Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Ахсынньы » 13 » Уххан бэчээт тутулун уларытыыга санаата
Уххан бэчээт тутулун уларытыыга санаата
12:20
НОРУОТ УОННА БЭЧЭЭТ
Вторник, 11 Декабря 2012 14:03 
«Аартык.ру» интернет-хаһыат республиканскай хаһыаттары саҥаттан тэрийии төрүөтүн, кэнэҕэс уларытыы туохха тиэрдиэҕин, тугунан түмүктэниэҕин сабаҕалаан хас да ыстатыйаны бэчээттээбитэ.
Сахалыы тыллаах суруналыыстар бу кэпсэтииттэн туора турбаттар. Бүгүн «Аартык.ру» ааттаах-суоллаах суруналыыс, Саха Бастакы президенин көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбит Иван НИКОЛАЕВ санаатын истэр:
БЫЛААС УОННА БЭЧЭЭТ
- Иван Игнатьевич, ыраах Москваҕа да сырыттаргын, Саха сиригэр хаһыаттары кииннээһин буола турарын туһунан билэр инигин?
- Билэн.
- Ол бэчээти кииннээһин туох сыаллаах-соруктаах буолуон сөбүй дии саныыгыный?
- Өссө Владимир ЛЕНИН ХХ үйэ саҕаланыытыгар, 1901 сыл ыам ыйыгар, «Хаһыат – кэлимсэ агитатор, пропагандист уонна дьону түмэн тэрийээччи» буолар диэн сөрү-сөпкө суруйан турар.
Кырдьыга да, ХХ үйэҕэ бэчээт оруола уһулуччу буолбута. Ким бэчээти (оттон кэлин – радионы, телевидениены, билигин Интернеты эмиэ) сатаан туһаммыт – ол мөлүйүөнүнэн дьон өйүн-санаатын, сүрэҕин-биһирэбилин сүүйэр. ЛЕНИН бэйэтин уонунан сыллар усталарыгар уһулуччулаах журналист, публицист быһыытынан көрдөрбүтэ, ол түмүгэр былааһы ылары ситиспитэ. МАО бэйэтин «журналиспын» дэнэр этэ. Кини суруйар, агитациялыыр талаана киниэхэ улахан тирэх буолбута. МУССОЛИНИ эмиэ журналист этэ. Бастаан бэйэтин идеяларыгар дьон болҕомтотун тардан, уонунан мөлүйүөн киһини тылыгар ылыннаран баран, былааска кэлбитэ.
ГИТЛЕР «Мин сэриим» диэн кинигэттэн атыны элбэҕи суруйбатаҕа, араатардыырын ордорор этэ, ол эрээри бэчээт оруолун Германияҕа ким-хайа иннинэ өйдөөбутэ, толору туҺаммыта, быыбарга кыайан, былааска кэлбитэ.
СТАЛИН наһаа элбэхтик суруйара, «Правда» уонна «Известия» сүрүн ыстатыйаларын тус бэйэтинэн көннөрөр, сороҕор бэйэтэ суруйан биэрэр этэ.
ЧЕРЧИЛЛЬ эмиэ журналист этэ, чаҕылхай ыстатыйаларынан норуокка биһирэтэн, киэҥник биллэр политик, премьер буолбута.
Франклин РУЗВЕЛЬТ радио оруолун таба өйдөөн, кимнээҕэр да сатабыллаахтык туҺаммыта – түөрт төгүл быыбарга кыайбыта.
Джон КЕННЕДИ журналистикаҕа саамай үрдүкү наҕарааданы – Пулитцер бириэмийэтин ылбытын умнар сатаммат.
Саха сирин бары салайааччыларыттан бэчээт оруолун ордук өйдүүр, туһанарга дьулуһар киһинэн Егор БОРИСОВ буолар. Ол да иһин бэчээти кииннииргэ кини тоҕо туруммута өйдөнөр. Михаил НИКОЛАЕВ, советскай-партийнай эйгэҕэ иитиллибит буолан, бэчээти туспа күүс курдук буолбакка, былаас быстыспат сорҕотун курдук толкуйдуу үөрэнэн хаалбыт этэ. Оттон прораб айылгылаах Вячеслав ШТЫРОВ үксүн ыгар-түүрэр эрэ тактиканы тутуспута.
- Бэчээти кииннээн, былаас туруоруммут соругун ситиһиэ дуо?
- Биир өртуттэн ыллахха, кадр оруола улахан.
Оттон Кирилл АЛЕКСЕЕВ «Наше врөмя» хаһыаты салайбыта уонтан тахса сыл буолла. Ол тухары ити хаһыат улаханнык өнүйбэтэ, норуокка киэҥ биһирэбили ылбата, уонча эрэ тыһыынча ааҕааччылаах.
Уонна «Якутия» хаҺыаты Евгений ГРИБЧАТОВ салайбытыттан коллектив да, дьон-сэргэ да улаханнык соһуйдулар. Биллэрин курдук, ГРИБЧАТОВ хайа да хаһыаты өрө көтөхпутэ суох, төттөрү үксүн хартыына буолара.
Онон ити кииннээһин үтүө түмүктэниэ диир уустук.
Иккис өртуттэн толкуйдаатахха, былаас билиҥҥи сыала-соруга атын – быыбардарга бэлэмнэнии. Онно сатабыллаах тэрийээччилэр, чаҕылхай редактордар буолбакка, улгум, кэбэҕэстик салайыллар дьон наада.
Онон ити кииннээһин тугунан түмүктэнэрин быыбардар көрдөрүөхтэрэ.
Үһүс өртуттэн санаатахха, бэчээт тутулун уларытан тэрийэн, олохтоох хаһыаттары сорох дьаһалталар сабыдыалларыттан таһаарыы соруга турара өйдөнөр.
Биллэрин курдук, үс улахан оройуоҥҥа – Нерюнгрига, Бүлүүгэ, Ньурбаҕа – сиэрдээхтэр салайан олороллор. Атын да оройуоннарга баһылыктар бары лояльнай буолбатахтар, туспа орохтоохтор эмиэ бааллар.
- Билигин Интернет оруола үрдээтэ дииллэригэр сөбүлэһэҕин дуо?
- Сөбүн сөпкө этэллэр эрээри, Саха сиригэр норуокка Интернет-хаһыаттар сабыдыаллара өссө да ситэтэ суох.
Дьиҥнээх хапсыһыыга кумааҕы хаһыаттар, телевидение уонна радио оруоллара Саха сиригэр билигин да уһулуччу улахан.
Саха сиригэр Интернет билиҥҥи сүрүн оруола – агитация, пропаганда уонна тэрийии буолбатах, информация буолар. Түргэнник ханнык-эмэ информацияны быраҕан биэрдэххэ, салгыы «этэрбэс араадьыйата» үлэлээн куугунатар, сурах-садьык буолан, дьоҥҥо үлүннэриллэн, күүркэтиллэн тиийэр. Оттон сурах-садьык – хал буолан хаалбыт официальнай агитациятааҕар ордук күүскэ дьайар, сабыдыаллыыр.

