Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Ахсынньы » 6 » Саха сиригэр "ньыгыллар" ахсааннара 40 000 кэриҥэ диэн ааҕан-суоттаан билбиттэр. Онуоха Мэхээлэ Дьэкиимэбис аргыый сыыйан "былыр хомуньуус
Саха сиригэр "ньыгыллар" ахсааннара 40 000 кэриҥэ диэн ааҕан-суоттаан билбиттэр. Онуоха Мэхээлэ Дьэкиимэбис аргыый сыыйан "былыр хомуньуус
13:56
Тумууһап тыына кэтэххэ биллэр...

Среда, 05 Декабря 2012 21:56 

Дьыл оҕуһа холун этэ хойдон, буутун этэ ситэн, бур-бур бурҕачыйар уорааннаах туманынан Саха сирин тунуйбут кэмигэр, Улуу Туймаада тулааһыннаах, дьох омук "дьолбут уйата" диэн ааттаабыт Дьокуускай куоратыгар, ахсынньы 5 күнүгэр, былаас баартыйата диэн аатырбыт "Биир Ньыгыл Арассыыйа" олохтоох салаатын отчуоттуур-кэмпириэнсийэтин атыыр мунньаҕа буолан ааста. 
Былаастаахтар-баайдаахтар быыбар иннинээҕи былдьаһыктаах күннэр-дьыллар син биир күүттэрбэккэ кэлиэхтэрэ диэн бүтэйдии дьиксинэн, аны күһүнү саараабакка саантыыр ыксаллаах быһыы ыы муннуга тибилитэн кэлиэ диэн, айманар икки дьаһайар икки ардынан өстөөхтөрү суоһарар сорук туруордулар, атыттары алдьатар туос баайдылар.
***
Атыыр мунньах бэбиэскэтинэн, бастаан, ааспыт быыбарга кыттыбыттарын сыаналаатылар: "Баартыйа барахсан бииссэ-бэрисидьиэн дуоһунастаах Миитэрэй Кулускуо салалтатынан бэркэ үлэлээн бидилиттэ", - диэн буолла. Биэс мүнүүтэттэн ордуо суохтаах хайгыыр-арбыыр тыл этээччилэр бириэмэни эрэһиинэлии тартылар. Ол аайы Миитэрэй Кулускуо мүөттээх тылтан мүнүүтэ ахсын түөһэ мөтөйдөр-мөтөйөн, саахардаах тылтан сөкүүндэ ахсын санна саһааннанан барда. Түмүк уһугар, мустубут дьон, хайгыыр тылтан сылайдылар да быһыылаах, үлэ кэнниттэн уһун мунньаҕы тулуйбакка куртахтара да курулаатаҕа, "үчүгэйдик үлэлээбит үрдүк ааккар өссө да сырыт" диэн биэс сылга олохтоох политсүбэ сэкиритээринэн бүтэһиктээхтик аныырга модьуйдулар.
Мунньаҕы салайбыт Битээлий Басыгыысап ыксыыр дьону моһуоктаан "ким да Кулускуону кытары сэкиритээр дуоһунаһыгар киирсиэн баҕарбат дуо?" диэн толкуйдуу-толкуйдуу туоһуласта. Хам аччык хал буолбут дьон "Суо-ах!!!" диэн өлөр саҥаларын таһаардылар. Өссө да хаһыытыыр сэниэлээх эбиттэр диэбиттии Битээлий Ньукулаайабыс уоһун иһигэр мүчүк гынан баран, өссө биирдэ тоһоҕолоон туран ыйыталаста...
***
Быыбар буолан баран, талардаах буолуохтаах. Онон, төһө да аттыгар олорор Ил Дархан, Кулускуону талыҥ диэн эттэр, "Эдэр гвардия" бастайааннай байыаһын Урусуллаан Маппыайап диэн уолу куду анньан биэрдилэр. Маппыайап таах халтай алтаарга аатын ууран биэриэ дуо, түгэни туһанан түрүбүүнэҕэ ойон тахсан нууччалыы-сахалыы баартыйатын айхаллаан уоттаах-күөстээх тыл этэн ньиргийдэ. Басыгыысап уолу хайҕаата, "бу кэнниттэн быыбар түмүгэ тосту уларыйара буолуо, аны" диэн дьонун куттаата. Бэйи, дьэ күлэн эриҥ, аҕыйах сылынан "ньыгыл" оҕо борбуйун көтөхтөҕүнэ сорох-сорох убайдарын куоһарыыһы.
