News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2012 » Ахсынньы » 25 » Аҕыйах ахсааннаах омуктар сиргэ бырааптарыгар сыһыаннаах сокуоннары ырытыы
Аҕыйах ахсааннаах омуктар сиргэ бырааптарыгар сыһыаннаах сокуоннары ырытыы
12:52
Аҕа ууһун общиналарыгар сиргэ быраабы биэрии уустуктара
25.12.2012 11:16 | Автор: Кыым |
РФ быраап систиэмэтин биир өлүүскэтэ буолар (РФ Конституциятын 15-с ыстатыйата) норуоттар икки ардыларынааҕы быраап уопсай билиниллибит бириинсиптэригэр, нуорумаларыгар уонна Арассыыйа Федерациятын норуоттар икки ардыларынааҕы дуогабардарыгар олоҕуран, РФ Конституциятын 69 ыстатыйата төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар бырааптарын толору тутуһары мэктиэлиир. Оттон Конституция 72-с ыстатыйата аҕыйах ахсааннаах этническэй холбоһуктар (этнические общности) үгэс буолбут олохторун уобараһа, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит төрүт дьарыктара көмүскэллээх буолуутун Арассыыйа уонна дойду субъектара кыттыһан хааччыйыахтаахтарын ыйар. Арассыыйа биллиилээх учуонайа С.А. Боголюбов бэлиэтииринэн, аҕыйах ахсааннаах омуктар уһун үйэлэргэ түөлбэлээн олохсуйбут сирдэрин харыстааһын боппуруоһа атын конституционнай кыһалҕалары, өйдөбүллэри кытта эмиэ быстыспат ситимнээх. Ол курдук, историяҕа бигэтик киирбит биир сомоҕо буолан олоруу судаарыстыбаннай тутула, норуоттар тэҥ буолууларын уонна бэйэлэрин бэйэлэрэ быһаарынар бырааптарын уопсай бириинсиптэрэ, биир уопсай экэниэмикэлэниилэрэ, Арассыыйа биир кэлим буолуута уонна араасалар, омуктар, уонна араас итэҕэлээхтэр икки ардыларыгар өйдөспөт быһыыны таһаарбат буолуу өйдөбүллэрэ эмиэ киирсэллэр. Арассыыйа аныгы федеративнай боппуруостарын сиэрдээхтик уонна сөпкө быһаарыы – хас биирдии омук конституционнай, экологическай быраабын толору көмүскүүр, сиэрдээх уонна биир уопсай экологическай бэлиитикэни тутуһууга тиэрдэр толкуйга аҕалар, сокуон, наука чэрчитинэн бэрээдэктииргэ көмөлөһөр. Онон учуонай бу чааһыгар теория, быраактыка да өттүнэн сатабыллаах дьаһаныы ирдэнэрин тоһоҕолоон бэлиэтиир. 90-с сылларга хоту сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах олохтоохторугар сир учаастагар быраабы биэрии быраактыката биир күдьүс тэҥ буолбатах этэ. Аҕа ууһун общиналарыгар сир баһыйар өттө 1992-1996 сылларга, ол эбэтэр сир сокуоннара уонна сир сыһыаннаһыыларын бэрээдэгэ да суох эрдэхтэринэ бэриллибитэ. Сир сүрүннээн РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Уураахтарыгар уонна РФ Бэрэсидьиэнин Ыйаахтарыгар олоҕуран тыырыллыбыта. Холобур, дойду Бэрэсидьиэнэ 22.04.1992 бигэргэппит 397 №-дээх «О неотложных мерах по защите мест проживания и хозяйственной деятельности малочисленных народов Севера» диэн Ыйааҕынан, сир учаастага общиналарга бастайааннай болдьоҕо суох туһаныыга эбэтэр үйэ тухары нэһилиэстибэлээх быраапка бэриллибитэ. Ол учаастактар тыа хаһаайыстыбатын аналыгар туттуллар сиртэн эбэтэр ойуур пуондатыттан тыырыллыбыттара. Ол гынан баран, «Управление собственностью на 2012-2016 годы» диэн СӨ судаарыстыбаннай бырагырааматын олоххо киллэрии кэмигэр көстүбүтүнэн, общиналарга бэриллибит сорох сир саппаас пуондаттан бэриллибиттэрэ биллибитэ. Итинник дьаһаныы оччолорго, о.