News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Кулун тутар » 9 » Хайдаҕын да иһин, бастакы ааҕыы сатаммата. Онон Сөбүлэһии хамыыһыйата тэриллэн үлэлиир. Ол эбэтэр, уопсастыба кыттарыгар, этии киллэрэригэр
Хайдаҕын да иһин, бастакы ааҕыы сатаммата. Онон Сөбүлэһии хамыыһыйата тэриллэн үлэлиир. Ол эбэтэр, уопсастыба кыттарыгар, этии киллэрэригэр | 15:29 |
http://www.kyym.ru/index.php/news/hotnews/8745--18-
Быыбыр: Сатамматах „18" сыыппара
28.02.2013 11:22 | Автор: Виталий Сур | Олунньу 26 күнүгэр «Ситим» медиа-бөлөхтөн "Ваше право” хаһыат бэрт эриэккэс дьыалаҕа Төгүрүк остуол тэрийдэ. Саха сирин бары олохтоохторун быһаччы таарыйыахтаах да, хаарыйыахтаах да дьыалаҕа. Быһата, аны күһүн буолуохтаах быыбардарга туһаайан бары баартыйалар ой-дуо оҕустулар, баалларын биллэрдилэр. Ил Түмэн бүтэһик пленарнай мунньаҕар сорох дьокутааттар биир дьээбэ сокуон барылын бырачыастаан, мунньахтан тахсан бардылар; мунньахпыт кворума хабах тэстибитин курдук хоос гынна, салгыҥҥа саарбах быһыы-майгы былыт курдук ыйанан хаалла.
Оттон Төгүрүк остуол туһунан кэпсиир буоллахха, кэпсэтиини "Ситим” медиа-бөлөх салайааччыта Мария Христофорова иилээтэ-саҕалаата. Бастакынан тыл эппит Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Анатолий Кривошапкин кэпсэтии сүнньүн булларда.
Быһата, "Биир ньыгыл Арассыыйа” 13 дьокутаата сокуон барылын киллэрбит. Онно этиллэринэн, Ил Түмэн быыбарыгар баартыйаттан хандьыдааттар испииһэктэрин икки өлүүгэ үллэриэххэ диэн буолбут. Бастакыта – "уопсай” испииһэк. Манна үстэн элбэх хандьыдаат буолуо суохтаах, оттон "эрэгийиэннэр” испииһэктэригэр хандьыдаат ахсаана хас биирдии "эрэгийиэҥҥэ” биэстэн элбиэ суохтаах. Бу – «эрэгийиэннэр бөлөхтөрө".
Судургутук быһаарар буоллахха, үс хандьыдаат былыргылыы, "баартыйа испииһэгинэн” барар курдуктар, оттон "эрэгийиэннэртэн"” барар хандьыдааттар быһаччы "территорияларга”, ол аата биир мандааттаах уокуруктарга "баайыллыбыттар”.
Саамай дьээбэтэ манна сытар: "эрэгийиэннэр” бөлөхтөрө биир мандааттаах уокуруктары кытта сөп түбэһэр; "эрэгийиэннэр” бөлөхтөрүн ахсаана биир мандааттаах уокуруктар ахсааннарын аҥаарыттан аҕыйах буолуо суохтаах, биир мандааттаах уокуруктар ахсааннарыттан элбиэ суохтаах. Бу – федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрии.
Ол эбэтэр Саха сирин үрдүнэн 35 биир мандааттаах уокурук баар буоллаҕына, баартыйа саамай кырата 18 "эрэгийиэннээҕи” бөлөхтөрдөөх буолуохтаах. Элбээбитэ — 35. Ол эбэтэр кыахтаах буоллаҕына, хас биирдии уокурукка 5-тии киһилээх бөлөхтөрү, ол аата 175 хандьыдааты туруоруон сөп.
Биллэн турар, "Биир ньыгыл Арассыыйаттан” атын баартыйаларга бу кыаллыбат боппуруос. "Сиэрдээх Арассыыйа” төһө уҥа-хаҥас дайбаһара буолла? Бука, 18 уокурукка хандьыдааттарын туруора сыһыа эбитэ буолуо даҕаны "Биир ньыгыл Арассыыйаны” кытта күрэстэһэр кыаҕа суох буолуохтаах.
