Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Кулун тутар » 13 » Туттуллан кэлбит быыбар кирдээх технологиялара өссө чэчириэхтэрэ дии санаабаккын дуо, убаастабыллаах Егор Афанасьевич?
Туттуллан кэлбит быыбар кирдээх технологиялара өссө чэчириэхтэрэ дии санаабаккын дуо, убаастабыллаах Егор Афанасьевич?
10:29
Убаастабыллаах Президент, норуокка ыҥырыыгын толоруоҥ дуо?

    ArtemievАҕа баһылык Е.А. Борисов бу дьыл тохсунньу ый 23 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театрыгар Ил Түмэн депутаттарын киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар республика олохтоох муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктарыттан саҕалаан туох баар үрдүкү эргимтэҕэ сылдьар чиновниктары ыҥыран туран нэһилиэнньэҕэ анал этиитин оҥорбута.
    Салгыы нэһилиэктэр, куораттар салайааччыларын мунньан киэҥ кэпсэтиини тэрийбитэ.
   Сарсыныгар улуустар уонна куораттар муниципальнай тэриллиилэрин көрдөрөр-иһитиннэрэр средстволарынан салайааччыларын, үгүс журналистары мунньан олорон пресс-конференцияны ыыппыта.
   Үрдүк таһымнаах политическай дьаһаллар республика телевидениетынан, радиотынан нэһилиэнньэҕэ быһаччы тиэрдиллибиттэрэ.
    Манан уоскуйбакка Правительствоттан үбүлэнэр көрдөрөр-иһитиннэрэр тэрилтэлэр, Интернет ресурсалара Президент анал иһитиннэриитин туһунан киэҥ ырытыылары оҥорон дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэр гына өйдөтүү үлэтэ күн бүгүҥҥэ диэри тохтоло суох ыыта тураллар.
Ыытыллыбыт көрсүһүүлэргэ барыларыгар Президент: «Коррупцияны утары охсуһууну мэһэйдэһии тахсар түбэлтэтигэр миэхэ быһа тахсан проблемаларгытын быһаартарыҥ»- диэн быһаччы ыһырыы оҥордо.
Итинэн сибээстээн Егор Афанасьевич, эн тус бэйэҥ коррупцияны кытары хайдах охсуһар былааннааххын хаһыат нөҥүө Республика муҥур үрдүк сололоох салайааччытыттан, Конституциябыт халбаҥа суох дьоҥҥо барытыгар үлэлиирин (туттуллуутун) мэктиэлээччи (гарант) буоларгынан дьон-сэргэ билэр, өйдүүр, итэҕэйэр гына эппиэттииргэр ыҥырабын.
    Тоҕо диэтэххэ үрдүкү салалта «Коррупцияны кытары охсуһууну» чиэһинэйэ суох чиновниктар норуот үбүн-аһын, баайын-дуолун уоран сиэһиннэрин арыйыы курдук быстах өйдөбүлгэ боростуой дьону киллэрдилэр, коррупцияны кытары охсуһуу ис дьиҥин токурутуу сыаллаах соруктаах үлэтэ бара турарын дьонтон, нэһилиэнньэттэн кистээһин ыытыллара мэлдьэҕэ суох.
   «Коррупция» ис дьиҥэ судаарыстыбаннай уонна олохтоох бэйэни салайыныы чиновниктара былаастарынан туһанан сиэр-майгы нуормаларын уонна Сокуоннары билиммэт буолуулара уонна тус бэйэ туһугар былаас кыаҕын туһаныы түктэри көстүүлэрэ буолар диэн аан дойду үрдүнэн туттуллар соҕотох өйдөбүл баар.
    Бу көрдөбүл нөҥүө тыктаран көрдөххө республикаҕа салайар эйгэҕэ кадрдары сүүмэрдээһин, буруйдаахтары эппиэттэн куоттарыы, аймахтаһыы, куомуннаһыы уонна Президеҥҥэ, Правительствоҕа бас бэринэр салалта салайар ньымаларыгар тахсар куруубай кэһиилэргэ кыһаммат буолуу бу коррупция дьиҥнээх көстүүлэрэ, олохпут арахсыспат аргыстара буолбуттарын бары билэ-көрө сылдьабыт.
