Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Тохсунньу » 26 » саамай улахан «атыыр быыбар» аны күһүн балаҕан ыйын 8 күнүгэр ыытыллыа. Бу күн Ил Түмэн 70 дьокутаата: 35 биирдиилээн туруоруммуттартан, 35
саамай улахан «атыыр быыбар» аны күһүн балаҕан ыйын 8 күнүгэр ыытыллыа. Бу күн Ил Түмэн 70 дьокутаата: 35 биирдиилээн туруоруммуттартан, 35
21:33
Күһүҥҥү киһи хайдах быыбардыай?
25.01.2013 16:03 | Автор: Владимир Степанов
Арассыыйаҕа улахан киирсии кэнниттэн быыбар сокуона уларыйда. Урут сылга иккитэ: саас уонна күһүн ыытыллара уурайан, быйылгыттан быыбар сылга биирдэ – балаҕан ыйын саҕаланыыта – ыытыллар буолар. Күһүн быыбардыырга табыгаһа суох кэм. Уоппуска, сайыҥҥы үлэ үтүрүйүүтэ, кыстыкка бэлэмнэнии, "дьон быыбарга кэлиэ суоҕа, кими таларын да билбэккэ хаалыа” диэн араас санаа этиллэ сатаабыта. Ол эрээри, быһыыта, ити улахан бэлиитикэ «кыһын киһи кураанаҕы дойҕохтуура элбиир» диэн салайтарбыта  дуу. Сокуону ылыннылар. Мантан инньэ халлаан сылааһыгар быыбардыырга үөрэнэбит.

Кулун тутарга аҕыйах нэһилиэккэ быыбар буолар. 7 баһылык, 16 нэһилиэк мунньаҕын дьокутааттара талыллыахтара. Оттон саамай улахан «атыыр быыбар» аны күһүн балаҕан ыйын 8 күнүгэр ыытыллыа. Бу күн Ил Түмэн 70 дьокутаата: 35 биирдиилээн туруоруммуттартан, 35 баартыйа испииһэгинэн талыллыа. Ил Түмэн дьокутааттарын быыбарын сэргэ элбэх улуус: Абый, Алдан, Амма, Анаабыр, Үөһээ Халыма, Горнай, Эдьигээн, Кэбээйи, Ленскэй, Мииринэй, Нам, Муома, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Таатта, Уус Алдан, Уус Майа, Усуйаана, Чурапчы, Эбээн Бытантай баһылыктара талыллыахтаахтар. Итинэн сүпсүлгэн бүппэт. Эһигини атырдьах ыйыгар бэйэҕит улуустаргыт мунньахтарын дьокутаатыгар хандьыдааттар ходуһанан-тыанан батыһа сылдьан үтүө олоҕу эрэннэрэн куоласкытын хомуйа сатаан «ньиэрбинэйдэтиэхтэрэ». Алдан, Амма, Анаабыр, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Үөһээ Халыма,  Ньурба, Нерюнгри, Нам, Муома, Мииринэй, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Өлөөн, Таатта, Уус Алдан, Уус  Майа, Хаҥалас, Чурапчы, Эбээн Бытантай, Дьокуускай куорат мунньахтарын дьокутааттара быыбарданыахтара. Быйылгы Ил Түмэн быыбара, эһиил бэрэсидьиэн быыбара ыытылларынан, өссө улахан суолталаах.

 Билигин бэрэсидьиэни урукку курдук норуот талара дуу, эбэтэр регионнар парламеннара талара дуу? Ол сокуон сотору көрүллүөхтээх
. Сокуон бырайыагынан, Госдуумаҕа эбэтэр регион парламеныгар киирбит баартыйалар 3-түү киһини РФ Бэрэсидьиэнин «сиидэтигэр» киллэриэхтээхтэр. Олортон РФ Бэрэсидьиэнэ 3 киһини талан региоҥҥа түһэриэхтээх. Регион салайааччытын талыы хайдах буолуохтааҕын туһунан сокуону  парламент быһаарыан сөп. Ол эрээри биир региоҥҥа – норуот, иккискэ парламент буоллаҕына, дойду быыбарын тиһигэ алдьаныа диэн, В.Путин сөбүлээбэт үһү. Төһө да бастаан итини бэйэтэ эттэр, кэлин толкуйдаан көрдөҕө. Эспиэрдэр сэрэйэллэринэн, норуот быһа быыбардыырыгар кыах бэриллимиэн эмиэ сөп. Саха сирин туһунан эттэххэ, омугунан хайдыһыы, аймаҕынан, бөлөҕүнэн арахсыы тахсан, айдаан тахсыа диэн, Ил Түмэн талар буолан тахсыан сөп. Төһө да норуот быһа таларыгар хандьыдааттар парламент, баартыйа, РФ Бэрэсидьиэнин «сиидэтин» аасталлар, син биир «туора толкуйдааҕы» былааска аһарбат санаа баһылыыра чахчы.  Онон, туох да диэбит иһин, Ил Түмэн оруола кэлэр сылларга өссө үрдүүрэ чахчы.