Анатолий Кривошапкин маннык кыһалҕа баартыйаларга баарын бэркэ билинэр эбит даҕаны быыбар сокуоннара туох-ханнык иннинэ быыбардааччылар диэки буолуохтаах диэтэ. "Мин санаабар, — диир кини. — Сокуон барыла быыбардааччыларга туһуламмыт. Кинилэр ким диэки куоластыылларын чопчу билэллэрин курдук – баартыйа сабыылаах испииһэгин иһин буолбакка”.
Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутулга уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Макиенко сокуон барылын оҥорбут 13 дьокутаат оннугар соҕотоҕун хоруй тутар кыыс оҕото буолан биэрдэ:
- Урут баартыйанан быыбардааһын „туруору", ол аата баартыйа испииһэгинэн барар этэ. Хандьыдааттар испииһэккэ хаһыс нүөмэринэн суруллубуттарынан дьокутаат буолар этилэр. Оттон барылга этиллэринэн, быыбар „сытыары" буолуохтаах. Ол эбэтэр баартыйалар 18-тан 35-кэ диэри ахсааннаах эрэгийиэннэр бөлөхтөрүн тэрийэн, хандьыдааттарын дьоҥҥо быһаччы быыбардаталлар. Бу, мин санаабар, баартыйалартан хандьыдааттарга даҕаны, нэһилиэнньэҕэ даҕаны олус табыгастаах схема. Бастатан туран, баартыйалар дьоһуннаах дьону туруоралларын наадатыгар күрэстэһии үөскүүр, иккиһинэн, дьон-сэргэ биир мандааттаах уокуруктан эрэ буолбакка, баартыйаттан эмиэ дьокутааттанар.
Манна ыҥырыылаах кырдьаҕастартан уруккута Үрдүкү Сэбиэт дьокутаата Василий Винокуров этиитэ дьүөрэлэһэр курдук. Кини „кырдьык даҕаны" диэххэ айылаах эппитинэн, хотугу улуустар өрөспүүбүлүкэ аҥаарын ылалларын, ону кытта бэйэ-бэйэлэрин кытта сырыыта-сибээһэ суохтарын аанньа, хас да улуус буолан биир дьокутааты манаһар „дьоллоохтор" – 12 улуус 4 уокурукка холбоһон куоластыыр. Холобур, „Өймөкөөн улууһа дойдуга көмүс бөҕөнү хоторор бэйэтэ Халыма улуустарын, Томпо улууһун кытта „куолаан" дьокутаат талынар буоллаҕына, өрөспүүбүлүкэҕэ тугу да биэрбэт кэриэтэ Дьокуускай хас дьокутааттааҕый?" диэн буолла.
Онуоха Макиенко, биллэн турар, саҥата суох хаалбата, кинилэр барыллара ылыллар түгэнигэр, хотугу улуустар түөрт дьокутаат оннугар аҕыс дьокутааттаныахтара диэн хруйдаата.
Биллиилээх юрист Вильям Иванов былаас баартыйата быыбар буолуон аҕай иннинэ „соһутан" бэйэтигэр барыстаах сокуоннары киллэрэрэ үгэскэ кубулуйбутун бэлиэтээтэ. Ол курдук, холобур, баартыйа испииһэгин баһылаатаҕа-көһүлээтэҕэ буолан, дьону куоластаппыт биллиилээх дьон парламеҥҥа бэйэлэрин миэстэлэрин атын дьоҥҥо туран биэрэллэрин көҥүллүүр сокуон, быһата, „боробуостааһын сокуона" ылыллан турар. Эмиэ быыбар буолуон эрэ иннинэ ыксал бөҕөнөн. Дьүүллэһиллэр сокуон барыла эмиэ быыбар үлэтэ саҕаланарын кэтэһэ сыппыт курдук күөрэйдэ. " Маннык хамсааһын тоҕо эрдэттэн саҕаламматаҕай? Дьону маннык кыынньыыр туохха нааданый?" – диир Вильям Очирович.