э. 1991 сыл муус устар 25 күнүгэр диэри дьайбыт РСФСР Сиргэ кодексын кэһии буолбат этэ. Оттон билигин итинник дьаһаныы РФ Сиргэ кодексын 103 ыстатыйатын утарар буолан тахсар. Ол эбэтэр, саппаас пуондаҕа киирсэр сир учаастагын сири туһаныы сөптөөх көрүҥэр (в соответствующую категорию) көһөрбөккө эрэ, сири сыhыарыыны ити ыстатыйа бобор. Ону баара, билиҥҥи туругунан, аҕа ууһун общиналара ити 90-с сылларга ылбыт сиргэ бырааптарын уларыттарарга тиэтэйбэттэр. Урукку бырааптарынан туһана сылдьаллар. Бу кинилэргэ охсуулаах. Оччолорго ылбыт бырааптара үгүс өттүгэр сир билиҥҥи сокуонугар сөп түбэспэт, сирдэрин учаастага, федеральнай сокуон ирдэбилигэр сөп түбэһэр гына кыраныыссаламматах. Ол түмүгэр ылбыт сирдэрэ хамсаабат баай судаарыстыбаннай кадаастырын уонна хамсаабат баай-дуол уонна баай-дуол сыһыаннаһыыларын Кэлим судаарыстыбаннай реестрин эбийиэгинэн ааҕыллыбат. Оччотугар бырааптара күөмчүлэнэ түһэр. Хоту сир аҕыйах ахсааннаах омуктарын төрүт уус үөскээбит сирдэригэр, айылҕаны туһана үөрэммит үгэстэрин салгыыр, төрүт үгэстэринэн дьарыктанар бырааптарын көмүскүүр туһуттан, СӨ Бырабыыталыстыбата «Управление собственностью на 2012-2016 годы» диэн судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэрии чэрчитинэн, 2012 сылга общиналар сирдэригэр кадаастыр үлэтин ыытар. Ону баара бу үлэ кэмигэр көстүбүтүнэн, үгүс аҕа уустарын общиналара сир учаастагар ылбыт бырааптарын кэрэһилиир докумуоннарын сүтэрэн кэбиспиттэр. Туһааннаах сиргэ биологическай ресурсалары бултууру көҥүллүүр лиссиэнсийэлэрэ эрэ хаалбыт. Онон хоту сир аҕыйах ахсааннаах омуктара үгэс оҥостубут дьарыктарыгар бырааптарын көмүскүүр туһуттан сиргэ бырааптаахтарын туоһулуур докумуоннара суох общиналар сирдэригэр кадаастыр үлэтин оннугар, биологическай ресурсалары бултуурга бэриллибит лиссиэнсийэлэригэр олоҕуран, землеустроительнай үлэлэри ыытарга күhэллибитин туһунан быһаарыы тахсыбыта. Маннык дьаһаныы ураты усулуобуйалаах сирдэргэ Хоту сир, Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарын общиналара туһанар территорияларын тэрээһинэ землеустройствоҕа киирэрин туһунан РФ Сиргэ кодексын 68-с ыстатыйатын нуормаларыгар уонна сири туһанарга ураты усулуобуйалаах территорияҕа баар зоналар землеустройство эбийиэгинэн билиниллэрин туһунан "О землеустройстве” Федеральнай сокуоҥҥа тирэҕирбитэ. Ити үлэ «Управление собственностью на 2012-2016 годы» диэн судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн барар. Чопчулаатахха, землеустройство эбийиэгин каартата (былаана) диэн оҥоһуллар. Ол каарта сибидиэнньэтэ хамсаабат баай-дуол судаарыстыбаннай кадаастырыгар киллэриллэр. Онон ол территорияҕа бырааптара көмүскэллээх буолар. Ол иһин СӨ Бырабыыталыстыбата Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр билигин баар аҕыйах ахсааннаах омуктар аҕа уустарын общиналарын территорияларын уонна учаастактарын туһунан сибидиэнньэни толору киллэттэрэр былааннаах. Кыыл-сүөл, кыыл таба үйэлэргэ олоҕурбут айанныыр, мэччийэр суолун (интеграция) уларытарыгар күһэйэр, уопсайынан эттэхэ, тулалыыр эйгэҕэ антропогеннай ноҕоруусканы биллэ улаатыннарар айылҕа ресурсаларын туһаҕа таһаарыы улаатар, тутуу элбиир, инфраструктура сайда-тэнийэ турар кэмигэр бу тэрээһин – олус наадалаах. Ол аата, Хоту сир аҕыйах ахсааннаах омуктарын общиналарыгар быраабы биэрэр сокуоннарын тутуһуу дьиҥ олоххо баар быраапка сыһыаннаах быһыыттан-майгыттан улахан тутулуктаах. Аҕыйах ахсааннаах омуктар сиргэ бырааптарыгар сыһыаннаах сокуоннары ырытыы РФ Сиргэ кодекса – Сири туһаныы бэрээдэгин уонна усулуобуйатын бэрээдэктиир тутаах сокуон буолар. Бу манна чуолаан Хоту сир, Сибиир уонна Уһук Илин олохтоох, аҕыйах ахсааннаах омуктарга киллэриллибит сирэйдэргэ уонна кинилэр общиналарыгар бэриллэр быраап туһунан уопсайа сэттэ: 7-с, 31-с, 68-с, 78-с, 82-с, 95-с уонна 97-с ыстатыйаҕа ахтыллар. Ону таһынан «Об обороте земель сельскохозяйственного назначения» диэн 2002 с. от ыйын 24 к. тахсыбыт 101 №-дээх Федеральнай сокуон 10-с ыстатыйатын 5-с уонна 6-с пууннарыгар суруллар. Мантан атын ханна да аҕыйах ахсааннаах омуктар общиналарыгар сир учаастагар быраабы биэрии туһунан ураты бэрээдэк суруллубатах. Ыстатыйаларынан ырытан көрүөҕүҥ. РФ Сиргэ кодексын 7-с ыст. олоҕуран, Арассыыйа Федерациятын аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктара, биир төрүттээхтэр холбоһуктара (этнических общностей) үйэлэргэ олохсуйбут уонна онно үгэс оҥостубут хайысхаларыгар дьарыктанар сирдэригэр, федеральнай уонна олорор субъектарын сокуоннара, уонна да атын нормативнай быраап аакталара, уонна олохтоох салайыныы уорганнара олохтообут нормативнай быраапка аакталара көрөр түгэннэригэр, бары көрүҥ сирдэргэ баар учаастагы туһаныыга ураты быраап (особый правовой режим) олохтонуон сөп. Ону сэргэ РФ Сиргэ кодексын 31-с ыст. сөп түбэһиннэрэн, Арассыыйа Федерациятын аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктара үйэлэргэ олохсуйбут уонна үгэс оҥостубут хаһаайыстыбаннай дьарыктарынан үлэлиир миэстэлэригэр кинилэр үгэс буолбут дьарыктарыгар, үгэс оҥостубут бултарыгар-астарыгар сыһыана суох атын дьарыкка анаан сир тыырыллыбыт түгэнигэр олохтоохтор ол сири биэриини тохтотор, (о.и. ол сир учаастагын судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай наадыйыыга туттарга анаан атыылаһан ылар уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар, общиналар сокуоннай интэриэстэрин иһинэн эбийиэктэри тутууга аныыр туһунан) боппуруоһу көтөҕөр референдум, мунньах (сход) ыытыахтарын сөп. Судаарыстыбаннай былаас толоруулаах уоргана эбэтэр сир учаастактарын дьаһайар боломуочуйалаах олохтоох салайыныы уоргана итинник мунньахтар, референдумнар быһаарыыларын учуоттаан туран, ол эбийиэктэри ханна тутар туһунан сабаҕалаан көрүү сөбүлэҥин (согласование) туһунан быһаарыы ылыналлар. Арассыыйаҕа киирэр Хоту сир, Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах омуктарын аҕа уустарын общината туһанар территорияларын тэрээһин боппуруоһа (организация) – сири туһаныыны бэрээдэктиир дьаһал тиһигин (землеустройство) биир бэлиэ хайысхалаах үлэтэ. РФ Сиргэ кодексын 78-с ыстатыйата тыа хаһаайыстыбатын аналыгар туттуллар сири Хоту сир, Сибиир уонна Уһук Илин олорор аҕыйах ахсааннаах омуктар общиналара кинилэр үгэс буолбут