ЦЕНЗУРА УОННА БЭЧЭЭТ


- Бэчээти кииннээһини уларытан тэрийэн, былаас цензураны күүһүрдэр буолбатах дуо?
- Мин урукку дьиннээх цензура саҕана журналистикаҕа киирбитим.
Оччолорго "Главное управление по охране государствөнных тайн в печати при Совете Министров СССР” ("Главлит”) диэн баара. Кини көҥүлэ суох туох да тахсыбат этэ, оннооҕор некрологтары ааҕан, илии баттаан, бэчээт ууран бигэргэттэхтэринэ эрэ типография ылар этэ.
Оттон мин ол Советскай Союз, КГБ, Главлит саҕана наһаа элбэх сытыы матырыйааллары аан-бастакынан бэчээттэппитим.
Холобурдуур буоллахха:
- Өксөкүлээх «Якутской интеллигенции» диэн бобуулаах суруйуутун мин аан-бастакынан бэлэмнээн, бэчээккэ таһаарбытым,
- Саха сириттэн эмиграцияҕа барбыт дьон ахтыыларын,
- конфедералистар программаларын, Павел Ксенофонтов аатырбыт тиһэх тыл этиитин,
- Саха сиригэр кистээн сир аннынааҕы ядернай дэлби тэптэриилэр хаһан, ханна буолбуттарын, туох содулу аҕалбыттарын,
- Саха сиригэр космическай ракеталар саахалланан үнтү түһүүлэрин, сүлүһүннээх оттуктаах сүһүөхтэрэ ханан, хаһан түспүттэрин,
- Саха сирин илиҥҥи өртүттэн чугас турар Билибиннээҕи атомнай электростанция авариялара хаһан буолбуттарын,
- Саха сиригэр төһө элбэх алмаас, көмүс хостонорун туһунан,
- обком салайааччылара төһө хамнастаахтарын туһунан эҥин.
Суруйбут матырыйаалларым хайдах да цензураны ааһар кыахтара суох курдук этэ эрээри, бука барытын бэчээттэппитим, биири да кыайан тохтоппотохторо. Салгыы атыттар ити темалары иилэ хабан ылан, суруйан киирэн барбыттара.
- Ол хайдах цензураны аһарар этигиний?
- Сатаан кэпсэтэр, быһаарсар, туруорсар наада. Уонна Лука КОЛЕСОВ диэн Главлит Саха сиринээҕи управлениетын салайааччыта баар буолан табыллыбытым. Олус өр мөккүһүү, санаа атастаһыы кэнниттэн мэлдьи көҥүлүн биэрэр уонна типографияҕа дьуһуурунайдыыр дьонугар дьаһайар этэ. Атын киһи эбитэ буоллар, олох хойутаан, Главлит ууратыллыбытын эрэ кэннэ тахсыахтарын сөбө.
- Билигин итинник цензура суох...
- Суох. Ол эрээри өссө ордук кытаанах цензура – редактор цензурата баар.
Эмиэ холобурдуур буоллахха, Борис ЕЛЬЦИН туҺунан биир суруйуубун редактор Тамара ШАМШУРИНА таҺаарбатаҕа.
Оччолорго ЕЛЬЦИН саҥа аатыран эрэр этэ. Мин Москваҕа тиийэн, кинини көрөн, ырыҥалаан баран, сотору былаас уларыйыа, ГОРБАЧЕВ оннугар ЕЛЬЦИН тойон буолуо, кини былааһы ылар, илиитигэр тутан хаалларар иһин тугу да, кими да кэрэйиэ суоҕа, бу билигин кини тула сүүрэ сылдьар эҥин араас демократтар кэлин киэр илгиллиэхтэрэ диэбитим.
Ону Тамара Сергеевна олох ылымматаҕа, ЕЛЬЦИН оннук буолбатах диэн олус өр мөккуспутэ, наҺаа идеализациялыыр этэ. Ол ыстатыйам бэчээккэ барбатаҕа, арай архивпар ууруллан сытар.
Редактор цензуратын таһынан, аны үөҺэттэн цензура баар буолбута.
Эмиэ холобурдаатахха, Саха Республикатын правительствотын хотуна Галина ДАНЧИКОВА уола 180 тыһыынча солкуобайы сиэбигэр укта сылдьан уордарбытын туһунан матырыйаалы биир популярнай сайтан улахан айдаанынан уһултаран кэбиспит уһу. Оттон ол туһунан киин хаһыаттар бары суруйан тураллар эбээт, сымыйа буолбатах. Уонна туох улахан күлүгү түһэриэй? Баҕар, ол уол сыл аҥаара ити харчыны мунньан муҥнаммыта буолуо дии.
Иккис холобур – бу эһиги «Аартык.ру» диэн хаһыаккытыгар «Ньыгыл Россия» Саха сиринээҕи салаатын мунньаҕын туһунан олус астык ыстатыйа таһаарбыккыт, ону айдааран уһулларбыттар быһыылаах – сүппүт дии.
Тоҕо итинник кыра аайы былаас айманан турар, бэчээти хабахха тыыннара сатыыр?
Ити үөҺэттэн цензура – барыларынааҕар кутталлаах, өссө «ньэгэй цензура» да диэн сыаналыам этэ.
- Саха өһургэс буоллаҕа дии, кыра да энчини тулуйан истибэт, ол иһин бэчээттэммиттэн быыппастан турар буолбатах дуо?
- ДАНЧИКОВА – нуучча. Эмиэ нуучча Василий ВЛАСОВ курдук олох туох да критиканы кыайан тулуйбат, тута истерикалаан барар салайааччыны көрсө иликпин. Ханнык-эрэ ааҕааччы былыр ВЛАСОВ сыыһа дьаһайда диэн быыкаайык суруга хаһыакка бэчээттэммитигэр өттүгүн тосту түһэ сысыпыта, мунньах бөҕөтүн тэрийбитэ, эппитэ-тыыммыта аҕай, сылы быһа аймаммыта. Оттон нуучча ШТЫРОВ кини туһунан суруйуулартан өһүргэнэн, УХХАНЫ хаайыыга уктара сатаабытын умна илик инибит? Оттон сахалар Михаил НИКОЛАЕВ уонна Андрей БОРИСОВ саҕа араас сылтах була-була үөҕүллэр дьон ахсааннаах да, улаханнык кыһаллыбаттар.
Онон «сахалар» диир сыыһа. Былаас критиканы тулуйбат буолуутун сүрүн төрүөтэ – бэйэтин дьиҥ-кырдьык буруйдааҕынан ааҕынар буолан, уолуйарыттан.
СыыҺата-халтыта элбэҕин бэйэтэ иҺигэр билинэр киҺи онтуката арыллаары гынна да, өлөр-тиллэр, түптэ түрүлүөнү тардар. Психологтар ону бэрткэ диэн быһаараллар.
Оттон кырдьыгын билинэр киһи ол-бу "кыра аайы” аахайбат, үлэлээбитин курдук салгыы дьуккуһэ турар.
- Егор БОРИСОВ сууттаһан көрбүтэ баар...
- Тосту-туора сымыйаны суруйдахтарынан сууттаһара сөп буоллаҕа. Уонна урут премьер сылдьан сууттаһар этэ. Президент буолан баран сууттаспытын истэ иликпин.

