Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Атырдьах ыйа » 28 » Ол эрээри сүрэх баҕатын, быраап кыайбат диэн баар.
Ол эрээри сүрэх баҕатын, быраап кыайбат диэн баар.
20:13
Дьылбыт кэлэ илигинэ
"Дьыл оҕуһуттан” сылтаан айдаан тахсан эрэр.


         Ааҕааччылар өйдүүргүт буолуо, быһаас Табаҕатааҕы холуонньаҕа буруйдарын боруостуу олорор дьон сиэмэнтэн кутан Оҕус уонна Сылгы скульптуратын оҥорбуттарын. Биир сонуҥҥа, өссө ол скульптураларын "Дьоллоох Дьокуускай куорат 380 сыллаах үбүлүөйүгэр бэлэхтиибит” диэн мээр Айсен Николаевка аһаҕас сурук суруйбуттара.
Хаайылла сытар дьон, Дьыл Оҕуһа "Муус Хайа” ресторан аттыгар, оттон Саха сылгытын скульптурата Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын акакдемиятын тэлгэһэтигэр турара буоллар диэн баҕа санааларын эппиттэрэ. Кэлиҥҥи кэпсээнинэн бетонтан өссө сэлии кыылын скульптуратын оҥоро сылдьаллар диэн этэ.
Табаҕа холуонньатыгар 1200 киһи харалла сытарыттан улахан аҥаардара сахалар. Бары кэриэтэ 18-ттан 30-гар диэри саастаах ыччат дьон.  Ыһыах ыйыгар Үөһээ Бэстээх холуонньатыгар "Аартык.ру” суруналыыһа бара сылдьан көрбүтүттэн улаханнык хараастан кэлэн "Ыччаппыт аҥаара хаайыыга сыттаҕына...” диэн ыстатыйа суруйбута. Онно үлэлиэх-хамсыах, айыах-тутуох саха төрөл уолаттара сэлликтээх хаайыыга сыталлара кэпсэнэр.
_____________________________________________________________
Статистика быһыытынан, Арассыыйа хаайыытыгар киирбит дьонтон 50%-ра иккистээн буруйу оҥорон хаайыыга төннөллөр. Дойду хас 4-с эр киһитэ хаайыыга олоро сылдьыбыт, эбэтэр билигин олорор! Буолаары буолан, бу кыра ахсааннаах норуокка ынырык сыыппара. Бу кэнниттэн "норуот генофондата” диэн эппиккэ да суолталаммат буолан тахсар.
________________________________________________________________

Билигин сиэр-майгы сатарыйбыт үйэтигэр, киһилии тыыны – ИТЭҔЭЛ эрэ тутар кыахтаах.  Түөрт үйэ тухары православиены киллэрэ сатаатылар – ылымматыбыт, ону билиниэххэ наада. Билигин араас секталыы аҥаардаах итэҕэллэр дууһабытын хомуйарга сананаллар эрээри, син биир күргүөмүнэн онно эмиэ киириэ суохпут. Биһиги бэйэбит туспа, ураты итэҕэллээх этибит. Ол былыргы умнуллан хаалбыт өбүгэлэрбит итэҕэллэрэ аарыма күүстээҕин, ордон хаалбыт тобоҕун хас саха барыта тутуһара даҕаны туоһулуур.  "Айыы үөрэҕэ”, "Аар Айыы үөрэҕэ” – ким да диэн ааттаатыннар, ол гынан баран "Айыы” уонна "Аньыы” диэн өйдөбүлү саха хааннаах сүрэҕинэн да таайан син биир өйдүүр, билинэр.

_________________________________________________________________

Онон хаайыыга сытар ыччаты көнө суолга туруорарга, очурдартан быыһыырга Айыыны уонна Аньыыны арааран өйдүүллэригэр Арчы Дьиэтэ наада диэн общественность даҕаны, хаайыылаахтар бэйэлэрэ даҕаны туруорсаллар.

_______________________________________________________________

 Үөһээ Бэстээх холуонньатыгар Арчы Дьиэтэ тутуллубут. Аны православнай храм уонна мечет тутуллара былааннанар.

Арчы Дьиэтин бэстээх хаайыылаахтара бэйэлэрэ тутан-хабан оҥорбуттар. Араас уус барыта онно сыттаҕа, онон дьиэлэрэ иһэ-таһа олус тупсаҕай, сахалыы ойуулаах-мандардаах. Хаайыылаахтар бу дьиэлэрин олус ытыгылыыллар, бэл таһыгар быдьар тыл быкпатын хаайыы замполита бэйэтинэн сөҕөн кэпсээбиттээх.