дьарыктарын, олохторун-дьаһахтарын, хаһаайынныыр, бултуур-астыыр үгэстэрин үйэтитиигэ, уонна сайыннарыыга туттуохтарын сөбүн быһаарар. Маныаха бу нуормаҕа чопчу Хоту сиргэ, Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ олохтоох аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар общиналарын бырааба этиллэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Салгыы РФ Сиргэ кодексын 95-с ыстатыйата ити этиллэр аҕыйах ахсааннаах омуктар үгэс буолбут айылҕаны туһанар (традиционное природопользование) территорияларын сирэ ураты харыстанар сиргэ киирэрин ыйар. Оттон Сир кодексын 97-с ыстатыйата, Арассыыйа Федерациятын төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктара уонна кинилэр общиналара олорор уонна үгэс буолбут хаһаайыстыбаннай үлэнэн дьарыктанар сирдэригэр (төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар тустарынан федеральнай сокуон көрөр түгэннэригэр) кинилэр үгэс быһыытынан айылҕаны туһанар территорияларын тэрийиэххэ сөбүн бэлиэтиир. Маннык түгэҥҥэ ити сиргэ айылҕаны туһаныы бэрээдэгэ федеральнай сокуоннарынан олохтонор, сир кыраныыссата РФ Бырабыыталыстыбатынан быһаарыллар диэн суруллар. Оттон «О территориях традиционного природопользования коренных малочисленных народов Севера, Сибири и Дальнего Востока Российской Федерации» диэн ФЗ 9-с ыст. 1-кы пууна этэринэн, үгэс буолбут айылҕаны туһаныыга бэриллэр территориялар кыраныыссалара ханнык көрүҥҥэ туттулларыттан көрөн, Арассыыйа Бырабыыталыстыбатынан, РФ субъектарын толоруулаах былааһын уорганнарынан, олохтоох салайыныы уорганнарынан бигэргэниэхтээх. Мантан да көрдөххө, федеральнай сокуоннар нуормалара бэйэ-бэйэлэрин кытары сөп түбэһиспэт, утарсар өрүттэрэ эмиэ баар. «Об обороте земель сельскохозяйственного назначения» ФЗ судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ баар тыа хаһаайыстыбатын аналыгар туттуллар сиртэн аҕыйах ахсааннаах төрүт омук общиналара тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын, үгэс буолбут олохторун укулаатын (образ жизни), бултарын-астарын, хаһаайыстыбаларын үйэтитиигэ, сайыннарыыга туттарга анаан ылар түгэннэригэр, оннук сир учаастагын Сир кодексын 34-с ыстатыйата олохтообут бэрээдэгэр олоҕуран, түүлэһиигэ биэриэххэ сөбүн бигэргэтэн турар. Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ баар Уһук Хоту оройуоннар тыа хаһаайыстыбатын аналыгар туттуллар сирдэригэр баар таба, сүөһү мэччирэҥин сирдэрэ олохтоохторго уонна юридическай сирэйдэргэ түүлэһии быраабыгар биэс сылтан кылгаһа суох кэмҥэ эрэ бэриллэр. СӨ Сиргэ кодексыгар СӨ төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарыгар киирсэр сирэйдэргэ уонна кинилэр общиналарыгар, кинилэр үгэс быһыытынан олохсуйбут уонна төрүт дьарыктарынан үлэлиир сирдэригэр сир учаастагын биэрии бэрээдэгэ РФ Конституциятын 72-с уонна 76-с ыст. салайтаран уонна РФ Сиргэ кодексын 34-с ыстатыйатын толорон туран олохтоммута. Маныаха биир түгэни бэлиэтиир тоҕоостоох: "Об обороте земель сельскохозяйственного назначения” 24.07.2007 с. 221 №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа уонна СӨ Сиргэ кодексыгар ыйыллыбыт нуормалар «О государственном кадастре недвижимости» Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран быһаарыллыбыт кыраныыссалаах сир учаастага эрэ быраап эбийиэгэ буолар кыахтаах диэн сири тыырыы бэрээдэгэр олоҕурбуттар. О.