Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Балаҕан ыйа » 8 » Кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр майгыта-сигилитэ, ыыра, аһылыга, олохсуйар сирэ-уота эмиэ уларыйар, кэһиллэр
Кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр майгыта-сигилитэ, ыыра, аһылыга, олохсуйар сирэ-уота эмиэ уларыйар, кэһиллэр
10:41

Кыыл-сүөл тоҕо сүттэ?
07.09.2012 10:25 | Автор: Альберт Капрынов | Кыым
Кэнники 10-15 сылга айылҕабыт биллэ уларыйда. Ону бары бэркэ диэн билэ сылдьар буолуохтааххыт. Судургу холобур, урут уонча, сүүрбэччэ сыллааҕыта кыһын ахсынньы-тохсунньу ыйга ортотунан 45-55 кыраадыс тымныы буолар эбит буоллаҕына, билигин -30-тан бэрт аҕыйахтык тахсар. Биирдэ эмэ -45 буоллаҕына тоҥон өлөөрү тииһэбит.
Дьэ ол оннугар соҕуруу дойдуларга тымныйар идэлэннэ. Били, өйдүүр инигит, иллэрээ сыл Африкаҕа уонна Австралияҕа хаардаабытын. Киһи бөҕө өлбүтэ. Европа дойдулара кыһыннары-сайыннары ууга барар идэлэннилэр. Ол оннугар биһиги курааҥҥа буһабыт-хатабыт, аһыҥаҕа сиэтэбит, ардыгар, соһуччу ууга барабыт, ардыгар "бүтэһик тыһыынчабыт туолан эрэр дуу?” диэн санаалар кытта киирэн тахсыталыыллар.
Маннык соһуччу уларыйыылартан аҥаардас киһи аймах эрэ эмсэҕэлээбэт. Кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр майгыта-сигилитэ, ыыра, аһылыга, олохсуйар сирэ-уота эмиэ уларыйар, кэһиллэр. Холобур, киин улуустарга урут куобах диэн кыыллаах этибит. Онтубут тамты эһиннэ. Аны туран, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах, итии дойду көтөрө фламинго кэлэн соһутар. Сүүһүнэн үөрдээх туртас хантан кэлбитэ биллибэккэ тоҕо анньан ааһар. Эһэ-бөрө мэнээктиир. Быһата, көннөрү дьон улаханнык өйдөөбөт уларыйыыларбыт буола тураллар.

Кыыл-сүөл майгыта, ыыра-ахсаана тоҕо уларыйбытын билээри Криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун Үүт аһылыктаахтар экологияларын лабораториятын салайааччыта, биология билимин хандьыдаата Иннокентий Михайлович Охлопковы кытта кэпсэттим.

 

Куобах үөскүө?

 

-- Иннокентий Михайлович, бэйэҥ да билэриҥ курдук, айылҕабыт күн-түүн уларыйа турар. Оттон ол кыыл-сүөл туругар эмиэ охсор. Холобур, киин уонна илин эҥээр улуустарга куобах уонча сыллааҕыта эстибитэ уонна билигин даҕаны үөскүү илик. Тоҕо оннук буолла?

-- Биһиги ол кыһалҕаны үөрэппиппит. Уопсайынан, куобах бэйэтэ ханнык эрэ кэмҥэ үөскүүр-үөскээбэт кэрдиис кэмнээх. Онто, быһа холоон, 11-12 сыл. Ол кэнниттэн 4-5 сыл иһигэр иккиһин көбөн, үөскээн кэлэн баран, аһылыгын барытын сиэн кэбиһэр, ыалдьар-хайыыр, сорох ардыгар иссибэт да буолан хаалар уонна эмиэ эстэр. Саха сирин киин улуустарыгар дьон аһара бултаан били кэрдииһин кэһэн кэбиһэллэр. Инньэ гынан, саҥа үөскүөх курдук гынан иһэн эмиэ мэлийэн хаалыр.