Ил Түмэн дьокутаата Александр Ким-Кимэн сокуон барыла бастакы ааҕыыга ылыллыбата диэн сирэрин биллэрдэ. Ол курдук, „бастакы ааҕыыга, ол аата кэнсиэпсийэ быһыытынан ылыныахха баар этэ" диир. Иккис ааҕыыга көннөрүүлэри төһө баҕарар киллэрэн „кырасыабай" сокуону ылыныахха сөп этэ диэн буолла: „Бэрт сотору кэминэн бастакы аҕыыга ылыннахпытына сатанар".
Бу сокуону тоҕо утаралларын туһунан кини маннык санаалаах. Холобур, күн бүгүн парламеҥҥа саҥа дьону көрүөхтэрин баҕараллар; хастыы эмэ болдьох дьокутааттаабыт дьон „баартыйа испииһэгинэн", ол аата сабыылаах испииһэгинэн ааһары олус сөбүлүүр буоллахтарына, „сытыары" куоластааһыҥҥа кинилэри талыа суохтарын сөп. Онтон дьаарханаллар диэн буолла.
Ол түмүгэр хойутааһын барда. Ил Түмэн бэйэтин болдьоҕун сааскыттан күһүҥҥүгэ диэри онто да суох уһатан турар, онон быыбарга диэри сокуона суох тиийдэхпитинэ, парламент болдьоҕун ол аайы уһуппаттара буолуо. „Онон ыһылларга (роспуск парламента) бэлэм буолуохпутун наада", – диэн этиитэ туора киһиэхэ соччо суоһа суохтук иһилиннэ. Билиҥҥитэ диэххэ наада.
Вильям Иванов аһыылаах „бастакы ааҕыы" туһунан уот харахха эттэ: сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааһан, иккис ааҕыыга киирбитэ буоллар, биир-биэс тыла суох ылыллыа этэ. Оччотугар уопсастыбаннас туораттан көрөөччү эрэ буоларыгар тиийэр.
Быһата, билигин балаһыанньа маннык турар.
Баартыйалар испииһэктэрэ быыбардааччыларга арылларын, быыбардааччылар чопчу кимнээххэ куоластыылларын билэллэрин ханнык да баартыйа утарбат курдук. Саамай утарсыыта 18 сыыппараҕа сытар. Ол эбэтэр „Биир ньыгыл Арассыыйаттан" ураты баартыйалар 18-тан 35-кэ диэри уокурукка хандьыдаат туруорар, уокурук аайы ыстаап тэрийэр, ону үбүлүүр, хас улуус аайы баартыйанан буолбакка, чопчу хандьыдааттарынан аҕытаассыйа ыытар үптэрэ-харчылара суох. Биэс-сэттэ „эрэгийиэн бөлөҕүн" баартыйалар үөрэ-көтө тэриниэ эбиттэр. Ол курдук, „Сиэрдээх Арассыыйа" бас-көс киһитэ Федот Тумусов Саха сирин 7 уокурукка үллэрэр туһунан эппит сураҕа иһилиннэ. Быһа холоон тэҥ ахсааннаах быыбардааччылаах 7 уокурукка. Холобур, илин эҥээр улуустара, Бүлүү умнаһын улуустара...
Оттон политолог Николай Слепцов быйыл да, былыр да, илин буоллун, арҕаа буоллун – быһаарыы ылыныыга бэлитиичэскэй күүстэри учуоттуур баҕайыта диэтэ. Парламентаризм бириинсибэ оннук. Ону ытыктыыр хайаан да наада этэ.
Хайдаҕын да иһин, бастакы ааҕыы сатаммата. Онон Сөбүлэһии хамыыһыйата тэриллэн үлэлиир. Ол эбэтэр, уопсастыба кыттарыгар, этии киллэрэригэр аан аһаҕас.
|
Category: Выборы |
Views: 1545 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 84 Ыалдьыттар (гостей): 84 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|