Быйыл биир мандааттаах уокуруктары саҥаттан тыыран, Ил Түмэҥҥэ бигэргэттилэр. Дьон ахсаанынан көрөн оҥоруу биир сүрүн итэҕэһинэн, улуустары холбооттоон, нэһилиэктэри быһыта тыытан сыһыартаан, элбэх дьону көйгө балаһыанньаҕа киллэрэрин ааттыахха сөп. Билиҥҥи тыырыы кимнээҕи эрэ чугаһаппат, кимиэхэ эрэ дьокутаакка талылларыгар усулуобуйа тэрийэр «кистэлэҥнээх» диэн уорбалыыллар.

 ***
Улахан быыбарга элбэх харчы барара, күүс-уох, сыра-сылба баранара чахчы.

Билигин баартыйалар хайдах кыайар, элбэх дьокутаат, баһылык миэстэтин ылаары үлэ хамнас бөҕө буола сылдьаллар. «Биир ньыгылларга» испииһэккэ киирэ сатыыр «айдааннаах анньыһыы ааста» дииллэр. «Ньыгыллар» баартыйаларын тиһэх испииһэгин норуот санаата – праймериз быһаарыа дииллэр. Аны туран, баартыйалар элбэх куолаһы биэрбит дьон дьокутаат буолар сиэрдээх быһыыны олохтуур санаалаахтар. Санаттахха, ааспыт Ил Түмэн быыбарыгар ити ньыманы «Сиэрдээх Арассыыйа» туттан турар. Ол да буоллар «биир ньыгылларга» чахчы ааһыахтаах дьон сылдьар «атын» испииһэгэ эмиэ баар үһү. Ил Түмэн ааспыт быыбарыгар кыттан баран, сабыллан «ньыгылларга» холбоспут аграрнай баартыйа тиллэн, «ньыгыллартан» туспа күөс өрүнэн кыттаары сылдьар.

Уурунаҕа бүлүтүөн түһэрии төһө да күһүн буоллар, анньыалаһыы-үтүөлэһии, миэстэҕэ саантааһын, ойдуолааһын номнуо барда. Төһө сөбө эбитэ буолла, ол эрээри үгүстэр сайын дьон быыбар эрэ туһунан саныа суоҕа, онон атырдьах ыйынааҕы аҕытаассыйаттан улахан көдьүүс кэлиэ суоҕа дии саныыллар. Чэ, күһүҥҥү киһи быыбарга «күлбүтүнэн дуу, салбаммытынан дуу» сыһыаннаһарын олох көрдөрүө. Оттон улуустар, нэһилиэктэр бүгүһүҥҥү быыбардарын ыллахха, бэйэлэрэ туруоруммут дьон хоппуттара. Ол аата дьон «тимир буолбатах», олох түргэнник тупсарыгар, уларыйыыга баҕарар буолан тахсар.

***

Инньэ гынан, быыбарга киирээри олордоххо, туох санаалар киирэллэрий? Балаҕан ыйын 8 күнүгэр быыбар ааһыа. Мандаат, баһылык миэстэтин  былдьаһар айдаан-куйдаан сыыйа-баайа умнуллуо. Норуот саамай сүрүн баҕа санаатын – быыбарга олохпут тупсарын, таһыма үрдүүрүн ситиһэр дьону таллыбыт диэхпит дуо? Быйылгы дьокутааттар тыа нэһилиэктэригэр сырдык, баай-дуол олох кэлэр акылаатын түһэриэхтэрэ дуо? Канада, Аляска, Скандинавия дойдуларын олохторун таһымын сиппэтэрбит да, билиҥҥиттэн 2-3 төгүл үрдүк байылыат олоҕу талыллыбыт баһылыктар, дьокутааттар кэлэр 5 сыллаах болдьохторун устата тэрийиэхпит диэн мэктиэлиэхтэрэ дуо? Эбэтэр эмиэ уруккулуу албыннатан, уустук, кыһалҕа халҕаһа былыт курдук хам баттыыр урукку киэбигэр түһэр дуу? Биллэн турар, былаас олох дьалкыҥныан, былаас уларыйыытыгар да тиэрдэр модун хамсааһын саҕаланыан баҕарбата чуолкай. Дьон бэлиитикэнэн иирбэккэ, экэниэмикэнэн дьарыктаннын диэн илдьит ыытыллыбыта ыраатта. Ол эрээри Госдуума ааспыт быыбара ити илдьит эргэрбитин көрдөрөр. Топпут, кыаҕырбыт дьон олоҕу салайарга, былааһы ыларга дураһыйаллара көһүннэ. Аны иккис өттүнэн дойду нэһилиэнньэтин үксэ ыарахан усулуобуйаҕа олорор. Оннооҕор тимир сылайар. Бу – дьон былааһы, сокуону итэҕэйбэт, туохха да кыһаммат буолан иһэрэ эмиэ куһаҕан чинчи.

