Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Кулун тутар » 11 » Тыа сирин киһитэ үлэлииригэр тустаах усулуобуйа 20 сылы быһа кыайан быһаарыллыбата уонна тэриллибэтэ
Тыа сирин киһитэ үлэлииригэр тустаах усулуобуйа 20 сылы быһа кыайан быһаарыллыбата уонна тэриллибэтэ
20:42
Тыа сирин дьиҥ дьыаланан өйүөххэ!

"Тыа сирэ - омук олоҕун силиһэ-мутуга,
омук олох олорор, тыыннаах хаалар күүһүн
сүмэһиннээх чөчөгөйүн Уолбат Ойбоно"
Мандар Уус


 
   «Тыабыт сирэ барахсан» – дии-дии ыалдьыбыта буолан кубулунан, талбыттарынан тыабыт дьонун эрэйдээхтэри оҕуруктаах тылларыгар киллэрэннэр, бэйэлэрин куоластарынан туһанан демократтарбыт «барахсаттар» көҥүл айбардаан, талбыттарынан күөлүргэхтээн, «үлэни-олоҕу тупсарыахпыт»,­– диэн түөстэрин кырбаммыттара ыраатта эрээри, бу дьоннор былааска баалларын тухары олохпут тупсан абырыа суох, - диэн санаа үгүс киһиэхэ үөскээбитэ ыраатта.
   Билигин тыа сиригэр кыһайбыт курдук үлэ суох уонна тыабыт сиригэр сотору кэминэн саҥа үлэ миэстэлэрин арыйарга туох даҕаны оҥоһуллубатаҕа, республиканскай программалары даҕаны ааҕан билистэххэ уонна сыл түмүктэринэн да көрдөххө, онно анаан тус сыаллаах үлэ ыытыллыбатах эбит диэн түмүккэ кэлэргэр эрэ тиийэҕин. Тыа сирин киһитэ үлэлииригэр тустаах усулуобуйа 20 сылы быһа кыайан быһаарыллыбата уонна тэриллибэтэ. Аныгы былаас дьаһайан олорорун тухары быһаарыллар кыаҕа да суох курдук саныыбын.
   Бастатан туран, хайа баҕарар тыа хаһаайыстыбатынан салааларынан дьарыктанарга соруйан толкуйданан оҥоһуллубутун курдук нолуок уонна техника, онно туттуллар саппаас чаастар, бензин, солярка, сыа-арыы сыаната үрдэ суох ыараханын уонна күннэтэ үрдүү турарын ким баҕарар сөбүлэһиэҕэ.
Урукку  кэмҥэ бу атын соҕустук көрүллэр, быһаарыллар этэ. Сүнньүнэн маннык:
   Урут Сэбиэскэй былаас сылларыгар дойдуга бары зоналарынан тыа хаһаайыстыбатын экономиката бары өттүнэн ааҕыллан, суоттанан тэриллэрэ. Ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатынан материальнай-техническэй базатын тэрийиитэ, техническэй өттүнэн хааччыллыылара, механизацияны, химизацияны, мелиорацияны киэҥник киллэриитэ судаарыстыба өттүттэн кииннэммит быһаччы үбүлээһин көрүллэрэ, тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар техника, минеральнай уоҕурдуулар, комбикорм бигэргэммит сыананан атыылаһыллара, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарбыт бородууксуйатын олорчутун государственнай сакаас быһыытынан быһыытынан гарантированнай атыылаһыллар сыананан туталлар этэ. Ол түмүгэр, хаһаайыстыбалар 1 солкуобайдаах тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарылларын иһин судаарыстыба 4 солкуобайдаах быһаччы (дьиҥнээх) үбүлээһини оҥороро.
   Экономика ханнык баҕарар салаатын, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар тустаах салаа экономика уонна материальнай интэриэс өттүнэн балаһыанньата улахан суолталаах. Олор истэригэр биир бастакы оруоллааҕынан үлэ төлөбүрэ буолар.
