Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Ахсынньы » 15 » Дьокуускай куорат бюджетыттан көрдөрөн туран хас да мөлүйүөн таах “хаҥас халыйа” турара көстөр
Дьокуускай куорат бюджетыттан көрдөрөн туран хас да мөлүйүөн таах “хаҥас халыйа” турара көстөр
10:12
Дьокуускай куорат хаһаайыстыбата дьаһалталаах хаһаайыны күүтэр

Суббота, 15 Декабря 2012 00:38 

"Аартык.ру” интернет-хаһыат редакциятыгар Дьокуускай куорат Хонтуруоллуур-ааҕар палататын коллегиятын мунньаҕын боротокуола киирдэ. Коллегия мунньаҕа бу дьыл ахсынньы 6 күнүгэр тэриллибит. Көрүллүбүт боппуруостара:
1. "Дьокуускай куорат” Куораттааҕы уокурук муниципальнай баайын-дуолун бэрээдэгин учуоттуур бэрэбиэркэ түмүгэ. (Хонтуруоллуур-ааҕар палата аудитора Михайлова Н.Е. иһитиннэрэр).
2. Куорат бюджетыттан "Строительнай уокурук” управатыгар 2010-2011 сс. тыырыллыбыт үп уонна сүктэриллибит үлэ төһө көдьүүстээхтик туттуллубутун, барбытын бэрэбиэркэлиир түмүк. (Хонтуруоллуур-ааҕар палата инспектора Алексеев И.В. иһитиннэрэр).
3. 2010-2011 сс. кыбаарталлары тупсарарга бюджеттан тыырыллыбыт үп төһө оруннааҕын бэрэбиэркэлээбит түмүк. (Хонутруоллуур-ааҕар палата аудитора Мохначевскай иһитиннэрэр).
Аудитордар уонна инспектордар отчуоттарын түмүгэр, Дьокуускай куорат бюджетыттан көрдөрөн туран хас да мөлүйүөн таах "хаҥас халыйа” турара көстөр. Дьокуускай хаһаайыстыбата дьаһалталаах хаһаайыҥҥа хаһан тиксэн оннун-туойун булара буолла...

***
Бастатан туран, бастакы боппуруоска – куорат баайыгар-дуолугар букатын даҕаны киһи иилэн ылбат балаһыанньата баарын аудитордар туоһулаатылар.
Куорат хаһаайыстыбата туох да учуота суох буолан уҥа-хаҥас айбарданарын эрдэ да сэрэйэр этибит. Ол гынан баран, аудитор хараҕынан көрдөххө, балаһыанньабыт өссө ордук "киһи булан ылан буккуйбат, буһаран сиэбэт” хааһытыгар-саламаатыгар тиийбитин көрөбүт. Маннык буккуурдаах күрүөтэ суох хаһааҕа, учуота суох далга ааһан иһэр сүүлүктэр көҥүл көччүйэллэрин эбээһинэстэринэн ааҕыналлара өйдөнөр. Бу иннинэ олорбут мээрдэрбит ыһыллыбыт-тоҕуллубут хаһаайыстыбаны сааһылаабакка "политиканан" эрэ үлүһүйбүттэрин түмүгэр, билигин муниципалитет төһө-хачча баайдааҕа да чопчу биллибэт буолбут.
***
2012 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр, Дьокуускай куорат Хонтуруоллуур-ааҕар палататын председателэ Баай-дуол уонна сир сыһыаннаһыыларыгар департамен муниципалитет баайын төһө кырдьыктаахтык учуоттаан иһэрин бэрэбиэркэлиир дьаһал таһаарар.
Бэрэбиэркэһиттэр бэркиһиэхтэрин иһин, Департамент баайы-дуолу хайдах учуоттууру да билбэккэ олорор эбит. 2009 сыл муус устар 28 күнүгэр, баайы-дуолу учуоттуур бэрээдэги чуолкайдыылларыгар сорудахтаан Дума депутаттара балаһыанньа бигэргэппиттэр. Ол кэнниттэн 3 сыл ааста да, чиновниктар учуоттуур бэрээдэги олохтуохтааҕар оҥорботохтор даҕаны. Түмүк уһугар, муниципалитет баайа-дуола ханна хамсыырын ким да чопчу кыайан эппэт балаһыанньата үөскээбит.
Аудитордар уонна инспектордар: куорат дьиэтин-уотун, техникатын тэрилтэлэр бэйэ икки ардыдларыгар бэрсэллэрин-ылсалларын "тоҕо эрэ” докумуоннаабаттарын булбуттар.
Дьаһал бөҕөтө ылыллар да, олор эмиэ докумуоннаммакка таах халлааҥҥа хаһыы курдук халтай хаалан иһэллэр эбит. Дьаһалта үлэһитэ элбии-үксүү турар диибит. Оччотугар, тустаах үлэлэринэн дьарыктаммат специалист үөһээ специалист туохха нааданый диэн ыйытыы үөскүүр. Дьаһал докумуоннаммат буоллаҕына - олоххо киирбэт. Олоххо киирбэт дьаһал олоҕу тупсарбат.
***
Минфин куораттааҕы управлениетын отчуотунан, 2011 сылга муниципалитет 13 муниципальнай унитарнай тэрилтэлэргэ сыһыарбыт баайын-дуолун 885 471,32 тыһ. солкуобай сууммаҕа сыаналаммыт. Бу 13 МУТтан билигин 2 тэрилтэ моҥкурууттуур туруктаах: "Комфорт” МУТ Салайар хампаанньа уонна "Сир сулууспата” МУТ. Өссө биир тэрилтэ - "Мичээр” МУТ ыһыллан эрэр. Бу муниципальнай тэрилтэлэргэ бэриллибит 99 дьиэ-уот Департамент реестрыгар бастааҥҥы, билиҥҥи сыаната олох да ыйыллыбакка сылдьар. Өскөтүн бу сыаната биллибэт объектар тэрилтэ моҥукурууттуур, эстэр түбэлтэтигэр хайдах быһыылаахтык сыаналанан иэс суотугар атыыланыахтара биллибэт. Итини таһынан дьиэни-уоту приватизациялааһыҥҥа, "сыаната ыйыллыбатах” дьиэни ким баҕарар ханнык баҕарар "уруһуйдаммыт” сыанаҕа атыылаһар балаһыанньата үөскүүр.
Холобур, мэрия ДИОта "Глобус” ХЭТ чааһынай тэрилтэҕэ Каландарашвили 45 аадырыска турар 156,7 кв.м иэннээх дьиэни
1 кв. м
- 4,48 тыһ.солк. атыылаабыт (атыы-тутуу дуогабара №РОС-49-10 25.10.2007 с.). Дьиэ сыанатын "Профоценка” ХЭТ хантан ылан быспытын (№98-05 08.05.2007 с.) аудитордар өйдөөбөтөхтөр: тоҕо диэтэххэ, бу дьиэ хайдах туруктааҕа да биллибэт эбит, дьиҥнээх сыаната хаһан да докумуоҥҥа киллэриллибэтэх буолан, төһө-хачча барыстаахтык батарыллыбыта эмиэ биллибэт.
***
Департамент реестрыгар 127 бюджет, 36 казеннай, 3 автономнай учреждениелэр бааллар диэн испииһэктэммиттэр. Ол иһигэр былыр үйэҕэ эстибит тэрилтэ – "Столица” спортивнай-техническэй кулууп” МАУ эмиэ ахтыллыбыт.
Аны, олорор дьиэ фондатын сыанатын олус улаатыннаран сурулла сылдьарын булбуттар: квартира, хос приватизацияланна да, кэтэх бас билии буолбутунан сиэттэрэн муниципальнай баайтан-дуолтан таһаарыллыахтаах. Итинэн сибээстээн муниципальнай олорор дьиэ фондатын сыаната аччатыллыахтаах этэ да, ол оҥоһуллубутах.
***
Муниципальнай баай-дуол арендаланар харчыта бюджеккэ киириэхтээх. Этэ. Ону баара Департамент сорох арендаланар тэрилтэлэри реестргэ киллэрбэтэҕин түмүгэр, аренда харчыта ханна барара биллибэт буолан хаалбыт. Холобур, ИП "Литвинцева В.В.” Ленин проспегын 10-гар турар муниципальнай дьиэҕэ арендалаабыт. Литвинцева босхо куортамныыра дуу, бас быстар сыанаҕа дуу муниципалитет дьиэтин уларсара биллибэт.