-- Киин улуустарга уонна илин эҥээргэ хаһан эмэ куобах иккиһин үөскүө дуу, суох дуу?

-- Бу тиэмэҕэ үгүс үлэ суруллубута. Сотору, кэмэ кэллэҕинэ, урукку курдук үөскүө дии саныыбын. Мин санаабар, аны 4-5 сылынан буоллаҕа буолуо.

-- Оттон ол үөскүүр-үөскээбэт кэмэ тугу кытта сибээстээҕий?

-- Кини кураан дьылга үөскүүр. Оттон кураан – күн актыыбынаһыттан тутулуктаах. Онон куобах күн актыыбынаһа түһүүтэ элбиир.

 

Күтэр барахсан

 

-- Урут, оҕо сырыттахха, бааһынаҕа, хортуоппуй буолатыгар күтэр диэн "табаарыс” хара баһаам буолара ээ. Ол барахсаммыт ханна бараахтаата? Кэлин биири да көрбөт буоллум.

-- Кырдьык, күтэр кэлин көстүбэт буолла. Бастатан туран, урут күтэр "буортулааччылар” ахсааннарыгар киирэн, кинини суох гынар үлэ күүскэ ыытыллыбыта. Химикатынан эҥин. Иккиһинэн, өссө да ситэ үөрэтэ илик да буолларбыт, андаатары кытта конкуренцияны тулуйбата быһыылаах диэн сабаҕалыыбыт.

 

Андаатар баҕайы уонна киис туһунан

 

-- Оттон андаатар тоҕо мэнээктээтэ?

-- Андаатар – кэлии кыыл. Оттон саҥа, кэлии кыыл саҥа усулуобуйаҕа тыыннаах хаалар туһуттан бэйэтин олус харыстанар, көмүскэнэр, төрүү-ууһуу сатыыр. Ол иһин элбиир. Ону таһынан, билигин андаатар тириитэ аанньа ахтыллыбат буолан – бултаммат. Ити эмиэ кини элбииригэр төрүөт буолар.

-- Өскөтүн кыыл-сүөл аһара элбиир түгэнигэр, эһиги ону хонтуруоллуур бырааптааххыт дуо?

-- Баар. Билигин кэлии кыыл (чужеродный вид) аан дойду кыһалҕата буолла. Холобур, Эмиэрикэ күөллэригэр карп балыгы ыыппыттара. Ол балыктара атын балык үөскүүрүн мэһэйдиир – ыаматын сиир. Дьоппуоннар эмиэ андаатартан улаханнык эмсэҕэлээтилэр. Онно андаатары бастаан утаа саллааттарга сиэтээри киллэрбиттэр эбит. Новосибирскайга буобура мэнээктээн сири-дойдуну, дьон олорор сирин ууга ыытта.

-- Оччоҕуна андаатары тоҕо эһэн кэбиспэппитий?

-- Билиҥҥитэ кини мэнээктии илик. Арай, кырдьык эбитэ дуу, сымыйа эбитэ дуу, "андаатар Таатта үрэх быһыттарын курдары сүүрэн кэбиһэн таатталары ууга ыытта” диэн сурах баар. Дьиҥэр, үп-ас баара буоллар киһи итини иҥэн-тоҥон үөрэтиэ, туох эрэ быһаарыныы ылыныа этэ.

-- Син биир барыта үпкэ-аска тиийэн иҥнэр?

-- Оннук. Уопсайынан, билигин ханнык да дойдуга кыыл атын көрүҥүн киллэрбэт буола сатыыллар. Арассыыйа билимин акадьыамыйатыгар онно анаан анал салаа тэрийиэхтэрин баҕараллар. Оттон сэбиэскэй кэмҥэ, төттөрүтүн, киллэрэллэр этэ. Холобур, Алтаай тииҥин Крымҥа ыыппыттара. Онтулара, итии дойдуга тиийэн, тириитэ туһата суох буолбута, мэнээктээн виноград плантацияларын эспитэ. Саха сиригэр, Баргузин кииһин, андаатары киллэрбиттэрэ. Олохтоох киис билигин Өлөөн, Эдьигээн эрэ диэки хаалан турар.

