News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Атырдьах ыйа » 30 » - Хаҥыл хаҥаластар хаһаактары утары тиһэх улахан өрө турууларын хам баттаабыт күннэрэ – Бокуруоп таҥаратын күнэ үһү. Ол иһин “Покровскай” ди
- Хаҥыл хаҥаластар хаһаактары утары тиһэх улахан өрө турууларын хам баттаабыт күннэрэ – Бокуруоп таҥаратын күнэ үһү. Ол иһин “Покровскай” ди | 18:56 |
ПОКРОВСКАЙ МУЧУМААННАРА
Туйаара НУТЧИНА - Покровскай тоҕо "Покровскай” диэн ааттаммытый? – оҕо аҕатыттан ыйытар. - Хаҥыл хаҥаластар хаһаактары утары тиһэх улахан өрө турууларын хам баттаабыт күннэрэ – Бокуруоп таҥаратын күнэ үһү. Ол иһин "Покровскай” диэн ааттаабыттар. Таҥара күнүнэн, - диэн аҕа уолугар быһаарар. ***Аныгы Покровскай куоракка, былыргы былдьаһыктаах, уордаах-уодаһыннаах сэриилэр тахсыбаттар. Аныгы Покровскайга көнө сир туһуттан кабинет иһинээҕи "быстах сэриилэр”, тутулла турар дьиэ сууллубутугар "кыра этиһиилэр”, бюджет тыырсыытыгар "мөлтөх мөккүөрдэр” тахсаллар. Ону даҕаны ол иирсээннэр ньулук-ньалык, тууһа биллибэт миин кэриэтэ амтана суох ааһаллар. Олохтоохтор хаҥыллара былыыр үйэҕэ сыһытыллыбыт буолан эбитэ дуу, эбэтэр былааһы утары ураҕастанар сыыһатын өйдүүллэриттэн эбитэ дуу, барытын саҥата суох ыйыстан иһэллэр. *** Сууллубут дьиэ-1
Холобура, улуус кулубата Юрий Зайцев быйыл үлэҕэ киирэн үгүс покровскай олохтоохторун саҥа дьиэлээн үөрдүөхтээх тутуу сууллубутугар төрүкү кыһаммат курдук туттар. Үөһээ салалта өттүттэн кырыы хараҕынан көрүллэр куорат мээрэ Николай Весвало соҕотоҕун буруйдааҕы көрдөөн айдаара сатыыр да, былаастаах дьон тугу да, кими да билбэтэҕэ буолан олороллор.
Бу тутуу сирин "нанотехнологичнай” Покровскайдааҕы базальт собуота үлэһиттэрин дьиэлиэх буолан түүлэһэн ылан баран, муниципалитеты кытары түһэрсибит бастааҥы дуогабарын иэҕэн, "Сахаипотечнай агентство” ААОҕа субарендаҕа биэрбит. Билигин тутуу сууллубутун кэннэ - буруйдаах көстө илик. Базальт собуотун генеральнай дириэктэрэ Ил Түмэн дьокутаата Егор Жирков "буруйдаах "СИА” ААО салайааччыта Михаил Мээрикээнэп” диир, биирэ "Жирков бас билиитэ” диир. Инньэ гынан, сууллубут тутуу дьардьаматын ким да ыраастыы, көтүрэ барбат. Оттон олохтоох улуус былааһа саахаламмыт дьиэни көрбөтөҕө буолан сирэйин антах хайыһыннарар.
Весвало этэринэн, сууллубут дьиэни уонна атын да дьиэлэри сылытарга хочуолунай бырайыактаммыт. Билигин кыс кэллэ, дьиэ суулла сытар, атын дьиэлэри эмиэ ититиэхтээх хочуолунай тутулла илик! Зайцев онно эрэ кыһаммат...
Оттон ол сууллубут дьиэ дьардьаматын бэрэбиэркэлээбит СР Госстройнадзор экспертизэтэ инньэ 17 тутуу технологията кэһиллибитин булбута.