э. сир учаастага турар сирин кыраныыссата итинник кыраныыссалар характернай туочукаларын быһаарыы көмөтүнэн олохтонор. Ол ыккардыгар, «О гарантиях прав коренных малочисленных народов Российской Федерации» 1999 с. муус устар 30 к. тахсыбыт 82 №-дээх ФЗ бигэргэтэринэн, аҕыйах ахсааннаах норуокка киирсэр аҕыйах ахсааннаах омуктар, кинилэр түмсүүлэрэ уонна биирдиилээн дьон үйэ тухары олохсуйан олорбут эйгэлэрин, олохторун укулаатын, хаһаайыстыбаларын, бултуур-алтыыр дьарыктарын көмүскүүр инниттэн, РФ федеральнай уонна дойду субъектарын сокуоннара бигэргэппит бэрээдэктэригэр олоҕуран, кинилэр үйэлэргэ олохсуйбут сирдэригэр төрүт дьарыктарынан, үгэс буолбут бултарынан-астарынан дьарыктанар уонна уопсай тарҕаммыт туһалаах сиртэн хостонор баайынан туһанар түгэннэригэр бары көрүҥ сирдэри бохсо туһанар бырааптаахтар. Эмиэ бу сокуон бигэргэтэринэн, аҕыйах ахсааннаах омуктар уонна кинилэр түмсүүлэрэ төрүт олохтоох сирдэригэр үгэс буолбут дьарыктарга сир анаммыт көрүҥүнэн сөпкө туһаныыны уонна уопсай тарҕаммыт туһалаах сиртэн хостонор баайы туһаныыны хонтуруоллуурга кыттар толору барааптаахтар Аҕыйах ахсааннаах омуктар үйэлэр тухары олохсуйбут уонна үгэс буолбут хаһаайыстыбаларынан дьарыктанар сирдэригэр киирсэр сирдэр переченнэрин 2009 сыл ыам ыйын 8 к. 631 №-дээх РФ Бырабыыталыстыбатын Уурааҕа бигэргэппитэ. Онно көрдөххө, итинник сиргэ Майыар национальнай сельскэй поселение Кэбэргэнэ сэлиэнньэтэ киирэр диэн. Судургутук санаан да көрдөххө, бу нэһилиэнньэлээх пуун эрэ аҕыйах ахсааннаах омук үгэс буолбут хаһаайыстыбаннай үлэтин-хамнаһын (традиционная хозяйственная деятельность) ыытар сиринэн ааҕыллыбыта сөбө суох. Тоҕо диэтэххэ, аҕа ууһун общиналара табаларын сэлиэнньэ иһигэр буолбакка, кырата, бүттүүн нэһилиэк территориятын мэччитэллэр, ыраах ыырдарынан сылдьан бултууллар-балыктыыллар. РФ субъектарын баһыйар өттө аҕыйах ахсааннаах омуктара үйэлэргэ олохсуйбут уонна үгэс буолбут хаһаайыстыбаларынан дьарыктанар миэстэлэрэ диэҥҥэ нэһилиэктэр уонна оройуоннар кыраныыссалара тайыыр сирин киллэттэрбиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Оттон араас көрүҥ сири туһаныыны тэҥҥэ хонтуруоллаһыы чааһынан эттэххэ, РФ Сиргэ кодекса манна "производственнай” хонтуруол диэни олохтообут. Ол эрээри РФ Бырабыыталыстыбата боломуочуйалаабыт толоруулаах былааһын федеральнай уорганынан производственнай хонтуруолу тэрийии туһунан сибидиэнньэлэри биэрии бэрээдэгэ олохтоно илик. Арассыыйа Сир кодексатын 6-с ыстатыйатынан, сир сыһыаннаһыыларын эбийиэктэринэн буолуохтарын сөп – айылҕа эбийиэгэ, айылҕа баайа (ресурс), сир учаастага, сир учаастактарын сорҕото. Сир сокуонун билиҥҥи нуормаларын быһыытынан, сиргэ быраабы докумуонунан бигэргэммит сир учаастактарга эрэ бэриллэр. Сир сокуонунан, сир учаастага быраап эбийиэгэ буолар, оттон Арассыыйа аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын туһунан сокуоннарыгар суруллар быраабынан, быраап