Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Ахсынньы » 4 » работник предприятия «ТуймаадаАгроснаб» нанес смертельное ножевое ранение племяннику президента Егора Борисова
работник предприятия «ТуймаадаАгроснаб» нанес смертельное ножевое ранение племяннику президента Егора Борисова
15:21
Дек 04
Обращение к газетам "Кыым” и "Якутск вечерний”
(Дело о смертельном ножевом ранении племянника президента Егора Борисова.) 

Городские новости .Ссылка: от знакомых:http://www.shadrinnews.ru/
Күндү биир дойдулаахтарбыт, республикабыт "Кыым” хаһыатын сөбүлээн ааҕааччылара!
 Эһиги бары истэн билэн олорор буолуохтааххыт. От ыйын 23 күнүгэр Өлүөнэ өрүскэ "Туймаада” агроснаб үлэһитэ, борохуокка, республика президенэ Е.А.Борисов быраатын быһаҕынан анньан өлөрбүт диэн нууччалыы тылынан тахсар "Якутск вечерний” хаһыакка суруллубутун. Ол буруйдаах уол бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара санаабытын этээри суруйан эрэбит.
Биһиги улахан 11 оҕолоох ыал этибит. Аҕабыт 2010 сыллаахха өлбүтэ. Ийэбит герой-ийэ, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, үлэ ветерана. Оҕолорун иитэлээн, үөрэттэрэн, ыал дьон оҥортоон нэһилиэккэ ытыктанар ыаллар.
Сытыары сымнаҕас, бэрт холку дьон буолан оҕолор бары да оннук майгылаахпыт.
Уолбут маннык алҕас быһыыламмытыттан бары да соһуйдубут, хомойдубут. Бырааппыт оҕо эрдэҕиттэн олус элэккэй, наар ырыанан сылдьар, үлэһит, ас астыырын, бултуурун-алтыырын, спордунан дьарыктанарын олус сөбүлүүрэ. Кэргэннэнэн, туһунан ыал буолан дьиэлэнэн-уоттанан уол-кыыс о5олонон биhигиттэн хаалсыбакка быр-бааччы олорбуттара.
Уолбутугар быһылаан буолбутун кэннэ кини бэйэтэ капитаҥҥа этэн полиция сотрудниктарын уонна быраастары ыҥырыҥ диэбит. Иккис күнүгэр куорат суутугар буруйдуур миэрэтин аныыр суукка транспортнай следствие следователэ полицияттан куота сатаабыт диэн эппит, ол туһунан бастакы адвоката истэн соһуйбут. Онон хара маҥнайгыттан сыыһа силиэстийэ ыытыллыбыт. Аны төһө эмэтэ уолбут саха буоларын быһыытынан силиэстийэ сахалыы барыахтаах этэ, ону наар нууччалыы тылынан силиэстийэлииллэр эбит.
Уолбут төһө да куоракка олордор син биир төрөөбүт тылынан көрдөрүү биэрэбин диэтэҕинэ тылбаасчыт биэрбэттэр. Ол туһунан бэйэбит булбут, үлэлэтэр адвокаппыт этэр.
Уорбалаанааччы 10 хонук иһинэн буруйдуур миэрэтин туппатаҕына тутуллуо суохтаах, хаайыыттан баппыысканан тахсыахтаах, ону суут ылыммакка нууччалыы тылынан көрдөрүү биэрбэппин диэн, аккаастанар диэн ааттаан хаайан сытар эбит. Хаайыллар миэрэтэ биллибэккэ 5 ый буолла.

Манан тугу этэҕитий диир буолларгыт:

1) Быһылаан буолбут кэмигэр бары сахалар айаннаан испиттэр, бары сахалыы кэпсэппиттэр, айдаарсыбыттар. Төрүт тылбытынан саҥарар, кэпсэтэр биһиги бырааптаах дьоммут эбээт.
2) Суут, сокуон үлэһиттэрэ сокуону кэһиилэрэ, хайдах кыалларынан хаайа сатыыллара - быһылааҥҥа республикабыт президенэ Е.А.Борисов бииргэ төрөөбүт быраатын уола суорума суолламмытыттан буолаарай.
Уолбут 1995 с. армияҕа сулууспалыы сылдьан төбөтүгэр улахан охсуу ылан, оройун кэтэҕин диэкинэн уҥуох алдьаныытыттан кимистигэс (киһи хараҕар быраҕыллар) үөскээбитэ баарын кинини билэр дьон бары билэллэр. Ол курдук кини баттаҕын күүстэринэн кырыйа сатаабыттар, күлүү-элэк оҥостубуттар, "тохтоон” - диэн этэ сатаабытын истибэккэ, салгыы күлүү гыммыттар, онтон аһаабыт-испит дьон кыыһырсан турбуттар. Кини бэйэтиттэн балыс дьонтон маннык атаҕастабылы истэн, кыыһыран бэйэтиттэн тахсыбыт буолуохтаах дии саныыбыт.
Бүтэһигэр, силиэстийэ үлэһиттэрэ аһары баран, кинини икки киһини өлөрө сатаабыт диэн буруй тиксэрбиттэр. Ол аата кини иккис уолу өлөрө сатаабыт, онтукатын сатаан өлөрүүгэ тиэрдибэтэх диэн буруйдууллар.