***
Сууллубут дьиэ-2
Хаҥаласка хаайыы да дэлэй, детдом да баар. Тулаайах оҕолорго анаан дьиэ тутарга быйыл улуус бюджетыгар республикаттан 39 мөл. көрүллүбүт. 8 квартиралаах үс дьиэни кэккэлэһиннэрэ тутарга тендер биллэрбиттэр. Сайаапкалар балаҕан ыйын 20-гэр диэри көрүллэллэр, онтон кыайбыт тэрилтэ ахсынньыга диэри үс улахан, толору хааччылыылаах дьиэни тутан үлэҕэ киллэрэ охсуохтаах диэн Зайцев дьаһалтата биллэрбит. Икки ый иһинэн, итиччэ ыксалынан, биһиги курдук тыйыс айылҕалаах сиргэ, санаан да көрдөххө, туох аанньа хаачыстыбалаах таас дьиэ тутуллуоҕай? Тутулла туран күр гына сууллубатаҕына даҕаны, аны 2-3 сыл тулуктаһыа дуо? Саарбах.
Сатахха диэбиккэ дылы, аукцион эмиэ буоларын курдук, "кимиэхэ эрэ” анаан оҥоһуллан эрэрин улуус хаһыата суруйар.
***
"Нано-мега” базальт собуота
Холобур, олохтоох хаһыат суруналыыһа суруйарынан, Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччыта Николай Заморщиков аукцион усулуобуйатын быһаарбыт: «Аукцион кыттааччыта бэлэм бырайыактаах уонна сирдээх буолуохтаах. Кыайан баран сир көрдүүрүгэр бириэмэтин ыыппатын диэн ити ирдэбили киллэрдибит”. Ол гынан баран, аукцион докумуонугар хайы-сах тутуу барыахтаах сирэ эрдэттэн чопчу ыйылла сылдьарын суруналыыс Заморщиковка санаппыт: "Дачнай уулусса диэн ыйа сылдьаҕыт дии”, - диэн.
Покровскайга көнө сир өрүү былдьаһык. Оттон ол Дачнай уулуссаҕа биир эрэ тутуу барыах айылаах сирэ баар. "Аартык.ру” корреспонденыгар куорат мээрэ Николай Весвало кэпсээбитинэн, бу сири Базальт собуотун салалтата хараҕар хатаабыта ырааппыт. Егор Жирков тэрилтэтэ бу сиргэ коттедж туттуон баҕарбыт. Оттон сир былдьаһыгар, кэтэх тутууга сир бэриллэрэ уустугуттан буолуо, коттеджтары сэргэ "хас да элбэх квартиралаах дьиэни тутуохпут” диэн улуус мунньаҕын дьокутааттарын ньымааттыы сатаабыттар. Дьокутааттар бэйэлэрэ да көрө сырыттахтара - былдьаһыктаах учаастакка ханан даҕаны "хас да элбэх квартиралаах дьиэ” батар кыаҕа суоҕун. Онон сири собуокка биэрбэтэхтэр.
Билигин Базальт собуота бырайыагын уларытан, куорат генпланыгар "мэһэйэ суох баппыт” сурахтаах. Онон, Дачнай уулусса кураанах учаастагын арендатора соҕотох собуот буолла диэн олохтоох хаһыаттар суруйаллар.
Онон хайдах да эргит, тулаайахтарга тутуллар дьиэ бэдэрээтин, "сирдээх киһи” быһыытынан, Базальт собуота ыларыгар тиийэр. Аукцион чуолаан Ил Түмэн дьокутаата Егор Петрович Жирков салайар тэрилтэтигэр ананан оҥоһулларын Николай Заморщиков кистээбэт да эбит. Ол туһунан улуус хаһыатын суруналыыһыгар аһаҕастык билиммит.
***
Биллэн турар, Базальт собуота аныгы технология сайдыытын кэрэһэлиир киэн туттар тэрилтэбит. Ол гынан баран, ким мэктиэлиэй, быйыл бэс ыйыгар сууллубут тутуу суолун кэтэн, икки ый иһигэр ыксал-тиэтэл быыһыгар тутуллубут дьиэ сууллуо суоҕа диэн?
Базальт собуота эмиэ сири арендаҕа ылан баран, бастакы түбэлтэҕэ курдук, суобаһа суох тутааччыларга субарендаҕа биэрдин? 39 мөл. салгыҥҥа көтөрүн ааһан, тулаайахтар эрэйдэниэхтэрэ турдаҕа.