ХАРЧЫ УОННА БЭЧЭЭТ


- Хаһыаттары үбүлээһин нөҥүө эмиэ цензуралыыллар буолбатах дуо?
- Ити баар суол. Ол эрэн аан дойдуга итинник. Демократия улаханнык уонна уҺун кэм устатыгар сайдыбыт дойдуларыгар эрэ сатаан баланс булары ситиспиттэрэ.
Оттон Россия онно тиийиэ ыраах.
Проблеманы судургутук бюджеттан үбүлээҺин курдук көрөр сыыҺа. Олус элбэх харчыны былааска чугас тэрилтэлэр нөҥуө кута олороллор. Россияны холобурдаатахха, «Газпром», «Роснефть» о.д.а. улахан компаниялар хас да миллиард доллары онно ыыта олороллор.
Саха сиригэр итинэн ордук «АЛРОСА» АК үлүһүйэр, "ЯТЭК” АО да хаалсыбат.
- Билигин хайа да хаһыат, ордук сахалыы тылынан тахсар хаһыат, үбүлээһинэ суох табыллыбат диэн санаа төһө олохтооҕуй?
- Саха сиригэр икки эрэ холобур баар: нууччалыы тахсар «Якутск вечерний» уонна сахалыы тахсар «Туймаада уоттара» хаһыаттар.
«Якутск вечерний» – реклама суотугар чэчириир, улахан редакцияны тутан олорор. Оттон «Туймаада уоттара» редактор Александр ЯКОВЛЕВ сатаан дьаҺанар буолан, тираһыттан быстар-быстыбат буруо таҺаарынан син олорор, икки-хас эрэ киһи үлэлиир.
Дьон болҕомтотун тардар сыалтан, «Якутск вечерний» уонна «Туймаада уоттара» оппозиционнай хабааннаахтык суруйаллар, оччоҕо эрэ дьон сэҥээрэрин өйдүүллэр – сытыы матырыйааллары дьон мэлдьи ааҕар. Ити былыр-былыргыттан баар: оннооҕор нүһэр Орто үйэлэр бүрүүкээн турар кэмнэригэр былааһы саралыыр прокламациялары Европаҕа дьон былдьаһа сылдьан ааҕар этэ: герцогтар да ааҕаллара, атыыһыттар да дьүүллэһэллэрэ, дьадаҥылар да үөрэхтээх киһи булан аахтаран истэллэрэ, дьон интэриэһэ оннук күүстээх этэ уонна мэлдьи оннук буола да туруоҕа.
- Оттон оппозицияҕа охтубатах хаһыаттар оччоҕо хайыыллар?
- «Орто дойду» диэн биллиилээх журналист Иван УШНИЦКАЙ дьоҥҥо биһирэммит хаһыата хаһан да былааһы утары суруйбатаҕа, улахан тираһы кыайан ылбатаҕа. Ол түмүгэр ити сабыллан хааллаҕа.
- Оппозицияҕа охтубатах «Кыым» тираһа олус улахан дии?
- «Кыым» үчүгэйдик үбүлэнэр, ол иһин элбэх чаҕылхай журналистары түмэн, кэрэхсэбиллээх хаһыаты таһаараллар.
Үбүлэнии баар буоллаҕына, талааннаах дьону мунньан, норуокка дьиҥ-чахчы туһалыыр хаһыаты, сурунааллары таһаарыахха сөбүн ити Мария ХРИСТОФОРОВА салайар «Ситим» медиа-бөлөҕө кэрэһилиир. Эҥин-араас сурунааллары таһааралларын дьон олус биһириир. Саха тыла, саха литературата, саха култуурата сайдарыгар, кэхтибэтигэр «Ситим» улахан оруола салгыы хаалара буоллар. ХРИСТОФОРОВАНЫ булгу Ил Түмэҥҥэ депутатынан биир дойдулаахтара Ньурбалар туруоруох тустаахтар дии саныыбын.
Бюджеттэн үбүлэнэр «Саха сирин» тирааһа редакторыттан сылтаан улаханнык өнүйбэтэҕэ. Уонна «Кыымна» сытыы матырыйааллар тахсалларын умнар сатаммат. Министрдэри, депутаттары да хаарыйар матырыйааллар тиҺигин быспакка тахсаллар, дьон ону эмиэ кэрэхсиир. Оттон «Саха сирэ» уруй-айхал эрэ ис хоҺоонноох суруйууларын дьон олох сэҥээрбэт буолбута ыраатта.
«Кыым» итинник стилиттэн былаас да уордайар этэ – ШТЫРОВ модьуйуутунан кылаабынай редакторы Владимир СТЕПАНОВЫ устан кэбиспиттэрин санатыахха сөп. Хата, ХРИСТОФОРОВА туруорсан, СТЕПАНОВ хаҺыакка хаалан суруйа олорор.
- Бэчээти бюджеттэн үбүлүүрү тохтотор туһунан киин былаас элбэхтик этэр-тыынар буолла.
- Ити Дмитрий МЕДВЕДЕВ либеральнай бөлөҕүн позицията. Оттон Владимир ПУТИН санаата арыый атын буолара буолуо. Бэйэтин бэчээтин кыайан хонтуруоллаабат олохтоох былаас сабыдыала мөлтүүр, оччоҕо киин былаас күүҺэ эмиэ өҺүллэр. Күүстээх былааска наадыйар ПУТИН онно барара уустук.
Ол эрээри, син-биир кэлин бэчээти былаас быҺа хонтуруолуттан таҺаарыахтара – история хаамыыта оннук. Уонча сылынан эҥин оннукка тиийэрбит буолуо.
Оччоҕо да бюджеттэн олохтоох омуктар тылларынан тахсар хаҺыаттары, сурунааллары, сайтары үбүлүүрү күүскэ туруорсар наада буолуоҕа. Онон «Аартык.ру» сөпкө эрдэттэн ити темаҕа кэпсэтиини тэниппитэ оруннаах – дьон өйүн-санаатын бэлэмниир наада, кэлин сытыытык туруулаҺар курдук.

