News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Кулун тутар » 4 » Хайдах маннык ньүдьү-балай тыллаах-өстөөх, киһи кэлэйэр өйдөөх-санаалаах киһи ХИФУ-кка үлэлиирий?
Хайдах маннык ньүдьү-балай тыллаах-өстөөх, киһи кэлэйэр өйдөөх-санаалаах киһи ХИФУ-кка үлэлиирий? | 19:39 |
Идрис ТАНГИЕВ: "Казаряны Саха сириттэн көһөрүөххэ!"
ХИФУ профессора Павел КАЗАРЯН саха норуотун түһэрэр этиилэрин, суруйууларын утаран, омугу-омукка тиксиһиннэрэн биэрэр сыаллаах быһыыларын кэриэтээн - Саха сирин общественноһа барыта турунна. Саха респбуликатын мусульманнарын муфтийын национальнай боппуруоска солбуйааччыта, "Вайнах" ингуштар национальнай-культурнай холбоһуктарын киинин салайааччыта - Идрис Туганович ТАНГИЕВ: - Хайдах маннык ньүдьү-балай тыллаах-өстөөх, киһи кэлэйэр өйдөөх-санаалаах киһи ХИФУ-кка үлэлиирий?! Казаряны атын омуктар эрэ буолбакка, бэл армяннар бэйэлэрэ абааһы көрөр киһийдэхтэрэ! Ханнык да киһиэхэ атын омугу, нацияны, кинилэр историяларын түһэрэр быраап суох. Саха сирин, норуотун оччо айылаах сэниир, сөбүлээбэт буоллаҕына туох гынаары манна олороруй?! Россия киэҥ - көстүн, төрөөбүт дойдутугар да бардын!
Мин Саха сиригэр олорбутун 34 сыл буолла. Киһи курдук санаммыт, дьоммор-сэргэбэр иккис тыын биэрбит, иккис төрөөбүт дойдум диэн ааттыыр сирим - Саха сирэ. Мин муҥура суох бу хотугу дойдуну таптыыбын! Сымыйанан этэр буоллахпына Үрдүкү Таҥарам накаастаатын!. Биһиги 13 бииргэ төрөөбүт бырааттыыбыт. Биһиги дьиэ кэргэммит ыарахан кэмигэр Саха сирэ, кини норуота көмөлөспүтэ. Олоххо бэйэм миэстэбин буларбар - Саха сирэ, кини норуота көмө-тирэх буолбута. Иккис ийэм курдук саныыр дойдубар хайдах махтана, сүгүрүйэ саныам суоҕай!
Ханна барытыгар орооһор, сидьиҥ тыллаах киһийдэх - Казарян хаһан эмэ үтэһэтэ туолара буолуо, ким эрэ кинини миэстэтин булларара буолуо... Дьон, норуот дууһатын өһүргэтии - саамай ыар буруй! Буруй - булгуччу накаастаныахтаах. "Профессорбын" дэнэр, кини саамай дьиҥнээх провокатор! Син биир кинини дьарыйыахтаах, тылыттан ыйыахтаах хонтуруоллуур уорганнар баар буолуохтаахтар этэ! Эт-хаан өттүнэн накаастамматаҕына даҕаны, бу киһийдэх общественность өттүттэн улаханнык сэмэлэниэхтээх!
Саха сирин, иккис дойдуларын курдук санаан, 120-тэн тахса омук олорор. Бырааһынньыктарга 4-5, онтон да уһун чаас, араас омуктар параадтара буолар. Араас омук иллээхтик-эйэлээхтик олорбут ССРС кэмнэрин санатар.
Ыһыах - норуоттар доҕордоһууларын бырааһынньыгар кубулуйда. Биһиги ыһыахха түһүлгэ тэринэн, үөрэн-көтөн, атын омуктары кытары бииргэ бырааһынньыктыыбыт. Саха республикатыгар саамай элбэх бырааһынньык баар - ол аһара үчүгэй! Бырааһынньык диэн - дьон күннээҕигэ киҥир-хаҥыр саҥарсыбытын бырастыы гынсар, тыл-тылларыгар киирсэр, доҕордоһуулара чиҥиир кэмэ. Онон маннык дьоролор элбэхтэрэ үчүгэй.
Дьокуускай - олох күөстүү оргуйар куората. Куораппыт, республикабыт сайдарын туһугар бары норуоттар сомоҕолоһон үлэлиибит. Арай, бу Казарян диэн урдус мүөккэ дьүөкэт кэриэтэ соруйан биһигини иирсиһиннэрэ сатыыр. Казарянтан сылтаан биһиги армяннары барытын абааһы көрбөппүт. Кинилэр даҕаны үлэлээн-хамсаан республика бюджетыгар харчы киллэрэ, нолуок төлүү сылдьаллар. Хас биирдии норуокка үчүгэй да, куһаҕан да киһи баарын билэбит уонна өйдүүбүт.
Казаряны тутан ылан "үөрэтэ" түһэн биэриэҕи баҕарыллар даҕаны - сокуон көҥүллээбэт. Онон, саатар бастаан үлэлиир тэрилтэтэ сөбүлээбэт, сэниир сириттэн "аргыый аҕай көһөрүгэр" бастакы хардыы оҥорон - үлэттэн туоратыыттан саҕалыах этэ. Итинник санаалаах-оноолоох киһи ыччакка туох үчүгэйи оҥоруоҕай?!
Саха сиригэр 4-5 тыһыынча ингуш баар, онтон 2 тыһ. тахсата манна олохсуйда. Бары бэйэ-бэйэбитин билсэ-көрсө сылдьабыт. Бу дьон аатыттан, кинилэр бас-көс киһилэрэ буолан олорон, Казарян этиитин, кини быһыытын утарарбытын биллэрэбит!
***
Аартык.ру
|
Category: Нац. вопрос |
Views: 1633 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 23 Ыалдьыттар (гостей): 23 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|