эбийиэгинэн сир, ол эбэтэр айылҕа эбийиэгэ уонна айылҕа баайа буолар. Онон, итинэн сиэттэрэн, «О гарантиях прав коренных малочисленных народов Российской Федерации» диэн Федеральнай сокуонунан олохтоммут сир бары категорияларын босхо туһаныы Арассыыйа Сир кодексыгар сөп түбэспэт буолан тахсар. Онон федеральнай сокуон аҕыйах ахсааннаах Хотугу, Сибиир уонна Уһук Илин төрүт омуктарын общиналарыгар сир учаастактарын тыырыыга ураты бэрээдэги көрбөт, ол иһин уопсай бэрээдэгинэн бэриллэр. Бу балаһыанньаны өссө общиналарга таба мэччирэҥин сири түүлэһии быраабынан эрэ бэриллэрэ уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар бырааптарын туһунан сокуон нуормаларыгар сир быраап эбийиэгин быһыытынан айылҕа эбийиэгэ диэн буолан сөп түбэспэтэ уустугурдар. Аҕа ууһун общиналарын сир учаастагар бырааптарын уларытан оҥоруу Үөһэ суруллубут ырытыыны көрдөххө, аҕа уустарын общиналара сир учаастактарын бастайааннай (болдьоҕо суох) туһанар бырааптарын төлөбүрэ суох болдьохтоох туһаныыга көһөрүүнү билигин үлэлии турар сир сокуона быһаарбат. Оччотугар быраап ханнык көрүҥэр быраабы биэрэн хос оҥоруу буолуохтааҕый? Ойуур учаастактара ойуур пуондатын сирдэрин састаабыгар киирэн федеральнай бас билиигэ сылдьаллар. Ойуур учаастактарын бастайааннай (болдьоҕо суох), атын киһи ойуур учаастактарын хаарчахтаах (сервитут), ойуур учаастактарын түүлэһии, ону таһынан ойуур учаастактарын төлөбүрэ суох болдьохтоох туһаныы бырааба гражданскай сокуонунан, Арассыыйа концессионнай сөбүлэһии уонна сир сокуонунан (Ойуур кодексатынан атын нуорма көрүллүбэтэх буоллаҕына) үөскүүр уонна тохтуур. Аҕа уустарын общиналарыгар Хотугу, Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах норуоттар үгэс буолбут дьарыктарын, хаһаайыстыбаларын уонна бултарын-алтарын чөл хаалларар уонна сайыннарар туһугар тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сиртэн сир учаастактарын түүлэһиигэ (арендаҕа) биэрии Сир кодексын 34-с ыстатыйата олохтообут бэрээдэгинэн олохтонор. Онуоха түүлэһэн ылыллыбыт сир учаастагын бас билиигэ атыылаһан ылыы көҥүллэммэт. Уһук Хотугу оройуоннарга баар таба мэччирэҥнээх тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сир учаастактарын биирдиилээн дьоҥҥо уонна юридическай сирэйдэргэ биэс сылтан итэҕэһэ суох болдьоххо түүлэһиигэ эрэ бэриллэр. Онон ойуур пуондатын сириттэн уонна тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сиртэн аҕа уустарын общиналара бастайааннай (болдьоҕо суох) туһана сылдьар сирдэригэр бырааптарын ойуур пуондатын уонна тыа хаһаайыстабытыгар анаммыт сирдэригэр көһөрөргө сири түүлэһии эрэ быраабынан туһаныахтарын сөп. Бастайааннай (болдьоҕо суох) туһана сылдьар сири бэйэ бас билэригэр көһөрүү теория өттүнэн көрдөххө, ураты харыстанар сирдэр уонна эбийиэктэр категорияларын таарыйар буолан тахсар. Манна даҕатан эттэххэ, Сир кодекса ураты харыстанар сирдэргэ Хотугу, Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын үгэс буолбут туһанар сирдэрин эмиэ киллэрэр. Онон, теориянан сирдэттэххэ, аҕа уустарын общиналарын сир учаастактарын ойуур пуондатыттан уонна тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сиртэн