***
Хаҥалас тулаайахтара, холбоһуҥ?
Улуус тулаайахтара бары биир сиргэ түмсэн олоруохтаахтарын курдук кулуба дьаһайан аукцион усулуобуйатын олохтообут. Ол түмүгэр эппиппит курдук, үс дьиэ хайаан да сэргэстэһэ туруохтаахтар. Арай Покровскайынан Хаҥалас улууһа муҥурданнаҕай?!
Баҕар биир тулаайах Дьөппөҥҥө, иккиһэ Хачыкаакка, үсүһэ, бэсиһэ Нөмүгүгэ олоруон, үлэлиэн баҕарара буолуо суоҕа дуо? Улуус тулаайахтара бары күргүөмүнэн, дьиэ ылар туһуттан Покровскайга көһөн кэлиэхтээхтэр дуо, ол аата? Покровскайга онто да суох үлэ булар уустук.
Ол кэриэтин тулаайах оҕолортон сайабылыанньа хомуйан, санааларын истэн ким ханна олоруоҕун, уонна саамай кылаабынайа – ханна үлэ булар кыахтааҕын көрөн дьиэни тутуохтаахтар дуу, атыылаһан биэриэхтээхтэр этэ буоллаҕа.
Аны, тулаайах оҕо психологията ийэлээх-аҕалаах оҕо психологиятааҕар улахан уратылаах.
Судаарыстыба көрүүтүгэр улааппыт оҕо, бырастыы гыныҥ, сэлээннэнэ үөрэнэрэ баар суол, ону сэргэ төрөппүтэ суоҕуттан итэҕэс сананара эмиэ кырдьык.
Ол иһин ити психологияны уларытарга социальнай адаптация наада. Бары бииргэ детдомҥа олороллор, детдомтан тахсан баран эмиэ биир дьиэҕэ олордохторуна туох саҥа уларыйыы тахсыай? Аһара баран "бу тулаайахтар дьиэлэрэ” дуу, "геттолара” диэн дуу социальнай туоратыы буолан тахсарыгар тиийэр.
***
Тутар оннугар атыылаһыахха
Покровскайга дьиэ сыаната Дьокуускайга тэҥнээтэххэ ама соҕус. Саҥа таас дьиэҕэ 1 кв м – 40 000 солк. турар, оттон иккис ипотекаҕа (эргэ дьиэҕэ) 18 000 – 22 000 солк. Тулаайахтары дьиэлииргэ көрүллүбүт 39 мөл. солкуобайга икки ый иһинэн саҥа дьиэ тутулла охсорун ирдээбэккэ, иккис ипотекаттан квартира атыылаһыахха диэн туруорсар дьон бааллар. Ол эрээри ити ирдэбилбит эмиэ "ноолоох” буолан тахсыбыт.
Сокуон быһыытынан, тулаайахтар дьиэлэрэ 24-
33 кв. м
иэннээх уонна толору хааччылыылаах буолуохтаахтар эбит. Аны иккис ипотекаттан дьиэ атыылаһар буоллахха, хас биирдии атыылаһыллар квартираҕа эмиэ аукцион биллэриллиэхтээх. Улуус дьаһалтатын Опека уонна попечительство отделын үлэһитэ Марина Лебедева этэринэн, бу сылга харчыны тутта охсуохтаахтар, "аукцион тэрийэн оонньуу сырыттахтарына, сылы баттаһа харчыны барыа суохтарын” сөп.
"Сылы баттаһа барыахха эрэ” диэн, үлүгэрдээх сууманы туга-ханныга биллибэт бырайыакка угар төһө оруннааҕый уонна сокуоннайый? Республика бюджетыттан көрүллүбүт үбү киһилии толкуйдаан туттар тоҕо сатамматый? Уонна, бастатан туран, тулаайахтар санааларын, баҕаларын учуоттуур наада буолбатаҕа буолуо дуо?
***
Туймаада уоттара - 30 августа 2012 года.
Электронная версия публикации - Аартык.ру - 30 августа 2012 года:
http://aartyk.ru/sobitiya/item/1578-pokrovskay-muchumaannara
|
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты |
Views: 1612 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 48 Ыалдьыттар (гостей): 48 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|