Дьыала материалынан биһиги бырааппыт тута бэйэтин дьайыытын тохтоппут уонна тута дьоҥҥо эппит.
Онон түмүкпүтүгэр, киһини-киһи курдук, саханы-саха курдук санаан, сокуон хараҕынан сыыһалары-халтылары таһаарбакка, сөпкө сыаналаан түмүгү оҥороллоругар туруорсабыт:
1. Силиэстийэ, суут уураахтара сахалыы төрүт тылбытынан баралларыгар;
2. Уолбут ис туругун, санаатын учуоттуулларыгар;
3. Сиэрдээх-кырдьыктаах быһаарыыны оҥороллоругар үрдүкү сууттан көрдөһөбүт.

Ытыктабылы кытары уорбаланааччы дьонноро.

Дорогие земляки, жители республики,
читатели республиканской газеты «Кыым»!

О трагическом случае, произошедшем 23 июля этого года, наслышаны многие. Об этом по горячим следам написала газета «Якутск вечерний». Она сообщила, что на барже, которая плыла к Тикси, работник предприятия «ТуймаадаАгроснаб» нанес смертельное ножевое ранение племяннику президента Егора Борисова.

Пишем вам в редакцию братья и сестры, близкие родственники обвиняемого, чтобы выразить свое отношение по расследованию данного дела.
Мы, 11 сестер и братьев, выросли в многодетной семье. Наш отец умер в 2010 году. Мама — мать-героиня, почетный гражданин наслега, ветеран труда. Родители вырастили нас, отдали многое, чтобы мы получили образование, встали на ноги, этим и заслужили уважение среди односельчан.

Мы выросли достойными людьми. Да и характером пошли в родителей — доброжелательные, спокойные, покладистые. Вот и не находим себе ответа, что же толкнуло нашего брата на это страшное преступление. Он вырос добрым отзывчивым человеком, трудолюбивым — охотно брался за любую работу. Не расставался с доброй привычкой напевать между делом любимые мелодии. Любил готовить, ходить на охоту, заниматься спортом. По жизни от нас не отставал: женился, стал главой дружной молодой семьи, отцом двух детишек — сына и дочери.
После драки на барже он тут же сам нашел капитана судна, попросил вызвать полицию и врачей. Потому и удивило его первого адвоката, когда на второй день после трагедии определялся на суде выбор меры пресечения следователь транспортной прокуратуры вдруг заявил, что обвиняемый пытался скрыться от полиции. Вот это вранье с самого начала повлияло на ход следствия. Кроме того, следствие вели на русском языке, не считаясь с тем, что подозреваемый — якут и плохо говорит по-русски. Да, он житель города, но это, согласитесь, не может быть поводом для отказа ему давать показания на родном языке и предоставить переводчика. Нам об этом сообщил его адвокат, которого мы наняли позже.
Если подозреваемому не предъявляют обвинение в течение 10 дней, то он имеет право быть освобожден из заключения. Под подписку. А его вот уже пятый месяц держат в тюрьме под надуманным предлогом, дескать отказывается давать показания на русском языке.

Так вот, объясните нам:
1. Все, кто находился на барже, были якуты. Понятное дело — общались по-якутски, ссора вспыхнула тоже, надо полагать, на родном якутском. Ведь никто не отнимал у нас, якутов, права общаться на своем родном языке!
2. Мы не можем понять, почему до сих пор в нарушение закона держат нашего брата под стражей. Может быть, тому есть простое объяснение: жертвой пьяной драки стал не кто-нибудь, а племянник президента нашей республики Е.А.Борисова?
У нашего брата на голове, на верхней области затылка деформирована черепная кость. Это — следствие полученной травмы во время службы в армии в 1995 году. На барже пьяная компания надумала измываться над ним, схватила его и принялась постричь волосы. А кому это понравится? Продолжали издеваться даже тогда, когда он просил, чтобы от него отстали. Вспыхнула ссора. А брат в этой компании был старшим по возрасту. Думаем, не стерпел такого отношения к себе и под конец вышел из себя.
Следствие вменяет ему еще и покушение на убийство человека. То есть, якобы хотел убить еще одного парня, но не смог. Но в материалах уголовного дела этого нет! Там черным по белому написано, что он сразу пришел в себя и поспешил сообщить людям о случившемся.

Мы требуем вести следствие и по его итогам сделать обвинительное заключение строго в соответствии с законом:
1. Следствие вести на якутском языке.
2. Учитывать при этом законное требование подозреваемого.
3. Вынести по данному делу справедливое судебное решение.

С уважением родные подозреваемого.
Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 1949 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 89
Ыалдьыттар (гостей): 89
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024