ураты харыстанар сиргэ уонна эбийиэккэ көһөрөр туһугар ураты харыстанар сири тэрийэр усулуобуйа баар буолуохтаах. Ону таһынан Арассыыйа аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын уонна омуктар түмсэн олохсуйбут уонна хаһаайыстыбаларын тэриммит сирдэригэр федеральнай сокуонунан, Арассыыйа сокуоннарынан уонна да атын нормативнай аакталарынан, олохтоох салайыныы уорганнарын нормативнай аакталарынан, ити ыйыллыбыт сирдэри туһаныыга ураты быраап эрэсиимэ олохтонуон сөп. Онон аҕа уустарын общиналара сири түүлэһиигэ бырааптарын эрэ хос оҥорторон сири түүлэһии төлөбүрүн төлүөхтэрин сөп. Эбэтэр олус уустуктук оҥоһуллар ураты харыстанар сирдэри тэрийиэхтэрин сөп. Аҕа уустарын общиналарыгар баар тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сир учаастактара хаалар түгэнигэр сир нолуога төлөнөр. Аҕа ууһун общиналара сир учаастагар төлөбүрдэрин туһунан Сир нолуогун төлөөччүлэринэн буолаллар – бас билиигэ сылдьар, бастайааннай (болдьоҕо суох) эбэтэр нэһилиэстибэнэн бэриллэр бас билиигэ сылдьар нолуоктанар сир учаастактаах тэрилтэлэр уонна биирдиилээн дьоннор. Төлөбүрэ суох болдьохтоох эбэтэр сири түүлэһии дуогабарынан бэриллибит сир учаастактаах тэрилтэлэр уонна биирдиилээн дьон нолуок төлөөччүлэр ахсааннарыгар киирбэттэр. Манна бэлиэтээн этиэххэ наада, ойуур пуондатын сирин учаастактара нолуоктанар эбийиэктэргэ киирбэттэр, оттон аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарга киирсэр биирдиилээн дьон үгэс буолбут дьарыктарын, хаһаайыстыбаларын уонна бултарын-алтарын чөл хаалларар уонна сайыннарар сир учаастактаах киһи, ону таһынан ити норуоттар аҕа уустарын общиналара нолуоктан босхолоноллор. Сири түүлэһии иһин төлөбүр сир учаастагын түүлэһии (тыа хаһаайыстыбатын сирдэригэр) уонна ойуур учаастактарын (ойуур пуондатын сирдэригэр) дуогабардарыгар олоҕуран ылыллар. Судаарыстыба бас билиитэ тыырылла илик (не разграничена) сир учаастактарыгар сири түүлэһии төлөбүрүн ыстаапката сир сокуонун нуормаларынан быһаарыллар. Ити нуорма быһыытынан, судаарыстыба бас билиитэ тыырылла илик сирдэрин түүлэһии иһин төлөбүр бэрээдэгин, усулуобуйатын, болдьоҕун субъект судаарыстыбаннай былааһын уоргана олохтуур, өскөтүн атын быһаарыы «О Государственной компании «Российские автомобильные дороги» и о внесении изменений в отдельные законодательные акты Российской Федерации» диэн федеральнай сокуонунан эридьиэстэммэтэх буоллаҕына. Арассыыйа, субъект эбэтэр олохтоох тэриллии бас билиитигэр баар сирдэри түүлэһии иһин төлөбүр бэрээдэгин, усулуобуйатын, болдьоҕун Арассыыйа Бырабыыталыстыбата, субъект судаарыстыбаннай былааһын уорганнара, олохтоох салайыныы уорганнара быһаараллар. Онон судаарыстыба бас билиитэ тыырылла илик сирдэригэр баар тыа хаһаайыстабытыгар анаммыт аҕа уустарын общиналарын сирдэрин учаастактарын түүлэһии иһин төлөбүрүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 26 №-дээх 2008 сыл тохсунньу 26 күнүнээҕи уурааҕа быһаарбыта. Ол эбэтэр төлөбүрэ сир кадастровай сыанатыттан 0,3%-тан элбэх буолуо суохтаах. Тыа хаһаайыстыбатын сирин учаастактарын иһин муҥутуур уонна алын төлөбүр төһө буоларын суоттааһын 1 табылыыссаҕа