   Бу өттүнэн көрөр буоллахха, билиҥҥи усулуобуйаҕа тыа хаһаайыстыбатын салаата саамай кыра дохуоттаах салаанан буолла. Ол иһин билиҥҥи кэмҥэ үлэтэ суох да сылдьар үгүс дьон, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга, үлэлииргэ санамматтар, ол оннугар үлэтэ суохтар пособиеларын ордороллор. Ылан да көрүөҕүҥ, дьыала дьиҥнээх туруга күн бүгүн хайдаҕый:
   1) Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэ төлөбүрүн ставката экономика атын салааларыттан, атын омук дойдуларыттан олус улахан намыһах. Ол түмүгэр ханнык баҕарар киһиэхэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга интэриэс суох. Үлэтэ үгүс, орускуота улахан, төлөбүрэ кыра.
   2) Билиҥҥи усулуобуйаҕа кыра, бытархай  хаһаайыстыбаларга, илии үлэтигэр үлэ оҥорон таһаарыыта быдан намыһах.
   3) Аныгы экономическай усулуобуйаҕа ханнык баҕарар тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ булуммут, мунньуммут кыра үбүн дуомун барытын, үлэһитигэр хамнаска туһанарын оннугар күннээҕи кыһалҕалары араас материальнай-техническай ресурсалары атыылаһыыга, быһаарыыга, ону тэҥэ араас кредиттэргэ, лизиҥҥэ, бааннарга олус улахан иэстэрин саба сатыырга ыыта олорор.
   Дьэ ол иһин, салалта өттүттэн Правительство, Ил Түмэн саатар бу үс сүрүн боппуруостары олохтоохтук толкуйдаан, ыллыктаахтык быһаардахтарына эрэ тыа хаһаайыстыбата атаҕар турарыгар усулуобуйа үөскүөҕэ, тыа хаһаайыстыбатын үлэһитигэр сөптөөхтүк үлэни төлүүр буолууга кыахтар дьиҥнээхтик арыллыахтара.
   1980-87 с.с. республика миниистирдэрин сыллааҕы хамнастара 5500 солкуобайга тэҥнэһэр эбит. Совхоз дириэктэрин сыллааҕы хамнаһа - 10302,06 солкуобай, отделение управляющайа - 5426,57 солкуобай,  зоотехник - 8373,79 солкуобай, ветеринарнай врач - 4982,57 солкуобай, кылаабынай бухгалтер - 8592,72 солкуобай, прораб - 5280,00 солкуобай, ыанньыксыт - 6046,12 солкуобай, тракторист - 4982, 57 солкуобай, кадровай булчут - 5913,20 солкуобай, суоппар - 7422,02 солкуобай, сылгыһыт - 7437,12 солкуобайы ыла сылдьыбыттар (архыып ыспыраапката кэпсииринэн).
   Көрөргүт курдук, миниистириттэн суоппарыттан тутулуга суох ортотунан бары олус улахан араастаһыыта суох тэҥ кэриэтэ хамнаһы аахсан кэлбиппит. Хамнас тэҥин таһынан киһи барыта үлэлээх буола сылдьыбыта ордук кэрэхсэбиллээх. Билиҥҥи эдэр киһи баҕар сымыйарҕыа уонна соруйан билиҥҥи былааһы баһааҕырда сатаан суруйаллар диэхтэрэ даҕаны, ол кырдьык!
   Ол эрээри билигин хайдаҕый? Миниистирдэр ортотунан сыллааҕы хамнастара - 2,5 мөлүйүөнтэн 3,2 мөлүйүөн солкуобайга тиийэ халбаҥныыр. Коллективнай хаһаайыстыба ыанньыксыта - сылга 100 тыһыынча солкуобайы ылара дуу, суоҕа дуу? Онто даҕаны 3-4 ый устата сүгүн кэлэн биэриминэ эрэйдэнэр сурахтара эмиэ иһиллэр. Саатар оҕолорбутугар сибиэһэй, дьиҥнээх үүтү ыан иһэрдэр ыанньыксыттарбытыгар - ый аайы 20-лии тыһыынча солкуобайтан итэҕэһэ суох хамнаһы төлүөххэ наада этэ, бу дьыаланы республика холкутук уйунар кыахтаах дии саныыбын.