Дьокуускайга офис куортамын сыаната 1 кв.м – 100 тыһ. саҕаланарын учуоттаатахха, быһыыта, баһаам харчы бюджеты таһынан куоттарыллар эбит.
Тэҥнээн көрүҥ – 2010 сыллаахха арендаттан киирэр үп – 159 598,7 тыһ. солк. эбит, онтон ***
2011 сылга, бу сыана эбиллэ турар кэмигэр, төттөрү 1 мөлүйүөнүнэн итээн – 158 443,6 тыһ.солк. буолбута өйдөммөт.
***
МУТ-лэр барыстарыттан куорат бюджетыгар төлүүр нолуоктара эмиэ улаатыахтааҕар 49,9 бырыһыан түспүт (2010 сыллаахха 1 056,2 тыһ. солк., 2011 с. 527,9 тыһ. солк.). Итини таһынан, аудитордар арендаҕа бэриллибит дьиэ бастааҥҥы, билиҥҥи сыаната ыйыллыбатын булбуттар. Оччотугар ким, хайдах, төһөҕө, төһө барыстаахтык дуу, чэпчэкитик дуу дьиэни-уоту арендалыыра эмиэ биллибэт.
Сорох-сорохтор аата эрэ арендалыыллар эбит. Холобур, ИП "Мамлеев Игорь Заурбекович” арендатын сыанатын төлөөбөтөҕө - 3 327,92 тыһ.солк. диэри мунньуллубут итиннэ эбии пенитэ – 3 200,38 тыһ.солк. диэн ааҕыллыбыт. Мөлүйүөнүнэн иэстээх куортамнаһааччы куорат бюджетыгар наада дуо?
***
Куортамнаһааччылар уопсайа Дьокуускай бюджетыгар – 57 192,10 тыһ. солк. (пеня – 38 739,67 тыһ.солк.) иэстээхтэр эбит (өссө бу реестргэ киирбит эрэ тэрилтэлэри аахтахха, төһө куортамнаһааччы арыыланан "умнуллан” хаалбытын аахпакка туран). Бу харчыга төһө-хачча дьыссаат, оскуола тутуллуоҕа хаалбытый?
***
Сир учуота хайдах оҥоһулларын, куорат олохтоохторо эттэринэн-хааннарынан билэллэр: ылар да уустук, сол курдук докумуоннатар да ыарахан. Итини сэргэ аудитордар сир ыларга уочаракка турар дьон ахсаана чуолкайа суоҕун ыйаллар. "Электроннай” диэн ааттаах уочаракка биир киһи, тэрилтэ хаста да киллэриллэ сылдьарын булаттаабыттар. "Уочараттара кэллэҕин ахсын” сир ылар дьон күлүктэригэр имнэнэн эрдэхтэрэ. Оттон уочарата сыҕарыйбат киһиэхэ ити сыанана аҕаабата биллэр.
***
Куорат хаһаайыстыбата оннун буллаҕына, сааһыланнаҕына эрэ куорат олохтоохторо арыый да инникибитин-кэнникибитин ситэн былааннаныахпыт, олохпут туруга халбаҥныа суоҕа.
"Иирбит аҕабыыт кумааҕытын” курдук докумуоннаах хаһаайыстыбаҕа ким баҕарар, хаһан баҕарар киирэн уорар-уччутар кыахтааҕын ааспыт сыллар ырылхайдык туоһулууллар.
***
Бу күннэргэ "Главстрой” Муниципальнай казеннай тэрилтэ салайааччыта О.М.НЕКРАСОВ бюджет харчытын ыскайдааһыҥҥа уорбаланан тутуллубутун иһиттибит.
Манна улахан төрүөтүнэн, Дьокуускайдааҕы Хонтуруоллуур-ааҕар палата бэрэбиэркэтэ буолбута саарбахтаммат. Бу мунньах 2, 3 пууннарын туһунан "Аартык.ру” аныгыс суруйуутугар сиһилии билиһиннэриэҕэ.
Аартык.ру
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты | Views: 1509 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 97
Ыалдьыттар (гостей): 97
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024