Бэстээхтэри батыһан табаҕалар эмиэ холуонньаларыгар Арчы Дьиэтэ тутуохтарын олус баҕарбыттар. Ол иһин ити үс таас скульптураны – Аты, Оҕуһу уонна Сэлии кыылын оҥорорго былааннаабыттар. Оҥорон баран куоракка... атыылаары, ол харчытыгар... Айыы Дьиэтэ тутаары. Уонна кинилэргэ ким босхо мас биэрэн тутуу ыыттарыаҕай? Атына эбитэ буоллар, кыахтаах дьон кыттыһан даҕаны үбүлээн Айыы Дьиэтин аньыы-хара мустубут сиригэр туттарыах этилэр. Оччотугар бастатан туран, бу сиргэ өссө биир үтүөнү оҥороллор, иккиһинэн, аныгылыы эттэххэ - имиджтэрэ тупсар. Бу айылаах быыбар үтүрүһэ-анньыһа кэлэн истэҕинэ, бүдүрүйбүттэргэ көмөлөһүү олус сүүйүүлээхтик көстүөх этэ.

 

Ол эрээри сүрэх баҕатын, быраап кыайбат диэн баар.

 

Табаҕа холуонньатыгар туспа бэрээдэги начальник олохтуур. ИК-7 урукку начальнига Арчы Дьиэтигэр анаан сир тыырбыт. Дьиэ тутуллуон иннинэ начальниктара пенсияҕа баран хаалбыт. Атын киһи "и.о.” буолан хаалбыт – Узлов диэн. Ол Узловпут аны сир биэрбэппин диэн турбут. Хаайыылаахтар, инньэ гынан, 2006 сылтан Арчы дьиэтигэр анаан муспут кинигэлэрэ-тойдоро, маллара-саллара дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс халлаан анныгар хараллан бүтүөхчэ буолбута эмиэ мэлийэн тахсыбыт.

Аны, куорат дьаһалтата бу скульптураны ылыан баҕарар, тоҕо диэтэххэ, биһиги сиэрэй куораппытыгар биир да (эргэ мас сэргэттэн ураты) национальнай истииллээх киһи хараҕар быраҕаллар тутуу да, скульптура да суох. Салалта, биллэн турар, наар "харчыта суох”. Ол иһин ИК-7 начальнигын кытары кэпсэтэн, холуонньа "Сахалеска” ("Анаабыр алмаастара” ААО тэрилтэтэ) иэһин суотугар ол скульптуралары ылаары кэпсэтии ыыта сылдьара бүгүн биллибит. Оччотугар "иэһи сабыы” бэрээдэгинэн бардаҕына, Арчы Дьиэтэ үбүлэниитэ суох буолан тутуллубатыгар тиийэр.

Бэйэлэрэ тутан-хабан, санаалырын ууран, кыһаллан-мүһэллэн туппут оҥоһуктара көрдөрбүтүнэн "атын сыалга” бараары гыммытыгар, хаайыылаахтар улаханнык абарбыттар. Сотору ол дьоммут бууннаан оҥоһуктарын урусхаллаан кэбистэхтэринэ да көҥүлэ. Били үчүгэйи оҥороору гыммыт сыаллара туолбатаҕына -  "айыы санаалара” симэлийэр да кутталлаах. Ону өйдүөххэ да сөп, аньыылаах-харалаах дьон куттарын-сүрдэрин быыһаары соруналларыгар тоҕо да туорай мас буолуохха сөп этэй?

 

Итэҕэл барыта тэҥ буолуохтаах.

 

Холобур, 2000 сыллаахха бу Табаҕа ИК-7 хаайыытыгар православнай храм тутуллубут. Аҕабыыт Михаил тахсан мэлииппэ ааҕар, сулууспа ыытар эбит. Дьон сүрдээҕин сылдьар, ытыктыыр сиригэр кубулуйбут. Аны, былырыын холуонньаҕа 50-ча дьон исламы итэҕэйэрин өйөөн, мечеть тутуллубут. Мечеть аһыллар үөрүүтүтгэр УФСИН Саха сиринээҕи начальнига Сергей Иноземцев бэйэтинэн тахсан кыттыбыт. Саха сирин мусульманнарын холбуур имам Мусса Сагов эмиэ дьороҕо сылдьыбыт.

Храмы, мечети сырыһыннара Арчы Дьиэтэ тутуллуохтааҕа холуонньа саҥа салалтатыттан кэлэн иҥнэн хаалбыт. Кэм биһиэнэ биһиэнин курдук. Онно да, манна да кыаллыбат сахалыы култуура, дьиэ-уот диэтэҕиҥ...

 redaktor8 redaktor8 <redaktor8@mail.ru>
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1514 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 77
Ыалдьыттар (гостей): 77
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024