КОРРУПЦИЯ УОННА БЭЧЭЭТ
- Былаас хонтуруолуттан тахсыбыт бэчээт коррупцияны ордук күүскэ саралыыр диэн өйдөбул сөптөөх дуо?
- Арҕааҥҥы дойдуларга үксүн оннук.
Ол эрээри ол дойдуларга коррупцияны оннук абааҺы көрөн саралыыллар курдук өйдүүр сыыҺа.
Кинилэргэ сенсация, айдаан наада – оччоҕо тиражтара улаатар эбэтэр дьон болҕомтотун тарданнар, рекламаттан киирэр дохуоттара элбиир. Коррупция – уруккуттан дьон-сэргэ болҕомтотун киинигэр турар тема. «Аҕа ууспут баһылыгын кутурук киһитэ оччону уоран сиэбит үһү!» диэн айдаан таас үйэтигэр да актуальнай этэ буоллаҕа.
Ол иҺин коррупция тематын урут «Сахаада», оттон «Туймаада саҥата» хаһыаттар, кэлин «Якутск вечерний» уонна «Туймаада уоттара» хаһыаттар күүскэ хасыһаллар этэ, хасыҺыахтара даҕаны.
- Коррупцияны утары суруйар бары журналистар оннук меркантильнай сыаллаахтара буолуо дуо?
- Биллэн турар, барылара буолбатах.
Холобурдаатахха, УХХАН сайтыгар тахсыбыт ШТЫРОВ уонна кини эргимтэтин туҺунан сытыы ыстатыйалар иҺин биир соххор солкуобайы ылбатаҕа. Төттөрүтүн, хас да сыл устата эккирэтиигэ, кэтэбилгэ, тиҺигин быспакка түнэйдээҺиҥҥэ, сууттааҺыҥҥа түбэспитэ. КиҺи эрэ барыта оннукка соруммат, оттон УХХАН кытаанах майгылаах, күүстээх турунуулаах, норуотум иҺин киирсэбин диэн бигэ санаалаах буолан, тулуспута, турууласпыта уонна кыайбыта.
Оттон «В Якутии.ру» Интернет-хаһыакка ити ПОДЛАСЕНКО прокурор уонна кини батыҺыннаран аҕалбыт дьонун туҺунан сытыы матырыйааллары Елена ТИХОНОВА, эмиэ биир солкуобай ылбакка, принципкэ баран, тиҺигин быспакка таҺаара сылдьар, төҺө да улахан кыахтаах тэрилтэ салалтатын кыр өстөөҕө буолар сэрэхтээҕин өйдөөтөр да.
Ол эрээри сорох хаҺыаттар уонна журналистар сыаллара атынын билинэр эмиэ наада – итини ГРИЩЕНКО дьыалатыттан да көрүөххэ сөп.
Шантажтыыр суолга охтубут журналистар да бааллар. ГРИЩЕНКО саралыыр матырыйаалы таһаарбат иһин элбэх тэрилтэттэн, оннооҕор мэрияттан харчы ыган, байан-тайан олорбутун туһааннаах дьон бары билэр. «Харчыҥ кэлбэт буолла, ыыппатаххына эйигин саралыыр матырыйаал бөҕөтө тахсыа» диэн куттаан куорат тойонугар ЗАБОЛЕВКА ыыппыт суругун соторутааҕыта бэчээттээтилэр дии.
Шантажтан атын өссө аны быһа сакаас ылан, сымыйа «саралыыр» ыстатыйаларынан үлүһүйэр журналистар эмиэ бааллар.
Биир нууччалыы суруйар куорат сахатын киһитэ «Якутская газета» диэҥҥэ үлэлии сылдьан, сакаастаммыт матырыйаал таҺааран, харытыттан харбатан, үүрүллүбүтүн эмиэ санаан кэлиэххэ сөп.
- «Сакаас» диэн өйдөбул уустук быҺыылаах буолуо?
- Сөпкө этэҕин. Үлэ төлөбурдээх буолуохтаах. Журналист үлэтэ эмиэ.
Кырдьыктаах саралыыр матырыйаал иҺин журналист дуу, хаҺыат дуу соболоҥ ылара бааламмат. Оннук матырыйаал таҺаарбыт журналист, хаҺыат улахан охсууга түбэҺэр, онно ньиэрбэтэ баранар, утуйар уута да көтөр, ол иҺин компенсация ылыах тустаах.
Ол эрээри, сымыйатын билэ-билэ, «саралаабыта» буолан ас таҺаарынар, күөс өрүнэр журналистар – ол олох туспа тема. Холобура, «Якттаймс» курдук хас да кыра сайт баар, олорго була сатыы-сатыы былааҺы үөҕэллэр эбэтэр «Сахамедиапост» диэҥҥэ былаас сорох өстөөхтөрүн батыҺа сылдьан кулгуйан тахсаллар. Дьэ итинниктэри хоруотуур, кэлэйэр наада.