***
АЛРОСА АК киэҥ уораҕайыгар тэриллибит мунньахха кыттыбыт дьону, хайа мэлдьи моруу гыныахтарай, бары да дьиэлээх-уоттаах, анал үлэлээх дьон буоллахтара эбээт (сорох-сорохторун инньэ 4 чаастан мунньахтарга соскойдообут сурахтаахтара) онон үссэнэ түһэллэригэр аҕыйах мүнүүтэ көҥүллээн көрүдүөргэ ыыта сырыттылар. Дьокутааттары остуолтан тоҕо тардан төттөрү мунньахха киллэрэр ыарахаттардаах соҕус буолла.
***
Мунньах бастыҥ остуолугар баартыйа политсүбэтин чилиэттэрэ Бастакы, Үһүс бэрэсидьиэннэри сэргэ Чурапчы чулуута, баартыйа саллаата - Ыстаппаан Саргыдаайап, Битээлий Басыгыысап олохтоох политсүбэ сэкиритээрэ Миитэрэй Кулускуо уонна кэпсэтиини сурукка-бичиккэ тиһэр аналлаах чилиэттэр олордулар.
Баартыйа итэҕэһин-быһаҕаһын бэрэсидьиэннэр бэркэ кыйаханан туран кэриэтээтилэр. Ордук, куолутунан, билиҥҥи дархаммыт тыла-өһө өтөрү-батары буолла. Оттон Бастакы дархан, үгэс курдук, быстахха да хаан оҕуолуо суох көрүҥнээх дьиппинийэн туран, бытаан-бытааннык саҥарталаан хааппыла-хааппыла таммалатан ыйааһыны ыаратта.
Мэхээлэ Дьэкиимэбис Бүлүүгэ уонна Ньурбаҕа буолбут "туора баартыйа" чилиэттэрэ былааһы ылбыт биричиинэлэрин билээри "ньыгыл" байыастарыттан сураһа сатаата да, хардарар киһи көстүбэтэ. "Бүлүүгэ быыбар буолуон икки нэдиэлэ иннинэ сылдьыбытым, бары тылларын биэрэн "ньыгыл" баһылыгы таларга сөбүлэспиттэрэ, ол иннинэ баһылык үлэтин-хамнаһын бары нэһилиэктэр "4", "5" сыанаҕа сыаналаабыттар этэ. Уонна кэлэн икки нэдиэлэ иһигэр букатын уларыйан атын киһини талбыттар. Бу тугуй? Тоҕо? Кинилэр (Тумууһаптаах) хайдах ньыманан куолаһы хомуйалларын үөрэтиэххэ уонна бэйэ туһатыгар туһаныахха наада", - диэтэ.
Оттон Дьөгүөр Дархан "Тумууһап, билиҥҥи харчыга таһаардахха мэлийээрди мэлиппитин, онтон соххор солкуобайын норуотугар бэрсибэтэҕин" аҕынна, "биир тоһоҕону өрөспүүбүлүкэ туһатыгар өтүйэлээбэккэ сылдьан, 20-ччэ сылы быһа ат уорҕатыгар харамайдыы хатааста сылдьарыттан кыһыйан-тымтан туран уоттааҕынан уордайда.
Дархан кыһыытын өйдүөххэ сөп даҕаны, дьон ыарахан олоҕуттан былааһы саҥарара "былаас баартыйатабын" дэммиккэ эмиэ биһиллэр буоллаҕа. Ыннарааҥҥыларыҥ "атаҕастаммыт мэтээллэрин" түөстэригэр салыбыраппытынан аныгыс да быыбарга "норуоту кытары" куомуннаһан былааһы уоруйахтаан куолас хомунуохтара турдаҕа.
***
Саха сиригэр "ньыгыллар" ахсааннара 40 000 кэриҥэ диэн ааҕан-суоттаан билбиттэр. Онуоха Мэхээлэ Дьэкиимэбис аргыый сыыйан "былыр хомуньуус баартыйа эстэрин саҕана 50 000 чилиэннээх этэ" диэтэ. Мунньахтааччылар ортолоругар сөҕүү-махтайыы саҥа аллайыыта сүүрэн ааста. Онон этэрээти хаҥатарга диэн букатыннаахтык туруннулар. Мантан бэттэх хас биирди ыалга хайаан да хандьытааттарын өйүөхтээх чилиэннээх буолуохтаахтара үһү.