   Дьиктиргиэх иһин, быйыл республикабытыгар тыа сирин сылынан биллэриллибитэ эрээри улахан уларыйыылар, дьайыылаах хамсааһыннар эмиэ саҕалана иликтэр курдук көрөбүн. Дьиҥ иһигэр тыа дьоно баар буоланнар тыа сириттэн эт-үүт кэлэрин, кинилэр баар буолан норуот буоларбытын, кинилэр баар буолан сорох-сорохтор үрдүк хамнаһы ыла олороллорун, кинилэр баар буолан сымнаҕас олбоххо тиэрэ түһэн олорон, тойорҕуу уонна салайа олорор чөмчөкөлөрбүт эмиэ өйдөөбөттөрө сүрдээх.
   Билигин хаһаайыстыбаларга судаарыстыба аныгылыы типтээх хотон тутар курдук, ол гынан баран ис-иһигэр киирдэххэ, лизининэн иэс (хабала) суотугар туталлар. Баҕар, үгүөрү соҕус дохуоттаах тэрилтэлэр баар да буоллахтарына кинилэр кыракый үптэрин кредитинэн судаарыстыба ыы олорор. Бу маннык капитальнай ороскуоттары, мин санаабар, республика бюджетыттан бэйэтэ уйунан, бар-дьоннорун иннигэр 20 сылы быһа үлэ биэрбэккэ кыам үктээн, эрэйдээн кэлбиттэрин толунуо эбиттэрэ буолуо. Оннук айылаах элбэх үп буолбатах биһиги республикабыт холугар. Оччотугар баҕар тыа сирин үлэһитигэр хамнаһы үрдэтии, чопчу усулуобуйалар үөскэтилиннэхтэринэ ыччат да дьоннорбут тыа сиригэр үөрүүнү кытта үлэлии хаалаллара саарбаҕа суох буолуо этэ. Саха киһитигэр, төрөөбүт түөлбэтиттэн ордук үчүгэй уонна күндү туох баар буолуой…?
   Урут даҕаны, билигин даҕаны бары сайдыылаах дойдуларга тыа хаһаайыстыбатын салаата экономика ночооттоох салаатынан билиниллэр. Государство өттүттэн ол иһин булгуччулаах күүстээх көмө уонна өйөбүл оҥоһуллар. Ол да сиэринэн ордук биһиги дойдубутугар тыа хаһаайыстыбатын салаатын хайаатар даҕаны судаарыстыба күүскэ өйүөхтээх уонна сыл аайы киһи ахсаана сиргэ элбии турарынан үбүнэн өйөбүл улаатан иһиэхтээх. Буолан баран кылгас сайыннаах Сахабыт сиригэр!
   Ити сыыппаралары көрөн-билэн баран, киһи туох санааҕа кэлэрий? Хайдах тыа сирин дьонун олоҕун тупсарыахха сөбүй? Бастатан туран, үлэ миэстэтин таһааран, эдэр специалистары, ыччаты тыа сиригэр олохсутуохха. Ол сыалтан билиөөи олох көрдөбүлүгэр сөп түбэһэр оскуолалар, культура дьиэлэрэ, спортивнай саалалар, интернет клубтар уо.д.а тэрилтэлэр баар буолуохтарын, тигинэччи үлэлиэхтэрин, сөптөөх специалистарынан хааччыллыахтарын наада. Хамнастара бэйэлэрин, дьиэ кэргэттэрин ииттинэллэригэр эппиэттэһэрэ эрэйиллэр. Эмиэ ааспыт кэми санаан ылаҕын: сөптөөх хамнас, сынньалаөы былааннаахтык тэрийии, олорор, үлэлиир усулуобуйаны көрүү үлэҕэ да, олоххо да улахан көдьүүстээх буоларын.
   Онон бастакы сүһүөх кэмнэргэ тыа хаһаайыстыбата атаҕар турарыгар кэккэ көрүүлэр баалларын үллэстиэхпин баҕарабын.
Биллэрин курдук, Россия регионнарыгар социальнай-экономическай сайдыы олуктара анал программаларга олоҕуран оҥоһуллар буолбута икки сыл буолла.