Уопсайынан, кэлин үп-ас көрүллүбэт буолан, кииһи бултуур киһи аҕыйаата. Дьиҥэр, киис ахсаанын бултаан эрэ аҕыйатыахха сөп. Оттон киис бултамматын түмүгэр мас көтөрө, тииҥ, солоҥдо, кырынаас аҕыйыыллар.

 

Үрүҥ эһэ

 

-- Кэнники сылларга хоту улуустарга үрүҥ эһэ биллэр буолла дииллэр.

-- Итини, аан дойду бүттүүн итийиитин (глобальное потепление) кытта сибээстиэххэ сөбө эбитэ буолуо. Холобур, Аллараа Халымаҕа 2005 сыллаахтан материкка тахсар буоллулар. Ол туһунан хаһыакка эҥин суруйан тураллар.

-- Тоҕо оннугуй?

-- Ити, бастакытынан, байҕал мууһа ууллуутун кытта ситимнээх. Иккиһинэн, муора арыытыгар тахсыахтарын, муус хойутаан турар. Инньэ гынан материкка киирэргэ күһэллэллэр.

 

Дьабарааскы уонна кырыыса

 

-- Дьабарааскы диэн кыыллаахпыт. Тоҕо кини өрүс арҕаа эрэ өттүгэр үөскүүрүй?

-- Дьабарааскы былыр былыргыттан үөскээбит сиригэр эрэ олохсуйар. Холобур, Саха сиригэр "уһун кутуруктаах” диэн көрүҥэ баар. Истиэпкэ үөскүүр көрүҥ. Онон, истиэп (киллэм сир) баарын тухары мантан ырааппат. Холобур, Кэбээйи эҥээр бардаҕына, тайҕа саҕаланар, ирбэт тоҥ наһаа чугаһыыр, хороон хастара уустугурар. Оттон кыһынын кини утуйар, өрүһү туораабат, сатаан харбаабат даҕаны.

Дьааҥы эҥээр "Эмиэрикэтээҕи уһун кутуруктаах” диэн көрүҥ үөскүүр. Кини хайаны сатаан дабайбат.

-- Дьабарааскы олохтоох кыыл дуо?

-- Оннук.

-- Оттон кырыыса?

-- Кырыыса 70-с сылларга кэлбитэ. Кини түргэнник дьиэтийэр кыыл. Ичигэс сирдэргэ син үөскүүр. Ол гынан баран, санэпиднадзордар хонтуруоллууллар. Оттон дьиэ таһыгар төрүүр-ууһуур кырыыса, үксүн кыһын тоҥон өлө сытарын көрүөххэ сөп. Итиэннэ, кинини дьэллик ыттар туталлар.

 

Сарыы кынат икки күүдээх икки

 

-- Сарыы кынат (көтөр кутуйах) диэммит билигин баар дуу, суох дуу?

-- Баар. Эстиэҕинээҕэр, хата, саҥа, соҕурууҥҥу көрүҥнэр эбии кэлэллэр: "Ночницы Иконникова”, "Бурый ушан” уо.д.а. "Кэллилэр” диир, баҕар, алҕас буолуо, "бэлиэтэннилэр” диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, кини киһи хараҕар мээнэ көстүбэт. Инньэ гынан, баар да көрүҥү саҥа була сатыыр буолуохпутун эмиэ сөп.

-- Оттон күүдээх? Урут сыһыы аайы дэлэй буолара ээ.

-- Саха сиригэр күүдээх уонтан тахса көрүҥэ билигин да баар, үөскүүр.

 

Туртас туһунан


 

-- Туртас эмиэ куобах курдук үөскүүрдээх-үөскээбэттээх дуу?