***

Аныгы кэм ураты көстүүтүнэн быыбардартан сылтаан былаас уонна уопсастыба икки ардыгар информационнай атааннаһыы, өйдөспөт буолуу күүһүрэр курдук. Судаарыстыба сайдарын, дьон олоҕун таһымын үрдэтэр туһугар биир сүрүн санааҕа түмсүү суох.

Ол-бу ырааҕынан эрдибэккэ эттэххэ, быыбар биир олох кыайан өйдөммөт майгытын туһунан санаа үллэстиэххэ. Киһи таптыыр оҕотун, үчүгэй дьону маанылыыр буолбат дуо? Тыа дьонун куолаһа ханнык баҕарар быыбарга былдьаһык. Быыбар буолла да, тыа дьонун куолаһын ыла сатыыллар.  Балар быыбарга бырамыысыланнай улуустардааҕар элбэх куолаһы биэрэллэр. Аны туран, наар былааһы, "былаас дьонобут” диэн ааттанар дьону өйүүллэр. Ол аата тыа сирэ хайа баҕарар былаас тирэҕэ, өйөнөр эркинэ буоларынан маанылаах оҕото буолуохтаах этэ. Ол эрээри... дииргэ тиийиллэр. Тоҕо эрэ олох тупсубат, букатын былыргылыы олорбуппут курдук олоробут. Хамнас кыра, от, уу, мас-муус тиэйтэрии, оһох оттуута хаһан да бүппэт, чаһы курдук күнүнэн-чааһынан эргийэн кэлэ турар кыһалҕа уурайбат. Ыччат тыаттан барда, ону көрбөтөҕө буолар табыллыбата буолуо. Тыа сириттэн интеллектуальнай күүс суйданар. Маннык быһыы тохтооботоҕуна, тыа сирэ бэрт сотору былаас тирэҕэ буолан бүтэр. Былаас, былаас баартыйатын баар-суох өйөбүлэ буолан олорон, тыа сирэ мааныламмат, көйгө оҕо курдук тоҕо тутулларый?

Билигин тыа сиригэр бүддьүөт харчытын тыырыыга былаас өттүттэн «көмөлөһөр, өйүүр», судургутук эттэххэ, харчы оҕото быраҕан биэрэр майгы олохтонон турар. Ити бэлиитикэ 15 сыллааҕыта көдьүүстээх буоллаҕына, билигин, төттөрүтүн, кыынньыыр, үлэни-сайдыыны харгыстыыр.

Ким эрэ тыа дьоно былыргыттан тыыннаах эрэ буолар туһугар сылдьар буолан, олох ыараханыгар болҕомтотун уурбаттар, аахайбаттар дии саныыра буолуо. Тыа киһитэ олох кыһалҕата чэпчээбэтин буолуохтааҕын курдук ылынар, кими да буруйдаабат диэн санаан быыбарга эрэннэрии умнуллуон сөп.

Ол эрээри аныгы сайдыылаах, информация салайар уопсастыбатыгар киирбит киһи «түҥ хааһах» буолбатах. Онон былаас олох, уопсастыба уларыйар өйүн-санаатын кытта тэҥҥэ сыыдамнык, имигэстик хамсаныахтаах. Араас быһыы-майгы тахсар, сороҕор былаас уопсастыбаны истибэт, дьиҥнээх олоҕу ончу билбэт «халлаан олохтооҕун» курдук көстөн тахсара баар суол. Холобур, аҕыйах хонуктааҕыта СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Г.Данчикова Саха сиригэр орто хамнас 40 тыһ. солк. буолла диэн иһитиннэрдэ. Отчуоттуурга үчүгэй сыыппара. Ол эрээри орто сыыппара баайдар, чунуобунньуктар, бырамыысыланнас уонна «атыттар» (боростуой норуот) хамнастарын икки арда буоларын бары билэбит ээ. Онон 40 тыһ. солк. орто хамнаһы  уопсастыба итэйбэт, «оҕуска кыһыл таҥаһы» көрдөрбүт кэриэтэ ылынна. Бэрт түргэнник эдэр дьон «ykt.ru» порталыгар Интэриэтинэн ыйытык  тэрийбиттэригэр 4201 киһи кытынна.