ОБЩЕСТВО УОННА БЭЧЭЭТ
- ХаҺыаттар сытыы суруйуулара төһө көдьүүстээҕий?
- УХХАН, ТИХОНОВА курдук журналистар баар буоланнар, былаас син сэрэхэдийэр, тардынар.
«Республика распродана» диэн ыстатыйа «Уххан.ру» тахсыбытын кэнниттэн, ордон хаалбыт улахан тэрилтэлэри аны Ил Түмэн көҥүлэ суох атыылаабат туҺунан сокуону түргэнник ылыммыттара.
ПОДЛАСЕНКО соҕотоҕун айбардаан олорбут виллатыттан тахсан биэрэргэ күһэллибитэ, дьиэтин элбэх оҕолоох прокурор ыалга туттарбыта уонна икки хостоох квартираҕа көспүтэ. Сымыйанан хотугу надбавкалары ыла олорбуттара сараланан, прокурордар ол харчыларын кэлтэгэй кэппиэйкэтигэр тиийэ бүтүннүү төттөрү төлөөбүттэрэ.
Общество да итинник суруйуулартан элбэҕи ылар. «Республика распродана» тахсыбытын кэнниттэн улахан аймалҕан буолбута. «Аллах над Якутией» ыстатыйа бэчээттэммитин кэннэ дьон хараҕа аҺыллыбыта, арааҺы барытын ырыҥалыыр, буола турар событиелар дириҥ ис хоҺооннорун өйдүүр буолбуттара.
Прокурордар харыларыттан харбатыылара, ис дьыала министрэ СТАХОВ ыстаанын айдаана уонна «АЛРОСА» билиҥҥи салалтатын туҺунан «Саханьюс» итиэннэ «В Якутии.ру» сытыы ыстатыйалара обществоҕа туҺалара улахан.
Ону тэнэ, Алексей ЕРЕМЕЕВ сыыҺа буруйданан, хаайыыга барбытыгар «В Якутии.ру» олус куускэ турунан, дьон болҕомтотун тардыбатаҕа буоллар, билигин да хаайыыга сытар буолуон сөбө. Атын хаҺыаттар бары кэриэтэ кини буруйдааҕын эрэ туҺунан суруйан тахсыбыттара дии, сэтэрээбиттэрэ даҕаны. Арай Елена ТИХОНОВА долгуну утары баран, дьону дьэ өйдөтөн, обществоны хамсатан, эдэр кэскиллээх уолу быыҺаан турар. Россия үрдүнэн ити ЕРЕМЕЕВ курдук тахсыылаахтык үлэлээбит, күүскэ туруорсан сүүһүнэн эдэр ыалы босхо дьиэлээбит ыччат министрэ ханна да суох.
Оттон депутат Афанасий МАКСИМОВ балыырдаах дьыалатыгар общество болҕомтотун тардарга, дьону түмэргэ эмиэ журналистар, ол иһигэр Елена ТИХОНОВА, оруоллара уҺулуччу буолла. Бу эһиэхэ тахсыбыт «Өссө биир Таатта уола барда» диэн аһара күүстээх ыстатыйаҕытын миэхэ Москваҕа ыыппыттара, ааҕан, олус уйадыйбытым. Таатталар ити ыстатыйаны ааҕан баран, «дэлби харааҺынныбыт, ытастыбыт» диэн кэлин миэхэ элбэхтик кэпсээбиттэрэ.
«Кыым.ру» эмиэ МАКСИМОВЫ олус күүскэ туруулаҺан көмүскээбитэ хайҕаллаах.
Көстөрун курдук, бу түгэннэргэ хаҺыаттар (Интернет-хаҺыаттар эмиэ) били ЛЕНИН эппитин курдук, агитатор, пропагандист уонна дьону түмэн тэрийээччи оруолларын толордулар.
Итинник кырдьыгы туруулаҺыы үтүө холобурдара баар буоланнар, саха норуотугар бэчээт авторитета түспэт диэххэ сөп.

НОРУОТ УОННА БЭЧЭЭТ
- Саха журналистикатын сайдыытын туһунан кэпсэтиини өссө "Киин куоракка” үлэлии сылдьан 2002 сыллаахтан көтөҕөн турабыт. Элбэх журналист санаатын таһаарбыппыт. Саха журналистиката уратытын, сайдар суолун торумнаан көрбүппүт. Бу уонча сыллааҕыттан илдьэ кэлбит темабыт билигин олус сытыырхайда. Итинтэн сиэттэрэн, норуот дьылҕатыгар бэчээт оруолун туҺунан ыйытыы үөскүүр.
- Кыра омукка бэчээт оруола уҺулуччу улахан суолталаах.