    Убаастабыллаах Президент, бу этиилэри кытары сөбүлэһэҕин дуо? Эбэтэр мин алҕаһыыбын дуу?
    Коррупция дьиҥнээх сирэйэ быыбардар кэмнэригэр арылхайдык көстөр. Ол курдук салайар эргимтэ былааһын салгыы тутан хаалар сыалтан олус кирдээх, үөһээттэн ыгыылаах, сорох быыбардааччылары албыннаан, бюджет үлэһиттэрин куттаан «наадалаах түмүгү» ситиһии республикаҕа олохсуйбута 20-тэн тахса сыл буолла.
    20-тэн тахса сыл республикаҕыттан харыс даҕаны сыҕарыйбатах, бу кэм устата наар үрдүкү салалтаҕа үлэлээбит Егор Афанасьевич, бу сиэрэ суох быһыыны бэркэ билэҕин.
    Хомойуох иһин Президент ааспыт быыбардарга тус бэйэтинэн «наадалаах» диэбит кандидаттарын туһугар агитациялыыр хампаанньаҕа кыттан, онто даҕаны бөрүкүтэ суох быыбардары өссө күөртээн биэрбитэ мэлдьэх буолбатах.
   Холобур:
    Россия Президенин уонна Государственнай Дума быыбарыгар Ньурбаҕа тиийэ сылдьан: «2012 сыл бүтүүтэ Сунтаардар курдук улуус олохтоохторо үрдүк күүрүүлээх электрическай уокка холбонон дьиэни-уоту сылытыныаххыт» – диэн этииҥ быыбар иннинэ улуус олохтоохторуттан үгүс киһи куолаһын кандидаттар туһаларыгар биэриини хааччыйбыта. Ол эрээри үрдүк күүрүүлээх ситим Ньурбаҕа баччааҥҥа диэри суоҕун туһунан муниципальнай нэһилиэк баһылыга тохсунньутааҕы көрсүһүүгэр бүтүн театры толору мустубут дьон ортотугар ыйытыытын умнубатыҥ ини?
    Ааспыт Мэҥэ-Хаҥалас улууһун баһылыгын быыбарыгар былааска «наадалаах» кандидат Старостин Н.П. илдьэ сылдьан Төҥүлү уонна улуус атын нэһилиэктэрин бэрэстэбиитэллэрин, Дьокуускай куораттан улахан правительственнай делегация иннигэр тыл этэн: «Эһиэхэ күөх уоту аҕаллым, аны күһүҥҥүттэн гааһынан хааччыллан дьиэҕит –уоккут сылыйыаҕа» – диэн күөх уоту уматан олохтоохтор улахан махталларын ылбытыҥ.
    Ол эрээри сиргэ көмүллүбүт дьиэҕэ туттуллар баллонтан ылыллыбыт уот умайан бүппүтэ ыраатта. Төҥүлүгэ газ суоҕун курдук суох.
    Ити курдук былааһынан туһанан куолаһы хомуйуу, борустуой дьону албыннааһын коррупцияҕа тардыллар эппиэтинэс буолбатах дуо?
    Ол эрээри норуот тулуура түгэҕэ көстөн эрэр дуу, - диэн түмүккэ кэлэбин.
    Президент, Майаҕа эмиэ «бэйэ» кандидатын Старостин Н.П. туһатыгар иэҕэн агитацитациялаары холонуугун норуот ылыммакка, сатамматах агитатордары атахтарынан куоттарбытын туһунан бириэмэтигэр кырдьыгы суруйар хаһыаттар, Интернет страницалара сырдатан туралларынан хос «уокка арыыны кутар» санаам суох.
    Түмүктээн эттэххэ:
    Быыбар киин хамыһыйата аны күһүн буолуохтаах быыбардарга бэлэмнэнэн былаас «хамсаабакка» хааларын туһугар быыбардыыр бэрээдэги таптаабытынан дьаһайан киэҥ дьүүлгэ таһаарбакка Ил Түмэҥҥэ киллэрдэ.
    Ол курдук, республикаҕа тарбахха баттанар олус киэҥ кэскиллээх Мэҥэ-Хаҥалаһы дьонуттан даҕаны, суолтатыгар улуус дьокутааттарыттан даҕаны ыйыппакка, Ил Түмэҥҥэ баар дьокутааттарын туруорсууларын ылымакка Президент ылгын уола киин быыбардыыр комиссия председателя Анатолий Кривошапкин улуус сороҕун Ил Дархан дойдутугар «бэлэхтээтэ».