   Биһиги республикабытыгар тыа  сирин сайдыыта сүрүннээн «Саха республикатыгар 2012-2016 сылларга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы уонна кини бородууксуйатын батарыыны сүрүннээһин» диэн программаҕа олоҕуран  оҥоһуллар. Программа сүрүн сыалынан республика улуустарыгар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы буолар, ол иһигэр ынах сүөһү, сылгы, сибиинньэ уонна таба төбөнөн ахсаанын чөлүгэр тутуу, сиртэн уонна сүөһүттэн ылыллар бородууксуйа кээмэйин улаатыннарыы. Атыннык эттэххэ, тыа сиригэр сүрүн дьарыгы – тыа хаһаайыстыбатын производстватын чөлүгэр түһэрии уонна салгыы сайыннарыы.
   Программа тыа сирин нэһилиэктэригэр производстваны кэҥэтиини, үлэ саҥа миэстэлэрин тэрийиини, тыа сирин инфраструктуратын сайыннарыыны, социальнай индикатордары үрдэтиини сүрүн сыалынан туруорбат. Хомойуох иһин программаҕа саҥа туох да сүүрээн киирбэтэ. Аҥардас, уруккулуу сыыппараны эридьиэстээн, салаа араас технологиятын ырытан, ону эрэ эргитэн  оҥоһуллубут курдук көстөр.
   Дьиҥинэн, бу программа анал туруктаах (статус), омук кэлэр кэскилин түстүүр стратегическай суолталаах, киэҥ Россия дьалҕааныгар  оҕустарбат, тыа сирин дьонун араҥыччылыыр, дириҥ ис хоһоонноох, сахалыы мындыр программа буолуохтаах этэ. Ол кыайан ситиһиллибэтэ. Инникитин бу көнүөн наада.
Маны сэргэ, республикаҕа билигин тыа хаһаайыстыбатын боппуруостара бэйэни салайыныы былаастар боломуочуйалара буолара сокуонунан бигэргэннэ. Манан туһанан, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара миэстэтигэр инициатива көтөҕөн, араас таһымнаах программалары, бизнес-проектары оҥорон, олору үрдүк таһымҥа көмүскээн миэстэтигэр олоххо киллэриэхтээхтэр. Бу билиҥҥи бириэмэ ирдэбилэ буолла.
   Былаас аллараа таһымыгар  маннык хамсааһын таҕыстаҕына эрэ тыа сиригэр уларыйыы уонна сайдыы укулаата ууруллуо. Уруккулуу, Ким эрэ үөһэттэн ыйан-кэрдэн биэрэрин кэтэспэккэ, олохпут кэскилин бэйэбит эрэ оҥостор кэммит кэллэ быһыылаах.
   Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар саҥа үлэ миэстэлэрин тэрийиигэ, тыа хаһаайыстыбатын капитальнай бары ороскуоттарын судаарыстыба өттүттэн (иэс-кредит буолбакка) быһаччы үбүлээһини көрүөххэ.
   Тыа хаһаайыстыбатыгар наада буолар техника, ГСМ, комбикорм, минеральнай уоҕурдуулары атыылаһыллар сыананы, тыа хаһаайыстыбатын салаата оҥорон таһаарар бородууксуйатын атыыланар сыанатын кытаанахтык бэрээдэктиэххэ, араастаһыыларын аччатарга үлэни ыытыахха (рынок буолбатах, судаарыстыба өттүттэн).
   Тыа хаһаайыстыбатын үп-харчы өттүнэн өйөөһүҥҥэ кредит-лизинг өттүнэн буолбакка бары источниктартан (ол иһигэр госбюджет, инвестордар, тас баай инвестордар) үөскэтиллибит тыа сирин, тыа хаһаайыстыбатын анал тус сыаллаах фондатын тэрийэн ол суотугар көдьүүстээхтик үлэлэтиэххэ.
   Ол түбэлтэтигэр тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ бэйэлэрин оҥорон таһаарбыт уонна булуммут эргитэр үптэриттэн, үлэһиттэр хамнастарын үрдэтэргэ усулуобуйа тэриниэхтэрэ.

Петр АММОСОВ
Category: Право, закон | Views: 2273 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 88
Ыалдьыттар (гостей): 88
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024