 

Орто хамнас туһунан

Интэриниэт ыйытыга

(бырыһыан)


 

15 тыһ. диэри – 16,69%

15-20 тыһ. – 17,31%

20-25 тыһ. – 16,92%

25-30 тыһ. – 14,19%

30-35 тыһ. – 10,33%

35-40 тыһ. – 7,19%

40-50 тыһ. – 7,76%

50-70 тыһ. – 5,33%

70-100 тыһ.– 2,29%

100 тыһ. үөһэ – 2,0%

 

Бу официальнай түмүк буолар кыаҕа суох. Мөккүөрдээҕэ да элбэх буолуон сөп. Ол да буоллар элбэх киһи кыттыбытынан уопсастыба санаатын, олоҕун туругун былааска тиэрдэр ис хоһоонноох. Эдэр дьон ыйытыктара былааһы, судаарыстыба тутулун утарыы буолбатах. Кэпсэтэргэ, өйдөһөргө ыҥырыы. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр олоххо саҥа үктэннилэр. Кэлэр 40-50 сыл олохторо хайдах буоларыгар долгуйаллара сокуоннай.

Судаарыстыба, былаас кэскилин, ыччатын туһугар кыһаллара – сүрүн эппиэтинэһэ. Былаас олох тэтимэ уларыйарыгар эппиэттээбэт сокуон, инструкциялар хааччахтарыттан иҥнэрэ баара чахчы. Итини уларытар кыахтаах. Олоҕу кырдьыгынан көрдөрөр таһымҥа тахсыахтаах. Эдэр дьон судаарыстыбаны, былааһы итэҕэйэрин туһугар ыччат эрчимин, баҕатын, кыаҕын хонноҕор сөп түбэһэр үлэни, үрдүк таһымнаах олоҕу мэктиэлиир усулуобуйатын тэрийиэхтээх. Онон үөһэ ахтыллыбыт ыйытык болҕомтоҕо ылыллыахтааҕа чуолкай.

Ыйытыкка кыттыбыт дьон орто хамнастара 25652 солк. буолан тахсыбыт.

Мантан көстөрүнэн, саамай элбэх киһи (51 бырыһыан) 25 тыһ. солк. диэри хамнастаах. Ыйытыкка, сүрүннээн, куорат дьоно кыттыбыттара чахчы. Бу хамнастан дьиэ, уот, айан, дьыссаат, атын да ый аайы кэлэр төлөбүрдэри ылан бырахтахха, биһиги ыарахан сыанабытын ааҕыстахха, уобарастаан эттэххэ, «Доширак», килиэп аһылыгы эрэ мэктиэлиир хамнас тахсан кэлэр. Ипотека ыларга, олорор усулуобуйаны тупсарынарга сөп хамнастаах аҕыйах. Аймахтара көмөлөһөллөр эҥин диэххэ сөп, ол эрээри ити дьон төрөппүттэрэ, чугас аймахтара оннук элбэх ордорунар харчылара суоҕа чахчы. Бэйэлэрэ аһыахтарын-таҥныахтарын наада.

 

***

Кыһалҕа уонна быыбар соруктара-биликтэрэ сыарҕа икки сыҥааҕын курдук тус-туһунан сырсан түһэ турдулар. Дьокутааттар, улахан тойоттор-хотуттар куораттан дойдуларынан барыталаан эрэллэр. Эмиэ эрэннэрэ, тыа дьонуттан былааска тахсарга уочараттаах өйөбүл ыла. Оттон кыһалҕалаах тыа дьоно бу быыбарга хайдах быһаарыммыттарын, олох салгыы хайдах буолар тосхолу тутуспутун аны күһүн көрүөхпүт.

« Төттөрү кэл

Доҕоттор кэпсээ
Ырытыылар  
#1 petrslepso
v   25.01.2013 21:17
Тыа сирин олохтоохторун орто хамнастарын биирдии оройуонунан, нэьилиэгинэн дьонно кырдыктаахтык тиэрдэр гына бэлэмнэнэн баран Правительство 2012 сыллаах отчуотун онороругар Президент Правительство5а сорудах биэрэ буоллар диэн ба5а санаалаахпын.
| Хоруйдаа
#2 Уоhук   25.01.2013 22:35
В.Степанов барытын сопко суруйбут. Арай ити орто хамнас диэн онноо5ор нэЬилиэк оло5ун туругун ситэри арыйбат кордоруу. Холобур биЬиэхэ орто хамнас 17,6 тыЬ.солк. курдук даа 1 киЬиэхэ тиксэр дохуот 6,5 тыЬ.солк. курдук. Бары атын дохуоту толору аахсан туран. Ол иЬиттэн 46,44% социальнай толобурдэр суоттарыгар.(пенсия,пособия ,ЕДВ уо.д.а.)
|
Category: Выборы | Views: 1570 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 109
Ыалдьыттар (гостей): 109
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024