Аҕыйах ахсааннаах омуктарга бииргэ сомоҕолоҺорго дьулуҺуу ордук күүстээх, оттон ону сүрүннүүр төҺүүнэн билиҥҥи политическэй ситуацияҕа олохтоох былаас буолбакка, МАНДАР Уус, Иван ШАМАЕВ, Валерий ЛУКОВЦЕВ, Олег СИДОРОВ курдук энтузиастар уонна кинилэр идеяларын, позицияларын сырдатар хаҺыаттар буолаллар. Кинилэр курдук энтузиастар сахаларга элбэхтэр –нэҺилиэк аайы хастыы да киҺи баар, улуустарга буолунайдар, куоракка эмиэ элбэх энтузиаст сахатын норуотун туҺугар кыҺаллар. Ыраата барбакка, Лариса ТЫТЫГЫНАЕВА (Синильга) «Санаалар» диэн бэртээхэй сайтын санатыахха сөп. Саха ырыата, хоҺооно барыта кэриэтэ наардаан түмүллүбүт, итинник тупсаҕайдык оноҺуллубут сайт атын республикаларга суоҕун тэҥэ. Саха культуратын сайдыытыгар итинник сайт оруола сүҥкэн. Оттон Синильга ити сайты тус бэйэтин баҕатынан, кимтэн да көмө эрэйбэккэ, ороскуотун бэйэтэ уйунан, айбыта, онорбута уонна кэргэнинээн ситэрэ, тупсара турар.
Урут суруйааччылар уонна учуонайдар оруоллара улахан этэ, билигин күттүөннээх киҺи суоҕун кэриэтэ, профессор Ульяна ВИНОКУРОВА, аатырбыт классикпыт Николай ЛУГИНОВ, драматург Василий ХАРЫСХАЛ уонна эдэр суруйааччы Тургун ПОПОВ эрэ бааллар.
Олохтоох былаас, федеральнай вертикалга хам баҺыйтаран, уҺаты-туора хамсанара ыарахан.
Онон общество үксүн бэйэтэ турунан үлэлэҺэр, онно улахан көмөну патриот журналистар онороллор.
Холобурдаатахха, политика тематыттан ыраах, сытыы матырыйааллары оҥорбот эрээри, бэйэтин биэриилэринэн, омук сайдыытыгар бэйэтин көрүүлэринэн норуокка биҺирэммит журналист уонна поэт Наталья МИХАЛЕВАНЫ (Сайаны) ааттыам этэ. Билиҥҥи саха поэзиятыгар киниэхэ тэҥнэҺэрдии долгутуулаахтык суруйар киҺи суох, табыллыбыт хоҺоонноругар аҕыйах строканан наҺаа киэҥи-куоҥу эҥсэн этэр дьоҕурдаах. Мин билэрбинэн, кини билигин да көйгөтүллэн сылдьар, ол эрээри санаатын түҺэрбэтэ көстөр – хаста да кини бэлэмнээбит бэртээхэй кинигэлэрин булан көрбүтүм.
«Кыымҥа» саха омук дьылҕата хайдах салаллыахтааҕын, республика сайдыыта хайа хайысханан барыахтааҕын туҺунан ырытыылар элбэхтик тахсаллара, норуоту толкуйдаталлара олус бэрт.
Онон, ЛЕНИН эппитин кэрэҺэлиирдии, дьиннээх журналистика норуоппут сайдар суолун булунарыгар көмөлөҺөр, агитациялыыр, пропагандалыыр уонна тэрийэр оруолун мүччү туппат дьулуҺуулаах буолуон наада.
Уонча сылынан саха дьоно сыыйа-баайа күргүөмнээн Интернеккэ көҺүө, планшет, коммуникатор нөҥүө информацияны ылар, ааҕар буолуо. Онно сахалыы тыллаах журналистика бэлэм буолан тиийиэх тустаах. Ол кэмҥэ диэри аҥардас тексинэн эрэ муҥурдаммат буолуохтара, роликтар элбиэхтэрэ, билигин даҕаны элбэх Интернет-хаҺыат үгүс видеоны эмиэ биэрэр буолла. Ол аата, аныгы журналистика сатаан суруйарынан эрэ буолбакка, табыгастаах сюжеттары сатабыллаахтык устарынан эмиэ конкуренциялаҺар буолуоҕа – ону эрдэттэн өйдүү, бэлэмнэнэ сылдьар ордук этэ.
Твиттөр, Фейсбук курдук социальнай ситимнэр саха омукка олох табыгаҺа суохтар, саха тылын, культуратын умнууга тиэрдэллэр. Онон сахалыы социальнай ситими айар, киэҥ туҺаныыга киллэрэр сорук турар. Итини Ким эмэ ылсара, ситэрэрэ буоллар, саха омук үйэтэ уҺууругар сүҥкэн ситиҺии буолуо этэ.
***
Аартык.ру