    Улуус 1/3 Уус-Алданнарга энньэ быһыытынан сыһыарда. Хаалбыт тобох нэһилиэктэргэ былаас бэйэтин киһитин дьокутаат оҥороору бэлэмнии сылдьара ама мэлдьэх буоллаҕай?
    Хаарыан дойдум Тааттам бу да сырыыга политика сиэртибэтэ буолбутуттан Саха киһитэ, улууһу өр сылга салайбыт киһи буолан туран сүөм түстүм, харааһынным билиҥҥи былаас дьайыытыттан кыбыһынным. Маннык сиэрэ суох быһыытын бэркиһээн нуучча тыллаах хаһыаттар «Рубка по –чурапчински» диэн ыстатыйаларын бэчээтиэхтэрэ дуо? Таатталар Мэҥэлэргэ холуйдахха маладьыастар күүс өттүнэн улуустары бысталааһыны утаран бырачыас киллэрбиттэрин демократическай ньыгыллар аахса сылдьыахтара дуо? «Үөһээттэн» киирбит бырайыагы үөрэ-көтө бигэрэгэтэн «адаарыс» гыннардылар. Бу билиҥҥи дьокутааттартан ураты былаас кандидаттара аны күһүн буолуохтаах быыбарга «норуоттарын көмүскүү» тиийдэхтэринэ быыбардааччылар эмиэ үөһээттэн ыйыыга олоҕуран талан эрдэххит дии?
    Россия уонна Саха сирин үрдүнэн былаас билиҥҥи тутулун, ис хоһоонун утарар, киһини киһи көлөһүннээһинин утары охсуһар, сир баайын, бөдөҥ собуоттары, фабрикалары судаарыстыба бас билиитигэр төннөрөргө, дьон-норуот  уруккулуу нус-хас олороругар туруосар компартияны кэлэр парламентан үтэйэр сыалтан быыбар сокуонугар саҥа механизмнары киллэрии түбэһиэхчэ буолбатах.
    Маннык «реформалар» түмүктэригэр былаас партията Ил Түмэн дьокутааттарын баһыйар үгүс куолаһын ылан баран Государственнай Дума ылыммыт саҥа Сокуонугар сигэнэн Ил Дарханы норуокка быһаччы быыбардаппакка Ил Түмэн нөҥүө бигэргэтэр улуу соругу туруорунан быыбар хампаанньатын саҕалаата.
Туруоруммут соругу толорор инниттэн былаас уонна быыбар киин хамыһыйата, миэстэтээҕи чаҕардар «өлүөхтэринэн мөхсүөхтэрэ». Туттуллан кэлбит быыбар кирдээх технологиялара өссө чэчириэхтэрэ дии санаабаккын дуо, убаастабыллаах Егор Афанасьевич?
   Баҕар бу маннык түктэри быһыы салгыы барар түбэлтэтигэр онто даҕаны суох аҕыйах ахсааннаах норуот холбоспот гына ыһыллыаҕа, сиэр майгы салгыы сатарыйыаҕа, коррупция бүтэһиктээхтик былааһы хам баттыаҕа диэн эн, норуоккар коррупцияны утары охсуһууга мэһэйдэр баар буоллахтарына миэхэ быһаччы тахсыҥ, - диэн ыҥырыыгын ылынан түмүк боппуруоспун биэрэбин.
   Норуоккар, быыбары ыытар бары хамыһыйаларга, суут-сокуон үлэһиттэригэр, бары быыбарга кыттар баартыйаларга быыбары Сокуон эрэ көрдөбүлүнэн, ханнык даҕаны үөһээттэн ыгааһыны таһаарбакка, хантан даҕаны, ким даҕаны өттүттэн орооһуута суох ыраас быыбары ыытар туһунан Аһаҕас ыҥырыы оҥоруоҥ дуо? Онуоха нууччалыы эттэххэ политическай воляҥ тиийэр дуо?

Харданы күүтэ хааллым, хомуньуус-дьокутаат Георгий Артемьев
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1914 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 36
Ыалдьыттар (гостей): 36
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024