***
Быыбартан быыбарга диэри үп-харчы бөҕөтө үллэҥнээн олорор. Үллэ турар аппараат, дарбайа турар аармыйа... Былаас баартыйатыгар мааныланан кучуллан баран, саппыйатын сүөрэриттэн соло булбакка сүөм түспүт "ньадьараал", төрөөбүт баартыйатын булгуччу үбүлүүрүгэр сорудах бэрилиннэ. Өлүү түбэлтэлээх, "Анаабыр алмаастара" тэрилтэ Маппый Дьэпсиэйэбэ уонна "ЛОРП" АК Сэргэй Ларыйыанаба инники эрээккэ олорооччу буолан бэрэсидьиэн хараҕар хатаннылар. Кэнники олорор "ньадьарааллар", уруогун үөрэппэтэх оҕо учууталыттан саһан кирис гынарын курдук, олох мастарын төрдүгэр диэри батары киирэ сыстылар.
- Һөдүөччүйэ! - диэн баран Ил дархан бииссэ-бэримийиэр Хаабыһабаҕа сорудах биэрээри гыммыта, Һөдүөччүйэтэ былыр үйэҕэ онно оҥос.
***
Бу түптэ түрүлүөнү көрө-истэ олорон, былааска талаһыы эмиэ да айакатын баҕаһын дии саныыгын. Хамсаабат дьону хамсата сатаан, көнтөрүк систиэмэни тиэтэтэ сатаан, аны ол быыһыгар өстөөхтөргүн маныаххын наада, араас эгэлгэ күрдьэҕэлэри тэрийиэххин, бэйэҥ онно киирэн биэриэ суоххун наада... ол кэриэтин сүгүн-саҕын үөһэлэри үөҕэ-үөҕэ дьиэҕэ олорбут көнө.
Дьиҥинэн, "өрөспүүбүлүкэ, норуот туһа" диэн кырдьык туруулаһаллара буоллар, анарааҥҥылар да, бэтэрээҥҥилэр даҕаны сүбэлэрин холбуох биир тылы булуох этилэр. Онто да суох аҕыйах ахсааннаах норуот улууһунан, алааһынан арахса сатаан баран, аны баартыйаларынан атааннаһан киирсэрбит дьоҕус эбит. Ханна хас баартыйа айыллар да, онно бэйэбит дьоммутун алҕаан киллэртээн, киин былааска тиийэн сомоҕолоһон норуот интэриэһин көмүскүүрбүт буоллар, хайдахтаах курдук элбэҕи ситиһиэ этибитий?! Кииннэр атахтарынан турдуннар, төбөлөрүнэн турдуннар. Киэҥ сир дьонугар ол бааламмат, оттон биһиги курдук кыра-хара омукка өссө биир арахсыы төрүөтэ улахан алдьатыылааҕын ааһан аньыы-хара буоллаҕа эбээт.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Аартык.ру
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1620 | Added by: uhhan1
Total comments: 3
3 Толкуйдааччы  
Туйаара ыстатыйалара учугэйдэр, кэнники кэмнэ толкуйдуур дьон аартык.ру, Якутия.ру, Уххан.ру курдук сайтары талан кэрэр буолла диэн сабагалыахха сэп. Бу этиллибит идея хас партияга барытыгар дьоммутун киллэрэн, бэйэ-бэйэни сиэспэккэ, сана дьону салалтага таьааран улэлиэххэ-сайдыахха. Бэйэбит дьоммут син-биир ханна да барбаттара чахчы, араас санаалар баао буоллахтара дии, ону барыларын норуот эстээгун курдук кэрумуэххэ наада. Сана ааттар баар буолуохтаахтар, биир дьону алаадьы курдук эргиппэккэ сана опыттаах, улэлиир санаалаах дьону сана быыбарга!!!

2 О5онньор  
Бэккэ суруйбут

1 Дед  
Если человек из всего сердца работает, ни какая партия не нужна!!!!!! Все для народа, все для республики!

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 88
Ыалдьыттар (гостей): 88
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024