Бэчээти кииннээһин - сотору атыылааһын түһэ?
Уххан бэчээт тутулун уларытыыга санаата

Среда, 28 Ноября 2012 15:49 

"Аартык.ру" интернет-хаһыат республиканскай хаһыаттары саҥаттан тэрийии төрүөтүн, кэнэҕэс уларытыы туохха тиэрдиэҕин, тугунан түмүктэниэҕин сабаҕалаан хас да ыстатыйаны бэчээттээбитэ.

Сахалыы тыллаах суруналыыстар бу кэпсэтииттэн туора турбатылар. Тоҕо диэтэххэ, бу иһэ-истээх уларытыы-тэлэритии саха суруналыыстыкатыттан саҕалаан, бүтүн норуот тылыгар дьайыаҕын сэрэйэбит.
Бүгүн "Аартык.ру" суруналыыс, поэт, суруйааччы Уххан Уйбаан санаатын истэр:

- Бэчээт структуратын тоҕо уларытан эрэллэрий?


- Бастакытынан, государствоттан араас хайысхаларынан, холдиннарынан толору үбүлэнэн олорор хаһыаттары кииннэммит биир сүрүҥҥэ, биир сиргэ - биир «Сахамедиа» холдиҥҥа түмүү таҕыста. Ол аата - ыытыллар идеологияны, политиканы, наадалаах информацияны биир сиринэн кииннэнэн тарҕатылларын ситиһии, ирдэбили, көрдөбүлү чопчу туруоруу. Информационнай монополияны өссө күүскэ олохтооһун буолар. Биһиги түбэлтэбитигэр президент Е.Борисовка түмүү. Киниэхэ «Ситим - медиа» кэтэх холдины эбэн кэбис. Атын да кэтэх хаһыаттары, интернет ресурсалары эмиэ тутан, тылга киллэрэн олорор.
Быыбардар чугаһаатылар. 2013 с. биһиги губернаторбыт быыбара буолара сабаҕаланар. Е Борисов доруобуйатын туругунан туораан биэриэ, бэйэтин киһитин анньыа диэн этэллэр. Губернатор буолуон баҕалаах элбэх. Быыбар буоллаҕына хаһыаттар, интернет медиалар суолталара, наадалара муҥутуурдук үрдүүр. Ол кэннитэн ыһаттаан да кэбиһиэхтэрин сөп. Атын көннөрү кэмҥэ, бэйэлэрин кыахтарын көрдөрбүттэри эрэ хаалларан хото үбүлүөхтэрин сөп. Кэлиҥҥи икки президеммитин Кавказтан төрүтээх улуу баайдар үбүлээн олордубуттара дииллэр. Билигин да кинилэр күүскэ кытталлара күүтүллэр диэн этэллэр.
Иккиһинэн, иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэни (ИБЭ) приватизациялыырга табыгастаах оҥоруу, атыылыырга бэлэмнээһин барда.
Саха сирин баайын-дуолун үксүн атыылаан бүтэрдилэр, олохтоохторун уонно бырааптарын, сокуоннарын, Төрүт Сокуоҥҥа тиийэ кэлэр кэскилин барытын атыыламмыт дьокутааттар, президеннэр нөҥүө суйдаатылар. Саха сирин сырьевой холуонньаҕа кубулуппутара ыраатта. Приватизация ити салааҕа үксэ баран бүттэ. Саха сирэ бүтүннүү кэтэх бас билиигэ киирдэ. Атыылаабыт тойоттор онно тииһинэн хааллылар.
ИБЭ эмиэ, бу, биһиги сирбит баайын-дуолун баһылаабыттар уонна ону атыылаабытар, холуонньаҕа кубулуппутар илиилэригэр киириэҕэ. Кинилэр билигин былааска олороллор. Бэйэлэрин дьоннорун олордуохтара да турдаҕа.
Кэтэх хаһыаттар, интернет ресурсалар информация эйгэтигэр тугу эмэ туоккалааҕы дьайар кыахтаахтара, эмиэ 90 бырыһыаннара «хаһаайыннарын» булунан, былааһы утары саҥарбаппыт диэн тылларын биэрэн олороллор.


