News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Бэс ыйа » 12 » Олоҥхо ыһыаҕа Күөх Ньурбаҕа бэс ыйын 23-24 күннэригэр ыытыллыаҕа.
Олоҥхо ыһыаҕа Күөх Ньурбаҕа бэс ыйын 23-24 күннэригэр ыытыллыаҕа. | 19:20 |
Ураты рекортардаах УАЗ бириистэрдээх Олоҥхо ыһыаҕа
12.06.2012 12:12 | Автор: Кыым | imgresizeХаннык баҕарар омук сүрүн тулааһыннарынан тыла-өһө, итэҕэлэ, сиэрэ-туома, төрүт үгэстэрэ уонна дьарыга буолара саарбахтаммат. Атыннык эттэххэ, омук тыынынан, өлбөт үөһүнэн чуолаан кинилэр буолаллар. Ол даҕаны иһин хас биирдии омук бэйэтин уратытын, ис тыынын харыстыы сатыыр. Аан дойдуга бу мэлдьэһиллибэт чахчылары өйдөөн, маныаха туһааннаах үлэлэр ыытыллаллар. 2005 сыллаахха ЮНЕСКО биһиги олоҥхобутун «киһи аймах материальнайа суох сэдиэбирэ» диэн билиммитэ. Маннык үрдүк таһымҥа билинии биһиги ортобутугар эмиэ өрө күүрүүнү таһаарбыта. Ол биир түмүгүн быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо ыһыаҕа диэн официальнай тэрээһин ыытыллара быһаарыллыбыта.
Олоҥхо ыһыаҕын уратытынан саха омук үгэс буолбут сиэрэ-туома халбаҥнаабакка тутуһуллан ыытыллара буолар. Бу ыһыах регламена бырабыыталыстыба таһымыгар ылыллан, түһүлгэ хас биирдии элэмиэнэ, тутуулара, сиэрэ-туома уонна атын тэрээһиннэрэ бары чопчуланан тураллар. Ол даҕаны иһин, Олоҥхо ыһыаҕын саамай бастыҥ холобур (эталоннай) диэн этэр уонна саха омук кэнники кэмнээҕи биир улахан ситиһиитин быһыытынан сыаналыыр сөптөөх.
Аан бастакы Олоҥхо ыһыаҕа 2006 сыллаахха Сунтаарга ыһыллыбыта. Эстэпиэтэни салгыы Таатта, Уус Алдан, Горнай уонна Мииринэй улууһа ылбыттара. 2012 сыллааҕы Олоҥхо ыһыаҕа Күөх Ньурбаҕа бэс ыйын 23-24 күннэригэр ыытыллыаҕа.
Билигин Кыталыктаах диэн кэрэ-бэлиэ сиргэ бэлэмнэнии күөстүү оргуйар. Тэрийээччилэр биир сүрүн соруктарынан ыраахтан-чугастан кэлэр ыалдьыттар моһоло суох айаннарын хааччыйыы буолар. Ол курдук, сиринэн, уунан уонна салгынынан сырыыны тэрийиигэ улахан болҕомто ууруллар. Аҥаардас Маалыкайтан тыһыынча кэриҥэ киһи киириэхтээх. Улуус атын кытыы нэһилиэктэрин дьонун эмиэ Олоҥхо ыһыаҕыттан матарбат сорук турар. Уонна, биллэн турар, Дьокуускай куораттан, киин уонна Бүлүү бөлөх улуустарыттан ыалдьыттары көрсөргө, кыынньыбыт кымыһынан, арыылаах алаадьынан, үтэһэлээх этинэн айах тутан көрсөргө бэлэмнэр.
Күн бүгүн ыһыахха аналлаах тутууларга биэс тэрилтэ хоннохтоохтук ылсан үлэлиир. Бары тутуулар бэс ыйын 20 күнүгэр түмүктэниэхтээхтэр.
Ньурба ыһыаҕар ыраахтан-чугастан, эдэрдиин-эмэнниин түөрт уонча олоҥхоһут кыттыыны ылара былааннанар. Сорох улуус анал дэлэгээссийэтинэн кыттыаҕа.
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын биир уратытынан оһуокайы уһуннук этиигэ рекорд олохтонуута буолар. Ол курдук, Кыталыктаах түһүлгэтигэр тыһыынча киһи кыттыаҕа. Арассыыйатааҕы «Пари» рекорд ааҕыныстыбата дойду рекордун сэргэ Европа үрдүкү көрдөрүүтүн эмиэ бигэргэтэр, маны таһынан, аан дойду рекордугар эмиэ дистанционнай сайаапка биэрэр бырааптаах. Онон барыта санаа хоту бардаҕына, Күөх Ньурбатааҕы Олоҥхо ыһыаҕар үс рекорд биирдэ олохтонор кыахтаах. Уонна бу былаан туоларыгар саарбахтааһын да суох. Ол курдук, билигин ньурбалар 500-600 киһилээх түһүлгэни тэрийэн бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Ханнык баҕарар ыһыахха мустубут дьон спортивнай күрэхтэһиилэри сэҥээрэн көрөллөр. Быйылгы ыһыах бырагырааматыгар «Эр бэрдэ» диэн элбэх көрүҥҥэ күрэхтэһии киллэрилиннэ. Кыттааччылар «Сыарҕа соһуута», «Модун таастара», «Илии күүһэ», «Балаҕан нөҥүө таас быраҕыы», «Бэрэмэдэйдээх сүүрүү», «Халбас харата», «Таас көтөҕүү» диэн көрүҥнэргэ күрэхтэһиэхтэрэ. Сүрүн бириис – УАЗ массыына!
Биллэн турар, ыһыах киэргэлинэн атах оонньуутугар, мас тардыһыыга, хапсаҕайга муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар күрэхтэһиилэр уонна ат сүүрдүүтэ буолуохтара. Хапсаҕай күрэхтэһиитэ ньурбалар аатырбыт хапсаҕайдьыттара Юрий Андреев 60 сааһыгар ананыаҕа. Кыайыылаах УАЗ массыынанан наҕараадаланыаҕа. Ат сүүрдүүтүгэр хамаанданан күрэхтэһиигэ сүрүн бириис быһытынан эмиэ – УАЗ массыына!
Онон Ньурба улууһун салалтата, уопсастыбаннаһа бары биир киһи курдук түмсэн ыһыаҕы уонна оһуокайы үрдүк таһымҥа ыытар бигэ соруктаахтар.
Дьэ, онон быйылгы Оһуокай ыһыаҕа уратылаах буолуоҕа.
|
Category: Ыһыах, олоҥхо |
Views: 1914 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 26 Ыалдьыттар (гостей): 26 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|