бара турар.
Ыйыт-хоруйдуубут
Эрэдээксийэҕэ Горнай улууһуттан киирбит сурук баар. Онно инсуллаабыт ыарыһах туруга үчүгэй буолбатын, оттон Дьокуускай куоракка баар анал Инсульт балыыһатыгар (кииҥҥэ) кинини ыытартан "саҥа инсуллаабыт дьон эрэ эмтэнэллэр” диэн матыыптаан аккаастаан кэбиспиттэрин суруйар. Аны, «тыа дьоно бары медицинскэй полистаахпыт эрээри, тоҕо куорат олохтоохторун курдук эмтэнэр усулуобуйабыт суоҕуй? Туругум куһаҕан буолан иһэр буоллаҕына, тоҕо инбэлиитим группатын үрдэппэттэрий? Оччотугар полис туохха нааданый?» диэн ыйыталлар.
Итиннэ ТФОМС управлениетын салайааччыта Людмила Чемякина маннык хоруйдуур:
– Ыарыһаҕы эмтээһин олорор сиринэн ыытыллар. Онно эмтээһин кэрдиистэрэ (этапы лечения) диэн өйдөбүл баар, ол тутуһуллуохтаах. Бастатан туран, ыарыһаҕы учаастактааҕы бырааһа кэтээн көрөр. Ыарыһаҕын туругуттан көрөн, кини туруорсуохтаах. Бу ыалдьыбыт киһи ханнык кэрдиистэринэн баран эмтэнэрин. Учаастак бырааһа онно эбии хамнас ылар (10 тыһ.), учаастактааҕы медсиэстэрэ эмиэ (5 тыһ.). Оттон ыарыһах эмчит үлэтин астыммат буоллаҕына, страховкатын хампаанньатыгар үҥсүөхтээх.
* * *
Дьон үксэ бэйэтин быраабын билбэт, туһаммат. Сорохтор полис биэрэр кыаҕын ситэри өйдөөбөттөр, аҥаардас регистратураҕа көрдөрөр кумааҕы курдук саныыллар. Саҥа сокуон киирбитинэн, ытыктабыллаах ааҕааччы, эн эмтэнээччи быһыытынан быраабыҥ кэҥиир, онон сүрэҕэлдьээмэ, туһан, наада буоллаҕына – туруорус. Эн доруобуйаҥ эмчиттэн, медицина сайдыытыттан эрэ буолбакка, бэйэҕиттэн эмиэ тутулуктаах.
|
Category: здоровье |
Views: 1574 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 36 Ыалдьыттар (гостей): 36 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|