- Сахалыы тыллаах хаһыаттар, сурунааллар бюджеттан эрэ үбүлэннэхтэринэ, тыыннара уһуон сөп дуо?


- ... Государствоттан үбүлэнээччилэр эрэ уһун тыыннаналлар диэтиҥ... Бэлэм харчыга бэлэм хааччыллыыга, бэлэм ыйыыга-кэрдиигэ, бэлэм хааччахха төһө баҕарар өр олоруллар буоллаҕа. Государствотан үбүлэнэр, кэлин бас билэр хаһаайыннарыттан үбүлэнэр сахалыы да хаһыатар, информационнай атын да ресурсалар уһуннук олоруохтара.
Кэтэх хаһыат былааһы утары туспа санааны, көҥүллүк этэригэр элбэх үп-харчы, киирсии-сууттаһыы эрэйиллэр. Ону туруулаһар үп-ас иккис өттүнэн политическай күүс, кыах наада.
Сакааһынан кылгас кэмҥэ олороллор.

Хоруйдаата Уххан,


28.11.2012.
***
Салгыы саха бэчээтин туһунан кэпсэтиигэ суруналыыстар Борис ПАВЛОВ, Иван УШНИЦКАЙ онтон да атыттар санааларын этиэхтэрэ.
***
Аартык.ру.
Комментарии
#1
Кууьума
28 Ноября 2012
Уххан сепке этэр. Саха сирэ бутуннуу атыыланна. Сырьевой холуонньа буолла. Ол да иьин ИБЭ-ни ылаары тииьэн эрдэхтэрэ. Уххан эппититтэн биири ейдеетум. Чааьынай да, судаарыстыба да биир уопсай еруттэрэ диэн кинилэр иккиэн ким эрэ сакааьын толороллор. Атына диэн судаарыстыба биир ЧААЬЫНАЙ хаьаайын буолбатах. Кини салалтата уларыйда5ына да хаьыат хаалар. Ол саамай кылаабынайа. Тойон суустэ уларыйыан сеп. Ол аата бу случайга саха тылынан хаьыат тахса турара, саха тыла хайа эрэ еттунэн баар буоларыгар мэктиэ буолар. Оттон ЧААЬЫНАЙ киьи харчыта буттэ да,эбэтэр хайа эрэ биричиинэнэн наадата суох диэтэ да, эстэр ол хаьыат да буоллун интернет- издание да буоллун. Саха тылынан хаьыат да, интернет- издание да тахсан буттэ5э ол. Онон хайа суол ордугуй? Чааьынай дуу, судаарыстыба дуу? Биьигинньиктэрт эн ыйыталлара да биллибэт буоллар....
#2
Коллега2
29 Ноября 2012
Мин саныахпар сахалыы тыллаах прессаны ордук о5о5о, ыччакка, культурнай-сырд атар периодиканы, иитэр-уерэтэр прессаны барытын бюджекка киллэрэн убулэнэр механизмын оноруохха наада. Оттон иьитиннэрэр хаьыаттары анаар-анаарга убулээн хайаан да санаа хас да ерутун кердерер гына - гражданскай обществоны иитэр сыаллаан харгыстаабакка таьаарыахха наада.
#3
Далбар
29 Ноября 2012
Уххан "бэлэм упкэ" диэн этиитэ тириим таьынан киирдэ да буоллар, убайбыт сурун санаатын кытары себулэьиэххэ наада. Саха сирэ барыта атыыланан буттэ диэн этии сонун буолбатах, инньэ диэн сеьургэстии туьэн хаалар сыыьа. Туруулаьыахха наада. Ол хайдах барыахтаа5ын ыйанк-эрдэн биэртэ эбитэ буоллар диэн ба5а санаа быьыытынан этэбин. Ушницкай хаьыатын сабыллыбытын туох дии саныыра буолла?
Обновить
Добавить комментарий
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1829 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024