Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Ахсынньы » 13 » Прокурордар дьоҥҥо сэнэбиллээхтик сыһыаннаһан, дьиэ кыылларыгар кырыктаахтык сыһыаннаһан, бэйэлэринэн сокуону кэстилэр.
Прокурордар дьоҥҥо сэнэбиллээхтик сыһыаннаһан, дьиэ кыылларыгар кырыктаахтык сыһыаннаһан, бэйэлэринэн сокуону кэстилэр.
10:36
Прокурордар бэйэлэринэн бэрээдэги кэһэллэрэ төһө сиэрдээҕий?

Среда, 12 Декабря 2012 20:45 

"ПРОКУРОРДАР БЭРЭЭДЭГИ КЭСПИТТЭР" диэн ааттаах ыстатыйаны "Саха сирин" суруналыыһа Вера МАКАРОВА ыытта. Бу ыстатыйаҕа прокуратура үлэһиттэрэ бэйэлэринэн дьону куттаан, айдааны таһааран, бэл дьиэ кыылларыгар кырыктаахтарын көрдөрбүттэрэ, биһиги республикабыт прокуратуратыгар бөрүкүтэ суох тыын сабардаабытын туоһута. Кылаабынай прокурор А.ПОДЛАСЕНКО бэйэтинэн сокуону кэһэн эбии хамнас ыла сылдьарын кэннэ, алын чыыннаахтарыттан тугу күүтэбит?

Вера МАКАРОВА суруйар:
"Редакцияҕа Үөһээ Бүлүү улууһуттан соһуччу ис хоһоонноох сурук киирдэ. Депутат Анатолий Викторович Захаровтан. Киниэхэ Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин Ленин аатынан уулуссатын 5/14-гэр олорор А. уонна М. диэн гражданкалартан үҥсүү киирбит. Депутат бэйэтэ эмиэ бу дьиэҕэ олорор эбит. Салгыы кини суругуттан билиһиннэрэбит:
«Бу дьыл ахсынньы 6 күнүгэр, ити дьиэ 16-с нүөмэрдээх, Үөһээ Бүлүү прокурорун көмөлөһөөччүтэ, 3-с кылаастаах юрист А.П.Лукин олорор кыбартыыратыгар, ыалдьыттар мустан, түүн 01.00 чааска диэри бырааһынньыктаабыттар. Ити чааска подъезка дьон айдаарсарын истэн тахсыбытым – 13-с кыбартыыраттан А. уонна 18-тан М. диэн гражданкалар тураллар эбит. А. 23.00 чаас кэнниттэн 14-с кыбартыыраҕа тоҥсуйбутугар, А.П.Лукин тахсан кэлбит. А. ыалдьыттара тарҕаһаллара уолдьаспытын эппитигэр, Лукин «биир чааһынан барыахтара» диэбит. Барбатахтар. Ол иһин А. 24 ч.15 мүн. иккистээн төхтүрүйэн кэлэн, тоҥсуйан эппит. Бу сырыыга холуочук туруктаах Лукин «5 мүнүүтэнэн» диэн хоруйдаабыт. Ити кэмҥэ дьиэттэн эмиэ холуочук туруктаах, Үөһээ Бүлүү прокурорун старшай көмөлөһөөччүтэ, 2-с кылаастаах юрист А.А.Киров Лукины батыһан тахсан, А. диэн гражданканы, кини кимин-тугун, ханна-киминэн үлэлиирин туһунан куруубай куолаһынан доппуруостаан киирэн барбыт. "Быһаарсыахпыт” диэн суоһурҕаммыт.
Ити кэмҥэ куоска оҕото сүүрэн кэлбитин, Киров атаҕынан үктээбит. Куоска оҕото ити кэнниттэн өлөн хаалбыт. (Подъезка А. диэн гражданка түөрт оҕолоох куоската баар эбит). А. «куоска оҕотун тоҕо өлөрөҕүн?» диэн баран, куттанан, дьиэтигэр киирэн, хатанан кэбиспит. Сотору буолан баран, айдааны истэн, М. диэн гражданка иккис этээстэн түспүт, онуоха А. дьиэтиттэн тахсыбыта – үс куоска оҕото өлө сыталлар эбит.
Ити кэмҥэ мин дьиэбиттэн тахсан, полицияҕа эрийбитим. 20-чэ мүнүүтэнэн кэлбиттэрэ. А. уонна М. прокурордар кэлин сойуолаһыахтара диэн куттананнар, сайабылыанньаны бэйэм ааппыттан суруйбутум. Полиция үлэһиттэрэ кыбартыыраҕа киирбиттэрэ, Лукинтан уратылар баран хаалбыттар. Арааһа, болкуонунан куоппуттар дии саныыбыт – саҥа түспүт хаарга атахтарын суола хаалбыт этэ.
Мин саныырбынан, дьон нус-хас олоҕун араҥаччылыахтаах уонна сокуон тутуһуллуутун хонтуруоллуохтаах үлэһиттэр бэйэлэринэн бэрээдэги кэстилэр. Дьоҥҥо сэнэбиллээхтик сыһыаннаһан, дьиэ кыылларыгар кырыктаахтык сыһыаннаһан, бэйэлэринэн сокуону кэстилэр. Мин, депутат уонна гражданин быһыытынан, бу үлэһиттэргэ миэрэ ылан, эппиэккэ тардаргытыгар уонна түмүгүн сокуонунан ирдэнэр болдьох иһинэн биллэрэргитигэр көрдөһөбүн».
Депутат Анатолий Захаров маннык ис хоһоонноох суругун республика прокурора Анатолий Подласенко аатыгар эмиэ ыыппыт. Биһиги хаһыаппыт прокуратураҕа ирдэбил-сурук ыытан, бу дьыала хаамыытын кэтээн көрөн, түмүгүн сырдатыаҕа", - диэн.
***
Аартык.ру
Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 1272 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 83
Ыалдьыттар (гостей): 83
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024