көстөр. Сири түүлэһии иһин төлөбүр ыстаапкатын олохтуурга олохтоох салайыныы уорганнара олус үрдэтэн, аҕа уустарын общиналарын моҥкуруут ыыппаттарыгар болҕомтолоох буолуохтарын наада. Олохтоох салайыныы уорганнара биири умнуо суохтаахтар – кыраныыссата тыырыллыбатах сир учаастактарын түүлэһии иһин 50-нуу %-на төлөбүр аҕа ууһун общината баар оройуон уонна поселение бүддьүөттэригэр киирэр. № Аҕа ууһун общинатын аата Т/х сирин учаастактарын иэнэ, гаа Кадастровай сыаната, солк. Түүлэһии иһин сыллааҕы муҥутуур уонна алын төлөбүрэ, солк. Кадастровай сыанатыттан 0,001% Кадастровай сыанатыттан 0,3% 1 «Улахан Күөл» (Анаабыр улууһа) 337 858 290 558 114,18 2 905,58 871 674,34 2 «Байанай» (Анаабыр улууһа) 106 066 91 217 331,30 912,17 273 651,99 3 «Уоттаах Хайа» (Анаабыр улууһа) 114 069 98 099 496,86 980,99 294 298,49 557 993 479 874 942 4 799 1 439 625 Оттон ойуур пуондатын сирин учаастактара, федеральнай бас билии буолалларын учуоттаан туран, түүлэһии иһин төлөбүр ыстаапката 310 №-дээх 2007 с. ыам ыйын 27 к. «О ставках платы за единицу объема лесных ресурсов и ставках платы за единицу площади лесного участка, находящегося в федеральной собственности» диэн РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан олохтонор (2 табылыысса). № Көҥүллэммит туһаныы көрүҥнэрэ Төлөбүр ыстаапката, солк./гаа 1 Оттооһун: уулаах сирдэр (заливных сенокосах) 27,5 кураанах сирдэр (на суходольных сенокосах) 27,5 маар сирдэр (на заболоченных сенокосах) 27,5 2 Мэччирэҥ сирдэрэ 98,44 3 Ыҥырыаны иитии 10,7 биир ыҥырыа дьиэ кэргэнигэр (пчелосемья) 4 Тыа хаһаайыстыбатын үүнээйитин үүннэрии 5,35 5 Хотугу табаны иитии 0,03 Холобур, «Мола» аҕа ууһун көс общината 628 309, 12 гаа ойуур пуондата сирдээх. Түүлэһии иһин 1 гектарга 0,03 солк. ыстаапканы учуоттаан туран 1 гаа иһин төлөбүр сылга 18 849, 27 солк. буолуоҕа. Хас эмэ мөлүйүөнүнэн гаа сирдээх общиналар федеральнай ыстаапкаларга олоҕурбут төлөбүрү уйунар кыахтара суох. 1 мөл. гаа төлөбүрэ – 300 тыһ. солк. Онон аҕа уустарын общиналара бастайааннай (болдьоҕо суох) туһаныы быраабыгар уонна олох тухары нэһилиэстибэнэн туhаныы быраабы төлөбүрэ суох болдьохтоох туһаныы быраабыгар оҥорторор кыахтара суох. Сирдэрин учаастактара киэҥэ бэрт буолан, түүлэһии төлөбүрэ олус улахан буолан тахсыан эмиэ сөп. Маннык балаһыанньаттан тахсарга сир учаастактарын ураты харыстанар сирдэр уонна эбийиэктэр категорияларыгар көһөрөн баран, бастайааннай (болдьоҕо суох) туһаныы быраабыттан нолуок төлөммөт быраабыгар көһөртөрүөхтэрин сөп (ол эрээри общиналар сир учаастагын атыылаһан ылар үптэрэ суоҕа биллэр). Эбэтэр аҕа уустарын общиналарын үгэс буолбут дьарыкка, айылҕаны туһанарга анаммыт сирдэригэр бырааптарын сири-уоту оҥостуу (землеустройство) эбийиэгэр көһөрүөххэ сөп. Ол эрээри итинник суолунан бардахха, ити сирдэр кыраныыссаларын быһаарарга уонна кинилэр ити сиргэ бырааптарын араҥаччылыырга утарсыы (коллизия) кыһалҕата үөскээн тахсар. Сир сыһыаннаһыыларыгар Департамент салайааччыта Нюргустана Николаевна Пахомова.
Views: 1328 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 97
Ыалдьыттар (гостей): 97
Кыттааччылар (пользователей): 0