-- Оннук. Үөскүүр-үөскээбэт кэмнээх буолар. Дьиҥэр, кини куобахтан быдан түргэнник үөскүүр кыахтаах. Ол гынан баран, биһиги айылҕабыт тыйыс. Үчүгэй, үтүө дьылларга эбиллэр.

-- Арба, иллэрээ сыл биир кэмҥэ Өлүөнэни сүүһүнэн туртас туораан турардааҕа. Хайдах ити кинилэр сүүһүнэн үөрдээтилэр?

-- Дьэ, итиннэ туох эрэ дьикти баар. Хас эмэ сыл буолан баран биирдэ тоҕо анньан кэлэр. Ол, иллэрээ сыллааҕы киирии кэнниттэн, биһиги, "Саха сиригэр урут маннык буола сылдьыбыта дуу?” диэн литэрэтиирэни хасыһан көрбүппүт. Онтубут, урут оннук суох эбит. Оттон маннык курдук түбэлтэ 60-с сылларга Зея өрүскэ (Амурга) буолбут. Онно эмиэ, күһүн кыдьымах киирэ турдаҕына сүүһүнэн туртас туораабыт. Ол төрүөтүн чопчу быһаарар кыах суох. Аһа-үөлэ баарга дылы этэ. Онон баҕар, Амур диэкиттэн ааһан иһэр туртастар буолуо, баҕар, туох эрэ "сигнал” киирэн инньэ гыммыттара буолуо.

Биһиэхэ итинник көстүү сэдэх буоллаҕына, Красноярскай диэки "туртас сезонунан көһүүтэ” диэн баар буолар.

 

Кыыл таба

 

-- Кыыл таба суола-ииһэ тоҕо уларыйда уонна аҕыйаата?


-- Дьааҥы-Индигиир популяциятын, арааһа, уларыта тутуу сылларыгар аһара кырган кэбистилэр. Сорох дьон ол табаны "Чукотка диэки көстө” диир эрээри, мин ону итэҕэйбэппин. Өскөтүн Дьааҥы-Индигиир бииһэ Чукотка диэки барбыта буоллар, кини иннинэ Сундуруун табата эмиэ барыахтаах этэ. Оттон Сундуруун киэнэ – турар.

Кыыл таба "муора арыытыгар киирэр” диэн буолар. Ол эрээри, кэлин кинилэр муораҕа да киирбэт буоллулар. Чугаһаан, киирэн баран биир-хас күн буолан баран төттөрү төннөн тахсаллар. Ону биһиги спутник нөҥүө көрөбүт, булчуттар даҕаны кэпсииллэр. Холобур, быйыл Өлүөнэ төрдүгэр Чекановскайга киирэн аҕыйах хонук буолан тахсыбыттара.

Иллэрээ сыл дьикти баҕайы дьыл кэлэн ааспыта. 30-ча тыһыынча үөрдээх кыыл таба Өлөөнү ааһан, Силигир үрэх тардыытыгар туран баран, төттөрү, үөһэ тахсан Күһүүргэ кыстаабыта. Сорохторо хайдан, Ээйигинэн Удачнайга киирбиттэрэ, аҥаардара Мархараҕа кэлэн тохтообута, Ньурбанан ааспыттара. 70-80-с сылларга, кыыл таба, дьиҥинэн, Силигиринэн, Мууна Баһынан кыстыыра. Оттон билигин Мархараҕа киирэр буолла. Ол, уопсайынан, айылҕа уларыйыытын кытта сибээстээх.

-- Оттон кыыл таба тоҕо туундараҕа кыстаабатый?

-- Туундараҕа, тибии тибэн хаар үрдэ кытаатар. Онон кини хаары хаһан аһыыра уустугурар. Инньэ гынан, көп хаардаах сири сырсан иһирдьэ диэки киирэр.

-- Иннокентий Михайлович, кэпсээниҥ иһин махтал.

 

Кэпсэттэ А.Капрынов.
Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода | Views: 2190 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 96
Ыалдьыттар (гостей): 96
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024